1 год назад 176
Суруналыыстыка сомоҕолуур
Ааспыт сыл ахсынньытыгар Москваҕа федеральнай межэтническай суруналыыстыка оскуолатыгар биир нэдиэлэ үөрэммитим. Межэтническай суруналыыстыка гильдиятын бэрэсидьиэнэ Маргарита Лянге салайааччылаах, хас да лектордаах үөрэх ааспыта. Дойду 16 эрэгийиэниттэн бастыҥ устудьуоннар, эдэр суруналыыстар кыттыыны ылбыттара. Саха сириттэн үс этибит.
МЕЖЭТНИЧЕСКАЙ СУРУНАЛЫЫСТЫКА ДИЭН ТУГУЙ?
Норуот этническай төрүөтүн билиниитин көстүүлэрин толорор аналлаах суруналыыстыка биир уустук хайысхата. Чинчийээччилэр бэлиэтииллэринэн, этническай суруналыыстыка социальнай тутул, ханнык баҕарар омук тулхадыйбат тулааһына буолар. Ону кытта, омукка төрүт култууратын, үгэһин, сиэр-майгы сыаннастарын харыстыыр эрэ буолбакка, аныгы үйэ хаамыытыгар миэстэтин булан биэрэр тосхоллоох.
Суруналыыстыка холку-нуурал идэлэр ахсааннарыгар киирсибэт. Буолаары буолан, межэтника тиэмэтэ буорахтаах буочука үрдүгэр турар кэриэтэ: сыыһа-халты хамнаныы тахсар да, ол курдук эстэр. Хайдахтаах курдук норуоттар икки ардыларыгар атааннаһыылар, мөккүһүүлэр тахсыбыттарын устуоруйа, кэм-кэрдии эрэ билэр буоллаҕа.
Онон олус суолталаах «Как избежать обвинений в экстремизме?», «Проблемы сохранения этнической самобытности в регионах и в стране в целом», «Правовое регулирование деятельности СМИ. Права и обязанности журналиста» диэн лекциялар ыытыллыбыттарын бэлиэтиэхпин баҕарабын.
ТУҺАЛААХ КОНТЕНТ КЭМЭ
Билиҥҥи үйэ суруналыыһа олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсар киһи буолуохтаах. Олоҕу хамсатааччылар да ахсааннарыгар киирсэр. «Взаимодействие СМИ и власти», «Как видеоисторию сделать сногсшибательной», «Этно в соцсетях. Как переупаковать свой контент?», «Как сделать СМИ в национальном регионе интересным и современным?» диэн маастар-кылаастарга үөрэммиппит.
Маргарита Арвитовна эппит тылларын өйдөөн хаалбытым, ону билиһиннэрэбин: «Настаабынньык оруола сүҥкэн. Суруналыыс идэтигэр элбэх кыһалҕа баар. Ол эрээри, саамай кутталлааҕа – суруналыыс умуллубут харахтара. Онон куруутун үлэлии-хамныы, үүнэ-сайда сылдьыҥ. Эниэргийэни эргитээһин туһунан идэ. Билиниэххэ наада, суруналыыстар социальнай ситимнэр күрэстэһиилэригэр хоттордубут. Информация түргэнник тиийэр буолла. Ол иһин, интэриэһинэй, туһалаах контент оҥорор, бэйэбит хатыламмат буочарбытын, ааҕааччыбытын булар кэммит кэллэ”.
ГУМАНИСТ-СУРУНАЛЫЫС БУОЛААРЫ…
Оскуолаҕа билсибит доҕотторбун кытта билигин да ситиммитин быспаппыт. Олортон аҕыйахтарын чорботон этиэхпин баҕарабын. Биир саамай чаҕылхай кыттааччыларынан Псков куорат устудьуоннара этилэр. Кинилэртэн биирдэстэрэ – Максим Дубровин. Биһиги кинилиин санааларбыт, олоххо көрүүлэрбит суруналыыстыка эрэ далыгар буолбакка, лирика, поэзия долгуннарыгар эмиэ сөп түбэспиттэрэ. Ол курдук, суруналыыстыканы уонна литэрэтиирэни дьүөрэлии тутуу туспа дьоҕур диэххэ сөп. Урукку сахтан гуманист-суруйааччылар диэн бааллар. Оттон арай гуманист-суруналыыстар бааллара буолуо дуу? Маны ааҕааччы ырытыан сөп. Холобур: “Я стал журналистом, чтобы ежедневно заполнять пустоту, чтобы максимально близко подойти к сердцу мира” диэн Генри Люс этиитэ өйбөр охсуллар. “Значит, очень схожие мироощущения, потому что я готов подписаться под каждым словом», — диэн эппитэ.
ПОЭЗИЯ УОННА КЫРА ТЫГЫН
Белла Ахмадулина поэзиятын сэҥээрэн, кистэлэҥнэрин таайан ааҕабыт. Ол курдук, саха норуотугар эмиэ киниэхэ холуур поэтессам, үрүҥ алгыһын дьоҥҥо аныырга дьулуспут Варвара Потапова баар диэн кэпсээбиппин уратытык истибитэ. Антуан де Сент-Экзюпери «Маленький принц» диэн сэһэн-остуоруйа биһиги суруйааччыбыт Елена Куорсуннаах суруйбут «Кыра Тыгын” диэн сахалыы тылбааһа баарын истэн астыммыта.
Киһи ыра санаалаах. Мин эмиэ бэйэбин бу дьоруойга холуубун. Оҕо буолан бүтэн, кынат кыырайан, хас биирдиибит даҕаны улахан олоххо үктэнээт хомойбут, соһуйбут түгэннэрэ бааллар. “Принц сердец” диэн сахалыы тылбааһын «Сүрэх Тыгына» диэн биир ахсааҥҥа туруорбутум. Тоҕо сүрэх? Киһи, суруйааччы, суруналыыс дьон сүрэҕэр тылын күүһүн нөҥүө тиийэр кыахтаах, дьоҕурдаах, сатабыллаах.
Дьиҥэр, “Кыра Тыгын” улахан дьоҥҥо анаммыт айымньы. Сэһэн сүрүн философията бу этиигэ сытар: «Есть такое твердое правило. Встал поутру, умылся, привел себя в порядок – и сразу же приведи в порядок свою планету». Бу суруналыыс сирдээҕи анала дии саныыбын…
САХА ТАРАНТИНОТА – ПСКОВКА. УДЬУОРДААХ РЕЖИССЕРДАР
Псков устудьуоннара, скобардар, Алексей Чаднов уонна Татьяна Рачинская «Якутский Тарантино в Пскове: у какого народа режиссерские гены» диэн ыстатыйаны суруйбуттара. Кинилэр режиссербут Сергей Потапов талаанын үрдүктүк сыаналаабыттар. Ол курдук, Псков тыйаатырыгар эбээннии тылынан испэктээктэри, саха төрүт үҥкүүтүн көрбүттэр. Хайдах ардах, өлүү үҥкүүлэрин туруоруохха сөбүй диэн улаханнык сөхпүттэр этэ. Ону биһиги саха норуотун тыйаатыра, киинэтэ чыпчаалга, кырдьык, таҕыста диэн бигэргэппиппит. Режиссер дьоҕура хааммытыгар сүүрэр.
Өбүгэлэрбит хас да күн олорон олоҥхону этэллэрэ, туойаллара. Маны тыйаатыр олуга, үөскүүр төрүөтэ буолар диэн болкулуору үөрэтээччилэр этэллэр. Кэрии тыа, өрүс, сибэкки – барыта иччилээҕин, тыыннааҕын курдук ылынарбытын сөбүлээбиттэрэ. Ол иһин, хас биирдии саха режиссерун туруоруута, киинэтэ ураты буолар эбит диэн түмүк оҥорбуттара.
СҮРЭХХЭ СӨҤӨР СУРУКТАР
Этническай тиэмэни утумнаахтык сырдатар Александра Ермолаева-Этносаша суруга маннык: “Саамай сөбүлүү уонна сэҥээрэ көрбүтүм – сахалар бэйэ-бэйэлэрин кытта төрүт тылларынан кэпсэтэллэр. Хас биирдии норуокка оннук көстүү үгүс буолбатах. Эбиитин сахалыы тылларын киэҥ эйгэҕэ тарҕаталлар, хаһыаттар, саайтар күрэстэһэллэр, оптуобус тохтобулларыгар сахалыы тылбаастаан этэллэр, тыйаатырга сахалыы испэктээктэр тураллар. Өссө да сайдыҥ-үүнүҥ диэн баҕарабын!”
Марина Бородина, Удмуртияттан кэлэ сылдьар:
—Саха сирин хамаандатын кытта билсиһии миэхэ улахан суолталаах арыйыы буолбута. Мин хаһан даҕаны оҕолорго, ыччакка аналлаах периодическай уонна интэриниэт-таһаарыыларга үлэлиир дьону кытта көрсүбэтэҕим. Саха ыччата – эппиэтинэстээх, бэйэ санаатын этиигэ, тиэрдиигэ чопчу талааннаах уонна үлэлэрин таптыыр, көннөрү кэпсэтиигэ бэһиэлэй, холку дьон эбиттэр. Сүрдээх элбэҕи билбитим. Холобур, балыктан төрүт бүлүүдэлэри, Айыы итэҕэлин, тыаҕа айдаарбаттарын, туох барыта тыыннааҕын, онтон да атыны. Маннык көрсүһүүлэр хаһан да умнуллубаттар.
Кэм ааһар. Ол курдук, бу күннэр күлүм гынан аастылар, умнуллубат, ахтар-саныыр түгэннэргэ кубулуйдулар. Төһө да билигин номнуо куйаас сайын сытыылаан турдар, ол үөрэхтэн сыл аҥаара аастар, сүрүннээн бэйэбитигэр түмүк оҥостон, бэйэ-бэйэбитин кытта санаа атастаһарбыт —улахан дьол. Ханнык да тымныы турдун, бу доҕотторум суруктарын аахтахпына, испэр сылаас эйгэ олохтонор. Межэтническай суруналыыстыка норуоттары сомоҕолуур, эйэлиир аналлаах диэн түмүктүүбүн.