Айыы сиригэр ойдом үүммүт Сибэкки - Блоги Якутии

2 года назад 375

Айыы сиригэр ойдом үүммүт Сибэкки

“Мин сибэкки буолбатахпын. Суох, мин арыый атыммын – Тымныы халлааны таламмын, Ойдом үүммүт хахыйахпын”, – диэн күн сырдыгын билэргэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ үрүҥ алгыһын аныырга таласпыт поэтесса Варвара Потапова хоһоонун тыллара өйбөр охсулла түстүлэр. Бу тыллар бүгүҥҥү дьоруойум туһунан курдуктар: кини син биир эр санаалаах, быһаарыныылаах лиидэр буолбутун иһин, кыталык кэриэтэ кэрэ, нарын уонна киһи быһыытынан холку, дьону өйдүүр киэҥ көҕүүстээх кэрэ аҥаар буолар. Кини М.К.Аммосов аатынан ХИФУ ХИНТуоКИ саха салаатын 3 кууруһун устудьуона, “Сэргэлээх уоттара” айар түмсүү чилиэнэ, “Түмэн” ыччат түмсүүтүн салайааччыта — Сибэкки Заровняева.

Сибэккилиин былырыын бэс ыйын 4 күнүгэр «Ийэ тыл» уопсастыбаннай хамсааһын уонна өрөспүүбүлэкэтээҕи лиссиэй —интэринээт дириэктэрэ Иван Иванович Шамаев көҕүлээһининэн ыытыллыбыт саха тылын кыһалҕатын ырытыһар мунньахха билсибиппит. «Саха тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэтиини оҕоҕо тиийимтиэ оҥоруу» сиэксийэҕэ оттомноох куолаһынан санаатын сайа этэр, оһуокайга күүстээх куолаһынан туойбут кыыһы бары даҕаны сэргии, үөрэ көрбүппүт. Сибэкки – олус үчүгэй сэһэргэһээччи. Онон кэпсик халыыбынан буолбакка, кини кэпсээбитин түһүмэхтээн суруйдум.

Сайылыгым ахтылҕана

Күн сирин чээл күөх сайынын, айылҕа силигилээн эрдэҕинэ, көрбүтүм. Төрөөбүт тапталлаах дойдум Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хотун Төҥүлү нэһилиэгэ. Мин дьиэ кэргэммэр улахан оҕобун. Бэйэм анныбынан сурустаахпын уонна балтылаахпын. Төрөппүттэрим Аркадий Аркадьевич, Зинаида Гаврильевна Заровняевтар. Силиспитин Эллэйтэн тардабыт.

Кыра эрдэхпиттэн дьоммуттан үтүө холобур ылан сайдарга үүнэргэ дьулуурдаах, төрөөбүт дойдубар туһалаах үлэһит буоларга үөрэммитим. Айылҕалыын алтыһан, сайылыкка сайылаан эбэбиттэн эһэбиттэн элбэҕи иҥэриммитим. Оҕо сааһым сайылык диэн дьикти, сырдык сиргэ ааспытыттан бэйэбин саамай дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Сайылыгым барахсан билигин үтүө түүллэрбэр көстөр, мэлдьи сүрэхпэр хатанан сылдьар.

Сырдыгы тарҕатааччы, айыы сыралын саҕааччы буолларбын…

Бу олоххо саамай таптыыр дьарыгым үөрэх! “Үлэ, үөрэх-дьол, үүнэр-сайдар суол!” – диэн  учууталым, иккис ийэм кэриэтэ тапталлаах эдьиийим, педагогика билимин хандьыдаата, дассыан Саргылана Гаврильевна Олесова эппитэ. Ыйан биэрбит үөрэх диэн сырдык суолун күн бүгүҥҥэ диэри үөрүүнү кытта батыһабын. Саҥаны билэрбин көрөрбүн,  билиибин туһанан дьоҥҥо тиэрдэрбин туохтааҕар да астынабын. Ол да иһин буолуо, учуутал буолар баҕа санаалаахпын.

Үөрэҕи кытта тэҥҥэ успуорду дьүөрэлээн сылдьабын. Таптыыр көрүҥүм-сүүрүү. Саха үс куттаах буоллаҕына, киһи этэ  сиинэ диэн кини буор кута буолар. Үс куту тэҥҥэ илдьэ сырыттахпына, толору киһи буоларбын өйдөөн туран, этхаан өттүнэн эмиэ сайдарга дьулуһабын. Оту маһы таптаан чэй оҥорорбун, кинигэни көрөн олорон үөрэтэрбин сөбүлүүбүн.

Мин кинигэ курдук буолуохпун баҕарабын

-Кинигэни олус таптыыбын. Саха биир чаҕылхай суруйааччыта Николай Денисович Неустроев этэн турардаах: “Үчүгэй кинигэ баар дьоһун оскуола, сыаналаах кылаат!”.  Киһи кинигэттэн буор босхо наһаа элбэххэ үөрэниэн сөп! Ордук сөбүлээн саха литэрэтиирэтиттэн Николай Яутскайы, Иван Гоголев-Кындылы, Даланы, Виталий Егоровы ааҕарбын астынабын! Поэзияттан, биллэн турар, Алампа, Иван Арбита уонна мин тапталлаах Сайам айымньыларын биһириибин. Тас дойду литэртиирэтиттэн таптыыр суруйааччыларбынан Герман Гессе, Эрих Ремарк, Сара Джио буолаллар.

«Түмэн» диэн тугуй?

-Түмэн диэн ыччат түмсүүтэ 1992 сыллаахха төрүттэммитэ. Сахабыт сирин, дьонун, дьоллоох олоҕун туһугар туруулаһыы, сырдык кэскили уһансыы-биһиги сүрүн сыалбыт.  Маны тэҥэ Түмэн биир санаалаах ыччаты түмэр.

Биһиэхэ кыттыһыан баҕалаах дьон ахсаана аҕыйах. Ол эрээри биһигини көрдүүр дьон, хайдаҕын да иһин, булан кэлэр. Тапталлаах дойдубут, дьоммут туһугар туох эмэ туһалааҕы, кэскиллээҕи оҥордорбут диэн баҕалаахпыт. Хас биирдии саха киһитэ дьоллоохтук олоруон, сарсыҥҥы күнүгэр эрэллээхтик хардыылыан, саха сахатынан кэрэтин өйдүөн туохтааҕар да баҕарабыт. Ити баҕа санааларбытын батыһа, дойдубутугар тапталы, махталы кытта иннин диэки айаннатан иһэбит. Ол онно биһиэхэ күүс көмө буолаллар биһиги холобур оҥостор, тумус туттар чулуу дьоммут – Ульяна Алексеевна Винокурова, Уйбаан Уйбаанабыс Самаайап, Егор Петрович Жирков, Михаил Ефимович Николаев, Наталья Владимировна Михалева-Сайа, Дорҕоон Дохсун, Дьулустаан Осипов уо. д. а.

Төрөөбүт тылбытын, сахабыт баай култууратын, олоҥхобутун, устуоруйабытын, литэрэтиирэбитин, билиммитин, үөрэхпитин өрө тутан бииргэ үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Биһиэхэ кыттыһыан баҕалаах оҕолору үөрүүнү кытта ыҥырабыт!

“Сэргэлээх уоттара”, умайыҥ, сырдааҥ

«Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх,

Сурэхпэр мин эмиэ эйиигин.

Уот таптал ахтылҕан аргыстаах

Кэрэкэ кэмнэрим диэн этиэм…” – диэн Рустам Каженкин хоһоонун тылларынан саҕалаан, бу түһүмэҕи, мин, ааптар, кэпсиирбин көҥүллээҥ.

Сибэккилиин “Сэргэлээх уоттарын” Матрена Петровна Попова салайыытынан саҥа тыыннаан, сөргүттүбүт. Бэйиэт Моисей Ефимов маннык суруйбута: «1948 сыллаахха күһүн Якутскайдааҕы пединститут иһинэн институт преподавателэ поэт Семен Данилов салайааччылаах литературнай куруһуок тэриллибитэ». Куруһуок үлэтин үчүгэйдик 1966-1986 сылларга салайбыт Егор Петрович Шестаков – Эрчимэн суруйан турардаах: «Куруһуок үлэтин сүрүн хайысхатынан устудьуоннар уус-ураннык суруйууларын дьүүллээһин, ырытыы, сүбэ-ама биэрэн инникигэ өссө көҕүлээһин буолар». Куруһуокка Т.Сметанин, И.Гоголев, М.Ефимов, Р.Баҕатаайыскай, В.Сивцев, В. Гольдеров, Егор Неймохов, Урсун, Варвара Потапова, Саргы Куо, Умсуура, Гаврил Андросов, Рустам Каженкин уо.д.а. элбэх араас көлүөнэҕэ биллэр-көстөр суруйааччылар үөрэммиттэрэ, сылдьыбыттара. Билиҥҥи туругунан сүүрбэччэ оҕо баар. Ааспыт нэдиэлэҕэ Уус Алдан Бэйдиҥэ сиригэр-уотугар тахсан тэрээһиҥҥэ дьүүллүүр сүбэ быһыытынан кыттыыны ылан кэлбиппит. Өссө да элбэх саҥа былааннары, соруктары торумнуубут.

Саха ыччатыгар, күн айыы оҕотугар, тугу баҕарыаҥ этэй?

-Аныгы саха оҕото олоҕу толору олорор өйдөөх санаалаах, бэҕэһээҥҥи күнтэн үөрэнэн, бүгүҥҥү күнтэн тирэнэн, сарсыҥҥы күнү түстүүр үс дойду өйүн түмэр өйдөөх буоларыгар баҕарабын. Саха тылынан саҥарар дьон баарын тухары саха тыла баар. Барыта бэйэбититтэн тутулуктаах диэни өйдүүр кэм уолдьаста. Ол иһин, хас биирдиибит бэйэтин иннитин көрүнэн өйдөөн-төйдөөн, саха тыла сүтэр кутталын билинэн хамсаан киирэн барыахтаахпыт.

Билиҥҥи үйэҕэ ханнык баҕарар оҕо, ыччат маннык санаабат. Сибэкки бачча эдэр сааһыттан олоххо ураты бөлүһүөктүү көрүүтэ, талба талаана киһи хараҕар таба көстөр. Сахабыт сирэ кэскиллээх диэн санаа киирэр. Киниэхэ үөрэҕэр, айар аартыгар, уопсастыбаннай үлэтигэр ситиһиилэри, олоҕун суола уйгулаах буоларыгар баҕарабыт!

Эльдар Садовников

Добавить комментарий