2 года назад 595
Аан дойдуга ханна да суох ураты тыйаатыр
Этэн көрө-көрө күлэр тэбэнэттээх 15 саас диэн киһи олоҕун дьикти сааһа буолар: ыраны ырыаҕа ыпсарар, баҕа санаалар булгуччу туолуохтаахтарыгар итэҕэйэр, сырдык кэрэ олоххо эрэнэр, күннээҕиттэн хатыламматы булан көрөр, маҥнайгы истиҥ иэйииилэргэ куустарар уһуктуу умсулҕаннаах, тыллыы тырымнас, үүнүү-сайдыы кэскиллээх кэмэ!
Ол тэҥэ Олоҥхо тыйаатыра, төһө да былдьаһыктаах былыргы дьыллары сэһэргиир айымньыны оонньоотор, олох киэҥ аартыгар саҥа үктэнэн эрэр 15-тээх эрдэҕэс курдук, туохтан да толлубат хоһуун сааһыгар сылдьар буолан, итиэннэ олоҥхо бэйэтэ да омуннааҕынан, “биир хоноот биирдэммиттии”, аҕыйах сыл иһигэр киһи киэн тутта сэһэргиирин ситистэ, “баа” диэбэт баараҕай былааннаах бэлиэ сааһын көрүстэ.
Ол туһунан Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Турантаевалыын кэпсэттим.
-Мария Васильевна, мин билэрбинэн, эн юрист, экэнэмиис идэлээххин. Ол иһин наһаа сөҕөбүн, олоҥхо эйгэтэ эйигин тугунан хайдах абылаан, бу билигин аан дойдуга ханна да суох ураты тыйаатыры, култуурабыт үйэлээх баайын хараанньыт тэрилтэтин салайа сылдьаргын.
-Олоххо туох да мээнэҕэ буолбат. Барыта утум-ситим сибээстэһэн кэлэн иһэр аналлаах. Мин Үөһээ Бүлүү М.А. Алексеев аатынан гимназиятын гуманитарнай кылааһыгар үөрэммитим. Ол саҕана Е.П. Жирков национальнай оскуолалары саҥардан сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ олоххо күүскэ киирбитэ. Онон биһиги көлүөнэ төрүт култуура уруогар фольклор жанрдарын, итэҕэлбитин, сиэрбитин-туоммутун, олоҥхобутун иҥэн-тоҥон үөрэтэр кыахтаммыппыт.
1998 сыллаахха Москубаҕа кооперация университетыгар (РУК) туттарсан киирбитим. Ити сыл Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищеҕа сүүмэрдээһин буолан, Саха Сириттэн бөлөх үөрэнэ барбыта. Онно Үөһээ Бүлүүтээҕи кылааһынньыктарым Руслан Тараховскай, Лена Маркова бааллара.
Дьэ, олор тыйаатыр дойдутугар киирэр ааны арыйан биэрбиттэрэ диэххэ сөп. Ол курдук, кинилэргэ дьаарбайа тиийэн баран, кэтэһэ таарыйа, паараларыгар киирэн олорорбут. Саха устуудьуйатын оҕолоругар уһуйааччылара оннук үчүгэй сыһыаннаахтара, буойбат-боппот этилэрэ. Онон ускуустуба устуоруйатын туһунан лиэксийэлэри эҥин истэр, актер маастарыстыбатыгар дьарыктаналларын көрөр чиэскэ тиксэрбит. Ити курдук щепкиннэргэ тиэстэ сылдьан, кэргэммин, СӨ үтүөлээх артыыһа Геннадий Турантаевтыын билсибитим. Онон, этэргэ дылы, тыйаатыр эйгэтэ өссө чугаһаан биэрбитэ.
2002 сыллаахха Москубаҕа “Кыыс Дэбилийэ” испэктээк “Кыһыл көмүс мааскаҕа” кытта кэлбитэ. Биир бэйэм олоҥхону аан бастаан онно көрөн сөхпүппүн өйдүүбүн. Ити сыл өссө Саха Сирин күннэрэ ыытыллыбыттара. Онно устудьуоннар волонтердаабыппыт. Миигин, били, сөҕө-махтайа көрбүт Кыыс Дэбилийэм – РФ норуодунай артыыһа Степанида Борисова – таҥнарыгар көмөлөһөргө сорудахтаабыттара. Үрдүк сыанаттан эрэ көрөр киһибин кытта кэпсэтэн, оруолугар киирэр бэлэмнэниитин көрөн, наһаа астыммытым.
Щепкиннэрим дипломнай испэктээктэригэр реквизиттэрин тасыһан, көстүүмнэрин өтүүктэһэн, быыс кэннигэр оргуйар олоҕу кытта алтыспытым. Чэ, ити курдук тыйаатыр тыынын иҥэринэн барбытым.
—Ол иһин үөрэххин бүтэрэн баран, тыйаатыры таллыҥ?
— 2008 сыллаахха Андрей Саввич Борисов Олоҥхо тыйаатырын тэрийэр. Мин онно бастаан тастан сылдьан юриһынан үлэлэһэн саҕалаабытым. 2010 сыллаахха үлэһит быһыытынан букатын кэлбитим. Биллэн турар, саҥа тэрилтэ докумуоннаһыыта олус элбэҕэ. Ону барытын оҥорсубут буоламмын, Олоҥхо тыйаатырын төрүттэниитигэр кыттыгастаах курдук сананабын. Манна даҕатан эттэххэ, бу тыйаатыр үөскэҕэ 1906 сыллаахха оҥоһуллубут эбит. Ол курдук, бирикээсчиктэр кулууптарыгар Петр Охлопков-Наара Суох “Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн” олоҥхотун оонньоон көрдөрбүттэр.
—Ээ, олоҥхо сыанаҕа турбута балтараа үйэттэн ордук кэм буолбут эбит дии. Дьэ, онтон 15 сылы эргитэ саныыр буоллахха…
— Бастакы дириэктэрбит Виталий Гаврильевич Власов тыйаатыры 2008-2021 сылларга салайбыта. Аан бастаан 5 киһилээх эбит. Мин 2010 с. кэлэрбэр тохсуо этилэр.
2011 с. Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтүн бүтэрбит кыргыттары – Галина Тихонованы, Наталья Слепцова-Корякинаны, Лена Оленованы, Инга Леонованы – үлэҕэ ыланнар, Степанида Борисованы кытта аахтахха, 5 артыыстаах буолбуппут. Айар труппа сүрүннээн 2012 с. таҥыллыбыта. Режиссербут норуодунай артыыс Дьарааһын Васильев этэ.
Бастакы улахан олоҥхобут (ити иннинэ “Олох долгуннара”, “Тоҥ Саар Бухатыыр” тура сылдьыбыта) “Эллэй Боотур” этэ. Онно Саха тыйаатырын, “Гулун”, “Эрэл” үҥкүү ансаамбылларын, Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын артыыстара кыттыбыттара.
“Бастакынан Эллэй ыһыах ыспыта” дииллэринии, Эллэй эһэбититтэн саҕалаан, сыыйа баайа эбиллэн, билигин репертуарбытыгар барыта 30 испэктээк баар. Саамай ситиһиилээхтэрбит – “Кыһыл көмүс мааска” бириэмийэтигэр 2015 с. “Удаҕан кыргыттар” (Н.Абрамов-Кынат, реж. С.И. Борисова),
2018 с. “Дьырыбына Дьырылыатта” (П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ, реж. М.В. Корнилова) олоҥхолорунан финалга киирэн, анал ааттарга тиксибиппит. 2019 сыллаахха Аан дойдутааҕы театральнай олимпиадаҕа “Дьырыбына Дьырылыаттанан” ситиһиилээхтик кыттыбыппыт.
-Олоҥхону ЮНЕСКО киһи аймах чулуу айымньытынан билиммитэ. Онон аан дойдуга тахсар эбээһинэстээх да курдук буоллаххыт.
— Оннук, ол иһин “Олоҥхо сиригэр ЮНЕСКО шедеврдэрин көрсүһүүтэ” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээли тэрийэбит. Уопут атастаһарга, идиэйэ ыларга сонун бырайыак. Уопсайынан, былыргыттан баар Кутияттам (Индия), Ноо уонна Кабуки (Япония), Куньцюй (Кытай) тыйаатырдары кытта биһиги биир кэккэҕэ турар буоллубут, аҕыйах сыл иһигэр тэҥ таһымҥа таҕыстыбыт. Ону кинилэр эмиэ билинэллэр. 2014 с. Япония Кабуки тыйаатырыгар стажировкаҕа бара сырыттахпытына: “Эһигини үөрэтэрбит суох, бэйэҕит туспа суоллааххыт”, — диэбиттэрэ. “Удаҕан кыргыттары” Японияҕа, “Улуу Кудаҥсаны” Грецияҕа, “Дьырыбына Дьырылыаттаны” Индияҕа көрдөрбүппүт. Киһи дьиктиргиирэ, бу омуктар Олоҥхону бары бэйэлэригэр чугастык ылыналлар: “Бу биһиэнэ, төрүппүтүгэр баары уһугуннардыгыт”, — дииллэр.
Ол эрээри биһиги олоҥхобут байҕал курдук киэҥ уонна дириҥ. Аҥаардас тойукпут даҕаны ураты. Онон “уоран ылыахтара” эҥин диэн долгуйбаппыт, үтүктэр да кыахтара суоҕун кытайдары кытта бырайыакпытын оҥоро сылдьан билбиппит. Биһиги кинилэр XVI үйэтээҕи “Пионовая беседка” пьесаларын, оттон кинилэр “Туйаарыма Куону” туруорбуттара. “Тойуктуурга үөрэтиҥ”, — дииллэрэ даҕаны, фальцетынан ыллыыр буолан, кылыһаҕы сатаабатахтара.
— Итинник хардарыта атастаһан туруорар бэртээхэй бачыым эбит. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта А.Н. Жирков «Аан дойду норуоттарын эпическэй айымньылара» диэн сиэрийэни “Айар” кинигэ кыһатыгар олохтоон, кыргыыс, тыбаа, баскыыр, алтаай омуктар эпостара сахалыы тылбаастанан тахсыбыттара. Олору туруоруоххутун сөп дии…
-Ити үчүгэй баҕайы этии. Олоҥхо, чахчы, норуоттары сомоҕолуур аналлаах. Билиҥҥи кэмҥэ доҕордоһуу далаһата буолар кыахтаах. Тыйаатырбыт сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах, хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суох Мотрена Владимировна Корнилова туруорбут “Дьырыбына Дьырылыаттатын” Индияҕа ыытыллар “Бхарат Ранг Махотсав-20” норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ көрдөрбүппүтүгэр, үгүс омук маарыннаһар өрүппүт элбэҕин бэлиэтээн, уруурҕуу ылыммыта.
— Грецияҕа амфитеатрга оонньообуккутун кэпсээбиккит. Кырдьык, олоҥхо итинник төкүнүк сыанаҕа ордук табыллара буолуо дуу?
-Ити “Дьырыбына Дьырылыаттаны” Бэдьээлэ дойдутугар Нам улууһун Бартыһаан нэһилиэгин ураһалыы быһыылаах кулуубугар сүрэхтээбиппит. Тула өттүттэн эргиччи көрөн олорор астык этэ. Сайсары күөлүн үрдүгэр тутулла турар Эпос Аартыкатааҕы киинэ үс ураһалаах буолуохтаах. Онно улуустартан Олоҥхо дьиэлэрэ кэлэн, испэктээктэрин көрдөрүөхтэрэ. Нэһилиэктэр олоҥхону норуот күүһүнэн бэркэ туруорар буоллулар. Холобура, хатастар Кыыл Уолун «Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэнин», намнар «Туйаарыма Куо» музыкальнай драма-олоҥхону, бүлүүлэр “Сыгый Кырынаастыыр” операны, этэргэ дылы, идэтийбит артыыстартан туох да итэҕэһэ суох оонньообуттара. Ыччаты кытыннаран, олоҥхоҕо сыһыарар бэртээхэй ньыма буолар.
— Олоҥхо тыйаатырын артыыстара, мин көрдөхпүнэ, эмиэ үксэ эдэрдэр. Кэлэр кэм ийэ олоҥхоһуттара эһигиттэн үүнэн тахсыахтара диэн эрэнэбин…
— Тута хоһуйан ыллаан-туойан барар хомоҕой тыллаах ыччаттардаахпыт. Ол курдук, “Олоҥхо-баттл” кыайыылааҕа Анастасия Алексеева бэйэтэ суруйбут олоҥхолоох.
Уопсайынан, биһиги тыйаатырбыт көлүөнэ солбуйсуутугар улахан болҕомтону уурар. Эдэрдэри туойарга аҕам саастаах дьоммут уһуйаллар: Степанида Ильинична Борисова, Петр Максимович Тихонов, Валентин Гаврильевич Исаков, Никандр Прокопьевич Тимофеев, Дмитрий Семенович Иванов.
Тыйаатырга барыта 99 киһи үлэлиир. Итинтэн 57-тэ айар үлэһит: уус-уран салайааччыбыт Андрей Саввич Борисов, режиссердар Мария Маркеловна Маркова, Гаврил Семенович Менкяров, Павел Афанасьевич Колесов, литературнай чаас үлэһитэ Майя Николаевна Власьева, 36 артыыс, “Эрэл” үҥкүү ансаамбыла (4 паара уонна сал. Е.Толбонова), 7 муусукаан, тыйаатырбыт бастакы артыыската Степанида Ильинична Борисова, научнай үлэни Агафья Еремеевна Захарова сүрүннүүр, фольклорга консультаннарбыт Зоя Гаврильевна Попова, Герасим Семенович Васильев. Былыргы айымньыны сөргүтэр буоламмыт, айылҕалаах дьону сүбэһит гынабыт: Ф.И. Кобякова-Эдьиий Дораны, Л.А. Саввин-Түмэр Ойууну, Ф.П. Иванов-Сөдүөт Ойууну.
Эдэрдэрбит кыахтара, эрчимнэрэ баһаам, ол иһин бары хайысхаҕа холонон көрөллөр. Гаврил Мэҥкээрэби “Айыы Уола”, “Дьикти саас”, “Дьулуур”, Дмитрий Хоютановы “Бэйбэрикээн”, Дмитрий Захаровы “К.Ц.Ф” киинэлэринэн билэргит буолуо.
-Сатаан артыыстыыр эрэ буолбакка, үчүгэйдик туойар дьону сүүмэрдээн ылар буоллаххыт дии?
-Ыллыыр дьоҕурдарын бэрэбиэркэлииллэр. Холобура, Василина Баланова-Кэрэмэс Лыҥкыр хаһан да тойуктаан көрбөтөх этэ. Ол эрээри куоластааҕын иһин ылбыттара. Дьарыктанан, билигин бэйэтэ туойарга уһуйар. Бары да Олоҥхо тыйаатырыгар кэлэн арыллыбыттара.
— Быйылгы үбүлүөйдээх сылгытынан туох тэрээһиннэр буолаллар?
—Кулун тутар 17, 19 күннэригэр А.Т. Титаров “Хардааччы Бэргэн” олоҥхотун көрдөрөбүт. Кэлэн көрүҥ диэн ыҥырабыт. Эдэр режиссер Байбал Колесов сонуннук туруорбута.
Соторутааҕыта Бүлүү бөлөх улуустарынан гастроллаан кэлбиппит. Сэтинньигэ биир үйэ иһигэр олоҥхо сайдыытын көрдөрөр “Олоҥхо ЭКСПО” диэн быыстапканы “Арассыыйа – мин устуоруйам” пааркаҕа туруорбуппут. Мантан саас Өймөкөөҥҥө буолар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн саҕалыыбыт. Саҥа испэктээктэри наар түһүлгэҕэ сүрэхтээччибит.
— Биир кэм олоҥхону туруорар салҕымтыалаах, кыараҕас курдук буолбатах дуо?
-Суох, олоҥхоҥ киэнэ бэрт буоллаҕа дии. Ханнык баҕарар өттүтэн көрүөххэ сөп. Тиэмэтин таба тайанан. Судургу баҕайы курдук ылынар буоллахтарына, ол аата төттөрүтүн табыллыбыт. Тиэкиһинэн аахтахха, кэбэҕэс өйдөммөт түгэннэрэ элбэх буолаааччы. Дьэ, ону көннөрү көрөөччү тута ылынарын курдук сатабыллаахтык туруоруу уонна толоруу – ситиһии.
Олоҥхоҕо олохпут оҥкула, хайдах дьаһанан-тэринэн олоруохтаахпыт барыта ыйылла сылдьар. Бары өттүнэн толору, олох канон буолар олоҥхобут – “Дьулуруйар Ньургун Боотур”. Тоҕо диэтэххэ, Ойуунускай, отут суол олоҥхоттон таҥан, барытын чочуйан суруйбут буолан, тыла-өһө, ис хоһооно, дьоруойдара уһулуччулар. Мантан сиэр-туом, итэҕэл, алгыс, о.д.а туһунан элбэҕи билиэххэ сөп. Ол иһин хас биирдии ыалга остуолугар сытыахтаах кинигэ буолар. И.Теплоухов-Тимофеев “Кулун Куллуустуура” үс үйэлээх олоҥхо буолар. Манна ойууннар бааллара интэриэһинэй. “Кыыс Дэбилийэ” түҥ былыргы архаическай олоҥхо буоларын дьахтар сүрүн дьоруой буолара кэрэһилиир. М.Т. Шараборин-Кумаров “Улуу Даарынын” Өлүөхүмэҕэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар көрдөрөн баран кэлэрбитигэр, суолун сабынар курдук, хойуу былыттар эмискэ тахсан, улахан ардах түспүтэ. Аны быйыл олунньуга манна сыанаҕа туруорбуппутугар, ол күн Өлүөхүмэҕэ этиҥ ньиргийбит этэ дии. Ити курдук мистикалаах түгэннэр үгүстэр.
— Олоҥхоҕо аналлаах тыйаатырдаахпыт, кииннээхпит, чинчийэр үнүстүүттээхпит, ассоциациялаахпыт, ону сэргэ улуустарга дьиэлэр тэриллэн үлэлииллэр, ыһыах ыһыллар, бастыҥ олоҥхоһуттарга истипиэндьийэ бэриллэр, кинигэлэр, босуобуйалар тахсаллар...
— Ити иһин Ил Дархаммыт Айсен Сергеевичкэ махтанабыт, олоҥхобутун үйэтитиигэ, тарҕатыыга, сайыннарыыга ситимнээх үлэ барарын иһин. Ыра санаам диэн, ити Marvel киинэлэрин курдук, олоҥхо сюжетыгар олоҕурбут сериалы устарбыт эбитэ буоллар, ыччат олус сэҥээриэ этэ. Уонна олоҥхоһут диэн идэ буоларын ситиһиэхпитин наада. Тыбаалар “хоомей” диэн хабарҕа ырыатын толорооччуларын хамнастаах артыыс курдук тутар сокуоннаахтар. Биһиэхэ эмиэ оннук буоллар. Ити баҕа санаабытын Ил Түмэн өйөөтөр, үүнэр көлүөнэлэргэ ийэ олоҥхоһуттар үөскээн-үүнэн иһиэхтэрэ этэ…
Кэпсэттэ Анисия Иевлева.
Хаартыскалар Интернет ситимин аһаҕас ханаалларыттан ылылыннылар