Сахалыы панграммата толкуйдааҥ - Блоги Якутии

2 года назад 402

Сахалыы панграммата толкуйдааҥ

Маннык тыл оонньуута баар.
Сахалыы панграммата толкуйдааҥ эрэ.
Панграмма диэн тугуй? Алпаабыт буукубаларын барытын көрдөрөр этии.
Холобур нуучча тылыгар маннык панграммалар бааллар:

  1. В чащах юга жил-был цитрус… — да, но фальшивый экземпляръ
  2. Любя, съешь щипцы, — вздохнёт мэр, — кайф жгуч
  3. Южно-эфиопский грач увёл мышь за хобот на съезд ящериц
  4. Съешь ещё этих мягких французских булок да выпей чаю (манна ж суох да буоллар)

Оттон ааҥыл тылыгар маннык панграмма баар:

  1. The quick brown fox jumps over the lazy dog

Биллэн турар, “тылга дьиҥнээхтик киирбэтэх киирии тылларга” эрэ көстөр буукубалары туттуо суоххутун сөп.? Ол аата е, ё, ю, я, в, з, ш, щ, ф, ц буукулары туттубакка.
Биир буукуба хатыланыан сөп, ол эрээри төһөнөн кылгаһы толкуйдуугут оччонон үчүгэй! Кытаатыҥ! ?✊?
Халан



Маннык ис хоһоонноох суругу өтөрдөөҕүтэ бассаабынан тарҕаппытым. Дьон син сэҥээрбиттэрэ эрээри, бириис иҥин ыйытар дьон баара ?
Бүгүн, 2022 сыл балаҕан ыйын 22 күнүгэр арай “Сахам сайдам саҥата” бөлөххө Этигэн Ыра диэн аатынан суруйар киһи ыытта:
? Өйдөспүт дьоҥҥор этиэм, киһи ньургуна өлбөт үөстээҕэ – чахчы.

Онон, доҕоттоор, сахалыы биир панграмма (баҕар бастакы буолуо) баар буолла! ✊?✊?✊?

Комментарии 3

Добавить комментарий