Дьоруойу чиэстиир дьоро тэрээһин - Блоги Якутии

2 месяца назад 1335

Дьоруойу чиэстиир дьоро тэрээһин

Кыстык хаар түһүөхтээх Бокуруоп күнүгэр Дьокуускай, үрүҥ үллүгүн бүрүнэн, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллүөх көстүүтэ буолла  – тула сып-сырдык, барыта ып-ыраас, мааны кыыстыы мап-маҥан…

Ол үөрүү үлүскэнин үрдэтэ, Бырабыыталыстыба 1-кы №-дээх дьиэтин саалатыгар Ил Дархан Айсен Николаев РФ Дьоруойун албан аатын ылбыт Родимир Дмитрьевич Максимовы өрөгөйдөөх быһыыга-майгыга көрсөн эҕэрдэлээтэ.

Бурхаат байыаспыт кырыктаах кыргыһыыга көрдөрбүт  хорсун быһыытын бүтүн Арассыыйа киэн туттарын этэн туран,  Ил Дархан Родимир Максимовка 1 500 000 солк. суумалаах сэртипикээти туттарда.

Харда тылыгар РФ Дьоруойа Родимир Максимов байыаннай дьайыыга Ийэ дойдуну бииргэ көмүскэһэ сылдьар буойун доҕотторугар уонна кинилэри күүтэ хаалбыт чугас дьонноругар былаас өттүттэн көмө оҥоһулларын, өйөбүл баарын иһин махтанна.

Биир дойдулаахтара – таатталар – ааттарыттан СӨ үтүөлээх учуутала, РФ сэбилэниилээх күүстэрин подполковнига, ыччаты гражданскай-патриотическай тыыҥҥа иитэр Егор Егорович Жерготов эҕэрдэлээтэ.

Тэрээһин Родимир Максимов тастыҥ балта, Муусука үрдүкү оскуолатын устудьуона Мария Кузьмина ырыатынан түмүктэннэ.

Дьоруойу чиэстээһин түгэннэрин видеограф Михаил Эверстов-Соргу түһэриилэригэр көрүҥ.

Добавить комментарий