2 года назад 759
Өксөкүлээх айымньыларын мууска, хаарга дьүһүйэн
Дьыл уларыйар кэмэ – олунньу. Ый саҕаланыыта дьыбардаах тымныы кыһын этэ. Оттон бүтүүтэ – саас! Онон бу уһун өрөбүл күннэргэ сырылыыр, хатааһылыыр, дьаарбайар сирдэрдээх пааркаларга дьон-сэргэ тоҕуоруһа муһунна, салгын сиэн, оонньоон-көрүлээн абыранна.
Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр баар “Октем парк” диэн сынньалаҥ сиригэр бэртээхэй тэрээһин буолан ааста.
Билэргит курдук, Ил Дархан Айсен Николаев Өксөкүлээх 5 сылын биллэрбитэ. Онон хаар уонна муус оҥоһуктар быйылгы күрэҕэ, “Өксөкү” диэн ааттанан, А.Е. Кулаковскай айымньыларыгар ананна.
“Октем парк” дириэктэрэ Анатолий Анатольевич Прокопьев бу күрэхтэһиини сылын аайы утумнаахтык тэрийэрэ кэрэхсэбиллээх. Кини идиэйэтин Өктөм нэһилиэгин дьаһалтата, Хаҥалас улууһун салалтата өйүүллэрэ хайҕаллаах. Манна даҕатан эттэххэ, бу күрэхтэһииттэн кынат анньынан, норуоттар икки ардыларынааҕы фестивалларга кыттыбыттар элбэхтэр. Онон саҥа саҕалааччыларга суолу аһар куонкурус буолар.
Маны сэргэ бу күрэҕи тэҥҥэ тэрийсэр сүрүн күүс-көмө дьонунан П.П. Романов аатынан ойуулуур-дьүһүннүүр училище преподавателлэрэ Людмила Евдокимовна Федорова, Александра Анатольевна Неустроева буолаллар. Сылын аайы устудьуоннарын көҕүлээн кытыннаран, уһанар сатабылларын, дьоҕурдарын сайыннаралларыгар, бэйэни тургутан көрөллөрүгэр кыаҕы биэрэллэр.
Ол курдук, олунньу 26-27 күннэригэр, икки күн атахтарыгар тура кыһан-чочуйан, бэртээхэй скульптуралары оҥордулар. Хата, былыт кэлэн, хаар түһэн, халлаан сылаас буолан биэрдэ.
Маннык хаар-муус оҥоһуктар норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кыттар, СӨ муус оҥоһуктарын ассоциациятын чилиэнэ, ЯХУ преподавателэ Николай Васильевич Петров бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ (муус уонна хаар оҥоһуктарга маастар, ЯХУ уһуйааччыта А.И. Капитонов, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, АГИКИ преподавателэ Н.С. Комиссарова, “Саха Сирин култуурата” айар холбоһуктан суруналыыс А.И. Иевлева, Дьохсоҕон оскуолатын Өксөкүлээх Өлөксөйгө анаммыт түмэлин сүрүн үлэһитэ Г.К. Давыдова, Өктөм дьаһалтатыттан исписэлиис А.А.Андреев), хас биирдии үлэни хас да киритиэрийинэн сыныйан көрөн баран, бу курдук түмүгү таһаардылар:
Хаар оҥоһуктарга
I миэстэ – “Эн төкүнүк, мин бөкүнүк” хамаанда: Софья Макарова, Екатерина Черноградская. Бириистэрэ – 30 тыһ. солк.
II миэстэ – “Дабыдал” хамаанда уолаттара Давид Жирков, Кэскил Семенов. Бириистэрэ – 20 тыһ. солк.
III миэстэ – “Кынаттаахтар” хамаанда: Устинья Прокопьева, Афанасий Слепцов. Бириистэрэ – 10 тыһ.солк.
Бу үс миэстэлэспит хамаандалар скульптураларын үһүөн “Ойуун түүлэ” поэманан оҥорбуттар. Оттон “Көрөөччү биһирэбилэ” ааты ылбыт “Айар Куолар” Анна Супсукова уонна Мария Шардинова Өксөкүлээх Өлөксөй дэриэтинньиктиин көрсүбүт номоҕор олоҕурбуттара сонун ис хоһоонноох буолла.
МУУС ОҤОҺУКТАРГА
I миэстэ – кэргэннии Алена Абрамова уонна Валерий Стручков.
Кинилэргэ 100 000 солк. суумалаах сэртипикээт туттарылынна. Бу “Золотые крылья” хамаанда “Ойуун түүлэ” үлэтэ, чахчы, бастыан бастаата. Көрүҥ эрэ, икки күн иһигэр маннык бэйэлээх кэрэни айан таһаарбыттарын!
II миэстэ – Анна Саввина уонна Василий Васильев “Өрүс бэлэхтэрэ” поэманы Өлүөнэ эбэ уобараһынан көрдөрбүттэр.
Уһун суһуоҕун ураннык да чочуйбуттарын сөҕө көрдүбүт. “Куйаар” хамаанда 60 тыһыынча солк. сэртипикээтинэн наҕараадаланна.
III миэстэ – элбэҕи эрэннэрэр “Эһээ оҕолоро” Айаал Никитин уонна Николай Ушницкай. Уолаттар Өксөкүлээх “Хомус” хоһоонун бэркэ дьүһүйбүттэр. Бириистэрэ – 40 тыһ. солк.
Анал ааттарга тигистилэр:
“Верность традициям” – Гаврил Васильев, Михаил Дьячков.
“Оригинальность композиции” – Станислав Козаренко, Максим Ушницкай.
Бу күрэхтэһии эһиил эмиэ тэриллиэҕэ, онно кэлэн кыттаарыҥ диэн ыҥырабыт. Оттон быйыл күрэхтэспиттэр Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларын кытта билистилэр, итиэннэ Педагог уонна настаабынньык сылыгар устудьуоннар учууталларын кытта күрэстэһэн, элбэҕи билбит, үөрэммит буолуохтаахтар.
Сырдатта Анисия Иевлева