Афганистан сэриитигэр автоколонналары арыаллыыра - Блоги Якутии

2 года назад 737

Афганистан сэриитигэр автоколонналары арыаллыыра

Биллэрин курдук, ССРС Афганистаҥҥа 1979-1989 с.с. сэриилэспитэ. 15 тыһыынча курдук саллаат уонна офицер өлбүтэ, 51 тыһыынча байыаннай сулууспалаах бааһырбыта уонна инбэлиит буолбута.

Аармыйа генерала Борис Всеволодович Громов 1989 сыл олунньу 15 күнүгэр сэбиэскэй сэриилэри кыайыылаахтык бырааттыы Афганистан өрөспүүбүлүкэтиттэн өрөгөйдөөх маршынан таһаарбыта. Онон быйыл Афганистан сэриитэ бүппүтэ 34 сылын туолла.

Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр анал байыаннай үөрэхтээх, гвардия хапытаана, автомобильнай взвод уонна рота хамандыыра, Афганистан сэриитин кыттыылааҕа Колотинскай Владимир Петрович олорор.

колотинский

  Кини 1973 с. Чычымах 8 кылаастаах, онтон 1975 с. Харбалаах орто оскуолатын бүтэрбитэ уонна 1975-1988 с.с. уон үс сыл устата олоҕун Сэбиэскэй Аармыйаны кытары ситимнээбитэ. Ол курдук, 1975 сыллаахха Байыаннай бирисээгэтин андаҕайан, Уссурийскайдааҕы үрдүкү байыаннай автомобильнай-команднай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Ити училищеҕа икки эрэ саха уола үөрэнэн, лейтенант званиетын ылан, Сэбиэскэй Аармыйа офицердара буолбуттара. Владимир Колотинскай Ураллааҕы байыаннай уокурукка ананан, 1979 сылтан отделение, онтон взвод хамандыыра буолбута.

         Афганистан сэриитэ күөдьүйэн, 1980 сыл саҕаланыыта Туркестанскай байыаннай уокурук Афганистан кыраныыссатыгар турар Кушка пограничнай куоракка бирикээһинэн тиийбитэ. Сахаттан соҕотох эдэр уол бэйэтин толоругас, эппиэтинэстээх офицер быһыытынан көрдөрөн, командование махталын ылбыта, взвод хамандыыра буолбута. Ол курдук, туспа автомобильнай батальон перевалочнай базатыгар — Термез куоракка — тимир суолунан УРАЛ, ЗИЛ, КАМАЗ массыыналары аҕалара. Ити ураты эппиэттээх сорудахтары сыл аҥаара толорбута.

2 18

         1980-1983 с.с. сэрии буола турар Афганистан өрөспүүбүлүкэтин араас территориятыгар баар сэбиэскэй байыаннай гарнизоннарга бородуукта, боеприпас, тутуу матырыйаалларын, эмп-томп тиэйэрэ, саллааттары, офицердары таһара. Ыйга ортотунан кыраныыссаны 2-3 төгүл туораан, автомобильнай колонналары арыаллаан сылдьыбыта. Душманнар, сэбиэскэй саллааттар этэллэринэн “духтар”, хайа үрдүттэн ытыалааһыннарыгар элбэхтик түбэспитэ, үгүс хаан тохтуутун, өлүүнү-сүтүүнү эт хараҕынан көрбүтэ…

Кини автоколонна техническэй туругар эппиэттээх буолан, автомастерскойу уонна буксирнай тягачтары быһаччы салайара. Тус бэйэтин дьаһалынан алдьаммыт бронетехниканы, массыынаны, тааҥканы өрөмүөннэтэрэ, үксүгэр, билигин кэлэн туох кистэлэ кэлиэй, умайа турар техниканы, бородууктатын, боеприпаһы, тутуу матырыйаалын ылан баран, суолтан туора астарара, хайалартан суулларара. Ити барыта ыксалга, “духтар” минометтарын уонна пулеметнай ытыалааһыннарын ортотугар буолара. Душманнар саба түһүүлэрэ суох кэмигэр, алдьаммыт техниканы буксирдарга холбоон илдьэ барара.

Дьолго, бэйэтэ бааһырбатаҕа, баҕар, хамандыыры кистээн, ортоку соҕус техникаҕа олордоллоруттан буолуо, ол эрээри бэйэтэ элбэх саллааттары бэрэбээскилээбитэ, сорохторун илиитин иһигэр сүтэрбитэ. Өлбүттэри уонна бааһырбыттары элбэхтик тиэйбитэ. Тус бэйэтигэр табельнай “Макаров” бэстилиэтэ, АКМ “Калашников” автомата, иккиэн саппаас обоймалаахтар уонна түөрт РГД гранаталар бааллара, итилэр түүнүн илиитэ тиийэр сиригэр ууруллара, ол байыннай бириэмэтээҕи бирикээс ирдэбилэ буолар.

4 13

  Саамай элбэҕэ — биирдэ 68 устуука сабыс-саҥа ЗИЛ-130 самосвал массыыналары илдьэн биэрбитэ, ол эрээри үксүгэр 20-30 “Урал”,  “Камаз” массыынаны арыаллыыра. Ити техникалартан ордубуттара Афганистан өрөспүүбүлүкэтигэр көмө быһыытынан босхо хаалларыллыбыттара.

  Владимир Петрович Поли-Хумри, Кундуз, Кабул, Гардез, Газник, Файзабед куораттарга уонна элбэх бөһүөлэктэргэ автоколоннанан тиийэ сылдьыбыта, онно турар сэбиэскэй чаастарга күүс-көмө буолбута. Кини салалтатыгар автомобильнай взводка нуучча, украинец, эстонец, латыш, литовец, туркмен, чечен, узбек, таджик, казах омук уолаттара сулууспалаабыттара. Ыксаллаах да түгэннэргэ автоматынан ытыалаһан, бэйэ-бэйэни харыстаһан, нууччалыы хамаанданан биир дойду иһин сэриилэспиттэрэ, хааннарын тохпуттара, табаарыстарын сүтэрбиттэрэ.

  “За боевые заслуги”, “Благодарность от Афганского народа”, “За доблесть и храбрость”, ССРС уонна Российскай Федерация, ССРС Байыаннай дьайыыларын бэтэрээннэрин сэбиэтин мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

  Кини 1988 сыл Термез куораттан Сэбиэскэй  Аармыйаҕа капитан званиелаах уонна рота хамандыыра дуоһунастаах байыаннай сулууспаттан уурайбыта, дойдутугар Тааттаҕа эргиллибитэ.

5 6

  Эдэр Владимир уоппускатын кэмигэр кэлэн, 1981 сыл алтынньыга Таатта оройуонун Харбалаах бөһүөлэгэр олоҕун аргыһа Софронова Варвара Феодосьевнаны кытары холбоһон, сыбаайба тэрийбиттэрэ. Кэргэнэ нуучча тылын уонна литературатын учуутала. Кини Дьохсоҕон орто оскуолатын туһунан аан бастакы кинигэ тахсыытыгар национальнай архыыпка үлэлээн, кинигэҕэ сүрүн күүс-көмө, сүрүннээччи буолбута. Үс оҕолоохтор, хас да сиэннээхтэр.

 Владимир Колотинскай Харбалаахха СПТУ-18 дириэктэри үөрэтэр-иитэр үлэҕэ солбуйааччынан, онтон Дьохсоҕон нэһилиэгэр олохсуйан, “Сайдыы” совхозка инженер-механигынан, орто оскуолаҕа военругунан, “Победа” КП арендаторынан үлэлээбитэ. Билигин 65 саастаах бэтэрээн бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, ынах сүөһү иитэр уонна сиэннэрин көрөр. Бэйэтин кэмигэр хомуска оонньоон, СӨ профтехучилищеларыгар лауреат уонна I степеннээх дипломант буолбута.

Дьохсоҕон Алампа аатынан Норуот айымньытын дьиэтин иһинэн олоҥхо дьарыгар сылдьар. Салайааччылара – 2022 с. өрөспүүбүлүкэ бастыҥ олоҥхоһута буолан, Ил Дархан гранын ылбыт Афанасий Попов. Олоҥхону куолаан толоруунан сылын ахсын Олоҥхо ыһыаҕар, араас таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар.

Кэлэн иһэр  Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүнэн Владимир Петровиһы ис сүрэхтэн истиҥник эҕэрдэлээн тураммыт, кини дьиэ кэргэнигэр бары үтүөнү, чэгиэн доруобуйаны, үгүс үөрүүлэри, этэҥҥэ буолууну, элбэх ситиһиилэри уонна дьолу-соргуну баҕарабыт! Биһиги олорор үйэбитигэр аны сэрии буолбатын, хаан тохтубатын! Туругурдун Эйэ!

              Михаил Архипов , биэнсийэлээх

Добавить комментарий