Уйгуну уһансар учуонай - Блоги Якутии

2 года назад 522

Уйгуну уһансар учуонай

“Ил Түмэн” хаһыакка анаан Абый улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Айдар Ефимов интервью биэрэригэр: “2000 сыллар саҕаланыыларыгар дьиэ кэргэн экэниэмикэтин бырагырааматынан түргэнник ситэр салаа кыылларын – кууруссаны, куруолугу, сибиинньэни – аҕалан тарҕаппыттара. Бу олус абыраллаах дьаһал этэ. Маны сөргүтүө этилэр”, — диэн эппитэ.

Ол 2000 сыллартан ыла номнуо 20-тэн тахса сыл ааста. Оттон ыраах хоту дойду дьоно барахсан тыа сиригэр чахчы туһалаах бачыымы билиҥҥэ диэри өйдүү-саныы сылдьаллар, өссө да оннук бырайыак олоххо хаттаан киириэн баҕараллар.

 Үп-харчы кырыымчык кэмигэр өрөспүүбүлүкэ үгүс ыалын өйөөбүт, астарын-үөллэрин тэлгэһэлэрин иһиттэн булуналларыгар кыаҕы биэрбит  ити бэртээхэй бырагырааманы сүрүннээбит киһинэн Александр Алексеевич Пахомов буолар. Кини оччолорго СӨ Дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕо аймах дьыалаларыгар кэмитиэтин салайара.  

Дьэ, ити кэмитиэккэ бэрэссэдээтэллиир кэмигэр Александр Алексеевич дьиэ кэргэни быраап уонна үп-харчы өттүнэн судаарыстыба төһө толору хааччыйарын, дьиэ кэргэҥҥэ туһуламмыт эрэгийиэннээҕи бэлиитикэ төһө көдьүүстээҕин иһиттэн иҥэн-тоҥон үөрэппитэ. Ол түмүгэр кини 1990-2004 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо төрөөһүнэ аччаабытын, ыал арахсыыта үксээбитин, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ сөптөөх көмө оҥоһуллубатын, кыаллыбат ыал ахсаана күн-түүн эбиллэ турарын, ийэ, оҕо доруобуйаларын бөҕөргөтүүгэ, төрөппүт уонна оҕо көмүскэллээх буолууларыгар болҕомто күүһүрүөхтээҕин, аҕа статуһа үрдүөхтээҕин, босуобуйа кээмэйэ биллэ улаатыахтааҕын, өйөбүл миэрэлэрэ элбиэхтээҕин, о.д.а. социальнай-экэнэмиичэскэй, демографическай хабааннаах боппуруостары наука хараҕынан көрөн ырыппыта уонна ол итэҕэһи-быһаҕаһы туоратар суоллары чопчулаабыта, оруннаах этиилэри киллэрбитэ. Онно олоҕуран, дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр туһуламмыт элбэх докумуон ылыллыбыта.

Александр Алексеевич ити кыһалҕалары биирдиилээн буолбакка, барытын биир ситимнээхтик холбуу тутан, уопсай тиһиккэ киллэрэн быһаарар табыгастааҕын туһунан кэнсиэпсийэтигэр суруйбута. Кини дьиэ кэргэн бигэ туруга олоҕун уйгутуттан, укулаатыттан быһаччы тутулуктааҕын бэлиэтээбитэ. Ол иһин, бастатан туран, дьон-сэргэ байылыаттык олороругар судаарыстыба кыһаллыахтааҕын, сөптөөх усулуобуйаны тэрийэн, ыаллар бэйэ дьыалатын арыналларыгар, кэтэх хаһаайыстыбаны туталларыгар төһүү күүс буолуохтааҕын ыйбыта. Ити билигин, үс сыллааҕыта Владимир Путин дьадайыыны утары охсуһууну национальнай бэлиитикэ сүрүн тосхолун быһыытынан этиэҕиттэн, дойду үрдүнэн бу хайысхаҕа үлэ күүскэ ыытыллар буолла. Оттон Александр Алексеевич, экэнэмиис учуонай быһыытынан, ити проблеманы өссө сүүрбэ сыллааҕыта сытыытык туруорбута.

Кини чинчийбит үлэтин барытын түмэн, билим ирдэбилинэн сааһылаан, практическай суолтатын дакаастаан, «Организационно-экономические механизмы обеспечения региональной социальной и семейной политики» диэн диссертацияны суруйбута.

Ону 2004 сыллаахха РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн Судаарыстыбаннай сулууспа Арассыыйатааҕы академиятыгар көмүскээн, экэнэмиичэскэй наука дуоктара буолары ситиспитэ. Сонун көрүүлэрин биһирээн, кини үлэтин сүнньүнэн РАНХиГС устудьуоннарыгар лиэксийэлэри ааҕаллар, үөрэтэр-мэтэдиичэскэй матырыйаалларыгар туһаналлар. Тоҕо диэтэххэ, бу үлэтигэр Александр Алексеевич “дьиэ кэргэн” диэн өйдөбүл аныгы кэмҥэ суолтатын, тутулун, аналын сиһилии быһаарыыттан саҕалаан, дьиэ кэргэн бэлиитикэтин, экэниэмикэтин тэрийии мэхэньиисимин, ымпыгын-чымпыгын ыйан-кэрдэн биэрэр.

Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, Александр Пахомов диссертациятын түөрүйэҕэ эрэ тирэммэккэ, сабаҕалааһынынан эрэ салайтарбакка, чахчы бэйэтин уопутугар олоҕуран, дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр, экэниэмикэтигэр ыыппыт үлэтигэр тирэҕирэн суруйбута  буолар. Онно кини «Семейная экономика – это хозяйственный уклад, основанный на частной, коллективной или совместной собственности, функционирующий на основе труда семьи (семей), направленного на повышение ее благосостояния» диэн этэр.

Мин саныахпар, Александр Алексеевич дьиэ кэргэн байылыаттык олоруута кэскиллээх олох оҥкула буоларын өрүү инники күөҥҥэ тутара – ол кини иитиллибит эйгэтиттэн. Бииргэ төрөөбүт балта, СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева: “Биһиги ас-таҥас тиийбэт кыһалҕатын билбэккэ улааппыппыт. Ол дьоммут барахсаттар үтүөлэрэ буоллаҕа. Оҕо эргиччи сайдар усулуобуйатын тэрийэргэ кыһаллаллара. Аҕабыт Алексей Семенович Пахомов сааһын тухары холкуос-сопхуос салайар үлэтигэр сылдьыбыта, оттон ийэбит Мария Николаевна Стрекаловская учууталлаабыта, бибилэтиэкэрдээбитэ. Бэйэлэрин холобурдарынан норуокка туһалаах,   дойдуга бэриниилээх, дьон иннигэр эппиэтинэһи сүгэр, уопсай үлэҕэ көхтөөх буоларга туһаайбыттара”, — диэн кэпсээбиттээҕэ.

         Чахчыта да, оскуола, хомсомуол саҕаттан салайар үлэҕэ уһаарыллан, убайдаах балты иккиэн үрдүк дуоһунастарга таһаарыылаахтык үлэлээн кэллилэр. Ол курдук, Александр Алексеевич ЫБСЛКС Сунтаардааҕы райкомугар I сэкирэтээринэн, Мэҥэ Хаҥалас “Наахара” сопхуоһун дириэктэринэн, оройуон дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, улуус баһылыгын солбуйааччытынан, 1994 с. СӨ бааннарын ассоциациятын толорор дириэктэрин солбуйааччытынан, 1997 с. каадыр бэлиитикэтин управлениетын отделын начаалынньыгынан, 1998 с. Бэрэсидьиэн аппараатын управлениетын тэрийэр отделын начаалынньыгынан, 1999 с. Дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн, 2002 с. СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччытын бастакы солбуйааччытынан, 2005 с. РФ Бэрэсидьиэнигэр СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн, 2007 с. Билим уонна орто анал үөрэхтээһин миниистиринэн, 2010 с. Арассыыйа наукаларын академиятын Дьокуускайдааҕы научнай киинин Президиумун бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан ананан үлэлээбитэ.

Бииргэ алтыһан үлэлээбит дьонун кытта. Тиэлигигэ Пахомов ааҕыыларыгар айаннаан иһэн. 2021 с.

2020 сылтан ити киин иһинэн тэриллибит экэнэмиичэскэй уонна социальнай чинчийиилэр эрэгийиэннээҕи салаатын сэбиэдиссэйэ. Манна даҕатан эттэххэ, бу отдел 2011 сыллаахха Александр Алексеевич быһаччы туруорсуутунан аһыллыбыта. Уопсайынан, кини ханна үлэлээбит сиригэр саҥаны киллэрэр үгэстээх, бэлиэ суолу-ииһи хаалларар аналлаах. Холобура, Москубаҕа постпредство дьиэтэ өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр бэриллэрин ситиспитэ. Биитэр кини быһаччы кыттыытынан Аҕа күнэ диэн баар буолбутун ылан көрүөххэ. Арассыыйаҕа былырыыҥҥыттан саҥа бэлиэтиир буоллулар. Сыллата ыытыллар “Бастыҥ дьиэ кэргэн” куонкурус бастаан эмиэ кини көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Ону үтүктэн да диэххэ сөп, билигин Арассыыйа таһымыгар ыыталлар. Миниистирдии олорон, эдэр учуонайдар наукаҕа интэриэстэрин күүһүрдээри, ботуччу суумалаах граннары олохтообута.

Ити курдук  аахтахха, оҥорбута-толорбута олус элбэх буоллаҕа эбээт. Дьон саамай сөҕөрө, хомуска “кэҕэлиир” диэн ньыманы кини бастаан “кукуук”-таан киллэрбитин. Ону туоһулуур патеннаах.

         Александр Алексеевич, булугас сытыы өйдөөх дьон сиэринэн, олус дьээбэлээх. Чэпчэки атлетика федерациятын бэрэсидьиэнинэн ананаат, Москубаҕа кэмпириэнсийэҕэ тиийбитигэр, уһун синньигэс сүүрүк киһини кэтэспит дьон тустуук курдук кыра киппэ киһи киирэн кэлбитигэр соһуйбуттарын бэйэтэ олус күлүүлээхтик кэпсиир. “Ол гынан баран, сотору буолаат, Олег Матыциннаах (билигин РФ спордун миниистирэ), Павел Рожковтаах (РФ Паралимпийскай кэмитиэтин вице-бэрэсидьиэнэ) биһиги киһибитин батыһа сылдьан истэллэрэ. Соннук кини харизмалаах, дьону бэйэтигэр тардар айылгылаах»,– диэн сэһэргээбитэ Сунтаар Кириэстээҕин оскуолатын дириэктэрэ Павел Васильев.

Кырдьык, Александр Алексеевич спортивнай көрүҥэ суох да буоллар, дууһатынан спортсмен. Ити  марафонецтарбыт Татьяна Жирковалаах Надежда Корасева аан дойдуга тахсалларыгар улаханнык өйөөбүтэ, иккиэннэригэр Дьокуускай киинигэр 3 хостоох кыбартыыралары сүүрэн-көтөн булан, буор-босхо бэрдэрбитэ. Паралимпийскай кэмитиэт Саха Сиринээҕи салаатын салайбыт кэмигэр Анастасия Диодорова Пекиҥҥэ буолбут Олимпиадаҕа үрүҥ көмүһү ылбыта, Владимир Балынец, Степанида Артахинова улахан түһүлгэлэртэн бастакы кыайыыларын аҕалбыттара. 2007 с. Саха устудьуоннарын спортивнай сойуустарын бэрэсидьиэнэ буолаат, үрдүк үөрэх эрэ буолбакка, орто анал идэлэргэ бэлэмниир кыһалары Сойууска эмиэ киллэрэн, 50 тыһ. тахса киһилээх түмсүүнү түстээбитэ, Универсиадаҕа, норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кытталларыгар күүс-көмө буолбута.

 Иллэрээ сыл 2021 с. төрөөбүт Тиэлигитин оскуолатыгар Александр Пахомов аатын иҥэрбиттэрэ.

Ол үөрүүлээх түгэнинэн бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев ыыппыт эҕэрдэтигэр, кини Саха Сиригэр меценатство хамсааһына сайдыытыгар Александр Алексеевич улахан оруоллааҕын бэлиэтээбит этэ. Дойдутугар, олорон ааспыт нэһилиэктэригэр, чахчы, олус көмөлөһөр эбит. Оҕолорго туттарар истипиэндьийэтэ да хас да быһыылаах. Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Старостин: “Оройуон сайдыытыгар кылаатын киллэрэр, бэлитиичэскэй олоҕор, тэрээһиннэригэр өрүү кыттар, кыттыһар, кыһаллар патриот киһибит буолар”,— диэбитэ. Оттон I Наахара баһылыга Алексей Григорьев: Нэһилиэкпит туох баар боппуруоһун барытын быһаарарга көмөлөһөр, өрүү үбүнэн-харчынан, сүбэтинэн өйүүр меценаппыт, попечительбит, хаһыс да сылын Дьокуускайга олорор тиэлигилэр “Дойду ситимэ” түмсүүлэрин салайар”, — диэн махтаммыта.

А.А. Пахомов аатын сүгэр оскуола педколлективын кытта

Дьоҥҥо ити курдук өрүү сүбэ, өйөбүл буолар, уопсастыбаннай үлэни олоҕун соруга оҥостубут, үрдүк сололорго көдьүүстээхтик үлэлээбит, саха култууратын төрүт үстүрүмүөммүт дорҕоонун нөҥүө тарҕатар, спорду өрө тутар, ыччаттыын мэлдьи биир тэтимҥэ сылдьар дэгиттэр киһи Александр Пахомов учуонай быһыытынан 14 монография, 144 научнай ыстатыйа ааптара буолар. Ити үлэлэрэ ис дьиҥэр барыта дьон кыһалҕата суох байылыаттык этэҥҥэ олорорун туһугар тугу гыныахха сөбүн туһунан. Маннык кэскиллээх санаалаах, киһилии сиэрдээх дьон билимҥэ, былааска, бэлиитикэҕэ баалларын тухары олохпут хаачыстыбата тупсан иһиэ диэн эрэнэбит.   

Суруйда Анисия Иевлева

Добавить комментарий