2 года назад 421
Университет аһылларын туруорсубута
Бүгүн Арассыыйаҕа Устудьуон күнүн бэлиэтииллэр. М.К. Аммосов аатынан университеппыт 1956 сыллаахха аһыллыаҕыттан ыла, төһөлөөх элбэх устудьуону идэҕэ уһуйан, өрөспүүбүлүкэни үрдүк үөрэхтээх каадырынан хааччыйбыта буолуой?!
Уруккута Саха судаарыстыбаннай, билиҥҥитэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет баар буолбутугар сүҥкэн өҥөлөөх-үтүөлээх киһинэн Семен Игнатьевич Неустроев буолар. Кини туһунан кыыһа Марта Семеновна Демехина 2007 сыллаахха, архыып докумуоннарыгар, дьон ахтыытыгар, аҕатын дакылааттарыгар, ыстатыйаларыгар олоҕуран, кинигэ таһаартарбыта.
Сэмэн Игнатьевиһы 1956 с. алтынньытыгар Саха АССР Минииистирдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин култуураҕа солбуйааччынан аныыллар.
Бастакы дьыаланан университеты аһыы боппуруоһа ханна тиийбитин, туохтан харгыстанан сытарын быһаарарга сорунан, бу иннинэ Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун, итиэннэ Миниистирдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Василий Протодьяконов-Кулантайтан ыйыталаспыт. Онуоха Кулантай бырайыагы ССРС Үрдүк үөрэхтээһинин миниистэрэ В.П. Елютинныын чочуйан, Госплан бэрэссэдээтэлэ М.З. Сабуровка биэрбиттэрин туһунан эппит.
Семен Игнатьевич тута Москваҕа тиийэн, Госплан бэрэссэдээтэлэ Сабуровка киирэн, дьыала тоҕо тохтообутун быһаарсыбыт. Онуоха анараата начаас үлүгэр сорудаҕа ханна тиийэн, ханнык отделга хаампакка сытарын булан ылбыт. Дьоно “кумааҕы муоратыгар тимирэн” олороллорун сэмэлээбит уонна “мэскэй буолбут бырайыагы буулдьа курдук түргэнник ыппыт”. Инньэ гынан, Саха судаарыстыбаннай университета ити сыл аһыллыбыт.
Ити туһунан Кулантай “Олох далааныгар” диэн кинигэтигэр суруйар.
Оттон бу университет аһылларын туһугар Семен Игнатьевич төһөлөөх долгуйбутун, сүүрбүтүн-көппүтүн кини дьиэ кэргэнэ эрэ билэр буоллаҕа. Төрөппүт кыыһа Марта Демехина аҕатын туһунан кинигэтигэр бу курдук ахтар:
“Семену Игнатьевичу для решения данного вопроса пришлось немало пообщаться с министром высшего образования СССР В.П Елютиным, председателем Госплана СССР М.З. Сабуровым и, в конечном итоге, побывать на приеме Председателя Совета Министров СССР Н.А. Булганина, где окончательно было решено открыть университет в городе Якутск на базе педагогического института. С.И. Неустроев на должность ректора университета рекомендовал своего земляка, хорошего друга, доктора философских наук Авксентия Егоровича Мординова.
По возвращении в Якутск отец был очень горд и счастлив. Ведь сложность заключалась в том, что одновременно на открытие университета в городе Улан-Удэ претендовала и Бурятская АССР. Отцу удалось отстоять необходимость открытия университета в Якутии. “Вот теперь, — радостно сказал отец, — вам, дети, не надо будет ездить за высшим образованием далеко, будете учиться дома, в Якутске”. Он был прав. Я, брат, наши дети – все учились в ЯГУ на разных факультетах”.
67 сыл устата университет тэнийэн-кэҥээн, билигин 12 институттаах, 5 факультеттаах, 3 филиаллаах, өссө орто анал үөрэх кыһалаах буола улаатта. 18582 устудьуону 1517 преподаватель 545 сүрүн, 127 магистратура, 204 эбии бырагыраамаларынан үөрэтэллэр.
Саха Сирин сайыннарыахтаах, саргытын салайсыахтаах сайдам ыччаппытыгар өссө төгүл эҕэрдэ буолуохтун!