2 года назад 297
Тымныыны муоһалаан олорор тэрилтэ 90 сыла
Саха Сирин чысхааннаах тымныытын муоһалаан олорор хомунаалынайдар тустаах тэрилтэлэрэ олохтоммут күнэ да бэлиэ эбит – 1933 сыл тохсунньу 24 күнэ – кыыдааннаах кыһын оройо. Онон бүгүн, доҕоттоор, Хомунаалынай хаһаайыстыба норуодунай комиссариата тэриллибитэ 90 сылын туолла!
Ол гынан баран, ити 1933 сыл инниттэн да манна дьон дьиэ-уот туттан, быр бааччы олорон кэллэхтэрэ эбээт. Онон хомунаалынай хаһаайыстыбаны көрүү-истии Ыраахтааҕылаах кэмтэн ыла баар эбит. Ол туһунан ОДьКХ бэтэрээнэ Иннокентий Новгородов “Чинить благо людям” кинигэтигэр ахтар.
XVIII үйэ иккис аҥаарыгар «Устав благочиния Якутской ратуши» диэн устаабы ылыммыттар. Ратуша диэн куорат бэйэни салайыныытын уоргана буоларын билэҕит. Оттон “благочиние” – ол аата билиҥҥинэн хомунаалынай салаа. Аата да үчүгэйэ бэрт дии – “благочиние”: дьон үчүгэй усулуобуйаҕа олорорун туһугар оҥорон, өрөмүөннээн, абырахтаан биэрии диэн суолталаах.
Бу Саҥа дьыл иннинэ Национальнай бибилэтиэкэҕэ хомунаалынай хаһаайыстыба бастакы наркома Ананий Кононович Андреев туһунан архыып матырыйаалларыгар олоҕурбут кинигэ биһирэмэ буолан ааспыта.
Онно ОДьКХ эйгэтигэр 30-тан тахса сыл үлэлээбит, Арассыыйа олоҕу хааччыйар идэлээхтэрин сойууһун өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын салайар Сергей Анисимов этэн турар:
—2000 сылларга ОДьКХ үлэһитин ахсаана өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 16 тыһыынчаттан тахса киһи этэ. Итиччэ улахан тэрилтэ дьонун хайдах сомоҕолуур толкуйугар сырыттахпытына, таатталар бастакы наркоммут А.К. Андреевы үйэтитиигэ этиилээх кэлэннэр, ону былаах оҥостон, билигин Ананий Кононович сырдык аатын тула түмсэр биир идиэйэлээх буоллубут. Ол чэрчитинэн музейданныбыт даҕаны, кинигэлэри да бэчээттээн таһаарабыт, өйдөбүнньүк бэлиэлэри да туруордубут, тутуулары да ыытабыт. Аны 2026 сылга, Ананий Кононович төрөөбүтэ 120 сылыгар, кини аатынан түмэлбит саҥа дьиэҕэ киирдэр…
Бу бүтүн өрөспүүбүлүкэ хомунаалынайдара былаах оҥостубут киһилэрин туһунан олох соторутааҥҥыга диэри ахсааннаах киһи билэрэ. Ону да “үһү” диэн үһүйээн курдук, кырдьаҕастар кэпсээннэринэн. Арай дойдутугар пааркаҕа бюһа баарын өйдүүбүн.
Дьэ, онтон Дьохсоҕон нэһилиэгин бастакы баһылыга Михаил Архипов үйэтитиигэ үлэни кыралаан саҕалаабытын кэннэ, кэлин Дьохсоҕон учуутала, оскуола дириэктэринэн үлэлээбит, баһылыктаабыт Галина Арылахова ыкса ылсан чинчийэн, үлэлэһэн, билигин балачча ахтыылар да, архыып матырыйааллара да хомулуннулар, бэртээхэй кинигэлэр таҕыстылар.
Сахалартан бастакынан инженер-энергетик идэтин ылбыт Ананий Кононович Андреев Саха АССР хомунаалынай хаһаайыстыбатын наркомунан (билиҥҥинэн миниистиринэн) 1937 сыллаахха ананар. Дьиҥэр, кылгастык үлэлээбит эбит – сылы кыайбат кэм. Ол эрээри ити аҕыйах ый иһигэр үтүмэн үлэни ыыппыт: каадыр боппуруоһун быһаарбыт, наркомат үлэтин сүрүннээбит. “Саамай улахан өҥөтө – электростанция 750 киловаттаах турбогенераторын туруорбута буолар” диэн ахталлар.
Уот-күөс, олох-дьаһах өҥөтүн оҥорууга, тупсарыыга өссө да айыахтаах-тутуохтаах хаарыан киһибитин 1938 сыллаахха репрессия миэлиҥсэтэ сөрөөн ылан мэлийэн, 1941 с. Томпо оройуонугар аһыллыбыт “Теплый Ключ” лааҕырга өлөр.
ОДьКХ бастакы наркомун сырдык аатын үйэтитиигэ чуолаан “ГУП ЖКХ РС(Я)” диэн кылгатыллан этиллэринэн норуокка ордук өйдөнөр тэрилтэ утумнаахтык ылсан үлэлиир.
“Ол курдук, аҥаардас Дьохсоҕоҥҥо ыыппыт үлэлэрин ылан көрөр буоллахха, А.К. Андреев улааппыт Куонаан арыытыгар сквер, төрөппүттэрэ олорбут Булгунньахтаах алааһыгар мемориал, нэһилиэк олохтоохторугар анаан балаҕан туппуттара, бөһүөлэккэ уот, суол оҥорбуттара, тиэхэньиичэскэй үөрэххэ киирбит оҕолорбутугар сыллата А.К. Андреев аатынан стипендияны туттарар буолбуттара”, — диир А.К. Андреев өрөспүүбүлүкэтээҕи музейын сэбиэдиссэйэ Галина Арылахова.
Кэрэхсэбиллээх киһилэрин кэриэстиир, дьон олоҕун хаачыстыбатын, таһымын тупсарарга туруулаһар, чыҥдааннаах-дьыбардаах тымныыга сылаас, толору хааччыллыылаах дьиэнэн-уотунан хааччыйар хомуналааныйдары 90 сыллаах үбүлүөйдэринэн эҕэрдэлиибит!