2 года назад 719
Үлүһүйэн үлэлээбитэ – үйэлээҕи үксэппитэ
“Бөлүүн олох хойут утуйдуҥ быһыылаах дуу?” – ийэм чэйдии олорон, хоноһобутуттан ыйытар. Онуоха анарааҥҥыта: “Хаартыскалары көрөн, уум көтөн хаалан, сарсыарданан биирдэ сыппытым”, – диэн кэпсиир. Түүннэри хайдах утуйбакка олоруохха сөбүн мин, оччолорго биэстээх бэтэнээски, муодарҕыы истэбин.
Кэлин улаатан баран, ити өйбөр хатанан хаалбыт түгэни дьоммуттан туоһулаһан билбитим, Чөркөөх мусуойун бастакы дириэктэрэ Людмила Николаевна Григорьева Уолбаҕа эһэм Климент Степанович Неустроев кыраайы үөрэтэр түмэлигэр матырыйаал хомуйа кэлэ сылдьыбыт эбит.
Бука, итинник күнүстэри-түүннэри үлэлээн, Людмила Николаевна кылгас олоҕор элбэҕи ситиһэн, сүҥкэн улахан үлэни оҥорон бардаҕа.
Кини төрүттэспит Чөркөөхтөөҕү историко-мемориальнай түмэлэ бу ахсынньы 24 күнүгэр тэриллибитэ 45 сылын бэлиэтээри сылдьар.
Ити үбүлүөйдээх даатаны көрсө, 2020 сыллаахха тахсыбыт “О, Родина – души моей основа” диэн бастакы дириэктэр туһунан кинигэни билиһиннэрэр тэрээһин Дьокуускайга Ем. Ярославскай аатынан мусуойга буолла.
Бу кинигэни Людмила Николаевна хаан уруу быраата, норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын “Симэх” национальнай киинин үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Дмитрий Константинович Осипов хомуйан оҥордо.
-Людмила Николаевна мин ийэбин кытта бииргэ төрөөбүт киһи кыыһа буолар. Аҕата Николай Павлович Григорьев үөрэхтээх агроном этэ. 1934-1938 сс. Саха АССР Киин ситэриилээх кэмитиэтин (ЯЦИК) чилиэнэ буола сылдьыбыта. Ийэтэ Анна Федотовна Захарова – Көмүстүөхэлэр кыыстара. Документалист-суруйааччы, Боотурускай улуус табылыыссатын оҥорбут Федот Захаров бииргэ төрөөбүт эдьиийэ. 2012 сыллаахха, Таатта улууһа тэриллибитэ 100 сылынан, оройуон сайдыытыгар улахан өҥөлөөх бу үтүөкэн аймах туһунан “Удьуор кэрэ дьон” диэн кинигэни таһаарбыппыт.
Людмила Николаевна 1944 сыл кулун тутар 22 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Биир сааһыгар аҕата, 1950 с. ийэтэ утуу-субуу өлөннөр, эбээтигэр Наталия Захароваҕа иитиллибитэ.
Сэттэ кылааһы Тыараһаҕа бүтэрэн баран, онтон салгыы Чөркөөххө үөрэммитэ. 1969 с. ИФФ саха салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Эдэркээн устудьуон кыыс оччолортон чинчийэр үлэнэн дьарыктанан саҕалаабыта. Дьонтон, архыыптан көрдөөн, Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа уонна Николай Неустроев хаартыскаларын булаттаан, сиһилии быһааран суруйан, саха литературатын үөрэтиигэ дьоһун суолталаах дипломнай үлэни көмүскээбитэ. Ону бу кинигэҕэ толору киллэрдибит.
1998 сыллаахха ол дипломнай үлэтин матырыйаалынан “Саха бастакы суруйааччылара А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев” диэн фотоальбому “Бичиккэ” бэчээттэппиттэрэ.
Ити иннинэ 1983 сыллаахха, Ойуунускай төрөөбүтэ 80 сылын көрсө, “Платон Ойунский” диэн кинигэ тахсыбыта.
Манна Ойуунускайы үөрэппит Матвей Матвеевич Сивцев-Маппыайабыс учуутал туһунан информацияны уонна оскуолатын дьиэтин көстүүтүн киллэрбиттэрин иһин, буржуазнай-националистическай көстүү бэрэстэбиитэлин, баай киһини сырдаппыккыт диэн, кинигэ эрэдээктэрэ Суорун Омоллоону уонна хаартысканы биэрбит Л.Н. Григорьеваны дьүүллээбиттэрэ, баартыйаттан быыгабар ылбыттара.
Итинник төһө да араас харгыстары көрүстэллэр, норуоттарын туһугар бэйэлэрин кэрэйбэккэ үлэлээбиттэрэ. Билигин Чөркөөх мусуойун пуондатыгар Л.Н. Григорьева 5050 хаартыската, 2028 кинигэтэ хараллан сытар. Дириэктэр Н.Е. Попов хос анаан, онно эдьиийбит кэбиниэтин оҥорбуттара, туттубут малын уурбуттара. Кини аатын үйэтитиигэ үлэлэһэр дьоҥҥо махтанабыт!
Эдуард Иосифович Васильев, СӨ норуодунай худуоһунньуга:
-Мин Суоруннарга 70-с сылларга күтүөт буолан киириэхпиттэн ыла Лүүсэлиин билсэн барбытым. Алампа дьонун кытта түспүт хаартыскатын, ханна да тарҕана илигинэ, миэхэ биир бастакынан көрдөрбүтэ. Онно олоҕуран, “Писатель Анемподист Софронов с отцом. 1912 г.” диэн хартыынаны суруйбутум. Онтукам 1977 сыллаахха Бүтүн Сойуустааҕы быыстапкаҕа улахан наҕараадаҕа тиксибитэ. Аны, Чөркөөх мусуойун сабыдыалынан дьүһүйбүт “Политссыльный в Якутске” диэн үлэбинэн 1987 с. Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата буолан турабын.
Людмила Николаевнаны бэйэтин иккитэ уруһуйдаабытым. Биир мэтириэтэ Чөркөөххө үлэлээбит кэбиниэтигэр ыйанан турар, биирэ Национальнай художественнай мусуойга баар буолуохтаах. Людмила Николаевна курдук, норуотун култууратын өйдүүр уонна ону тиэрдэ сатыыр дьоммутун биһиги кэмигэр сыаналыахтаахпыт, кэриэстиэхтээхпит.
Люция Дмитриевна Васильева, Суорун Омоллоон төрөппүт кыыһа:
-Мин аҕам Чөркөөх мусуойун тэрийэригэр Людмила Николаевна курдук үлэтигэр бэриниилээх, историяны, литератураны үчүгэйдик билэр, хасыһан үөрэтэр киһини кытта алтыһан үлэлээбитэ – кини табыллыыта этэ. Иккиэн кыра да булумньуттан оҕолуу ис сүрэхтэриттэн үөрэллэрэ. Людмиланы олох төрөппүт оҕотун курдук көрөрө. Таптаан Люся диэн ааттыыра. Оттон миигин төттөрүтүн Люда диирэ. Билигин санаатахха, дьоруойдуу үлэни оҥорбуттар эбит. Ону билиммэккэ, үбү ороскуоттаатылар диэн күтүрээн, бэрэбиэркэ үрдүгэр хонтуруол бөҕөтүн ыыталлара. Айар куттаах дьоҥҥо ол төһө охсуулаах, ыарыылаах буолуой?
Людмила Николаевна Алампа сэдэх хаартыскаларын булан үйэтиппит киһи буолар. Онон эһиил “Алампа” бириэмийэни Людмила Николаевна сырдык аатыгар аныыллара буоллар…
Мария Семеновна Кулаковская, бэтэрээн учуутал:
– Таатта бастакы суруксута, ис дьыала наркома буола сылдьыбыт Роман Федорович Кулаковскай төрөппүт кыыһа Лидия Романовна Кулаковская Ытык Күөлгэ олорбута. Нуучча тылын учуутала этэ. Кини Ойуунускайы кытта бииргэ үлэлээн ааспыт “сир түннүгэ” киһи этэ. Людмила Николаевна мэлдьи киниэхэ сылдьара. Лидия Романовна: “Аҕам уонна атын былыргы хаартыскаларбын барытын Людаҕа биэриэм, кини мин аҕабын үйэтитиэҕэ, Таатта историятын сырдатыаҕа”, – диирэ.
1974 с. Уус Алдаҥҥа олордохпутуна, Лүүсэ Суоттуга эспэдииссийэҕэ кэлэ сылдьыбыта. Аатырбыт археолог Никита Деевич Архиповтааҕы кытта. Кэргэним Атос Реасович кинилэри Танда түмэлин тэрийбит И.П. Готовцевка илдьэ бара сылдьыбыта. Онно мин сөхпүппүн өйдүүбүн, бачча эдэр кыыс былыргыны наһаа билэрин. Бэйэтэ научнай үлэһит курдуга.
Варвара Константиновна Кривошапкина, аймаҕа:
-Биһиги эһэбит Авксентий Васильевич Григорьев уонна Людмила эһэтэ Павел Васильевич Григорьев бииргэ төрөөбүттэр. Мин төрдүскэ үөрэнэ сырыттахпына, ийэбит өлөн хаалбыта. Онон улаатарбытыгар эдьиийбит өйөбүлэ, көмөтө улахан. Үрдүк үөрэххэ туттарсыбатахпыттан хомойоро. Ол эрээри тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар тахсыылаахтык үлэлээтим. Наҕараада ыллахпына, бастакынан эдьиийбэр этэрим, оччоҕо кини наһаа үөрэрэ. Людмила Николаевна тэрийсибит мусуойун экспоната байа, элбии турдун диэн, эһэбит кымыс кыынньар иһиттэрин (1883 сыллаах оҥоһук ) мусуойга бэлэхтээбиппит.
Изабелла Яковлевна Жерготова, Чөркөөх мусуойун үлэһитэ:
-Людмила Николаевна баара-суоҕа 43 сааһыгар бараахтаабыта… Олус аһыйаммын, кини күннэтэ сурунар дневниктэрин барытын аахпытым. Олох эдэр сааһыттан хаартыскалары мунньан саҕалаабыт эбит.
Мин 1993 с. мусуой сэбиэдиссэйинэн ананаат, бастатан туран, Людмила Николаевна дьиэтээҕи бибилэтиэкэтин, малын, хаартыскаларын барытын ааҕан, описьтаан, тус пуондатын тэрийбиппит. Кини аҕатын Н.П. Григорьев туһунан 26 сааһыгар саҥа билбит эбит. Үчүгэйэ диэн, бииргэ алтыспыт дьонноруттан ахтыы хомуйбут. Ону барытын көмпүүтэргэ бэчээттээбиппит. Бэлэм кинигэ сытар, үп булан тааһартарыахха эрэ наада.
Аҕатын Николай Павлович Григорьев-Сылбырҕа Уолун оннооҕор Ойуунускай үрдүктүк тутар эбит. Мунньахха хойутаан кэлбитигэр, Ойуунускай ойон туран, бэйэтин миэстэтигэр ыҥыран ылан олордубутун туһунан ахтыыга баар. Кини сэрии сылларыгар элбэх киһини өлүүттэн быыһаабыт. Ол эрээри бэйэтэ кыайыы буолуон биир сыл иннинэ тыына быстыбыт. Сылбырҕа Уолун туһунан суруйааччылар Эллэй уонна Бэс Дьарааһын историческай уочаркаларыгар суруйбуттара.
1994 сыллаахха Чөркөөх мусуойун үлэһиттэрэ Людмила Николаевна туһунан 60 ахтыыны хомуйбуппут. Кини бэйэтэ Лидия Романовнаттан ылбыт матырыйаалларынан эмиэ туспа кинигэ бэчэттэниэн сөп.
Блонкоттарын убайыгар Федот Захаровка илдьэн: “Манан тугу эмэ суруйарыҥ буоллар”, — диэн туттарбытым. Сотору буолаат эрийэн: “Сүрэҕим ыалдьар, сатаан аахпат эбиппин. Маны суруйар киһи көстөр ини. Хата, Людам кэриэһин толорон, уус-уран айымньыга холонон көрүүм”, – диэбитэ. Онтон ыла сэһэннэрэ кинигэ буолан тахсыталаабыттара.
Гея Семеновна Корнилова, Чөркөөхтөн төрүттээхтэр түмсүүлэрин салайааччыта:
-Биһиги, чөркөөхтөр, дьоллоох дьоммут. Оҕо сылдьан оонньуур былаһааккабыт – аһаҕас халлаан анныгар турар мусуой уһаайбата. Онон кырабытыттан саха култууратын кытта алтыһан улааппыппыт. Таатта үрэх мусуой территориятын иһинэн ааһар.
Киэһэ аайы онно илин түөлбэ оҕолоро мундулуурбут, ол кэмҥэ Людмила Николаевна эбиэйэктэрин кэрийэрэ. Төннөн кэлэн иһэн, ким кинини сыллаабыкка кэмпиэт биэрэрэ. Аҕам Людмила Николаевнаны олус ытыктаан: “Сирдээҕи таҥара дьахтар”, — диирэ.
Бу “О, Родина – души моей основа” кинигэ тахсыбытынан Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев эҕэрдэтин ыыппыт. Онно кини кинигэ биһирэмэ оруобуна Арассыыйаҕа култуура үйэлээх баайын уонна Саха АССР 100 сылларыгар буолбута ураты суолталааҕын бэлиэтээбит.
Национальнай бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаата Людмила Николаевна кинигэлэринэн, кини туһунан матырыйааллары түмэн, быыстапка туруорда.
Оттон презентацияҕа сылдьыбыт дьон Людмила Николаевна төрөөбүтэ 80 сылын, научнай-практическай кэмпириэнсийэлээн, кинигэлэрин бэчээттэтэн, киэҥник далааһыннаахтык бэлиэтииргэ санааларын эттилэр.
Тэрээһини сырдатта Анисия Иевлева