Тылтай диэн туох оонньуунуй диэн ыйыталлар - Блоги Якутии

2 года назад 662

Тылтай диэн туох оонньуунуй диэн ыйыталлар

wordle


Оннук ыйыттахтарына маны ыытаарыҥ?:

Поле чудес курдук.
Ол эрээри сорудаҕа суох.
Күн аайы 5 буукубалаах тылы таайтарар. Биир хонукка биир тылы.
Холобур, быһах диэн тылы “санаабыт” буолар.
Эн буоллаҕына холобур “бырыы” диэн суруйаҕын, өйгүттэн ылан. Оччоҕуна “бы……” диэн көрдөрөр
Оччоҕо чэ, холобур, “былах” диэн суруйаҕын, иккис холонуугар.
Оччоҕуна “бы…ах” диэн көрдөрөр.
Оннук 6 холонуу күн аайы бэриллэр. Алтыскар таайыахтааххын.
Эбэтэр эрдэ.

https://wordle.tylytaay.ru/

Добавить комментарий