Социология доктора Ульяна Винокурова: "Уһун санааланыы, киэҥ көҕүстэнии" - Блоги Якутии

3 года назад 325

Социология доктора Ульяна Винокурова: “Уһун санааланыы, киэҥ көҕүстэнии”



Биллэр общественнай деятельтэн, социология билимин докторыттан Ульяна Винокуроваттан бүгүҥҥү күҥҥэ уот турбутунан туох саналаалааҕын, дьоҥҥо-сэргэҕэ туох этэрдээҕин үллэстэригэр көрдөстүбүт. Ульяна Алексеевна ким буруйдааҕын, туохтан уот турбутун ырыта барбакка, ордук чуолаан бэйэбит, сахалар, маннык тургутууга хайдах ис бодобутун, ис кыахпытын күүһүрдүөхпүтүн сөбүн, онно биһиги өбүгэттэн кэлбит туох күүстээхпитин туһунан дириҥ санаатын эттэ.



“Киһи – айылҕа оҕото. Ол иһин Айыы киһитэбин диэн саха бэйэтин ааттанар. Айыы тыына иҥмит буолан саха уйан, аһыныгас майгылаах, уһун санаалаах киэҥ көҕүстээх.


Бу уот кутаа ортотугар өтөрүнэн күөн көрcүбэтэх тургутууга киирдибит. Уот кутаа байҕал, Уот Уһутаакы диэн тургутуу чыпчаала. Дьону, салалтаны кэһэтэн, кыһалҕанан кыһайар, ыарахан  ыарыынан -сүтүгүнэн охсор   уотунан  кымньыылаата. Онтон дьон өйө, уйулҕата хамнаан эрэр, сыыһаны-халтыны көннөрөргө турунуо.  Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат. Киһи да, норуот да бэйэтин дьылҕатыгар хаста да өлө-өлө тиллэр, быста-быста салҕанар. Мөлтөөн-ахсаан бүдүрүйбэккэ, өрөйөн- чөрөйөн, сүһүөҕү- тирэҕи булан, чиҥ ис кыаҕын күүһүрдүү быһаарыылаах күнэ-дьыла тирээтэ.


Олох олоруу диэн  туруулаһыы уонна дьүөрэлэһии. Олох очурдарын этэҥҥэ туоруур санаа күүһэ «арҕаһыттан тэһииннээх айыы киһитэ» диэн тирэххэ эрэнэр, тирэнэр. Ол иһин тирэхтээх буолан араас тургутууларга өссө кэҥээн биэрэр майгы баар. Оччоҕо тирээн турар кыһалҕаны искэр иһэрэн, буһаран, оттомноохтук ыараҥнатан, ырытан, иннигин-кэннигин хайан, быһаарар суолу тобулаҕын. Ыгым, быһымах быһыы- майгы табыллыбат. Ол иһин киэҥ көҕүстээх буолуу эрэйиллэр. Киэҥ көҕүс диэн  холкутуйуу, уһуну-киэҥи толкуйдуур тулуурдаах турук. Кытаанах, хардааччы майгылаах киһи улаҕалаах, сиэрдээх туруктаах өйдөөх-санаалаах, аһара туттубат, олох тургутуутугар тулуурдаах. Саллыбыт, чаҕыйбат киэҥ көҕүстээх киһи  сөптөөх быһаарыныыны ылынар, кэмин-кэрдиитин дьүөрэлээн чопчу дьайыыны оҥорор. Саха киэҥ көҕүстэнэр алгыһыгар этиллэр (Дабыл):


Дьээ-буо!


Алака-чалака!


Алтыс  халлааҥҥа олохтоох


Дьиҥнээх, кырдьыктаах олох


Айыыта Аан Дьааһын тойон


Үрүҥ  тыынын


Үрүҥ былыта


Тоҕус  томоонноох


Киэҥ Хаан тойон буола


Бэттэх көр,


Мичик гын.


Алыас.




-1-


Дьээ !


Киэҥ  Хаан  тойон


Бастакы томоонун  тутуһуум.


Дьиҥнээх, кырдьыктаах олоххо


Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан


Харыһыктаах хара тыыным


Уһаатын,


Күннээх  көмүс көхсүм


Көнньүөрдүн.


Алыас .




-2-


Дьээ!


Киэҥ Хаан тойон


Иккис томоонун тутуһуум.


Дьиҥнээх, кырдьыктаах олоххо


Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан


Күннээҕи кырдьыгы кэҥэтиим,


Сарсыҥҥы  дьиҥи сабаҕалыым.


Алыас.




-3-


Дьээ!


Киэҥ Хаан тойон


Үһүс томоонун тутуһуум.


Дьиҥнээх, кырдьыктаах олоххо


Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан


Кыыһырардааҕар


Киэҥ буолуум,


Өһүргэнэрдээҕэр


Үрдүк  буолуум.


Алыас.




-4-


Дьээ!


Киэҥ  Хаан тойон


Төрдүс томоонун тутуһуум.


Дьиҥнээх, кырдьыктаах олоххо


Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан


Дьиҥи киэҥник  көрүүлэниим,


Кырдьыгы дэлэйдик  саныым.


Алыас.




-5-


Дьээ!


Киэҥ Хаан  тойон


Бэһис томоонун тутуһуум.


Дьиҥнээх Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан


Күн сирин дьиҥэр  талаһыым,


Айыы  алаһатын кырдьыгар ааһыым.


Алыас.




-7-


Дьээ!


Киэҥ Хаан тойон


Сэттис томоонун тутуһуум.


Дьиҥнээх, кырдьыктаах олоххо


Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан


Дьиҥнээх олох үөһүгэр олоруум,


Кырдьыктаах олох үөһүгэр  киириим.


Алыас.




-8-


Дьээ!


Киэҥ  Хаан  тойон


Ахсыс томоонун  тутуһуум.


Дьиҥнээх, кырдьыктаах олоххо


Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан


Дьиҥи  сылыктаан  барҕалыым,


Кырдьыгы төрүттээн  көрүүлэниим.


Алыас.




-9-


Дьээ!


Киэҥ  Хаан  тойон


Тохсус  томоонун  тутуһуум.


Дьиҥнээх, кырдьыктаах олоххо


Киэҥ көҕүстэнэр алгыһынан


Киэҥ  Хаан  тойон


Тапталлаах оҕото  буолуум.


Алыас.




-10-




Дьээ – бу !


Айыллыбыт  аан  дойдуга,


Иитиллээхтиир  ийэ  дойдуга


Аламай күн аргыстаах


Айыы  киһитэ,


Тэргэн ый  аргыстаах


Күн  киһитэ


Дьыл ыпсыытыгар,


Дьыл оройугар


Айгылаах  дорҕоонноох


Алтан чылыгыр


Айыы тылынан


Айыы барҕатын


Аманыйа туойан,


Хара тыын харамтата,


Үрүҥ тыын өллөйө оҥордо.


Булгуруйбат буҕа тулууру,


Бохтубат  модун  дьулууру


Өркөн  өтүү гынан


Үөмэн тиийбэт үрдүккэ


Өллөйдүү өрө  тарта.


Айгылаах  олоҕу айхаллыы


Сахалыы  саҥардым -


Ийэ тылы иһиттим.


Айгылаах  олоҕу айхаллыы


Сахалыы  саҥардым -


Ийэ  өйү  иһиттим.


Айгылаах  олоҕу айхаллыы


Айыыны  санаатым  –


Ийэ куту биллим.


Дом.


Киэҥ  көҕүстэнэр алгыһы  ааҕан  бүтэрээт, уон  тарбаҕы, уон тарбах аҕыс ырааҕын  аахтара көрөн  туран, испитигэр манныгы эбии этэбит:  Дьиҥнээх, кырдьыктаах  олох төрдүс  барҕата киэҥ көҕүстэнэр  алгыһынан миэхэ олордо.  Ый  быатын тутан,  иэримэ уонна  далбар тэрчини олордон,  тыыным уһаата.  Алыас.




=======


Үрдүк үтүө дойду


Килэйэр киинэ,


Дьогдьойор саала,


Тобуллар дьулайа,


Ойбонноох оройо


буоллун -


Алаһа  буорбут,


Айхаллаах  алааспыт,


Алыастаах  сирбит,


Айыы  аймах улууспут.


Саха уустук түгэҥҥэ, тургутууларга өркөн өйүн күүһүгэр, ийэ кутун иитиитигэр эрэнэр. Өй күүһэ аҥардас толкуй эрэ буолбакка өссө үтүөнү, ситиһиини, өрөгөйү ыраланыы, онуоха дьулуһуу буолар. Ол иһин «ыраламмыккын ытыскар түһэрэн ылыаҥ» диэн баар.  Онуоха куһаҕан өттүн түүйэн, көрүүлэнэн, алдьархайтан ас таһаарынан, тардан буолбакка, уһун санааланыы кыаҕар эрэниини күүрүрдүү. Киһи үйэтин тухары өй-сүрэх мөккүөрүгэр сылдьар.


Уһун санааланыы диэн нууччалыы «люди длинной воли» диэн Николай Лугинов айымньытыттан бэркэ тылбаастаабыттара. Ол аата “уһуну-киэҥи санаан, ыксаабычча быһыыламмакка, иннин-кэннин өйдөөн холкутуй, холку өйгүн ыһыктыма” ( Саха быһаалыылаах улахан тылдьыта, Т.VIII.C.213). Уһун санаалааммыт киһи өйө баайыллыбат, санаата көнөр, кыһалҕаны хайаан да кыайарга, санаабытын ситиһэргэ турунар, киирсэр хорсун хоодуот, тулуурдаах туруктанар. Уһун санааланыы иитиллэр ньэгиэрэ – күүс-көмө буолар дьоннор. Ол өс хоһооҥҥо этиллэр:  «Умса түстэххинэ – сүүскүттэн өйүөм, тиэрэ түстэххинэ – кэтэххиттэн өйүөм», – диэн. Уһун санаалаах киһи тиэтэйбэт, уолуйбат, бэйэтигэр  эрэлин ыһыктыбат, туох содуллаах буолуоҕун анаарар. Таҥара сэрэҕи таптыыр.


Оттон уһун санааланыы татыарыйдаҕына туохха эмэ кыаҕы ылларан, ыгылыйан, уһуну-киэҥи ситэ өйдөөбөт буолан былаҕайга да былдьаныахха сөп. Санаа-оноо хам баттаатаҕ ына киһи сүрэ тостор, олоххо дьулуурун ыһыктар. Бу алдьархайдаах уот содула ыган иһэр.  Маннык кэмнэргэ бииргэ эрэ буоллахха дьон-сэргэ көмөлөсүһэн-өйөнсөн, ил турукпутун тутуохпут. Саха норуодунай поэта Сайа чопчу эппитин курдук, Иллээх тыл айылҕа тургутуутун намыратар:




Ойуур уота маһы сиир.


Тылбыт уота или сиир.


Тыл сэриитин кыайбатахха


Саа сэриитэ чугаһыыр…




Киһи тылын Уоту кытта


Дьүөрэлээбит икки атах.


Харыстаһар диэни умна


Тыллаһабыт бас баттах.




Тыл илбиһэ иччилээх,


Төннөн кэлэр идэлээх:


Ытаммыкка – харах уулаах,


Эрэммиккэ – соргулаах.




Саа сэриитин оннугар


Уот сэриитэ да турар,


Тылбыт балай барбытыныы


Күүһэ-уоҕа сүрдэнэр.




Утарыта ыыстаһыы


Уотун мээнэ ыытыһыы -


Кытарардыын кыргыһыы


Хонуутугар хотторуу…




Хаһан эрэ уоту буойар


Хомуһуннаах тыл баара.


Хара будун дьону түмэр


Улуу Дуоҕа тыл баара.




Тылы үүннүүр-тэһиинниир


Ытык майгы сөргүйдэр,


Бэйэбитин кэрбээн сиэһии


Абааһыта арахтар




Хатан Уоттаах Тэмиэрийэ


Ханнан, уорда намырыйа


Аал уот буолан ымайыа,


Алаһабыт кутун тыынныа.




Айыылардыын ситимниир


Аптаах төлөн күлүмнүүр


Аналынан арчылыа,


Түмсүү күүһүн айхаллыа!


Онон маннык тыйыс дойдубутугар киэҥ көҕүстэнии, уһун санааланыы диэн олох олоруу стратегиятын сүрүн уонна дьоһун ирдэбиллэрэ буолаллар. Киһи сири иччилиир. Киһи ис туруга айылҕаҕа быһаччы дьайар. Онон бу тургутууга өссө чиҥээн, кэҥээн, айылҕаны алы гынар, уот иччитин кытта ылыннарыылаахтык, ытыктабыллаахтык кэпсэтэр, салайар ис кыахпытыгар тирэнэр кэммит кэлбит бадахтаах”.

Добавить комментарий