Социология доктора Ульяна Винокурова: "Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ЧС биллэриллиэн сөптөөх" - Блоги Якутии

3 года назад 157

Социология доктора Ульяна Винокурова: “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ЧС биллэриллиэн сөптөөх”


Саха Сирин биллэр общественнай деятелэ, сахалартан бастакы социология билимин доктора, Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун профессора Ульяна Алексеевна Винокурова уот куйаас, баһаар содулун, олохтоох нэһилиэнньэҕэ охсуутун уонна туох дьаһал суһаллык оҥоһуллара наадалааҕын туһунан “Культура Якутии” (@culture_yakutia) айар холбоһук кыттыылаахтарыгар кэпсээтэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэллэригэр эттэ.




«Саха Сиригэр баһаардар турбуттара хаһыс да сылын барыбытын аймаата. Урукку сылларга өртөөһүн сөптөөхтүк ыытылларын быһыытынан хаачыстыбалаах оту да ылаллара, лаҥха, хаалбыт сир да суох буолара. Билигин Аан Ийэ Айылҕабыт улаханнык уларыйда. Глобальнай ириэрии буола турар. Уот кураан турда. Бииринэн айылҕа ыраастанар буолуон сөп, иккиһинэн, сир ньуура уларыйар. Сирбитин үчүгэйдик көрүммэппит түмүгэр улахан хоромньуну көрсө олоробут.


“Киһи сири иччилиир” – диэн бэргэн этии баар. Ким хаһаайыный биһиги сирбитигэр? Бу ыйытыыга билигин ким да быһаччы хоруйдуо суоҕа.


Биһиги Англиятааҕы коллегаларбытын кытта “Тыа баһаара туохтан тахсарый уонна нэһилиэнньэ онно хайдах сыһыаннаһарый?” диэн грантовай бырайыактаахпыт. Канада баһаардарын көрдүбүт, Саскачеван таһыгар биир дэриэбинэ умайбыт. Саха сиригэр тыа дьоно күнү-түүнү аахсыбакка уоту утары күүстээх турунууларын түмүгэр биир да дэриэбинэни былдьата иликпит.


Федеральнай сокуоннары ырытар коллегабыт хас да сыл кэтээн көрүүтүн түмүгэр: “Арассыыйаҕа тыа баһаардарыгар туох да саҥа дьаһал тахсыбата”, – диэн бэлиэтээтэ.  Умайа турар тыалар федеральнай бас билиигэ киирэллэр, ол аата биһиги, олохтоохтор, маны дьаһайар бырааппыт суох. Көстөрүн курдук, бэйэбитин көмүскэнээри дойду таһымыгар сөптөөх сокуоннар-уураахтар тахсалларын туруорса үөрэниэхпитин наада.


Бу баһаардартан сиэттэрэн сир аннынааҕы ирбэт тоҥмут ууллан, сир-дойду ньуура алдьаныа-кээһэниэ турдаҕа диэн санаа улаханнык дьиксиннэрэр. Сол курдук билиҥҥи туругунан Арассыыйа таһымыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ЧС биллэриллиэн сөптөөх.


Муниципальнай тэрээһиннэр, депутаттар, общественнай күүс баһаартан тахса турар хоромньуну дьон туһатыгар эргитэргэ үлэлиэхтэрин наада, холобура дьон-сэргэ улахан үлэни, ночооту көрсүбүтүнэн страховой үлэ ыытылларын ситиһиэххэ хайаан да наадалаах. Уопсайынан баһаардар аныгы кэм арахсыбат көстүүтэ буолбуттарынан сибээстээн бэйэбитин быыһанарга-көмүскэнэргэ, Аан Айылҕабытын, сирбитин-уоппутун быыһыырга Арассыыйа, аан дойду таһымыгар сокуон-ыйаах туруорса үөрэниэхпитин наада».

Добавить комментарий