ЧУРАПЧЫ УЛУУҺУН УОННА ОСКУОЛА БИБЛИОТЕКАТЫН ҮЛЭҺИТТЭРИГЭР СЕМИНАР ЫЫТЫЛЫННА - Блоги Якутии

2 года назад 347

ЧУРАПЧЫ УЛУУҺУН УОННА ОСКУОЛА БИБЛИОТЕКАТЫН ҮЛЭҺИТТЭРИГЭР СЕМИНАР ЫЫТЫЛЫННА

Муус устар 5 күнүгэр Чурапчы улууһугар Саха Республикатын култууратын, искусствотын уонна литературатын күннэрин чэрчитинэн Национальнай библиотека специалистэрэ “Профстандарт-современный подход к инновационному развитию деятельности библиотек” семинары улуус уонна оскуола библиотекаларын үлэһиттэригэр ыыттылар. 

Семинар саҕаланыытыгар Национальнай библиотека сайдыытын дириэктэрин солбуйааччыта Светлана Александровна Попова киирии тылы эттэ. Чурапчы улууһун култууратын управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Айталина Михайловна Смирникова эҕэрдэ тылы уонна Национальнай библиотекатын салалтатыгар “Чурапчы улууһа (оройуона)” муниципальнай тэриллии баһылыгын Махтал суругун туттарда.

Болтоҥо нэһилиэгин библиотекатын сэбиэдиссэйэ Диана Александровна Павлова култуура, духуобунас министиэристибэтин аатыттан Бочуотунай грамотанан наҕараадаланна.

Семинарга кыттыбыт темалара: 

Научнай-методическай центр сүрүннүүр библиотекэрэ Евдокимова Сардана Николаевна “Модельные библиотеки, как пространство новых возможностей”.

 Национальнай библиотека медиа киинин үлэһиттэрэ Галина Кутугутова, Аина Прибылых “Расширение возможностей библиотек путем создания уникальных медиапродуктов”.

Научнай-методическай киин сүрүн библиотекэрэ Анисимова Анастасия Михайловна “Современные требования к профессиональным компетенциям библиотечных специалистов в профессиональном стандарте «Специалист по информационно-библиотечной деятельности».

Научнай-методическай киин сүрүннүүр библиотекэрэ Колесов Иннокентий Иннокентьевич “Цифровая трансформация библиотек”, “Отечественные аналоги онлайн-сервисов”.

Комплекснай киин ааҕааччыны кытта үлэлиир сүрүн библиотекэрэ Павлова Васса Васильевна “Функционал электронной библиотеки Республики Саха (Якутия) в обслуживании читателей библиотеки”, “Использование онлайн-инструментов в библиотечной деятельности (сервисы Яндекс)”.

 

 

 

 

Түмүккэ семинар кыттыылаахтара мунаарар боппуруостарга хоруйдары ыллылар, элбэҕи, саҥаны биллилэр.

Добавить комментарий