Чурапчы нэһилиэгин култууратын эдэр үлэһиттэригэр квест-оонньуу ыытылынна - Блоги Якутии

2 года назад 230

Чурапчы нэһилиэгин култууратын эдэр үлэһиттэригэр квест-оонньуу ыытылынна

Муус устар 28 күнүгэр улуустааҕы киин библиотекаҕа Чурапчы нэһилиэгин култууратын эдэр үлэһиттэригэр Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр аналлаах “Саха сирэ – мин историям” сэттэ түһүмэхтээх квест-оонньуу ыытылынна. Барыта үс хамаанда Айылгыттан “Айылгы уолаттара”, А.П. Гоголев аатынан оҕо ускуустубатын оскуолатыттан уонна А.А. Саввин аатынан музейтан  “Музтар”, Айыллаантан “ООО Дьулуур”  кыттыыны ыллылар.

Квест-оонньуу сэттэ тохтобуллаах:

1. Билии куйаара;

2. Айымньыбын таай;

3.Харахтарынан хайҕаһан;

4. Һыттаа-Амсай;

5. Ырыа кырдала;

6.Саспыт айымньылар;

7. Тииҥ мэйии.

 

I тохтобул Билии куйаара”. Бу тохтобулга “Азбука Морзе” кодунан сахалыы уруу-аймах тылдьытыттан тыллары таһаардылар.

 

 

II тохтобул Айымньыбын таай”. Саха литературатын төрүттээччилэр уонна норуодунай суруйааччылар кинигэлэрин тастарынан көрөн туруордулар. 

 

III тохтобул “Харахтарынан хайҕаһан”. Саха сиригэр уонна Чурапчы улууһугар биллэр дьоннор харахтарынан көрөн кимнээх буолалларын таайдылар. 

 

 

 

IV тохтобул Һыттаа-Амсай“. Кыттааччылар Саха сирин отторун, барыанньаларын сыттаатылар, амсайдылар.

 

V тохтобул  Ырыа кырдала“. Бу тохтобулга ырыаттан быһа тардыыга хоһуйуллубут дьоруой аатын суруйдулар.

VI тохтобул Саспыт айымньылар“. Айымньылар ааттарын төттөрү туруоран сөптөөх ааттарын таайдылар. 

  

VII тохтобул “Тииҥ мэйии”. Түмүктүүүр түһүмэххэ кыттааччылар бэриллибит ыйытыктарга биэс мүнүүтэ иһигэр  сөптөөх эппиэттэри биэрдилэр.  

Квест-оонньуу түмүгүнэн I миэстэ “ООО Дьулуур” хамаандата ылла.

II миэстэ – “Музтар” хамаанда.

III миэстэ – “Айылгы уолаттара”.

Сиһилии квест-оонньууну ютуб каналбытыгар “Саха сирэ – мин историям” киирэн көрүҥ, сэргээн.

 

Бу курдук, “Саха сирэ – мин историям” квест-оонньуу култуура эдэр ыччатын түмэн бэрт сэргэхтик ааста. Ыччат төрөөбүт сирин историятыттан үгүһү биллилэр, өйдөрүгэр-санааларыгар киллэрэн сахалыы тыыны иҥэриннилэр. Бары кыттааччыларга кэлэн кыттыыны ылбыккытыгар махтал. Айымньылаах үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри.

Добавить комментарий