3 года назад 354
Сторителлинг эбэтэр кэпсиир үөрүйэх
Наһаа үчүгэйдик кэпсиир дьон баар буолааччылар. Атын дьон отой аралдьыйбакка, мыык да диэбэккэ истэн баран истэ олороллорун курдук. Оннук кэпсиэххитин баҕараҕыт дуо?
Мин эмиэ баҕарабын. Ол эрээри, ити манан дьыала буолбатах курдук. Эмиэ да бэйэҕин долгутар түгэни кэпсиигин, тугу да айбакка, саас сааһынан кэпсиир курдуккун, ол эрээри, дьон дьааһыйар, атыҥҥа аралдьыйар, бэйэтэ кэпсээн барар…
Дьэ, тугу сүбэлииллэр эбитий, маннык дьоҕуру сайыннарар идэлээх дьон?
Бастатан туран, ханнык баҕарар сэһэн тулхадыйбат сокуоннарга олоҕурар үһү. Былыыр былыргыттан биллэр биир тутуллаах буолар – туохтан саҕаланара, тугунан салҕанара уонна тугунан бүтэрэ.
“Па, оччоҕо дьон тоҕо сэргиэй, – диэххит, – барыта эрдэттэн биллэр буоллаҕына.”
Суох, тутула эрэ биир, иһинээҕитэ тус-туһунан буоллаҕа!
Ол тутул маннык эбит:
- Арай биирдэ… (эбэтэр “Арай баарыын сарсыарда…”, “Бэҕэһээ…”). Манна дьоруой көстүөхтээх. Ол дьоруой киһи да буолуон сөп, кыыл-сүөл да буолуон сөп, бүтүн куорат да буолуон сөп, олоппос да буолуон сөп… Ол дьоруойу кытта истээччи бэйэтин атылыы тутуохтаах, тугунан эрэ киниэхэ чугас буолуохтаах (кини туһунан истэн, кини курдук иэйиигэ куустарыахтаах, кини курдук куттаныахтаах, үөрүөхтээх)
- Куруук… Дьэ, ол дьоруойбутун билиһиннэрэн баран, аны тугунан дьарыктанарын, күннээҕи олоҕун кэпсиэхтээхпит, эбэтэр ханна тиийбитин. Отой кылгастык.
- Эмискэ… Онтон ол дьоруойбут урут хаһан да түбэспэтэҕэр түбэспитэ, кини олоҕор буолбатах буолбута кэпсэниэхтээх. Биир тылынан истээччилэр өйдүөхтээхтэр – эмискэ куттал үөскээбит!
- Онтон… Дьэ онтон, доҕоттоор, кэпсээнньиппит сиһилии кэпсиэхтээх, ол дьоруойбут хайдах ыксаабытын, хайдах барыта сууллан-охтон барбытын, дьаабыламмытын… Бу аҕай барыта этэҥҥэ этэ, онтон эмискэ иэдээн буолуута, хайдах да мүлчүрүйбэт дьаабы буолуута СИҺИЛИИ кэпсэниэхтээх. Үлүннэриилээх да буолуон сөп!
- Ону туран… абааһы уола… Манна биллэн турар, абааһы уола буолбатах, ити олоҥхону санаан кэллим 😉 Ону туран дьоруойбут ол иэдээн буолбутугар дьэ хайаабыта, эбэтэр ким эрэ дуу, туох эрэ дуу кинини быыһаабыта кэпсэнэр.
- Түмүгэр… Дьэ манна дьоруойбут кыайан-хотон үөрүүтэ, “һуу!” диэбитэ, атын дьон кинини хайҕаабыттара иҥин ойууланар. Истээччилэр кинини кытта бииргэ дьоллоноллор! Бу кэпсээн тухары дьоруойбутун кытта кэргэннэһэ охсубут буолаллар, кини кыайыытын бэйэлэрин кыайыыларын курдук ылыналлар! Бэйэлэрэ быыһаммыт курдук буолаллар!
Манна туох кистэлэҥнээҕий дииллэр, идэтийбит кэпсээнньиттэр. Ол маннык… Чэ, хайдах барытын биирдэ тоҕо анньан биэрдэмий, сарсын кэпсиэҕим…
Оонньоон эттим 😉 Кистэлэҥэ маннык үһү – төрдүс пуун уһун буолуохтаах, атыттара буоллаҕына – кылгас! Кылгас уонна өйдөнөр. Төрдүһү эппиппит курдук сиһилии ойуулаан баран бэһискэ ойон тахсабыт. Ону эмиэ аҕыйах тылынан кырааскалаан кэпсиэхтээхпит, тэтими сүтэрбэккэ. Дьэ онтон тэттиммит бытаарар, наллаан, үөрэн көтөн түмүктүүбүт.
Ээ, уонна кэпсииргитигэр сороҕор бытааран, сороҕор, тыҥааһыннаах кэмигэр, тохтоон ылан, сороҕор буоллаҕына түргэтээн ыларгытын умнубат үһүгүт. Уонна дьоҥҥут хараҕын кэрийэ көрүөхтээххит, биир киһиэхэ наһаа уһуннук тохтообокко, кыбыһыннарбакка, ол эрээри киниэхэ кэпсииргитин тоһоҕолоон (икки сөкүүндэ кэриҥэ көрөн ылаҕыт).
Дьэ, мантан инньэ бары кэпсээнньит буолан барар инибит 🙂 Үөрэ-көтө, дьону угуйа…
Арба, маннык толору сэһэни кылгатыахха сөп үһү, ханнык эрэ пууннары түһэрэн, ол туһунан кэлин суруйуом. Көрсүөххэ диэри!
Н. Зверева, С. Иконникова “Сторителлинг. Как стать популярным и легко заводить друзей” кинигэлэрин ааҕан баран сахалыы кылгатан кэпсээтэ Халан