3 года назад 304
Ираида Попова: «Суруйааччы истиилэ, буочара, уратыта хаалыахтаах»
Бүгүҥҥү сэһэргэһээччибит Ираида ПОПОВА – Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, “Полярная звезда” сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ. Икки тылынан суруйар, тылбааска, драмаҕа үлэлиир. Өссө уруһуйдуур, иистэнэр, ыллыыр, гитаралыыр – дьарыгын ааҕан сиппэккин. Оннук эргиччи айар эйгэлээх киһи.
– Ираида Гаврильевна, аҕаҥ – биллиилээх учуонай, кыраайы үөрэтээччи Гавриил Васильевич Попов. Бука, оҕо сааһыҥ интеллигенция эйгэтигэр аастаҕа?
– Биһиги Дьокуускай куоракка 1976 сыллаахха көһөн кэлбиппит. Аҕам Тыл, литература уонна история институтугар үлэлии киирбитэ. Ол иннинэ Эдьигээҥҥэ, онтон Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыгар саха тылын учууталынан үлэлээбитэ.
Аҕам хас да чымадаан картотекалаах этэ. Суруйар остуолун үрдэ барыта кумааҕы, оттон тардарын иһэ картотека буолара. Бээтинсэ, субуота аайы биһиги дьиэбитигэр наука үлэһиттэрэ, интеллигенция бэрэстэбиитэллэрэ ыалдьыттаан, чэйдээн бараллара. Аҕам Петр Алексеевич Слепцовы, Анатолий Гаврильевич Нелуновы, Авксентий Ильич Эверстовы, Хомус Уйбааны кытта ыкса доҕордоһоро. Саамай истиҥ доҕоро Багдарыын Сүлбэ этэ. Иккиэн олус тапсаллара. Мин Дьокуускай куорат 2-c №-дээх оскуолатыгар үөрэммитим. Ол саҕана уруок көттөҕүнэ, Багдарыыннарга сүүрэн тахсарым, туох да сэрэтиитэ суох көтөн түһэрим (күлэр). Биһиги 17-с кыбаарталга олорбуппут, онон дьиэбэр бара сатаабат этим. Ону таһынан Михаил уонна Елизавета Габышевтар диэн аҕам Эдьигээҥҥэ бииргэ үлэлээбит дьонун кытта ыалынан сылдьыһарбыт.
Бу олорон санаатахпына, итинник эйгэҕэ улааппыт буолан, олус элбэҕи иҥэриммит эбиппин. Оскуолаҕа ыытыллар викториналарга аттыбар олорор оҕолорго сөптөөх хоруйу этэн биэрэрим. Бэйэм буоллаҕына, симигим, сэмэйим бэрт, кыбыстан олорорум (күлэр). Сытыы оҕолор “чап” гынан иһэллэрэ.
– Айар үлэһит бэйэтин төһө өр көрдөнөрүй? Эн суолбун-ииспин буллум диигин дуо?
– Дьиҥэр, ханнык баҕарар киһи тугу эрэ ситиспит да буоллаҕына, онно тохтоон хаалбат эбит. Мин үлэм кинииискэтэ туолан, икки дуу, үс дуу сыһыарыылаах. Биир сиргэ уһаабыта түөрт сыл үлэлиирим. Бу санаатахпына, бэйэбин өр көрдөммүппүн. Уопсайынан, хас үлэлээбит сирбэр саҥаны, сонуну ылыммыт уонна дьоҥҥо эмиэ элбэҕи биэрбит эбиппин. Ол курдук, 15 сыл учууталлаабытым тухары уруһуй, черчение, нуучча тыла, төрүт култуура, саха литературата, “Страноведение”, “МХК”, “Этика”, “Эстетика” курдук предметтэргэ үөрэппитим. Ол саҕана биирдэ эмит суруйарым. Учуутал киһи айар үлэҕэ илиитэ тиийбэт. Бэчээт эйгэтигэр син суруйар быыс булар эбиккин.
“Полярная звезда” сурунаал – оҕо сааһым ыра санаата. Оччолорго киһи барыта “Хотугу сулус”, “Полярная звезда” сурунааллары тэҥинэн суруйтарара. Почтаттан ылбыт киһи бастакы ааҕар дьолго тиксэрэ. Ол кэнниттэн илииттэн илиигэ барара, эргитэ сылдьан, саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ааҕарбыт.
– Үгүс суруйааччыны көччөх гынан көтүппүт “Полярная звезда” сурунаалга үлэлиигин, этэргэ дылы, литература үөһүгэр сылдьаҕын. Аныгы литература туһунан туох санаалааххыный?
– Дьиҥинэн, суруйааччы элбэх. Бииртэн биир эдэр суруйааччы тахсан иһэр. Араас жанрга үлэлииллэрэ хайҕаллаах. Фэнтези, криминал да баар. Арай поэзиябыт мөлтөөтө. Сорохтор формаҕа охтон хааллылар диэххэ сөп. Нууччалыы тиэрмининэн эттэххэ, “рифмоплетство” баар буолла. Тас көстүүлэрэ үчүгэй, онтон ааҕан көрдөххө, туох да ис иэйиитэ суох. Тыл оонньуутун курдук – тыллары эргитэн, киэпкэ уган. Ол да буоллар биирдиилээн үчүгэй хоһоонньуттар бааллар.
– Былатыан Ойуунускай: «Суруйааччы элбэх, айааччы аҕыйах», – диэн тылларын санаан кэллим…
– Ити эппит элбэх суруйааччыбыттан историяҕа аҕыйах ахсааннаах хаалыаҕа. Кэм, ааҕааччы сүүмэрдээн, сиидэлээн биэриэҕэ. Онно мин баар буолуом диэн этэр кыаҕым суох. Ким да билбэт… Кэм-кэрдии эрэ көрдөрүөҕэ. Умнууга хаалбыт суруйааччылар бааллар, суох буолбатахтар. Олор истэригэр олус талааннаахтар эмиэ.
– Оттон билиҥҥи ааҕааччы чэпчэки, күннээҕи литератураны ордорор буолла дииллэрэ оруннаах дуо?
– Ааҕааччы аҕыйаата, ол чахчы. Тоҕо диэтэххэ чэпчэки информация элбээтэ. Киһи көрдөөбүтүн куйаар ситимиттэн бэрт түргэнник булан ылар кыахтаах. Хантан эрэ хаһыат, сурунаал тиийэн атыылаһан ааҕыан оннугар, TikTok, ютубу көрөр, бассаабы хаһар. Сурутааччылар билигин да бааллар. Ол эрээри кумааҕыттан ааҕыы диэн бэйэтэ туспа үлэ уонна үөрүйэх. Холобур, билиҥҥи оҕо төлөпүөнтэн ааҕара судургу курдук.
Интервьюну толору «Киин куорат» хаһыат саайтыгар ааҕыҥ:
https://kiinkuorat.ru/articles/iraida-popova-suruyaachchy-istiile-buochara-uratyta-haalyahtaah
Биһиги Телеграм-ханаалбыгар суруттарыҥ: https://t.me/kiin_kyorat_gazeta
Комментарии 1
«Суруйааччы элбэх, айааччы аҕыйах» – Биики Домоххо угуохха баар эбит, бу бэргэн этиини