Хас биирдии дьахтар иһигэр «Анфиса» - Блоги Якутии

3 года назад 231

Хас биирдии дьахтар иһигэр «Анфиса»

Николай Габышев 100 сааһынан, «Анфиса» кэпсээҥҥэ тус санаа

Мин бүгүн Николай Габышев “Анфиса” кэпсээнин атын харахпынан көрөн, атын өйбүнэн, толкуйбунан ааҕан кэпсиэхпин, санаабын тиэрдиэхпин баҕарабын. Тус бэйэм ырытааччы да, кириитик буолбатахпын, саха тыла идэлээхпин, бэчээт эйгэтигэр үлэлээбитим 20-тэн тахса сыл буолла.

Суруйар, үлэлиир тиэмэм үксэ официальнай тылбаас этэ, тыйаатырга, айымньыга кириитикэ, ырытыы диэни суруйан көрбөтөх киһибин. Онон бүгүн көннөрү тус санаабын суруйарга холоннум.

«Анфиса» кэпсээн суруллубут сыла – 1961. Бу сыл саамай улахан сабыытыйатынан деноминацияны, ядернай бэрэбиэркэни, күөх экраҥҥа аан бастаан көрдөөх-нардаах биэрии – КВН тахсыытын, Джон Кеннеди быыбарын аахсыбатахха Сэбиэскэй Сойууспутугар Юрий Гагарин киһи аймах ортотугар аан бастакынан космоска көтүүтэ буолбута.

Дьэ бу кэмҥэ ааҕааччыга хорсуннук суруллубут «Анфиса» кэпсээн тахсар. Тоҕо хорсуннук диир буоллахха, суруйааччы Николай Габышев манна аһаҕас, ол сахха бобуулаах да диэххэ дуу, тыҥааһыннаах соҕус түбэлтэлэри, түгэннэри ойуулуур. Мин 80-с сыллар саҥаларыгар «Сүрэх тэбэрин тухары» романы ааҕаары гыммыппын эдьиийдэрим, «өссө эрдэ, кыраҕын» диэн бобон, кистээн кэбиспиттэрин өйдүүбүн.

Ким эрэ буута кылбаҥныыра, эмиийин тумуга көстөрө оччотооҕу ааҕааччыга кырдьык да сирэйи кытардара, кулук-халык, уҥа-хаҥас көрөргө тиэрдэрэ.

Аркадий оннооҕор Анфиса мөтөгөр түөстээх ыга ылбыт маҥан свитердээҕин көрөрүттэн кыбыстар. Онтон эриттэн куотан киирэригэр били маҥан свитерэ хайа тардыллан сыа маҥан санна, кэтит кыһыл эминньэхтээх мап-маҥан толору эмиийэ көстүбүтүгэр Аркадий букатын да иэдэйэр.

Мин бу кэпсээҥҥэ баар Анфисаны сэтэрээбэппин, хата төттөрүтүн хайгыыбын. Билигин кини курдук «анфисалар» элбэхтэр, дьиэ аайы да бааллар. Дьиэ аайы диэн куорат элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрин этэбин. Кэпсээҥҥэ сурулларынан Анфиса сүрдээх кыраһыабай, бааһынай хааннаах буолан өссө кыраһыабайа биллэр, бэйэтин атаҕастаппат, оҕолорун олус таптыыр, үлэһит, ыраас, чэнчис дьахтар. Кини хас биирдии дьахтар курдук дьоллоох буолуон баҕарар. Кинини атаҕастаабат, кинини таптыыр киһилэниэн баҕарар. Онон хас биирдии дьахтар иһигэр – Анфиса.

Кинини содур, сэлээччэх, өссө уоруйах, ылыгас диэн холуннараллар. Дьиҥэр кини олус чиэһинэй эбээт. Ыарахан олохтоох, эриттэн кырбанар, атаҕастанар дьахтар бэйэтин бэйэтэ көмүскэммэтэҕинэ, ким көмүскүөй?

Мин бу аат суолтатын интэриэһиргээн аахтым. Ол курдук Анфиса кэрэ дьүһүннээх, нарын-намчы киһи. Омос көрдөххө аанньал курдук буолбутун иһин, иһэ-истээх. Тас көрүҥүнэн эрэ буолбакка, эниэргийэтинэн, булугас өйүнэн киһини тардар. Муодунай, үрдүк хобулукка хаамар, эр дьон болҕомтотун күүскэ тардар эбит. Сүрэхтэрэ ууллубут эр дьон кини угаайытыгар хайдах баҕарар киирэн бэлэҕинэн, минньигэс тылынан көмөн кэбиһэллэр.

Дьэ, ити! Хайдахтаах курдук Анфисаный, биһиги Анфисабыт! Ылан көрүөҕүҥ “Вечный зов” Анфисатын. Эдэригэр төһө да курбууланан кыыс оҕото буоллар кэлин тиһэҕэр аһыныгас, сыыһатын барытын өйдөөн, алҕаһын туора сотон Кирьянын харса суох көрдөөн булан ылар дии.

Онон биһиги кэммит Анфисалара да ити кэпсээн, киинэ дьоруойдарын курдук аттыбытыгар бааллар, хас биирдии киһи олоҕо туһунан кыһалҕалардаах, дьылҕата уустуктардаах, онон бу кэпсээни урут ааҕан баран Анфисаны сүөргүлээбит, сэлээччэх дьахтар курдук омсолоох дьоруой оҥорбут эбит буоллахпына, билигин атын харахпынан, саҥа харахпынан ааҕан олох атыннык ылынным.

Ааптар: Наталья Кычкина

Материал «Киин куорат» хаһыат саайтыгар тахсыбыта: https://kiinkuorat.ru/articles/has-biirdii-dahtar-i-iger-anfisa

Биһигини Телеграмҥа ааҕыҥ: https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«ВКонтакте» группабытыгар күн аайы саҥа кэпсээн тахсар: https://vk.com/kiinkuorat

Добавить комментарий