3 года назад 164
Бассаапка кэпсэтииттэн: Маат ыытта
Бу бүгүн кэпсэтэбит (от күөҕүнэн мин хоруйум).
Салгыыта:
[18:18, 12.04.2022] Николай Иванович : Аны оскуола оҕолорун грамматикаларын ылан көрүҥ эрэ. Учууталлар да, төрөппүттэр да өйдөөбөттөр. Онон соруйан саха тылыттан оҕону, дьону тэйитэ сатааһын бара турар дуу диэн санаа үөскүүр.
[18:25, 12.04.2022] Халан Павлов: Итинник санаа баар. Наһаа уустуктук үөрэтэр буоланнар сахалыы билбэппит диэн. Дьиҥэр, оннук буолбатах. Олох уларыйар, ону кытта тэҥҥэ хаамсан испэт, ийэ тылбыт, туттуллубат буолан – биһиги атын тылы туттар буоламмыт…
[18:27, 12.04.2022] Халан Павлов: Оҕо дьиэтигэр тылланан баран оскуолаҕа кэлэр. Кинини кытта анаан-минээн сахалыы кэпсэппиттэрэ буоллар оскуолаҕа сахатын тылыгар ыарарҕатыа суох этэ…
[18:27, 12.04.2022] Халан Павлов: Он баара, планшекка, ютубка сэлээннээн баран сылдьабыт. Оҕо оннук омук ойуулуктарынан (мультиктарынан) улаатар
[18:28, 12.04.2022] Халан Павлов: Уонна хантан билиэй, оттон буруйдаах учуобунньук уонна учуутал буолуоҕа…
[18:33, 12.04.2022] Николай Иванович: Бэл кырдьаҕас учууталлар олох да өйдөөбөт буолан иһэбит дииллэр
[18:34, 12.04.2022] Николай Иванович: Ол алынньык диэн тылы киллэрэргэ олох сайдыыта хайдах дьайарый?
[18:35, 12.04.2022] Халан Павлов: сайдыахтарын баҕарбаттара буолуо? тыл олоҕу кытта сайдан, тылын баайа эбиллэн испэтэҕинэ улам туттуллубат буолар, буомурар…
[18:36, 12.04.2022] Халан Павлов: саҥа тиэрмини киллэрии манан дьыала буолбатах, сороҕор табыгаһа суох тыл-өс эмиэ киирэр
[18:36, 12.04.2022] Халан Павлов: хайдах барыта эҥкилэ суох буолуой?
[18:36, 12.04.2022] Халан Павлов: дьон буолан баран алҕаһыыллар
[18:37, 12.04.2022] Николай Иванович: Сымыйа. Тыл эргэрбэт. Арааһы айан араас учуонай бөҕө элбээтэ да тылбыт омук тылын курдук буолан иһэр
[18:38, 12.04.2022] Халан Павлов: Чэ буоллун. Эргэрбэт буоллаҕына эргэрбэт буоллаҕа
[18:38, 12.04.2022] Халан Павлов: ?
[18:40, 12.04.2022] Николай Иванович: Бүөтүр Тобуроков, Күннүк Уурастыырап курдук суруйар тыл сүмэтэ аныгы үйэҕэ сатаммат буолан иһэр
[18:41, 12.04.2022] Николай Иванович: Дьэ уонна тылбыт сүтэн иһэр диэн айах муҥунан айдаан бөҕө
[18:42, 12.04.2022] Халан Павлов: Оннук ээ, Тобуруокап курдук суруйбат буолан баран, саҥарымаҥ, бэйэҕит буруйдааххыт диир буоллахпыт…
[18:42, 12.04.2022] Халан Павлов: айах бүөлүүрү баҕас сатыыбыт дьэ…
Бу кэпсэтиини тоҕо көрдөрдүҥ диэххит.
Кырдьаҕас (билбэт киһим да буоллар, саҥатын тамаҕыттан иһиттэххэ, саастаах киһи быһыылаах) элбэх киһи санаатын этэр. Биир бэйэм манныгы элбэхтэ иһиттим. Саха тылын кыһалҕатыгар бэйэтин да, оҕолорун да, доҕотторун да, аймахтарын да буруйдаабат. Хайаатар да учуутал эбэтэр тойон буруйдаах буолар. Эбэтэр учуонай сатаан учуобунньук суруйбатах, суруйааччы оҕону угуйар хоһоону суруйбатах буолар. Ханан эрэ сөпкө этэр буолан мөккүһэр ыарахан. Мөккүстэххэ да кыайар кыах суох.
Оттон тоҕо тойон, суруйааччы, учуонай, дьокутаат буолбаккын, кырдьыгы турууласпаккын, тириппэккин-хоруппаккын, – диэтэххэ акаарыны көрөр курдук көрүөхтэрэ, – Бааллар дии… турууластыннар… туруорустуннар…
Дабыл биирдэ маннык түгэҥҥэ “Срезал” диэн Шукшин кэпсээнин холобурдаабыттаах.