3 года назад 265
Хоту дойду уран уустара
Дария Петровна Васильева:
— Мин Дьааҥы улууһун Үҥкүр бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин, улуус култуураҕа салаатыгар өр кэмҥэ тэрийээччи-методиһынан үлэлээбитим. Иискэ, оҕуруоҕа эбэм сыһыарбыта. Эбэм ордук тирииттэн уонна түүлээхтэн иистэнэрэ. Бэйэтэ тириини таҥастаан, тыһы, түүлээҕи имитэн тигэрэ. Киниттэн оҕо сылдьан бастаан көнө сииккэ, улаатан истэҕим аайы сыыйа улахан иискэ киирбитим. Сайын аайы отчуттарга балаакка, сүгэһэр суумка, булчуттарга тирии этэрбэс, ичигэс үтүлүк бэлэмниирбит.
Бэйэбин кытта саастыы иистэнэр массыыҥкалаах буоларым, онон кэнсиэргэ кыттар таҥастарбын тиктэрим. Баайыыга 4 кылааска сылдьан үөрэммитим. Устудьуоннуу сылдьан араас таһымнаах быыстапкаларга кыттар этим.
1994 с. андаатыртан саҕынньах тигэн, күрэххэ иккис миэстэ буолбуппуттан өссө кынаттаммытым. Ордук түүлээхтэн иистэнэрбин сөбүлүүбүн
2013 с. сурунаалтан көрөн сиэлинэн өрүү техникатын сэргээбитим. Сиэлгэ бастакы учууталым Анастасия Владимировна Слепцова. 2014 с. Дьокуускайга норуот маастара Дария Семеновна Козловаҕа кыбытыкка үөрэммитим. Кэлин улууспар “Утум” түмсүүнү тэрийэн, сиэлтэн өрүүгэ уонна кыбытык тигиигэ элбэх дьону уһуйдум. Үөрэнээччилэрим араас күрэхтэргэ, быыстапкаларга ситиһиилээхтик кытталлар.
2015 с. Суздальга “Душа России” кырадаһынтан иистэнии норуоттар икки ардыларынааҕы күрэҕэр кыттыбытым, кыбытыкка маастар-кылаастары ыыппытым, бэйэм билиибин эмиэ хаҥаппытым. 2016 с. Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн улууспун барытын кэриэтэ кэрийэн, кыбытык тигиигэ уонна сиэлинэн өрүүгэ дьону үөрэппитим.
2017 с. Япония Саппоро уонна Токио куораттарыгар квилт бэстибээлгэ, «Якутия. Узоры земли Олонхо» быыстапкаҕа кыттыбытым, дьоппуоннарга кыбытык тигиини билиһиннэрбитим.
Иистэнэрбин олус сөбүлүүбүн, бу дьарыкпыттан сынньанабын, ииспин туттум да, бириэмэбин билбэккэ атаарабын. Араас быыстапкаларга, күрэхтэргэ кыттан, саҥа сири-дойдуну көрөбүн, элбэх доҕоттордонобун. 2019 с. Европа ыһыаҕар кыттан, Латвиянан, Сербиянан сылдьан кэлбитим. 2020 с. Турцияҕа буолар Европа ыһыаҕар кыттыахтаахпын бу хамсык ыарыы туран кыайан барбатахпыт.
Раиса Афанасьевна Другина:
— Мин Дьааҥы Боронугуттан төрүттээхпин, Дьокуускайга көһөн кэлбитим сүүрбэччэ сыл буолан эрэр. Саккырыырга закройщигынан, сэбиэдиссэйинэн үлэлиир кэммэр нэһилиэккэ бэйэбит тикпит таҥаспытынан хайҕанар этибит. Баатаҕайынан, Адыаччынан, Сайдыынан, Верхоянскайынан иистэнэн үлэлээбитим.
Дьокуускайга олорон, күтүөт дьонугар сиэннэрбин кытта Өлүөхүмэҕэ күүлэйдээн кэлэрим. Ол сылдьан Ирина Прокопьевна Сокорутова, Дарья Семеновна Коломорьёва диэн маастардар үөрэхтэригэр утахтары хайдах өрөргө үөрэммитим. Уонна кыра сылдьан ийэм атаҕар быа хатарын көрөр этим. Көрбүккүн уонна үөрэммиккин холбоон, өбүгэлэриҥ туттар ньымаларын өйгөр хатаан, тугу эрэ оҥорон таһаараҕын.
Сылгы баттаҕынан, кутуругунан сэлээппэ арааһын, эр киһи, дьахтар курдарын, суумкаларын, сапсыыкаҕа, зонтикка, утуйар тэллэххэ тиийэ оҥоробун. Сөрүөҕэ сытан массаастанаҕын, атаххар угунньа оҥостор эмиэ доруобуйаҕа олус туһалаах.
14 сыл устата хас да бөлөҕүнэн дьоҥҥо сиэлинэн, кутуругунан үлэҕэ маастар-кылаастары биэрэн үөрэтэн кэллим. Дьону үөрэтэрбэр бассаабы хото туһанабын. Тугу да сэкириэттээбэккэ, бэйэм тугу билэрбин, сиэли сууйууттан саҕалаан, намчы оҥоһугу араас өҥүнэн кырааскалыырга кытта үөрэтэбин.
Николай Семенович Стручков:
— Дьааҥы Адыаччытыгар олоробун. Кэлиҥҥи кэмҥэ наар муоһунан уһанар буоллум. Сэлии муоһунан эрэ буолбакка, тайах, таба, чубуку, ынах муоһуттан араас сувенирдары оҥоробун. Тимиринэн саха быһаҕын, батыйаны, онтон да атын уһуктааҕы уһанабын. Дьон сакааһынан кыыннарын араастаан ойуулуохпун сөп.
Үрүҥ, кыһыл көмүстэн, мельхиортан айбыт оҥоһуктарбын дьон-сэргэ хайҕыыр. Ытарҕалары, илин кэбиһэрдэри, бөҕөхтөрү, бастыҥалары сиэдэрэйдик оҥорорго кыһаллабын.
Мастан уһанарбар сэргэлэри оҥоруу ураты хайысхам буолар дии саныыбын. Хас биирдии сэргэ туспа суолталаах, аналлаах, ол иһин киэргэтиитэ, оҥоһуута, сиэрэ-туома атын-атын буолар. Мин оҥорбут сэргэлэрим улууспут ыһыахтыыр түһүлгэлэригэр араас сирдэргэ тураллар. Кэнники сылларга дьиэ тутуутугар ылсабын, эдэрдэри, баҕалаах буоллахтарына, батыһыннара сылдьан үөрэтэбин.
Саҥа мастан, муостан, көмүстэн уһанан эрэр дьоҥҥо биир сүбэлээхпин – туохтан да толлумуохха наада, атын киһи сатыырын баҕарбыт киһи сатыан сөп. Эппити, эрэннэрбити хайаан да толорорго уонна үтүө суобастаахтык үлэлииргэ кыһаллыҥ.
Матырыйаал “Киин куорат” хаһыакка Дьааҥы күннэригэр аналлаах нүөмэргэ тахсыбыта
Биһигини Телеграмҥа аах: https://t.me/kiin_kyorat_gazeta
Комментарии 1
Астык үлэлэр!