Бэдьимэ иитэр-үөрэтэр кыһатын бүгүҥҥү олоҕуттан... - Блоги Якутии

3 месяца назад 1086

Бэдьимэ иитэр-үөрэтэр кыһатын бүгүҥҥү олоҕуттан…

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин уонна “Саха Сирин култуурата” айар ыччат уопсастыбаннай холбоһугун ҺӨҔҮҤ диэн саха тылын сонун ньымаларынан тарҕатарга туһуламмыт бырайыагын чэрчитинэн буктрейлер уонна видеопоэзия күрэхтэрин тэрийэн ыыппыппыт.

Онно иккиэннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ Н.Д. Неустроев аатынан оскуолата көхтөөхтүк кыттыбыта. Онон кинилэргэ биһирэбил бириис быһыытынан Национальнай бибилэтиэкэ медиа-киинин видеографа Михаил Эверстов-Соргу ролик оҥорон биэриэхтээх диэн эрэннэрбиппит.

Ол роликпыт Бэдьимэ оскуолатын үбүлүөйдээх 75 сааһыгар ананна. Көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ.

Бэдьимэлэр, чахчы да, өрөспүүбүлүкэҕэ оҕону иитии үлэтигэр холобур буолар кыахтаахтар. Этнопедагогикаҕа тирэҕирэн, “Дьөһүөл” иитэр-үөрэтэр эйгэни тэрийэн үлэлээбиттэрэ хаһыс да сыла.

Тутуһар тосхоллоро: “Бары бүттүүн – оҕо иитиитигэр”. Ол аата бүтүн нэһилиэгинэн – эбээлэр, эһээлэр, төрөппүттэр, түмсүүлэр, тэрилтэлэр, салайааччылар – бука бары кыттыһан, сатабыл уонна өй-санаа өттүнэн олоххо бэлэмнээх дьону иитэн-такайан таһаарарга кыһаллаллар. Ол туһуттан оҕолору өбүгэ төрүт дьарыгар, сиэригэр-туомугар, үгэһигэр сыһыараллар.

Бу мындыр толкуйтан тахсыбыт бэртээхэй бырайыак сылтан сыл ахсын кэҥээн, саҥа таһымҥа тахсан, көдьүүһүн көрдөрөн, кэлин педагогическай наука дуоктара Николай Дмитриевич Неустроев олус сэҥээрэн, олоҕун тиһэх күнүгэр диэри ыкса ситимнээхтик үлэлэспитэ.

Дьиэ кэргэн иитиитин туһунан хас да кинигэлээх Любовь Семеновна Аргунова биир бастыҥ настаабынньыктара буолар. Кинилэр Бэдьимэ оскуолатын норуот педагогикатын лабораторията буоларга туһаайбыттара.

Ол эрээри бэдьимэлэр ити үлэни өссө киэҥник тэнитиэхтэрин, онно эппиэттиир табыгастаах усулуобуйалара суох: 70-с сылларга тутуллубут типовой икки этээстээх мас оскуолалара 2013 сыллаахха умайан хаалбыта.

Онтон ыла кыараҕас салҕааһыҥҥа нэһиилэ батан үлэлии олороллор. Ол да буоллар, ситиһиилэрэ баһаам.

Бастатан туран, бу аҕыйах хонуктааҕыта XI кылаас үөрэнээччитэ Роман Соловьев Москубаттан кэллэ.

Кини  Судаарыстыбаннай Думаҕа ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Юные техники и изобретатели” кэмпириэнсийэҕэ кытынна. Романы роботехникаҕа  Игорь Афанасьевич Плотников дьарыктаан, өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар ахсааннарыгар киирбитэ.

Аны туран, быйыл оскуола Мэҥэ Хаҥалас баһылыгын  300 000 солкуобай суумалаах Гранын көдьүүстээх үлэтин иһин ылла.

Чахчыта да, спорка да, талаан түһүлгэлэригэр да, оҕо түмсүүлэрин тэрээһиннэригэр да, араас хайысхалаах күрэхтэһиилэргэ да, предметнэй олимпиадаларга да Бэдьимэ оскуолата өрүү инники күөҥҥэ сылдьар. Оннооҕор манна нуучча тылын ЕГЭтин 100 баалга кытта суруйан турардаахтар.

Күн бүгүн оскуола биир сүһүөҕүнэн дьыссаат саастаах оҕолор уһуйааннара буолар.

Онон барыта 60 үөрэнээччилээхтэр, 22 иитиллээччилээхтэр.  Дириэктэр эбээһинэһин толорооччу – Луиза Семеновна Харитонова.

Экологическай хайысхаламмыт оҕо саадыгар ыстаарсай баспытаатал –  Октябрина Афанасьевна Варламова.

Оскуола иллээх кэлэктиибэ “Иэйии” диэн ансаамбыллаах (сал. Валерий Валерьевич Ноев).

Турецкай үҥкүүнү туруоран, нэһилиэккэ бастаан, билигин кэнсиэрдэри киэргэтэллэр.

Оҕолорго “Тускул” үҥкүү бөлөҕүн Гликория Матвеевна Аргунова салайар. Кини өссө күпсүүр куруһуогун ыытар.

Алын кылаастан ыла ырыаны аргыс оҥосторго муусука учуутала Афанасий Афанасьевич Санников уһуйар.

 “Дьөһүөл” бырайыак биир сүрүн өйдөбүлэ  “Чэгиэн киһи чөл куттаах” диэн. Онон спорт доҕордоох улааталлар. Физкультура учуутала Александрия Егоровна Андросова тренер быһыытынан чэпчэки атлетикаҕа эрчийэр.

Бэдьимэ оскуолатыгар иитэр үлэни 40-ча сыл педагогическай ыстаастаах Екатерина Николаевна Попова сүрүннүүр. “Бэдьимэ кэскилэ” оҕо түмсүүтэ иһиттэхпит ахсын барытыгар көхтөөхтүк уонна ситиһиилээхтик кыттыбыт буолар.

Екатерина Николаевна дэгиттэр дьоҕурдаах киһи. Этэргэ дылы, аҥаардас хаама сылдьан, бэйэтин холобурунан уһун суһуоҕу кыргыттарга пропагандалыыр. Кини тарбаҕар талаанын киһи сөҕө-махтайа кэпсиэн сөп: лобзигынан оһуордары фанераҕа быһар, сахалыы таҥас эскизтэрин толкуйдаан оҥорон тигэр, остуол оонньууларыгар өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр.

Ол иһин  үөрэнээччилэригэр  хабылыгы, хаамысканы, тыксааны үөрэтэр, итиэннэ “Дьүрүлгэн” муода устуудьуйатын үлэлэтэр.

Киниэхэ иискэ технология учуутала Галина Егоровна Неустроева көмөлөһөр. Кыбытан тигиигэ кыргыттары үөрэтэ турдаҕына киирбиппитигэр, бары наһаа үчүгэйдик массыыҥкаҕа тигэн тирилэтэ олороллоро.

Илона Неустроеваны (VIII кылаас) ордук чорботон эппитэ: “Этно-дьоҕурга” өрөспүүбүлүкэҕэ уонна технология олимпиадатын муниципальнай түһүмэҕэр бастаабыта”, – диэн.

Уолаттары уһанарга уһуйар Александр Александрович Сергучев лазернай станогунан араас оҥоһуктары оҥорторорун кэрэхсии көрдүбүт.

Саха тылын учуутала Елена Валерьевна Дмитриева хомуска үөрэтэрин биһирээтибит.

Видеопоэзия күрэҕэр Плюк диэн дьиэ кэргэн хас да ролигы устан ыыппыта. Бу элбэх оҕолоох ыал ийэтэ Мария Ивановна Плюк оскуолаҕа социальнай педагог эбит.

Дьэ, бу курдук бэдьимэлэр быйылгы үөрэх дьылын үбүлүөйүнэн саҕалаатылар.

Оттон биһиги махтаныахпыт этэ оскуола бибилэтиэкэрэ Александра Аполлоновна Поповаҕа, иитэр үлэҕэ дириэктэри   солбуйааччы Екатерина Николаевна Поповаҕа бу айар айаны тэрийбиттэригэр.

Өссө төгүл ааспыт үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥитинэн!  

Добавить комментарий