Куппут кылын таарыйар кыл кылыһаҕа кутулунна...  - Блоги Якутии

10 месяцев назад 766

Куппут кылын таарыйар кыл кылыһаҕа кутулунна… 

Кырыымпа, кылыһахтаах куолас курдук, кыҥкынас тыаһа, дьикти дьүрүскэн буолан кутуллан, алыптаах дорҕооно көрөөччүлэри абылаата, бүдүмүк түгэх өйдөрүгэр дуораһыйан, сахалыы куттарын уһугуннарда, өбүгэлэрин кытта быстыспат ситимнэрин бөҕөргөттө…

Оннук дьикти турукка киллэрбит бэртээхэй кэнсиэри СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа театральнай, Саха Сирин музыкальнай диэйэтэллэрин сойуустарын чилиэнэ Анна Томская бэлэхтээтэ.

Чахчыта да, ураты култууралаах омук буоларбытын ханна баҕар дьоһуннук билиһиннэрэр, атын норуоттар сэргииллэрин, туспа-туора дойдулар сэҥээрэллэрин курдук кэрэхсэбиллээхтик көрдөрөр “Кыл Саха” ансаамбылы төрүттээбит Анна Томскаяны, бу үйэлээх үлэтигэр махтанан уонна талба талааныгар сүгүрүйэн туран, элбэх да киһи айар киэһэтигэр кэлэн эҕэрдэлээтэ.

Ол алгыстаах тылларга кыттыһалларын биллэрэн, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр лыык курдук толору мустубут дьон ытыстарын тыаһа уҕараабата, биир кэм өрө хабыллан, саала иһэ ньиргийэн олордо. Бу маннык өрөгөйдөөх түгэн иһин киһи үбүлүөйүн бэлиэтиир эбээт – сыралаах үлэҥ сыанабылын көрөн дуоһуйаары, ол үөрүүттэн өссө элбэҕи айар-тутар баҕаны күөртээри…

-Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла биллэриллибитэ. Анна Ивановна уонна Афанасий Афанасьевич Томскайдар курдук сахалыы куттаах үтүөкэн ыаллар баар буоланнар, саха тыына, мындыр өйө-санаата, суруга-бичигэ, култуурата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр. Анна Ивановналаах Афанасий Афанасьевич идэлэригэр олус бэриниилээхтэр. Ааспыт сыл сэтинньитигэр “кыл сахалары” киин тэлэбиидэнньэ бастакы ханаала Москубаҕа аһаҕас халлаан анныгар, ВДНХ тиэргэнигэр, устаары сырыттаҕына, самыырдаан барбытыгар: “Кылбыт сиигирдэҕинэ хайдах оонньуубут?” – диэн долгуйбуттарын өйдүүбүн. Онтон ботугураан көрдөспүттэригэр, ардахпыт тохтоон, күммүт тыкпыта. Онно өссө төгүл итэҕэйбитим, айылҕаттан дьоҕурдаах дьон айдарыылаах буолалларын. Мин Томскайдары киһи быһыытын олус ытыктыыбын. Нуучча классическай музыкальнай ускуустубатыгар уһуйуллан, онно тирэҕирэн, национальнай үстүрүмүөн доҕуһуолун сайыннаран, киэҥ эйгэҕэ тарҕата сылдьалларын иһин махтанабын, – диэтэ култуура миниистирэ Афанасий Ноев.

Судаарыстыбаннай сүбэһит Андрей Борисов Анна Томскаяттан тоҕо “Кыл Саха” дэммиттэрин ыйыталаста уонна бу олус дириҥ толкуйтан тахсыбытын  бар дьоҥҥо быһаарда:  

-Мин Анна Ивановнаны 90-с сыллартан билэбин. Оччолорго Олоҥхо тыйаатырын тэрийэр туһунан толкуйдуу сырыттахпына, кини кырыымпатын туһунан умсугуйан кэпсээбиттээҕэ. Өскөтүн олоҥхо диэн тойук – биһиги култуурунай кодпут – эбит буоллаҕына, кырыымпа диэн дууһабыт кыла эбит. Кыл тыаһа эһиги куккут-сүргүт кылын таарыйан, бүгүн бачча элбэх киһи тоҕуоруһа муһуннугут. Аны туран, сах диэн, Ойуунускай этэрин курдук, итэҕэлбит тыла. Таҥара диэн. Сах саҕаттан диибит. Сакилар, скифтэр, түүрдэр, хууннар эмиэ кыл устурууналаах үстүрүмүөннээхтэр. Онон ансаамбылларын “Кыл Саха” диэн ааттаабыттара олус сөп.

 “Кыл сахалар” быйыл тэриллибиттэрэ 10 сылларын бэлиэтииллэр. Итинэн ситимнээн, Саха Сирин төрүт олохтоох норуоттарын муусукаларын уонна фольклордарын түмэлэ кырыымпаны оҥорор маастардар каталогтарын таһаараары бэлэмнии сылдьалларын дириэктэр Мария Корнилова үбүлээри эҕэрдэлииригэр эттэ. Биллэн турар, онно төһүү күүс, сүбэлээччи, ыйан-кэрдэн биэрээччи – Анна Томская. Кини өссө Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатырын аркыастарын туох баар 30 сыллаах чахчытын, ситиһиитин,  устуоруйатын барытын бэлиэтэнэ, мунньа, харайа, бэрийэ сылдьарын кэллиэгэтэ, дирижер, ускуустуба үтүөлээх диэйэтэлэ Николай Петров махталлаахтык аҕынна. “Сотору “Антология якутской музыки” тахсыа, онно Анна Ивановна баай архыыба сүрүн тирэх буолар”, – диэтэ.

Итинник үйэлээҕи үксэтэргэ үлэлэһэр үтүөкэн дьону киһи холобур эрэ оҥостор. Анна Ивановна өссө биир хайҕаллаах өрүтэ – ылбыт билиитин бар дьоҥҥо тиэрдэргэ, бэрсэргэ кыһаллара, бэйэтин дьулуурунан баһылаабыт сатабылыгар салҕыбакка уһуйара. Ол курдук, улуустарга бүтүн ансаамбыллары сүрүннүүр. Бу үбүлүөйдээх киэһэтигэр бастыҥ уһуйуллааччыларын биһиримнээн бэлиэтээтэ. Ол курдук, анал стипендиятын Нам улууһун “Нам кылыһах” (сал. М.С. ГригорьеваМаайа) уонна Амма улууһун Алтан нэһилиэгин “Кыл кылыһах” (сал. В.Неустроев-Байаан Бааска) бөлөхтөрүгэр туттартаата.      

Аны туран, кини М.Жирков аатынан музыкальнай кэллиэс  устудьуоннарыгар норуодунай үстүрүмүөннэр туһунан лиэксийэни ааҕар,  таҥсырга, кылыһахха дьарыктыыр эбит. Бу биэчэргэ ол оҕолоро кэлэн оонньоон иһитиннэрдилэр. Үөрэх кыһатын дириэктэрэ Алексей Щербаков  кинилэр училищеларыттан кынат анньынан, алмаастыы кырыыланан тахсыбыт выпускниктара Анна Томскаянан киэн тутталларын билиннэ.

Сэминээрдэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ Анна Ивановна маастар-кылаастары ыытарын, босуобуйалары оҥороллоругар көмөлөһөрүн, Кыыл Уолун диискэтэ, суруйааччылар аудио-хомуруунньуктара тахсарыгар “кыл сахалар” доҕуһуоллаабыттарын, нуотаҕа түһэрэргэ да үлэтэ баһаамын сырдаттылар. Дьэ, чахчы, элбэх үтүөлээх-өҥөлөөх киһи эбит!

Анна Томская эдэркээн сааһыттан харыс да сири халбарыйбакка үлүһүйэн үлэлии сылдьар, кини саҕалааһыннарын барытын өрүү өйүүр Үҥкүүтүн тыйаатырын дириэктэрэ Александр Алексеев бу Анна Ивановналаах курдук айар-тутар баҕалаах идэтийбит исписэлиистэр, тыйаатыр саҥа тэриллэр кэмигэр түбэһэ кэлэннэр, олорор олбох да, бэлэмнэнэр саала да суоҕар айымньылаахтык үлэлээннэр, суохтан баары оҥорорго кыһалланнар, билигин өрөспүүбүлүкэ “визитнэй карточката” буолар аркыастардаахпытын уонна “Кыл Саха” этническэй муусука ансаамбыллаахпытын истиҥник кэпсээн долгутта.

 Кырдьыга да, “Кыл Саха” өрөспүүбүлүкэбит “визитнэй карточката” буолла. Ону Арассыыйа улахан тэрээһиннэригэр анаан-минээн ыҥыраллара, норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэрэ, Италия, Турция, Кытай курдук сирдэр киэҥ түһүлгэлэригэр кыттыылара да туоһулуур.

Маннык талба талааны биэрбит Кыыс Амма сириттэн биир дойдулаахтара кэлэн эҕэрдэлээтилэр.

Өскө айар дьоҕуру аҕатыттан, бары билэр поэппыт Иван Корякин-Бөтүүнүскэйтэн бэриһиннэрбит эбит буоллаҕына, муусукаҕа тыыппатын Ырыа Ылдьааттан удьуордаан ылбытын Амма улууһун баһылыгын солбуйааччы  Ньургуйаана Илларионова ахтан аһарда. Быйыл Аммаҕа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар “кыл сахалар” туспа түһүлгэни түстүүллэрин иһитиннэрдэ уонна дойдутун аатын ааттатар кыыстарыгар туолбут сааһын кытта дьүөрэлии суумалаах сэртипикээти, төрөөбүт Бөтүҥүн баһылыга Алексей Никитин нэһилиэк Бочуоттаах гражданина буолбутунан дастабырыанньаны, Дьокуускайга олорор аммалар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Александр Кузьмин землячество үлэтигэр киллэрэр кылаатын иһин анал бэлиэни, улуус култууратын салалтатыттан Анна Кириллина аммалар аатырбыт худуоһунньуктара Николай Рязанскай ойуулаабыт мэтириэтин үөрүүлээх быһыыга туттардылар.   

Бу күн дьон-сэргэ махтала, таптала, хайҕала –  барыта Анна Ивановнаҕа ананна. Ол билинии кинини өссө үрдүккэ кынаттыыра чуолкай. Оттон биир бэйэм кырыымпабыт тыаһын, дьэ, бүүс-бүтүннүү киирэн олорон сэргэҕэлээн, арыт киһи бөҕө оһуохайдыы сылдьарын курдук, араас куолаһынан ыллыырын, арыт киһи дууһатын кылын таарыйардыы ыйылыырын дуу, ытыырын дуу, арыт сылгыны үүт-үкчү үтүктэн кистиирин, арыт кыталыктыы кыҥкыныырын, арыт куйаарга көтүтэр дорҕооннор дьүрүһүйэллэрин, арыт хантан хааннаахпытын санатан, былыргы кэмтэн кылыһахтыырын истэн дуоһуйдум, сөхтүм…

Анисия Иевлева,

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ.