Мэҥэ тойуктаах норуоттарга холобур буолабыт - Блоги Якутии

12 месяцев назад 467

Мэҥэ тойуктаах норуоттарга холобур буолабыт

Ил Дархан Айсен Николаев 2023 сыл ыам ыйын 17 күнүнээҕи дьаһалыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ үбүлээһининэн, олоҥхо энциклопедията хомуллан-таҥыллан оҥоһуллуохтаах.

Бу научнай үлэ 5 томнаах буолар: бастакыта – олоҥхоһуттарга, иккиһэ – олоҥхо сюжеттарыгар, үсүһэ – олоҥхо персонажтарыгар, төрдүһэ – олоҥхо уопсастыбаҕа суолтатыгар, бэсиһэ – олоҥхону билим таһымыгар үөрэтии түмүктэригэр ананыаҕа.

Олоҥхоһуттар тустарынан бастакы том номнуо кэлэр 2024 сылга бэчээттэнэн тахсыахтаах, онон билигин күүстээх үлэ бара турар.

-2006 сыллаахха олоҥхобутун ЮНЕСКО көрүүтүгэр ыытарга анаан 700 олоҥхоһут аатын испииһэктээн киллэрбит эбит буоллахпытына, кэлин анал эспэдииссийэлэри тэрийэн, улуустарынан сырытыннаран, ити испииһэги 1530 киһиэхэ диэри тиэртибит, – диэн сырдатта Руслан Анисимов, Олоҥхону чинчийэр  билим үнүстүүтүн дириэктэрэ.

Дьэ, ити хомуллубут чахчылары чуолкайдаары, ситэрээри уонна эбии саҥа сибидиэнньэлэри хомуйаары, ахсынньы 1 күнүгэр Дьокуускайга олоҥхоһуттар сыдьааннарын уонна үйэтитээччилэрин түмэн, улахан сугулааны  Олоҥхо иккис 10 сылын ыытар национальнай кэмитиэт, Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ, Олоҥхо үнүстүүтэ, Олоҥхо ассоциацията, Олоҥхо тыйаатыра, Норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ кыттыһан тэрийдилэр.

Барыта 160-тан тахса киһи кыттыыны ылла. Улуустарынан 5 сиэксийэҕэ арахсан үлэлээтилэр:  I – Уус Алдан, Нам, Чурапчы (модератордар –  Л.Н. Герасимова, Е.Е. Жиркова); II  – Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Өлүөхүмэ (модератордар –Ю.П.  Борисов, Ф.В. Шишигина); III – Сунтаар, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Горнай (модератордар – В.В. Илларионов, Г.Е. Саввинова), IV – Ньурба, Хаҥалас, Өймөкөөн, Үөһээ Дьааҥы, Орто Халыма, Абый, Муома, Аллараа Халыма, Үөһээ Халыма, Уус Дьааҥы, Эбээн-Бытантай, Анаабыр, Аллайыаха, Булуҥ, Өлөөн (модератор – Р.Н. Анисимов); V – Таатта, Кэбээйи, Томпо (модератор – М.Т. Сатанар).

         Манна даҕатан эттэххэ, олоҥхоһуттар энциклопедияларын бэлэмнээһин үлэтэ Олоҥхо үнүстүүтэ 2015 сыллаахха Арассыыйатааҕы гуманитарнай билим пуондатын гранын сүүйүөҕүттэн саҕаламмыт. Үйэлээх үлэ үрдүк таһымнаахтык барарын туһуттан, энциклопедияны оҥорууга улахан уопуттаах Уфатааҕы научнай-издательскай комплекска Олоҥхо үнүстүүтүн үлэһиттэрин үөрэттэрбиттэр. Ол түмүгэр олоҥхо энциклопедиятын 1820 ыстатыйалаах, 37,9 бэчээтинэй лиистээх рукопиһын бастакы барыйаана 2017 сыллаахха таҥыллан бүппүт. 

Устуоруйаҕа киирэр түгэн

Олоҥхоһуттар сыдьааннарын уонна кыраайы үөрэтээччилэр I форумнарын үөрүүлээх аһыллыытыгар Н.И. Степанов-Ноорой сиэнэ Аксинья Степанова уонна В.Н. Попов-Бочоох хос сиэнэ Ваня Винокуров олоҥхолоон иһитиннэрэн, дьоҕур-талаан сүтэн-симэлийэн хаалбатын, тымыр-хаан тардыытынан көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин итэҕэттилэр.

Бу тэрээһин үөрүүлээх аһыллыыта ХИФУ “Точка кипения” саалатыгар буолла. Кырдьыга да, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет олоҥхону сөргүтүүнү, үйэтитиини, тарҕатыыны улаханнык өйүүр уонна онно утумнаах үлэни ыытар. Ол курдук, 2010 сыллаахха бүтүн үнүстүүтү тэрийэн, наука таһымыгар үөрэтэр кыаҕы сахпыта.

-Оттон билигин бу энциклопедия күн сирин көрдөҕүнэ, саха эпосоведениетыгар эрэ буолбакка, аан дойду гуманитарнай наукаларыгар  сүҥкэн суолталаах оҥкул буолуоҕа, – диэн эттэ эҕэрдэлииригэр ХИФУ проректора Евгений Соловьев.

Чахчыта да, биһиги эпостаах бырааттыы норуоттарбытыгар олоҥхобутун өрө тутарбытынан суолдьут сулус буолабыт. Ол барыта салайааччыларбыт ырааҕы ырыҥалыыр киэҥ мындыр толкуйдарыттан тутулуктааҕын хас биирдии тыл этээччи бэлиэтээтэ.

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Олоҥхо иккис 10 сылын ыытар национальнай кэмитиэт  бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков:

– Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бастакы салайааччылара саха норуотун силиһэ, тирэҕэ кэлин олоҥхо буолуо диэн өтө көрөн, урутаан өйдөөбүт  үтүөлээхтэр. Оччотооҕуга Ойуунускай курдук олоҥхону өрө туппут дьон салалтаҕа бааллара. Платон Алексеевич дьаһалынан 1935 сыллаахха Тыл, литэрэтиирэ, устуоруйа үнүстүүтэ тэриллэр. Бастакы сүрүн соруга – олоҥхоһуттары түмүү, олоҥхолору хомуйуу, фольклорнай эспэдииссийэлэри тэрийии этэ. Ити соруктарын дьоһуннаахтык толороннор,  билигин архыыпка олоҥхо тиэкистэрэ, лиэнтэҕэ уһуллуулара балачча  харалла сыталлара үөрдэр. Ити кэмҥэ, ХХ үйэ 20-40 сылларыгар, ийэ олоҥхоһуттар тыыннаахтара. Кинилэри баттаспыттара хайҕаллаах. Сэрии кэмигэр “Ньургун Боотур” олоҥхону сыанаҕа туруоран, 100 төгүл көрдөрбүттэрин бары бэркэ билэбит. Суруйааччыларбыт Өксөкүлээх Өлөксөйтөн саҕалаан, бары олоҥхоҕо тирэҕирэн айаллара. Учуонайдарбыт Авксентий Мординов, Георгий Башарин, кэлин анал тыл үөрэхтээхтэрэ И.В. Пухов, Н.В. Емельянов, Г.У. Гермогенов-Эргис олоҥхону наука таһымыгар таһааран саҕалаабыттара.

Кэлин олоҥхо иккис тыынын Михаил Ефимович Николаев бэрэсидьиэннээн олордоҕуна ылбыта. Анал бырагыраама ылыллан, күн бүгүнүгэр диэри үбүлэнэр. Михаил Ефимович 1999 с. Олоҥхо ассоциациятын тэрийбитэ уонна өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэйэтинэн онно бэрэсидьиэн буолбута. Ити олус сүҥкэн суолталаах.

Онтон салгыы В.А. Штыров салайар кэмигэр олоҥхобутун ЮНЕСКО киһи аймах шедевр айымньытынан билиммитэ, сокуонунан көмүскэллээх буолбута. Евгения Исаевна Михайлова ХИФУ ректорынан ананаат, биир бастакы бирикээһинэн Олоҥхо үнүстүүтүн аһар туһунан этэ. Кини олоҥхону сөргүтүүгэ эмиэ улахан өҥөлөөх киһи.

 Билиҥҥи салайааччыларбыт олоҥхону ис куттарынан ылыналлар. Маныаха Ил Дархан Айсен Николаев эһэтэ Андрей Титаров “Хаардьыт Бэргэн”, оттон СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников эһэтэ Андрей Местников “Бардам Баабый” диэн олоҥхолоох дьон буолалларын бэлиэтиир тоҕоостоох. Эһэлэрин олоҥхолорун кинигэ гынан таһаартардылар. Эпостаах атын эрэгийиэннэр ол иһин биһигини ордуҕургуу саныыллар, салалтаттан өйөбүллээхпитин биһирииллэр.

Онон бу энциклопедияны оҥоруу халлаантан эмискэ түспүт санаа буолбатах, дириҥ силистээх, төрүөттээх быһаарыныы. Аан дойду эпическэй айымньыларынан дьарыктанар учуонайдара түмсүүлээхтэр. Олор эпос энциклопедиятын таһаарар идиэйэлэрин сүрүн чааһынан олоҥхобут бу энциклопедията буолуоҕа. Барыта түмүллэн бардаҕына, мэҥэ тойуктаах норуоттар ханна холбоһор силиспитин-мутукпутун булан, култуурунай устуоруйабытын киһи аймах биир кэлим култуурунай сайдыытын курдук көрөр таһымҥа тахсыахтаахпыт. Оннук улахан сорук биһиэхэ турар.

СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистэрэ Афанасий Ноев:

-Александр Николаевич эппитин курдук, чахчы, салайааччыларбытыгар табыллыбыт дьоллоох норуоппут. Аҥаардас ылан көрүөххэйиҥ, 1939 сыллаахха 10 олоҥхоһуппутун ССРС суруйааччыларын сойууһугар ылалларын ситиспиттэрин. Ойуунускайдаах саҕалаабыт үлэлэрэ таах хаалбакка, билигин букатын судаарыстыба таһымыгар киэҥ далааһыннаахтык ыытылла турар. Атын омуктар биһигини батыһыахтара, тоҕо диэтэххэ Арассыыйа култуурунай бэлиитикэтэ норуот уус-уран айымньытыгар, төрөөбүт тылларга, национальнай литэрэтиирэҕэ, төрүт үгэскэ тирэҕирдэҕинэ эрэ көдьүүстээх буолар кыахтаах.

Эпосовед-бэрэпиэссэр, олоҥхо энциклопедиятын бастакы томун сүрүн эрэдээктэрэ Василий Илларионов:

-Чахчыта да, өрөспүүбүлүкэ тэриллиэҕиттэн төрүт култуураҕа, төрөөбүт тылга, олоҥхоҕо улахан суолта ууруллар. Олоҥхоһуттары үөрэтэр куруһуогу 55 сыл анараа өттүгэр М.А. Чоросов, Д.С. Макаров тэрийэннэр, мин онно сылдьан, олоҥхо тыынын иҥэринэммин, олоҕум 50 сылын бу тиэмэҕэ анаатым, элбэх ыччаты уһуйдум. Билигин Олоҥхо үнүстүүтүн 80 бырыһыана мин үөрэнээччилэрим буолалларынан киэн туттабын.  Кинилэри кытта бу энциклопедияҕа бииргэ үлэлэһэрбиттэн үөрэбин, үлэм сүрүн түмүгэ курдук ылынабын. Билигин да чопчулуур элбэх. Холобура, быйыл архыыпка үлэлээн, хас да олоҥхоһут төрөөбүт, өлбүт сылларын чуолкайдаатым. Онуоха эһиги, олоҥхоһуттар сыдьааннара, эһэлэргит, эбэлэргит туһунан толору информацияны биэрэҥҥит, биһиэхэ улахан көмөнү оҥоруохтааххыт,

Олоҥхону чинчийэр билим үнүстүүтүн дириэктэрэ Руслан Анисимов:

– Биһиги бу форум тэриллибититтэн күлүкпүтүгэр имнэнэбит. Тоҕо диэтэххэ, информатордар бэйэлэринэн тиийэн кэллилэр. Уопсайынан, атын эрэгийиэннэр сахалары ымсыыра көрөллөр: “Эһиги норуот саамай дьолгут – салайааччыларгыт духуобунай баайгытын сыаналыыллара, бачыымнаргытын өйүүллэрэ буолар”, – диэн. Онон Ил Дархан дьаһалынан, Бырабыыталыстыба өйөбүлүнэн саҕаламмыт хамсааһыммыт ситиһиилээх буоллун, эһиил энциклопедиябыт бастакы томун презентациялыыр үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ көрсүөхпүт диэн эрэнэбит.

Сырдатта Анисия Иевлева

Добавить комментарий