2 года назад 542
Хоһоонноро билигин өссө суолталаннылар
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр саха суруйааччыларыттан саамай уһуннук – саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри – 4 сыл устата сылдьыбыт киһинэн поэт, тылбаасчыт, суруналыыс Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара буолар.
Бэккиһиибин кутаа уоттан
Хайдах тыыннаах ордубуппун,
Ууну-уоту ортотунан
Сатыы хаампыт уһун суолбун…
Кини 1915 сыл муус устар 26 күнүгэр Таатта улууһун Уолбатыгар төрөөбүтэ, онон бүгүн төрөөбүтэ 108 сылын туолла.
Макар Хара оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар Уолба Байаҕантай улууһун киинэ курдуга, ол иһин Өймөкөөнтөн кытта үөрэнэ кэлэллэрэ. Онон учууталлара да уһулуччулар эбит: САССР үтүөлээх учуутала, Ленин уордьаннаах С.М. Кочкин, суруйааччы Н.Д. Неустроев, учуонай М.А. Чудинова, Саха национальнай театрын дириэктэрэ Т.П. Местников уо.д.а. Маннык чаҕылхай уһуйааччылардаах буоланнар, Макар Хара үөлээннээхтэриттэн биллиилээх дьон бөҕө үүнэн тахсыбыт. Аҥаардас кини кылааһыттан норуодунай артыыстар Анна Егорова уонна Дария Слепцова.
Умнуллубат киэҥ Уолбам
Унаарыйар алааһа,
Иитиллибит оскуолам
Сырдык кэрэ кылааһа,
Ыҥырыытын истэммин,
Охсуґууга күүрэбин,
Бүтэрбитим мин манна
Сэттэ сыллаах үөрэхпин.
Оскуола кэнниттэн Дьокуускайга Тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэр. Тылга сыһыамах, суруйар дьоҕурдаах уолу «Кыым» хаһыакка ылаллар.
Тыам сирин күөх сааһын хоһуйбут ырыабын
Аан бастаан «Кыым» хаһыат таһаарта,
Түөрэхпин түһэрбит инники дьылҕабын
Биир үксүн ол ырыам быһаарта…
1932 сыллаахха бастыҥ кэрэспэдьиэн буолан, рабселькордар республикатааҕы I кэмпириэнсийэлэригэр сылдьар чиэскэ тиксэр. Ол кэнниттэн редакцияҕа тыа хаһаайыстыбатын салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Онтон 1938-39 сс. Саха Сирин суруйааччыларын тэрийэр бюротугар сэкирэтээрдиир. Сылынан суоттаан таһаардахха, оччолорго бэрэссэдээтэл Күннүк Уурастыырап эбит. Аармыйаттан ыыппыт суруктарыгар Макар Хара киниэхэ элбэхтэ эҕэрдэтин тиэрдибит.
1939 сыллаахха «Кыым» хаһыат редакторынан С.П. Ковлеков буолбут. Макар кинини оскуола саҕаттан билэрэ. Оччолорго Семен Петрович Томпоттон кэлэн, Уолбаҕа үөрэммит. Бука, кини мэктиэлээтэҕэ буолуо, Макар Хараны ити сыл Москваҕа «Правда» аатынан суруналыыстыка институтугар үөрэттэрэ ыыталлар. Ити кэмҥэ Воронёжтааҕы музыкальнай училищеҕа Уолбаҕа бииргэ үөрэммит кыыһа Анна Ивановна Егорова (кэлин РСФСР, САССР норуодунай, САССР үтүөлээх артыыһа, сахалартан опера бастакы профессиональнай режиссёра буолар) үөрэнэ тиийэр. Соҕуруу биир дойдулаахтар чугастык доҕордоһон, ыал буолаллар.
Иккиэн да ырыаҕа-тойукка ылларбыт
Дууһабыт дьулуура биир этэ,
Ол буолта биһиги үйэлээх тапталбыт
Түөрэҥнээн көрбөтөх төрүөтэ.
1941 сыллаахха, сэрии саҕаланаатын кытта, Макар Иванович бастакы хомуурга аармыйаҕа ыҥырыллыбыт.
Ыҥырыыга саха уола
Ыраах, ыраах барбыта,
Сырдык түүммэр айан суола
Сындалыйан сыппыта…
Суруктарыттан сылыктаатахха, бастаан Иркутскайга тиийбит, онно байыаннай үөрэҕи барбыт. Онтон салгыы, Ангараттан саҕалаан, арҕаа диэки түспүттэр. Волга, Дон, Нева өрүстэр, Урал хайалара, Ладога күөлэ, Ленинград, Москва куораттар, Латвия, Белоруссия, Польша… Бу манна барытыгар сылдьыбыт, бойобуой сирдэрин хоһоонугар холбообут.
Аргыый бигээн арыйталаар
Сэрии дьыллар хаһыаттарын,
“Кыымтан” булан ааҕыталаар
Саллаат эһэҥ суруктарын.
Буорах сыттаах хоһоонунан
Суруллубут буолуохтара,
Оспот суолум омоонунан
Айаннатан барыахтара
Түөрт сыл тухары ханна-ханна тиийбэтэҕэ, туохха-туохха түбэспэтэҕэ, тугу-тугу көрбөтөҕө буолуой?
Көрбүт киһи хайдах умнуой,
Ааспыт сэрии алдьархайын?
Түүнүн түһээн көрбөт буолуой,
Сидьиҥ өстөөх хара дьайын?
Арыт түүнүн уһуктабын,
Хабырыттар хатан тыастан,
Түһээн арыт баттатабын,
Сэниэм эстэн, тыыным быстан…
Ленинград блокадатыгар политругунан, 1-кы Белорусскай фроннарга взвод хамандыырынан, рота партийнай тэрийээччитинэн сулууспалаабыт. 1945 сыллаахха кыайыы өрөгөйүн билэн, түөһүгэр Кыһыл Сулус уордьаннаах уонна бойобуой мэтээллэрдээх төннүбүт.
Сэрии суостаах күннэригэр
Алааспыттан барбыт дьонтон
Эргийбиппит дьиэбитигэр
Аҕыйахпыт тыыннаах ордон.
Макар Хара талаана сэрии кэмигэр ордук тахсыбытын суруйааччылар бэлиэтииллэр. Дьиэҕэ олорон, киһи барыта айыан сөп. Оттон тыҥааһыннаах, ыксаллаах, өлүүлээх-сүтүүлээх ыар кэмҥэ дьиҥнээх поэт эрэ күүстээх уобарастардаах, дириҥ суолталаах, тэҥ олуктаах, хомоҕой тыллаах хоһоону суруйар кыахтааҕа чахчы.
Кини – Улуу Кыайыы ырыаһыта. Бэйэтин айымньыларын «ырыа» диэн ааттыыр эбит. «Куруутун суруйар түгэн суох, быыс эрэ булларбын, саныыр санаабын ырыаларбар этэ сатыыбын» диэн сэрииттэн суруйбута баар. Эбэтэр: «Бэл, муустаах окуопа түгэҕэр сытаммын, күөх сааһы төлкөлүү ыллыырым» диэн этэр.
Ырыата суох буолбат хас биирбит,
Хомойор, үөрэр да түгэҥҥэ,
Ырыаны ыстыыкка тэҥниирбит,
Сэриилээх-силлиэлээх ыар кэмҥэ!
Кини хоһоонноро, кырдьыга да, наһаа тэҥ рифмалаахтар. Ол иһин биллиилээх мелодистар Х.Максимов, И.Слепцов, А.Егорова, Д.Данилов, Н.Бойлохов, композитордар М.Жирков, Г.Григорян, З.Винокуров кини хоһоонноругар матыып суруйдахтара, доҕуһуол оҥордохторо эбээт.
Макар Хара уулаах окуопаҕа сытан суруйбут хоһоонноро билиҥҥи байыаннай кэмҥэ суолталара өссө улааттылар, нууччалыы эттэххэ, актуальнай буоллулар.
Инники кирбиигэ окуопа олоҕун
Эриирин-мускуурун эрчиллэн билэҕин,
Ардыгар нуктуур да, аһыыр да кыах суоҕун
Аахайа, аахса да барбаккар тиийэҕин.
Окуопа олоҕор ким бытаан түргэтиир,
Уйан да дөбөҥнүк ыстааллыын хатаргыыр.
“Биһиги кырдьыктаах дьыалабыт кыайыа”, – диир,
Биир санаа, биир дьулуур бу манна сабардыыр!
“Биһиги кырдьыктаах дьыалабыт кыайыа” диэн туран, фронтовик поэт кыайыыга кынаттыыр хоһооннорун онлайн ааҕаргытыгар ыҥырабыт.
Бүгүн да саллааппын https://new.nlrs.ru/open/35834
Күнү көрсөБиһиги – Россия дьонобут https://new.nlrs.ru/open/38485
Күнү көрсө https://new.nlrs.ru/open/36853
Сүүрээн https://new.nlrs.ru/open/35833
Хоһооннор https://new.nlrs.ru/open/35949
Ыҥырыыга саха уола https://new.nlrs.ru/open/35949
Сэрии уораана https://new.nlrs.ru/open/36124
Саргылаана https://new.nlrs.ru/open/36851
Сааскылыы сайаҕас ырыалаах https://new.nlrs.ru/open/11582
Мин саастыы көлүөнэм https://new.nlrs.ru/open/20924
Талыллыбыт айымньылар https://new.nlrs.ru/open/16259