Хамаҕатта айар куттаах сайдам ыаллара - Блоги Якутии

13 часов назад 1018

Хамаҕатта айар куттаах сайдам ыаллара

         Ыал диэн тулхадыйбат тулааһыннаах, ийэ, аҕа, оҕо диэн үс эрэллээх эркиннээх бэйэтэ кыра түмсүү буолар. Оттон уопсастыба акылаата, тирэнэр тирэҕэ — дьиэ кэргэн. Дэлэҕэ Дьиэ кэргэн сылын кэнниттэн Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла биллэриллиэ үһү дуо? Тоҕо диэтэххэ, төрөөбүт дойдуга таптал дьиэ иһиттэн саҕыллар, оҕо саастан саҕаланар. 

Дьон-сэргэ холобурдаан кэпсиир ыаллардаах буолар. Олор уопсастыба олоҕор туох эрэ уларытыыны, сайдыыны киллэрэллэр, саҥаны-үтүөнү түстүүллэр. Олох уларыйар кэмигэр да кинилэргэ тирэҕирэҕин, сүбэ-ама ылаҕын.

Ити өйдөбүлтэн, нэһилиэк ыалларын түмэн, бэйэ-бэйэлэрин өйөнсөн олороллорун туһуттан, 90-с сылларга Нам улууһун Хамаҕатта кулуубун иһинэн “Көмүлүөк” дьиэ кэргэн киинэ тэриллибитэ. Ол туһунан өр сылларга социальнай педагогунан үлэлээбит, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Хамаҕатта нэһилиэгин сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэлээх Мария Васильевна Кривогорницына ахтыбытын ааҕабыт:

        “Миэхэ кулууп дириэктэрэ Жиркова Матрена Алексеевна, дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Заровняева Анна Захаровна күүс-көмө, сүбэ-ама буолбуттара. “Көмүлүөк” дьиэ кэргэн киинэ 1995 сыл ыам ыйын 19 күнүгэр Нам оройуонугар биир бастакынан тэриллибитэ. Дьэ, бу кэмтэн ыла дьиэ кэргэҥҥэ туһаайыылаах тэрилтэлэри, Дьахтар нэһилиэктээҕи сэбиэтин, Аҕа сүбэтин кытта биир сыаллаах-соруктаах араас үлэлэри, тэрээһиннэри ыытан барбыппыт».

         “Көмүлүөк” сылааһа илгийэн, төлөннөөх уотуттан кыым ылан, Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгин култуурунай-сырдатар олоҕор кыттыһан, норуот уус-уран айымньытын сайдыытыгар кылааттарын киллэрсэн, нэһилиэк олоҕун сэргэхсиппит дьиэ кэргэттэрбитин билиһиннэрэбит.

Афанасьевтар

         Хамаҕатта нэһилиэгэр 40 сыл бииргэ дьоллоохтук олорон, үлэлээн ааспыт 11 оҕолоох Александра Алексеевна, Захар Захарович Афанасьевтар дьиэ кэргэн туһунан анал таһаарыыга матырыйаал хомуйсар кэммитигэр оҕолоро бу курдук кэпсээн ахтан саҕалаатылар:

 “Дьоммут бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ сыһыаннаахтара. Ийэбит аҕабытын үрдүктүк тутара, ол иһин биһиэхэ аҕабыт аптарытыат этэ. Оттон аҕабыт ийэбитигэр: “Миигин салгыыр дьону бэлэхтээтиҥ”, – диэн өрүү махтанара. Төрөппүттэрбит биһигини ханнык баҕар үлэни сэлээннэспэккэ үтүө суобастаахтык толорорго үөрэппиттэрэ. Ийэлээх аҕабыт уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылаахтара этилэр. Аҕабыт баяҥҥа сүрдээх үчүгэйдик оонньуура. Дьиҥэр, кини музыкальнай үөрэҕэ суоҕа, истэн тыаһатара. Оттон ийэбит ырыаһыт, оһуохайдьыт, сценкаҕа оонньуура. Дьиэ кэргэнинэн ыһыахтарга кэнсиэр туруорарбыт. Араас куонкурустарга кыттан, өрүү бириистээх миэстэлэргэ тиксэрбит. Төрөппүттэрбит иитиилэригэр, тапталларыгар махтанан, 2011 сыллаахха «Айар куттаах сахалыы сайдам санаалаах ыаллар» диэн кинигэни таһаартарбыппыт”.

         Афанасьевтар оҕолоро утуму салҕаан, Хамаҕатта нэһилиэгин култууратын сайдыытыгар төһүү күүстэрин, кылааттарын билиҥҥэ диэри киллэрсэр тутаах дьоммут буолаллар.

        Анна Захаровна Заровняева – баянист, СӨ култууратын туйгуна. Нам улууһун, Хамаҕатта нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, Нам улууһун култууратын бочуоттаах бэтэрээнэ.

Алексей Захарович Афанасьев (1953-2017) 70-с сылларга оройуоҥҥа бастакынан тэриллибит ВИА гитариһа, солиһа этэ. Кэргэнэ Людмила Дмитриевна Рехлясова – ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Сарыал», «Мэнго» кэлэктииптэригэр үҥкүүлээбитэ, «Дьүөгэлэр» вокальнай ансамбыл ырыаһыта.

         Михаил Захарович Афанасьев сиэннэрэ Миша Петров, Вадим Афанасьев –үгэ, ырыа улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарын хас да төгүллээх кыайыылаахтара. Денис Осетров – улуустааҕы гимназия хорун солиһа, Диана Осетрова – “Бриллиантовые  нотки” лауреата, Лаура Осетрова – В.Ушницкай-Сэки айымньыларынан куонкуруска үгэ толорон, Гран-при хаһаайката. Аурелия Петрова – сольфеджиоҕа норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус дипломана.

         Мария Захаровна Романова кыралаан баяҥҥа оонньуур, кыыһа Вера Хамаҕатта тэрээһинигэр ыллаан турар.

Иван Захарович, Галина Герасимовна Афанасьевтар Хатыҥ Арыы нэһилиэгин олохтоохторо, сылгы иитиитинэн дьарыктаналлар. Иван Захарович – СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, кэргэнэ Галина Герасимовна – СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Арассыыйа  бочуоттаах донора.

         Елена Захаровна Парникова – уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылааҕа, Хамаҕатта нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, хордарга, ансаамбылларга үһүс куолаһы тутар ырыаһыппыт. Кэргэнэ Георгий Романович Парников (1962-2020) – «Ретро Данс» бальнай үҥкүү кэлэктиибин биир бастыҥ солиһа этэ. «Хамаҕатта нэһилиэгин сайдыытын иһин” бэлиэлээх.

         Саха Аар кыыһа Сандаара Оротоо мелодист, хоһоонньут быһыытынан улууска биллэр. СӨ култууратын туйгуна, Нам улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэлээх. Айар үлэтин түмэн, үс төгүллээн айар кэнсиэрдэрин оҥорбута, ырыаларын хомуурунньугун диискэтин таһааттарбыта. Кэргэнэ Бурнашев Иван Ильич – «Сыралҕан» мини-театр талааннаах артыыһа, ырыаһыт, гитарист. Оҕолоро Хамаҕаттатааҕы музыкальнай оскуола хореография кылааһын ситиһиилээхтик бүтэрбиттэрэ. Кыыстара Сардаана Ивановна Иванова  «Ретро Данс» үҥкүүһүтэ, Хатыҥ  Арыы нэһилиэгэр олорор, «Сарыада» ырыа ансаамбылыгар ыллыыр, улуус гимназиятыгар музыка учууталынан үлэлиир. Сардаана уола Харысхан, Хамаҕаттаҕа сайыҥҥы лааҕырга сылдьан, чабырҕах ааҕыытыгар үөрэннэ, удьуора баһыйан, ырыаны тутатына ылынан, доргуччу ыллаан кэрэхсэттэ. Сиэннэрэ Сайынаара Бурнашева Уус Алдаҥҥа “Кэнчээри” ансаамбылыгар ыллыыр, “Азия оҕолоро” култуурунай тэрээһинин кыттыылааҕа.

           Кыра кыыстара Кривогорницына Александра Захаровна (1974-2017) ырыаһыт, “Кыталыына” трио солистката, өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕин хас да төгүллээх кыайыылааҕа этэ. Александра ыллыырын таһынан, кулуупка ыытыллар тэрээһиннэргэ араас оруоллары толороро, дьон биһирэбилин ылыан ылара.

Оҕолоро Юра, Леня, Люда бары гитараҕа оонньууллар, ыллыыллар. Кыра кыыс Юлия – Хамаҕаттатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын филиалын хореография кылааһын бастыҥ үөрэнээччитэ. Элбэх куонкурустар  кыайыылааҕа.

          Афанасьевтар дьиэ кэргэн оҕо эрдэхтэриттэн музыка доҕуһуолунан олорон кэллилэр. Бары муһуннулар эрэ, хайаан да бары күргүөмүнэн ыллыыллар. Кыра сиэннэр өссө да ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, кэрэ эйгэҕэ сыстан иһиэхтэрэ, ырыаны олох аргыһа оҥостуохтара.

Федоровтар

Хамаҕатта олохтоохторо Надежда Варламовна, Александр Николаевич Федоровтар 1969 сыл тохсунну 28 күнүгэр ыал буолар урууну тэрийбиттэрэ. Ол алгыс ылбыт күннэриттэн 56 сыл, харыс да халбарыйбакка, төлкөлөрө түстэммит Намнарын сиригэр сахалыы сиэри-туому тутуһан, ытык ыал аатын ылан олороллор.

         Ыал ийэтэ Надежда Варламовна, Хамаҕаттаттан силис тардан, оҕо caaha сайылыкка ааспыта, кыра эрдэҕиттэн ийэтигэр күүс-көмө буолан, элбэххэ үөрэнэн, оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн, Дьокуускайга зоотехник идэтин ылан, «Комсомольскай» сопхуоска племенной үлэ зоотехнигынан, буҕаалтырынан үлэлээбитэ.

        Кыра эрдэҕиттэн уран көрүүлээх, уус илиилээх буолан, иллэҥ кэмигэр иистэнэн, оҕолорун, сиэннэрин таҥыннарар. Кини тикпит таҥаһа сиэдэрэй буолар. Билигин даҕаны ити дьарыгын бырахпат. Нэһилиэккэ сахалыы таҥаһы бастакынан тиктэн кэппиттэрэ, дьоҥҥо үтүө үгэһи тарҕаппыттара. «Күбэй» аҕам саастаах дьон түмсүүтүгэр сахалыы тыыны киллэрэн, нэһилиэк эбээлэрэ Д.Д. Новгородов аатынан «Кэскил» балаҕаҥҥа мустан иистэнэллэрэ.

         Ийэ киһи быһыытынан, дьиэ кэргэн укулаата сахалыы салалларыгар, күннээҕи да олохторугар ол тыыны тутуһуннарар. Бэйэ-бэйэни харыстаһыыга, аһыныгас буолууга, истиҥ-иһирэх, амарах сыһыаҥҥа олоҕурар иитиини өрө тутар. Кыргыттарын сахалыы иискэ уһуйан, уус-уран оҥоһук быыстапкаларыгар өрүү кытталлар, нэһилиэк чиэһин көмүскүүллэр. Саха Далбар Хотуна Надежда Варламовна Хамаҕатта нэһилиэгин, Нам улууһун Ытык киһитэ үрдүк ааттары чиэстээхтик сүгэр, «Хамаҕатта нэһилиэгин сайдыытытар кылаатын иһин» бэлиэлээх.

         Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Александр Николаевич Ньурба оройуонун Малдьаҕар нэһилиэгиттэн төрүттээх. Аҕа дойду сэриитин бүтэһик сылыгар төрөөбүт буолан, оҕо caaha сэрии кэнниттэн ыарахан сылларга ааспыта. Кини Малдьаҕар аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, аармыйаҕа сулууспалаабыта, ол кэнниттэн Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар лесник-техник идэтигэр үөрэммитэ. Үөрэнэ сылдьан аналын Надяны көрсөн, ыал буолаллар. Александр Николаевич өр сылларга Нам оройуонун ойуурун хаһаайыстыбатыгар маастарынан үлэлээбитэ. Эдэр сааһыттан ырыа кэрэ эйгэтин кытта алтыһан, араас тэрээһиннэргэ нэһилиэгин дьонугар айылҕаттан бэриллибит куолаһынан ыллаан-туойан, элбэх фестиваль  кыайыылааҕа, лауреата. Маны таһынан, сахалыы туойар талаанынан фольклор биир уустук көрүҥүн толорор, оһуохайдьыт, тойуксут буолан, саха искусствотын төрүт жандарын пропагандалыыр. Нэһилиэккэ буолар ыһыахтарга, өрөгөйдөөх күннэргэ алгыс сиэрин-туомун толорооччунан, оһуохай этээччинэн ыҥырыыга сылдьар.

          Александр Николаевич ойуур хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, сыана бэтэрээнэ, Хамаҕатта нэһилиэгин Ытык киһитэ ааттарынан бэлиэтэммитэ. СӨ ойуурун хаһаайыстыбатын 75 сылынан «Во благо лесов Якутии» кинигэҕэ аата көмүс буукубанан суруллан киирбитэ, ону сэргэ СӨ ойуурун хаһаайыстыбата 80 сылынан үбүлүөйдээх мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

         Улахан дьиэ кэргэн билигин биэс оҕолоох, 12 сиэннээх, 8 хос сиэннээх. Уоллара Федоров Николай Александрович юрист идэлээх, полиция капитана, үлэ бэтэрээнэ. Билигин  «СЭТО» ГБУ инженеринэн үлэлиир.

        Улахан кыыстара Яковлева Лена Александровна учуутал идэлээх, Дьокуускай куоракка Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар үрдүк категориялаах педагог. Лена сахалыы иис кистэлэҥнэригэр аан бастаан ийэтиттэн үөрэммитэ, онтон Анна Зверева «Абылаҥ» устуудьуйатыгар сылдьан, дириҥник баһылаабыта. Элбэх ыччаты төрүт иискэ үөрэтэн, «Норуот уус-уран оноһуктарыгар СӨ маастара» аат иҥэриллибитэ.

         Орто кыыстара Николаева Надежда Намнааҕы педагогическай колледжы бүтэрэн, төрөөбүт нэһилиэгэр Хамаҕаттаҕа Е.М. Шапошников аатынан орто оскуолаҕа технология учууталынан айымньылаахтык үлэлиир. Кыыс оҕону иис-уус абылаҥар үөрэтэр, сахалыы таҥас муодатын айарга холонор.

Yhүc кыыстара Гаврильева Александра, удьуору утумнаан, талааннаах тарбаҕа таайан, сэдэх идэни баһылаабыта. Ол курдук, Дьокуускай куоракка «Комдрагметалл» тэрилтэҕэ алмааһы кырыылааччынан эҥкилэ суох үлэлиир.

         Эбээтин аатынан кыра кыыстара Стручкова Федора Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар технолог идэтигэр үөрэммитэ. Намҥа «Якутскэнерго» тэрилтэҕэ контролердуур.

         Александр Николаевич, Надежда Варламовна үйэ аҥаарыттан ордук кэм “эн-мин” дэһэн, олох бары түһүүтүн-тахсыытын бииргэ үллэстэн, ийэ-аҕа буолар үрдүк дьолун, эбээ-эһээ буолар эппиэттээх дуоһунаһы, сиэннэр диэн минньигэстэн -минньигэс олох кэрэтэ баарын билэн, саха ыалын үгэһин ыһыктыбакка, этэҥҥэ олороллор. Кинилэр дьоһун олохторун, сүбэлэрин-амаларын оҕолоро-сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, халыҥ аймахтара суолдьут сулус оҥостуохтара турдаҕа.

Федоровтар дьиэ кэргэн «Нам улууһун бастыҥ ыаллара» Бочуот кинигэтигэр 2016 сыллаахха киирбиттэрэ. Дьоһун олохторун «Таптал уонна бэриниилээх буолуу иһин», «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» бэлиэлэр кэрэһилииллэр.

        «Орто дойдуга дьон сиэринэн, айылҕа биэрбитинэн үчүгэйдик олорон кэллибит. Аны да салгыы бэйэ-бэйэбитин харыстаһан, өйөһөн-өйдөһөн, үйэбитин уһатан олорор баҕалаахпыт»,  – дииллэр сахалыы куттаах кэргэннии Федоровтар.

Саввиновтар

Үҥкүүнэн олохторун киэргэппит Алексей Егорович, Екатерина Гаврильевна Саввиновтар дьиэ кэргэн оҕолоро Надежда, Алексей, Константин „Радуга“ оҕо ансаамбылыгар үһүөн үҥкүүлээбиттэрэ.

Аҕалара Алексей оскуолаҕа сылдьан өрөспүүбүлүкэттэн талыллан, Новосибирскайдааҕы хореографическай училищеҕа үөрэммиттээх. Идэтинэн суоппар этэ. Екатерина Гаврильевна эргиччи талааннаах, сатабыллаах киһи. Кини көнө сииктээх иистэнньэҥ, сөбүлээн хоһоон ааҕар, конферансьелыыр, сыаҥкаҕа оонньуур, “Ретро Данс“ тутаах үҥкүүһүтэ, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, Хамаҕатта нэһилиэгин бочуоттаах гражданина.

Кыыстара Надежда – оҕо уһуйаанын иитээччитэ. Ийэтин кытта «Ретро Данс» спортивнай-бальнай үҥкүү кэлэктиибигэр сылдьаллар. Улахан уол Алексей үҥкүүлүүрүн таһынан, хатыламмат ураты куоластаах ырыаһыт. Кыра уол Константин университекка устудьуоннуу сылдьан «Күндэл» ансаамбыл үҥкүүһүтэ этэ. Аҕалара баарына Саввиновтар бүтүн дьиэ кэргэнинэн бэһиэн кэнсиэргэ кытталлара. Маннык сэдэх көстүү киһини кэрэхсэтэр эрэ.

Дунаевтар

         Талааннаах, айар-тутар дьоҕурдаах, холобурга сылдьар дьиэ кэргэттэри дьон-сэргэ көрөн үөрэр. Биир оннук айымньылаах олоҕу тутар Дунаевтар дьиэ кэргэн буолаллар.

Бу ыалга киирдэххэ, гитара тыаһа, ырыа, мелодия, хоһоон, кэпсээн, сэһэн суруйуу – барыта баар. Ыллыы-үҥкүүлүү, сыаҥкалыы, тэрээһини ыыта сылдьар хаартыскалара эркиҥҥэ ыйаммыттара, чахчы да, бу ыал духуобунас сайдыытыгар кылааттарын кэпсииллэр.

Ийэ киһи Розалия Романовна Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар училищеҕа үөрэнэн, библиотекарь идэлээх, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Хамаҕатта нэһилиэгин бочуоттаах гражданина. Дьиэ кэргэн ыллыыр-үҥкүүлүүр, айар-тутар бары чилиэннэригэр сүбэлээн кыһанара, ис сүрэхтэн долгуйара саарбаҕа суох. Розалия Романовна Нам улууһугар дьиэ кэргэн уонна демографическай политика сайдыытыгар, ийэ оруола үрдүүрүгэр, чөл олоҕу тарҕатыыга уонна дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтүүгэ кылаатын иһин «Бастыҥ Ийэ» наҕараадалаах. Александр Григорьевиһы билбэт киһи суох: кини элбэх ырыа ааптара, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, СӨ ырыа айааччыларын уонна суруйааччыларын сойуустарнын чилиэнэ. Айар үлэтинэн анабыл ырыалара оҕолорго, бэтэрээннэргэ, суруйааччыларга, дьиэ кэргэҥҥэ, тулалыыр эйгэҕэ, олох бары эргииригэр ананан, ырыа буолан иһиллэрэ хайҕаллаах.

 Удьуору утумнааһын диэн баар. Туох да төрүөтэ суох киһи ылла да ырыаһыт да, артыыс да буолбат. Төрүччүгэр ханнык эрэ эйгэҕэ талааннаах киһи баар буоллаҕына, ол уһуктан кэлэр. Бу этиигэ сыһыары тутабыт  Дунаевтар култуураҕа, спорка сыстаҕас оҕолорун, сиэннэрин, кийииттэрин, күтүөттэрин. Уолаттара, аҕаларын туйаҕын хатаран, ырыаһыттар, тэрилтэ тэринэн, тутуунан дьарыктаналлар. Улахан уол Григорий Александрович элбэх биллибит ырыалардаах мелодист, “Алаас кыыһа” ырыатын Варя Аманатова ыллаан, киэҥник биллэр ырыа буолла. Иккис уол Валентин ыллыырын таһынан үҥкүүлүүр, “Радуга” оҕо үҥкүү кэлэктиибин призера. Кэргэнэ Елизавета учуутал идэлээх, ону таһынан сценарист, ыытааччы, тэрийээччи. Улахан кыыстара Лена, кэргэнэ Альберт Кобяков – Нам улууһугар полиция сотрудниктара. Күтүөт уол Альберт, уоллара Айтал аҕаларын, эһээлэрин суруйбут ырыаларын араас тэрээһиннэргэ, ырыа түһүлгэлэригэр хото ыллыыллар. Кыра кыыс Наталия Нам улууһун дьаһалтатыгар финансист, кэргэнэ Павел Иванов – Нам улууһугар спорт управлениетын начаалынньыга, гиревой спорт маастара, СӨ физическэй култуураҕа туйгуна. Леналаах, Наташа хамаҕатталар киэн туттар “Радуга” ансаамбылларыгар үҥкүүлээбиттэрэ, кэлин “Ретро Данс” кэлэктиибигэр.

Сиэннэр эмиэ ситиһиилээх дьон. Эһээлэрин батан, бука бары уруһуйдьуттар. Күннэй Дунаева дизайнер идэлээх, сиэл оҥоһуктарынан дьарыктанар. Сашенька Иванова – уруһуйдьут, волейболистка, Матрена Евсеева-Мото Куо салайар “Айар Кут Голливуд” оҕо сайдар киинин дириэктэрин солбуйааччы, английскай тылынан холкутук саҥарар, кэпсэтэр, тас дойдулары кытта сибээстэһэр аныгы кэм үлэһитэ. Александр Дунаев-Сашок – футболга улуус хамаандатын чилиэнэ.  Ян Дунаев – гиревой спорт көрүҥэр маастарга кандидат, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ. Розана Иванова уруһуйдуур, оҕо вокальнай ансаамбылын ырыаһыта. Виолетта, Петя, Лаура, Вилена, Эдгар, Максим, Диана – бары уруһуйдууллар, үҥкүүлүүллэр, спордунан дьарыктаналлар.

Дьэ, бу курдук айар куттаах Дунаевтар дьиэ кэргэн, чахчы да, бары маарыннаһар курдуктар. Ол да иһин буолуо, олорор олохторун таптыыллар, хас биирдии үтүө күҥҥэ махтаналлар. «Бары бииргэбит – ол аата күүстээхпит!”  диэн девиһинэн салайтаран, олохторо кэрэтик салҕана турарыгар бигэ  эрэллээхтэр.

Жирковтар

          Хамаҕаттабыт нэһилиэгэр Нам улууһугар биир биллэр, ырыа кэрэ эйгэтин өрө туппут ыалынан Михаил Николаевич, Елена Николаевна Жирковтар буолаллар.

Кинилэр оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн биһиги кулууппут тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттан, дьон-сэргэ биһирэбилин ылан, күн бүгүҥҥэ диэри дьоһун дьон буола улаатан, ымыылаах ырыа ыллыгын устун айа-тута сылдьаллар. Аҕалара Михаил Николаевич баянынан доҕуһуоллатан, “Кубалар”, “Кыыс Амма”, “Быраһаай, күөх сайын” ырыалары иэйиилээхтик ыллыырын, “Сыралҕан” мини-театрга артыыстыырын, “Умнуллубат урукку ырыалар” мюзиклга кыттыбытын, Саҥа дьыл дьүһүйүүтүгэр тэттик оруоллары чаҕылхайдык оонньоон ааспытын  ахтабыт, саныыбыт.

Улахан уол Ньургустаан Михайлович – Намнааҕы техникум дириэктэрэ. Ырыаһыт уонна мелодист быһыытынан биллэр. Саамай биллэр ырыатынан М.Ефимов тылларыгар матыыптаан таһаарбыт «Нам кыыһа» ырыата буолар.

Кини айбыт ырыаларын бииргэ төрөөбүт быраата Николай Жирков репертуар оҥостон, көрөөччү киэҥ араҥатыгар таһаарда.

Николай Жирков – СӨ култууратын туйгуна, кини ырыаһыт, артыыс быһыытынан биллэн, култуура уонна искусство эйгэтигэр бүүс-бүтүннүү бэйэтин биэрэн туран үлэлии-хамсыы сылдьар биир киэн туттар чаҕылхай уолбут.

  Николай кыра сылдьан “Хотугу сулус” телевизионнай куонкуруска “Aisha” диэн толорбут ырыата –  күн бүгүҥҥэ диэри визитнэй карточката. Кыра уол Михаил Жирков ураты истииллээх ырыаны толорор. Дьокуускай куоракка биллэр “Карамельный узник” рок-бөлөх солиһа.

          Талаан бэриллэн иһэр аналлаах. Ол курдук, Жирковтар дьиэ кэргэн ыллыыр талааннара оҕолоруттан сиэннэригэр бэриллэн, билигин ыллыы-туойа сылдьар инники кэскилбит Намина Жиркова буолар. Намина – Ньургустан Михайович улахан кыыһа. Кини кыра эрдэҕиттэн музыка кэрэ эйгэтигэр сыстан, араас куонкурустарга кыттан, кыайыы көтөллөнөр.

Наминабыт нэһилиэккэ ыытыллар  тэрээһиннэрбитигэр өрүүтүн ыҥырыыбытын ылынан, үөрэ-көтө кэлэн кыттар. Убайа Николай Жирковтуун Нам улууһугар биир бастыҥ “Олох суола” тыыннаах доҕуһуол ансаамбылын солистара буолаллар. Билигин Намина М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университеты үөрэнэн бүтэрэн, Намнааҕы 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа начаалынай кылаас учууталынан үлэтин саҕалаата.

Уодайдар

Владимир, Татьяна Уодайдар дьиэ кэргэн Хамаҕаттабыт нэһилиэгин биир көхтөөх ыала буолаллар.

Нэһилиэк уопсастыбаннай, спортивнай уонна култуурунай олоҕор өрүүтүн кытталлар. 2011 сыллаах улуустааҕы “Cайдам ыал” күрэҕин “Сайаҕас дьиэ кэргэн” анал аат хаһаайыннара. Дуэтынан ырыаны толорор дьиэ кэргэн буолаллар.

Кыыстара Нарыйаана кыра эрдэҕиттэн искусство эйгэтигэр сыстан, Хамаҕаттатааҕы оҕо музыкальнай оскуолатын хореография кылааһын бүтэрэн, билигин Арктикатааҕы государственнай институт хореографияҕа салаатыгар үөрэнэ сылдьар.

Уоллара Айдын – В.П. Артамонов аатынан Хамаҕаттатааҕы саха-француз лиссиэйин Х кылааһын үөрэнээччитэ, оҕо музыкальнай оскуолатын фортепаино кылааһын выпускнига.

“Талаан удьуордуур” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Биһиги, кулууптар, баҕа санаабыт диэн, саха ырыатын эйгэтигэр өссө да салгыы айымньылаахтык үлэлиэхтэрин, олорор олохторугар удьуор утума быстыбакка салҕанан иһиэн баҕарабыт.

Поповтар

          Виктор Михайлович, Октябрина Ивановна Поповтар 1988 сыллаахха ыал буолан, Хамаҕаттаҕа олохсуйаат, нэһилиэк  култуурунай-маассабай олоҕор кыттыбыт, кэргэннии дуэтынан үҥкүүнү биир бастакынан көрдөрбүт өрүү көхтөөх дьиэ кэргэнинэн буолаллар.

Ыал аҕата Виктор Михайлович 20-тэн тахса сыл “Айан-Транс” тэрилтэҕэ суоппарынан үлэлээбитин, кулууп тэрээһиннэригэр хор ырыаһытынан, көрдөөх сыаҥкаларга кыттарын, Хамаҕатта нэһилиэгин хоккейнай хамаандатын чилиэнэ, спортсмена буоларын туһунан кэргэнэ, ыал ийэтэ Октябрина кэпсиир.

Октябрина Ивановна Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгиттэн төрүттээх, оҕо эрдэҕиттэн ыллыырын, үҥкүүлүүрүн олус сөбүлүүрүн, араас кэнсиэртэри, испэктээктэри батыһа сылдьан, көтүппэккэ көрөрүн санаан ылла. Кини бэйэтэ норуот үҥкүүлэрин туруорар педагог-хореограф идэлээх, Намнааҕы З.П.Винокуров аатынан оҕо искусствотын оскуолатын Хамаҕаттатааҕы филиалыгар  преподаватель быһыытынан үлэлээбитэ 26-с сылыгар барда. Үлэтин таһынан уопсастыбаннай үлэҕэ сыстан, “Кытыл” түөлбэ салайааччытынан үлэлээбитэ. Үҥкүүлүүрүн ааһан,  иэйиилээхтик хоһоон ааҕар, ыллыыр, артыыстыыр. “Сыралҕан” мини-театр үлэтэ тахсарыгар сыратын, сатабылын биэрбит артыыскабыт буолар. Бу мантан сиэттэрэн, Октябрина Ивановна Саха Өрөспүүбүлүкэтин көр-күлүү  жанрын  маастарыгар тиийэ үүммүт, СӨ култууратын туйгуна, “СӨ норуот айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайына.

Поповтар икки оҕолоох, икки кыыс сиэннээх ыаллар. Улахан кыыс Ульяна Хамаҕатта орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, литературнай кириитик идэлээх. Оскуола эрдэхтэн  актыыбынай позициялаах, ураты көрүүлэрдээх, ылыннарыылаах этиилэрдээх бастыҥ үөрэнээччи этэ. Бииргэ үөрэнэр дьүөгэтэ Дария Сивцевалыын (Замятина) 2004 сыллаахха “Ыйдаҥа Куолар” бөлөҕү  тэрийбиттэрэ. VIII кылааска сылдьан “Бырастыы гын” диэн  рок хайысхалаах бастакы ырыаларын толорбуттара. Ол кэмтэн ыла уопсайа 9 ырыалаахтар. 2005 сылтан Саха сирин радиоларын долгуннарыгар ырыалара күннэтэ иһиллэр. Дьон кутун-сүрүн ордук туппут ырыалара: “Аныыбын эйиэхэ”, “Эн этиий”.  Ырыа тылын, матыыбын Дария айбыта. Аранжировкатын бэйэлэрин баҕаларынан уонна төрөппүттэрин көмөлөрүнэн “Эҥсиэли records” устуудьуйаҕа Сергей Акимбетовка оҥоттороллоро. Тохсус кылаастан Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Ханалас улуустарыгар ыҥырыыга сылдьаллара, Дьокуускай куорат кэнсиэртэрин үрдүк сыанатыгар ыллыыллара.

          Уоллара Харысхан Попов – Саха-француз оскуолатын выпускнига. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар “Государственное муниципальное управление”, ол кэннэ ХИФУ автодорожнай факультетыгар логистик идэлэригэр үөрэммитэ. 2013 сыллаахха Булуҥҥа “Маяк Арктики” хаһыат бастакы категориялаах редакторынан, 2019 сылтан дойдутугар кэлэн, Хамаҕаттаҕа  норуот айымньытын киинигэр звукооператорынан үлэлиир. Кэлин суруйуу, сырдатыы эйгэтин умсугуйан, Нам улууһун “Эҥсиэли” хаһыакка бастакы категориялаах редакторынан үлэлээн, улууска “2020 сыл бастыҥ корреспондена”, 2021 сылтан Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, өрөспүүбүлүкэҕэ “Сыл бастыҥ общественнай корреспондена-2022”, 2023 сыл түмүгүнэн улууска “Бастыҥ спортивнай корреспондент” ааты ылары ситиһиэн ситистэ. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар спортивнай күрэхтэри, спортсменнары тиһигин быспакка, ааҕааччыларга өрүү сырдатар.

          Көхтөөх Поповтар дьиэ кэргэн оҕолоругар, сиэннэригэр кинигэни ааҕыыга интэриэһи тардар үгэстээхтэр. Бу курдук, олох биэрбит кэрэ эйгэтэ эһиги дьиэ кэргэни арыаллыы сылдьарыттан үөрүөх ээ тустаахпыт.

Новгородовтар

          Михаил Михайлович, Надежда Николаевна Новгородовтар – «Ретро Данс» норуодунай үҥкүү кэлэктиибин кэргэннии паараларыттан биирдэстэрэ.

Кинилэр түмсүү саҕаланыаҕыттан бииргэ тутуспутунан сылдьаллар. Чөмпүйүөн ыанньыксыт Михаил, ханан даҕаны үҥкүүгэ сыстыбатах киһи, тапталлаах кэргэнин Надеждатын өйөөн, үҥкүүгэ сылдьан саҕалаабыт эбит буоллаҕына, устунан спортсмен хаана оонньоон, уруккута уһуну сүүрүүгэ спортсмен буолан, кыайыыга дьулуһан дьарыктанан, билигин ситиһиилэрэ, мэтээллэрэ элбэх.

Дьиэ хаһаайката Надежда, оҕо сааһын ыра санаата туолан, баҕа санаа туолуутугар олуһун  итэҕэйэр. Кини үҥкүүгэ кэтэр таҥаһын үксүн бэйэтэ тиктэр, көмүс тааһынан киэргэтэр, ситэрэр, онон хас сыанаҕа тахсыыта уларыйан иһэр. Иккис группалаах инбэлиит киһи  олоҕу толору олорор баҕатын күүһүнэн үҥкүүлүүр, волейболлуур, сыал ытар, теннистиир, остуол оонньууларыгар көхтөөхтүк дьарыктанан,  бэйэтин бөлөҕөр улуус чиэһин көмүскүүр.

           Михаил, Надежда нэһилиэк култуурнай олоҕор тутуспутунан сылдьан, актыыбынайдык кытталларын биһирии, сэргии көрөбүт.

Кинилэр күҥҥэ көрдөрбүт үс кыыстаахтар. Аччыгыйдара Оксана Михайловна – «Түһүлгэ» норуот айымньытын киинин исписэлииһэ. Кини кэргэнэ Владимир Кудрин Уус Алдан Дүпсүнүттэн төрүттээх. Оскуола сааһыттан умсугуйан, ырыаҕа уһуйуллан улааппыт. Кэлин Хамаҕаттаҕа кэлэн, ырыаҕа дьарыгын сөргүтэн, ансаамбылга эбэтэр соҕотохтуу, дьиэ кэргэнинэн ыллыыр-туойар артыыспыт. Кинилэр уоллаах кыыс оҕолоохтор. 

Кыыстара Айыына ырыаҕа сөбүлээн дьарыктанар. Оскуола, нэһилиэк, улуус иһинэн тэрээһиннэргэ кыттыыны ылар.

2023 сыллааҕы үрүҥ тунах ыһыах, инникини көрбүт курдук, дьиэ кэргэҥҥэ анаммыта. Кудриннар ыһыах күн дьиэ кэргэн кэнсиэрин иилээн-саҕалаан ыыппыттара. Ити курдук, Новгородовтар, Кудриннар дьиэ кэргэн кэрэлиин кэккэлэһэр айымньылаах  олохторо кэҥээн-кэтирээн сайдыыга талаһар.

Никитиннэр

           Үҥкүү эйгэтигэр кэргэнниилэр биир түһүлгэҕэ, биир кэнсиэргэ, биир үҥкүүгэ тахсыылара – бу бэйэтэ эмиэ туохха да тэҥнэммэт кэрэ көстүү. Дьоллоох олохторун үҥкүү кэрэ эйгэтин кытта тэҥҥэ ситимнээн, өр сылларга сиэттиспитинэн «Ретро Данс» норуодунай  ансаамбылга үҥкүүлээн ааспыт Яков Петрович, Раиса Николаевна Никитиннэр дьиэ кэргэни ааттыыбыт.

Кинилэр «Ретро Данс»  тэриллиэҕиттэн бу кэлэктиипкэ дьаныардаахтык дьарыктанан, элбэх тэрээһиннэргэ, гастролларга кыттан, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэр хас да төгүллээх призердара буолбуттара.

Улахан кыыстара Айталина Яковлевна – Е.М. Шапошников аатынан Хамаҕаттатааҕы орто оскуолатын биология предметин учуутала. Кини кыра эрдэҕиттэн «Радуга» оҕо үҥкүү  ансаамбылыгар уһуйуллан, күн бүгүнүгэр диэри үҥкүү кэрэ алыбар уйдаран, элбэх тэрээһиннэрбитин киэргэтэр.

Кыра кыыстара Алика-Александра эмиэ оҕо эрдэҕиттэн үҥкүүгэ сыстан, оҕо музыкальнай оскуолатын хореографическай кылааһын үөрэнэн бүтэрэн, нэһилиэкпит араас тэрээһиннэригэр, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирдарга ситиһиилээхтик  кыттан, күн бүгүн устудьуон буола улаатта.

Үҥкүү тэтимин туппут Никитиннэр дьиэ үүнэр кэнчээри ыччата, оҕолоро, сиэннэрэ, дьоннорун  холобур оҥостуохтара турдаҕа.

Ивановтар

         Хамаҕатта нэһилиэгэр кэлэн олохсуйбут, кэпсээбит-ипсээбит, саҥарбыт-иҥэрбит үөрүнньэҥ, амарах санаалаах, баян дьүрүскэнигэр уйдаран ыллаан дуоһуйар сэргэх ыалларынан биллэр – Хаҥаластан төрүттээх Людмила Егоровна, Степан Давыдович Ивановтар.

Оччотооҕу кэмҥэ „Комсомольскай“ сопхуоска бэриниилээхтик үлэлээн, ыал ийэтэ сопхуос остолобуойугар сэбиэдиссэйдээн, повардаан, ыал аҕата суоппардаан, иллэҥ кэмнэригэр кэрэни, култуура, спорт эйгэтигэр умсугуйан, нэһилиэк актыбыыстара буолан, күн бүгүҥҥэ диэри сэргэхтик олорор ыаллар.

Людмила Егоровна повардаан үлэлээбит ыстааһа – 46 сыл. Тумус туттар Сахабыт сирин биллэр асчыта Иннокентий Тарбаховтыын Нам остолобуойугар бииргэ үлэлээбиттэрин, элбэххэ үөрэммитинэн күндүтүк саныыр. Билигин да Людмила Егоровна үлэ үөһүгэр сылдьар, Хамаҕаттаҕа саха-француз лиссиэйигэр повардаабыта 30-тан тахса сыл буолла. 2017 сылаахха ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Далбар Хотун” куонкуруска нэһилиэк, улуус чиэһин көмүскээн, дьиэ кэргэнинэн ситиһиилээхтик кыттан, “Айыы Хотун” аат иҥэриллибитэ.

Степан Давыдович музыка эйгэлээх, баян доҕуһуоллаах. Баяҥҥа оонньуур анал үөрэҕэ суох да буоллар, баҕа өттүнэн тугу сатыырынан оонньоон, “Играй гармонь” (2008 с), Илья Христофоров бириһиигэр ыытыллыбыт (2019) улуустааҕы баянистар куонкурустарын кыайыылааҕа. Нэһилиэккэ ыытыллар кэнсиэртэргэ көрдөһүүбүтүн ылынан, өрүү кыттар, ылланар ырыаларга доҕуһуоллуур.

Ивановтар түөрт оҕолоохтор. Уоллара Мирослав техникаҕа сыстаҕас механик, кийииттэрэ Надежда учуутал, 3 оҕолоох эдэр ыаллар. Улахан кыыс Александра быраас идэлээх, 5 оҕолоох, Аммаҕа олорор. Кыра кыыстара Лидия – физкультура учуутала, тустууга өрөспүүбүлүкэ 2 төгүллээх чөмпүйүөнэ, Намнааҕы баһаарынай сулууспаҕа инспектордыыр, 2 оҕолоох.

Төрөппүттэр оҕолорун, сиэннэрин үлэнэн иитиигэ ураты болҕомтону уураллар, онон бары үлэни кыайар, сатыыр, кыайыгас, тобуллаҕас буола улааталлар. Саха ыалын сиэринэн ынах, сылгы иитэн, кэтэх хаһаайыстыбалаахтар, бары бииргэ айылҕаҕа сылдьалларын, сөтүөлүүллэрин, сир астыылларын сөбүлүүллэр, сайынын оттууллар, төрөөбүт дойдуларыгар тиийэн, аймах дьоннорунуун алтыһан, сойбот сонуннарын үллэстэн, күө-дьаа, үөрэн-көтөн, этэҥҥэ  олороллор.

Местниковтар

Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэриттэн биирдэстэрэ – 6 оҕолоох  Местниковтар. Саха киһитин сиэринэн, оҕолорун иитэн-үөрэтэн, улаатыннаран, эһээ-эбээ дэттэрэр сиэннэрдээх дьон.

          Ыал аҕата Григорий Дмитриевич аҕата Дмитрий Григорьевич кулууп сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, хор солиһа этэ. Ийэлэрэ Раиса Афанасьевна тойуктуура, эдьиийэ Сардана Дмитриевна хор, ансаамбыл ырыаһыта, уус-уран самодеятельность актыбыыһа. Онон оҕо эрдэҕиттэн култуура эйгэтиниин алтыһан улааппыта. Григорий Дмитриевич – дуобакка спорт маастарыгар кандидат, улуус хас да төгүллээх чемпиона, өрөспүүбүлүкэ призера. Нэһилиэктэр икки ардыларыгар сыллата ыытыллар култуура фестивалын, нэһилиэк араас таһымнаах тэрээһиннэрин бастыҥ кыттыылааҕа. Ол  курдук,  сценаҕа ыытааччы, ырыаһыт, артыыс быһыытынан кыттыбыта 30-тан тахса сыл буолла.

          Күн күбэй ийэлэрэ Людмила Николаевна – дьиэ кэргэн тутаах киһитэ, сүрүн сүбэһитэ. Оҕолор тустара диэн, өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн, сатабылын ууран улаатыннартаабыт, сиэр-майгы өттүнэн  үтүө дьон буолалларыгар олук уурбут маанылаах киһилэрэ. Нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕун актыбыыһа. Хомуска оонньуурун сөбүлүүр, сахалыы остуол оонньууларынан үлүһүйэр.

         Улахан уол Дима Салбаҥ орто оскуолатыгар омук тылын учууталынан үлэлиир. Олох кыра сааһыттан ыллыыр, оскуола саҕаттан хоһоон ааҕар.

Ырыаҕа уһуйбут учууталынан Кокорева Роза Алексеевнаны ааттыыр. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр Парникова Юрчана Юрьевна салайааччылаах “Уолан ааҕыыларыгар” хоһоону доргуччу ааҕыыга дьарыктанара, устудьуоннуур сылларыгар “Эйгэ” уонна “Хомуһун” устуудьуйаҕа ыччат дьоннуун айбыта-туппута. Хамаҕатта, Салбаҥ нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһын кыттыылааҕа, хор уонна ансаамбыллар солистара, ырыа өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин кыайыылааҕа. Улуустааҕы фестиваль “Лучший вокал” аатын хаһаайына, В.В.Ушницкай-Сэки хоһоонноругар өрөспүүбүлүкэтээҕи  күрэх II миэстэлээҕэ. Сөбүлүүр спордун көрүҥнэрэ – саахымат уонна спортивнай ориентирование. Кэргэнэ Мария Салбаҥ нэһилиэгэр библиотекарынан үлэлиир, уол оҕолоохтор.

          Орто уол Айхал Намнааҕы култуурунай-спортивнай комплекска чэпчэки атлетика тренеринэн үлэлиир. Саха сирин хас да төгүллээх чемпиона уонна призера, Саха сирин норуоттарын спартакиадатын чемпиона уонна призера.

Арассыыйа оҕолорго сүүрүүгэ гимназиадатын призера. Кылгас дистанцияҕа эстафетанан сүүрүүгэ өрөспүүбүлүкэ рекордсмена. Кэргэнэ Туйаара Намнааҕы улуус гимназиятын учуутала, баскетболга Саха сирин норуоттарын спартакиадатын икки төгүллээх призера.

Кыра уол  Гриша СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин салаатын эппиэттээх үлэһитэ. Ил Түмэн иһинэн Ыччат парламенын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, тутар этэрээт хамандыырынан үлэлээбитэ.

Гитараҕа оонньуурун сөбүлүүр. Кэргэнэ Сайаана – Хомус  түмэлигэр исписэлиис. Уол оҕолоохтор.

Улахан кыыс Сандаара – ХИФУ магистрана. Орто оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. IT идэлээх. Волейболунан утумнаахтык дьарыктанар.

Сунтаар улууһугар олорор. Кэргэнэ Филипп – Мииринэйдээҕи политехническай институт устудьуона. Институт баскетболга хамаандатын чилиэнэ. Уол оҕолоохтор.

        Орто кыыс Санаайа – ХИФУ устудьуона. Синтезаторга оонньуурун, ыллыырын сөбүлүүр. Аахпытын, истибитин өйдөөн хаалар ураты дьоҕурдаах. Ас астыырын, иистэнэрин, уруһуйдуурун сөбүлүүр.

        Кыра кыыс Уйгу – ХИФУ устудьуона. Оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ.  Ыллыыр, гитараҕа оонньуур. Сахалыы остуол оонньууларыгар өрөспүүбүлүкэ призера, улуус чемпиона уонна призера.

        Биир дойдулаахпыт Георгий Белоусов ыытар «Өркөн өй» оонньуутугар Местниковтар аҕалара Григорий Дмитриевич улахан уола Дмитрийдыын кыттаннар, үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайыннара буолбуттара.

         Элбэх оҕолонуу дьолун билбит Местниковтар дьиэ кэргэттэрэ, таҥара биэрбит бэлэҕин барытын сиргэ аанньал гынан түһэрэннэр, күн сирин көрдөрөннөр, орто дойду олоҕун сырдык тыынныылларыгар улахан махтал буоллун.

Заболоцкайдар

         Илья Ильич, Екатерина Александровна Заболоцкайдар Хамаҕаттаҕа ырыа искусствота сайдарыгар улахан кылааттарын киллэрсэллэр.

Заболоцкайдар дьиэ кэргэн 2003 сыллаахха төрүттэммитэ. Ийэлэрэ Хамаҕатта орто оскуолатыгар  музыка учууталынан 18 сыл үлэлээн кэллэ. Аҕалара мас, тимир ууһа буолан, хомус уһаарыытынан дьарыктанар. Үс оҕолоохтор: улахан уол Максим веб-дизайнер салаатын быйыл бүтэрбитэ, улахан кыыс Наташа медицинскэй  институкка үөрэнэр, кыра кыыс Настя Хамаҕатта орто оскуолатыгар VII кылаас үөрэнээччитэ.

Заболоцкайдар 2007 сылтан, Хамаҕатта нэһилиэгэр олохсуйан олоруохтарыттан ыла, уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылаахтара. Ыллыыр дьоҕурдарын арыйан, күн бүгүҥҥэ диэри сыанаттан түспэт артыыстарбыт. Кинилэр култуураны уонна спорду дьүөрэлии тутан дьарыктаналлар. Аҕалара Илья хайыһарынан сүүрэр, ийэлэрэ волейболлуур, уол ох саанан ытар, кыра кыыс мээчик оонньууларын ордорор. Улахан кыыс оҕо сааһыттан тарбаҕар талааннааҕа биллибитэ. Билигин иистэнэн, дьонугар таҥас-сап тигэр, дьиэтин дьэрэкээн хартыыналарынан уруһуйдаан киэргэтэр. Кыыс аймах кэрэ буоларыгар аныгы үйэ муодатынан шеллак, кыламан оҥорон, дьон махталын ылар.

Аҕалаах уол 2017 сылтан улууска ыытыллар «Аҕа уолунаан»  күрэххэ биэс сыл ситиһиилээхтик кытыннылар,  бириистээх миэстэлэри ылан кэллилэр. Ийэлэрэ «Кыталыына» вокальнай триоҕа, «Түһүлгэ» фольклор бөлөҕөр, «Кытыл кыыма» вокальнай ансаамбылга, «Намылы» вокальнай триоҕа ыллыыр. Ону таһынан эр дьон ансаамбылыгар уус-уран салайааччыга көмөлөһөн, музыкальнай салайааччынан, нэһилиэк хорун хормейстерынан таһаарыылаахтык үлэлэһэр киһибит.

Назаровтар-Романовтар

        Дьиэ кэргэн ийэтэ Саргылана Петровна – Хамаҕатта олохтооҕо, физкультура учуутала, СӨ физичекэй култуураҕа туйгуна, Саха ВА бочуоттаах маастара.

Уус-уран самодеятельноска сыстан, Саҥа дьыллааҕы дьүһүйүүгэ Кот Базилио, кырдьаҕас Тураах оруолларын чаҕылхайдык толорбутун билиҥээҥҥэ диэри ахтан күлсэн ылабыт. Аҕалара Романов Юрий Павлович Сунтаар улууһун Хоро нэһилиэгиттэн төрүттээх. Юрий Павлович кылгас олоҕу олордор да, нэһилиэккэ сылгы иитиитинэн дьарыктанар этэ. Хамаҕатталар  ыһыах ыһар түһүлгэбитигэр саха таҥаһын дьиэ кэргэнинэн тиктэн, куонкурус кыайыылаахтара буолбуттара. Ыһыахха ыытыллар, үгэскэ кубулуйбут Моҕустар күрэхтэригэр Юрий Павлович үс төгүллээн чөмпүйүөнүнэн ааттаммыта. Мэҥэ Хаҥаласка ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын моҕустар күрэхтэрин үһүс миэстэлээҕэ буолан, Хамаҕаттаны ааттаппытын күндүтүк саныыбыт.

Эдэр ийэ санныгар үс оҕону – Максимы, Кыыдаананы, Даяны – иитэр эппиэтинэс сүктэриллибитэ. Саргылаана тулуурдаах, кытаанах санааны ылынан, олоҕун салгыы олорон, оҕолорун  улаатыннаран, оҕолор туһа-көмө дьоно буоллулар.

Максим нэһилиэккэ буолар кэнсиэрдэргэ III кылаастан кыттар. Александр Самсонов-Айыы Уолун ырыаларын наһаа сөбүлүүр, гитараҕа таһааран ыллыыр. Хаҥалас улууһун Улахан Ааныгар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттан, “Дебют года” анал аакка тиксэн, Айыы Уолун ийэтэ Марфа Иннокентьевнаттан суотабай төлөпүөн бэлэх туппута. Ол онтон кынаттанан, элбэх куонкурустарга кыттан кэллэ.

Сочи куоракка ыытыллар «Планета искусств», итиэннэ «Бриллиантовые нотки» норуоттар икки ардыларынааҕы, “Карусель творчества”, «Ыллаа, мин гитарам», «Көмүс дорҕоон» ырыа түһүлгэлэрин лауреата. Максим ырыа суруйар, айар дьоҕура сайдан, билигин хас да ырыалардаах. “Хотугу сулус” телевизионнай куонкуруска авторскай ырыатынан кыттан, дипломант буолбута. Уолун өйөөн, ийэтэ куруук бииргэ сылдьара. Арай биирдэ Максим: «Ийээ, эн үчүгэй баҕайытык ыллыыгын дии, тоҕо сыанаҕа тахсан ыллаабаккыный?» – диэн соһуччу ыйытан, оҕотун этиитин ылынан, Саргылана Петровна Хамаҕаттатын кулуубугар кэлэн,  2017 сылга дебюттуур.

Нэһилиэккэ, улууска  ыытыллар тэрээһиннэргэ куруутун кыттар. “Хаар кыһыны туойабын” ырыа түһүлгэтин фестивалыгар «Кэрэ куолас» анал аакка тиксибитэ, «Таланты Якутии» фестивальга (35-50 саастарга) лауреат, нэһилиэк «Бастыҥ уус-уран самодеятельноһын көхтөөх кыттааччыта» диэн анал аат хаһаайката буолбута. Назаровтар-Романовтар «Ырыа куттаах», «Музыкальная семья», «Поющая семья» анал ааттаахтар. Ситиһии, тахсыы дьолун билбит уол оҕото Максим   ийэтигэр Саргылана Петровнаҕа  анаан  «Ийэҕэ махтал» диэн ырыаны айан суруйбута.

Калачевтар

         Калачев Петр Петрович уонна Колесова Катарина Афанасьевна – 4 уол оҕонон айхалламмыт сахалыы куттаах дьиэ кэргэн. 

Ыал аҕата Петр Чурапчыттан төрүттээх. Кини – удьуор хомусчут. Киһи дуоһуйа истэн бара туруох курдук дьүрүскэнник, өбүгэ тыынын эргитэн аҕалардыы сыыйа тардан оонньуур. Хомуска кинини ийэтэ Евдокия Михайловна үөрэтэр. 1984 сыллаахха Калачевтар дьиэ кэргэн ансаамбылынан аан бастаан хомуска оонньообуттара.  Иван Алексеев-Хомус Уйбаан ыҥырыытынан, Дьокуускайга Саха театрыгар Калачевтар дьиэ кэргэн 5 оҕолорунаан сыанаҕа тахсан сүрэхтэммиттэрэ. Оччолорго Петр кыра киһи буолан, олоппоско салҕанан оонньоон, «олоппостоох хомусчут» диэн көрөөччүлэр таптаан ааттабыттара ахтыллар. Петр утуму салҕаан, кэргэнин, оҕолорун хомуска оонньуурга үөрэтэр. Нэһилиэк тэрээһиннэригэр кыттан, ураты тыыннаан, сахалыы ис хоһооннууллар.  2024 с. Аммаҕа буолбут Олоҥхо ыһыаҕар эбээ оҕолоро, сиэттэрэ диэн, барыта 12 буолан кыттан,  «Өбүгэ ситимэ» номинация хаһаайыттара ааты ылаллар.

         Катарина аҕата Колесов Афанасий Иннокентьевич –  норуот маастара. Ийэтэ Маргарита Петровналыын талаҕынан өрөллөр. Катарина төрөппүттэрин удьуордаан, уран тарбахтаах иистэнньэҥ, сатабыллаах уус. Кини уурбута-туппута, оҥорон таһаарбыта барыта чочуонай, тупсаҕай буолар. Төрүт оҕунан ытыыга оҕолору дьарыктыыр тренер. Үөрэтэр оҕолоро номнуо ситиһиилээхтэр.

Төрүт ох саанан ытыынан бастаан аҕалара үлүһүйбүтэ, Катарина 2019 сылтан холонон көрөн сөбүлээн ытар буолла. Бу дьиэ кэргэн, икки өттүттэн сүрдээх талааннаах дьон удьуордара буолан, иккиэн эмиэ тутуспутунан, хайалара да туора турбакка, оҕонунан ыталлар, күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар, хомуска оонньоон, саха үгэһин илдьэ сылдьаллар.

Новгородовтар

         Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгин эдэр ыала Розалия, Валерий Новгородовтар 5 оҕолоохтор.

Розалия Степановна Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгин элбэх оҕолоох Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ 10-ус оҕонон төрөөбүт. Иркутскайдааҕы экономическай институту бүтэрбитэ. Намнааҕы бизнес-инкубаторга туризм салаатын специалиһа. Валерий Гаврильевич Нам улууһун Хамаҕаттата. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөлэр. Чурапчытааҕы физкультура институтун бүтэрэн, физрук идэлээх. Хамаҕаттатааҕы баһаарынай чааска караул начаалынньыга.

 Оҕолоро бары сахалыы ааттаахтар. Улахан кыыс Уйгулаана – медицина колледжын II кууруһун устудьуона. Сандаара уонна Сандал – саха-француз лиссиэйин үөрэнээччилэрэ. Дархан – “Тускул” уһуйаан иитиллээччитэ. Байдам 1 саастаах кырачаан киһи.

Новгородовтар ыал буолбуттара 10-с сыллара. “Хас биирдии дьиэ кэргэн курдук, олохпут оҕолор тула эргийэр. Оҕолорбут саамай улаатар, сайдар, барыны бары сэҥээрэр саастарыгар сылдьаллар. Хас биирдии дьиэ кэргэн биир интэриэстээх буоллаҕына, сайдыы барар дии саныыбын. Ол курдук, оҕолорбут төрөөбүт тылларын, төрүт култуурабытын билэллэрин курдук, дьиэ иһигэр сахалыы тыыннаах иитии үлэтин ыытабыт. Сандал 4 сааһыттан олоҥхоҕо уһуйуллубута, Сандаара үҥкүү кылааһыгар сылдьар. Уйгулаана үҥкүүгэ Октябрина Ивановнаҕа, фольклорга Татьяна Михайловнаҕа дьарыктанан улааппыта. Кэргэним Валерий оҕо сылдьан Юрчана Юрьевна Парниковаҕа, кылааһын салайааччытыгар, хомуска дьарыктаммыт, үҥкүүгэ да уһуйуллубут. Онон оҕолорун ити хайысхаҕа эмиэ өйүүр. Уол оҕо хайаан да эт-хаан өттүнэн дьарыктаах буолуохтаах диэн, уолун тустуу секциятыгар биэрбитэ. Сандал бэйэтин сааһыгар кыра ситиһиилэрдээх. Хас биирдии ыал бэйэтэ хайдах иитиллэн тахсыбытынан оҕолорун иитэр дии саныыбын. Биһиги дьоммут эппиэтинэстээх буолууга, дьоҥҥо киһилии сыһыаннаһыыга, убаастабылга, айылҕаны харыстыырга барыбытын бэйэлэрин холобурдарынан ииппит буоланнар, оҕолорбутугар төрөөбүт дойдуга таптал баарын, айылҕа иччилээҕин, хаһаайыннааҕын, сири-уоту аһата сылдьыыны, нэһилиэк, улуус сайдарыгар күүс-көмө буоларга үөрэтэбит, быһаарабыт”, – диэн ыал ийэтэ Розалия Степановна кэпсиир.

2024 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сыл дьиэ кэргэнэ»  куонкуруска Нам улууһун аатыттан кыттан, Валерий уонна  Розалия Новгородовтар  “Элбэх оҕолоох ыал” анал аатын кыайыылаахтарынан ааттанан, Ил Дархан Айсен Николаев 300 тыһ. солк. суумалаах бириэмийэтинэн наҕараадаламмыттара. Валерий уонна Розалия Новгородовтар салгыы Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска Саха сириттэн кыттыыны ылбыттара кэрэхсэбиллээх.
         Розалияны уонна Валерийы кыайыыларынан эҕэрдэлиибит! Дьиэҕит иһин ил-эйэ эргийэ көттүн, тула өттүгүтүгэр чөл олох төлкөлөннүн, алаһа дьиэҕит аламай күнүнэн сандаардын!

Кинилэри үҥкүү холбообута

      «Ретро Данс» үҥкүү норуодунай кэлэктиибэ тэриллиэҕиттэн хас да паара сүрэхтэринэн сөпсөһөн, олохторун холбоон, ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн олороллор.

Үҥкүү холбооттообут ыалларын сыанаттан дьон уратытык сэргии, сэҥээрэ, астына  көрөр.

Ол курдук, үҥкүү кэрэ умсулҕаныгар ылларан, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылан кэлбит үҥкүүһүт паараларбытынан буолаллар – Андрей, Марфа Охлопковтар.

 Олус сэмэй, үлэһит, эппиэтинэстээх дьону үҥкүү холбообута барыбытын үөрдэр. Марфа Николаевна – «Тускул» оҕо саадын иитээччитэ. Нэһилиэк түөлбэтин начаалынньыгынан хотуулаахтык үлэлиир. Андрей эмиэ ыарахан үлэттэн толлон турбат үлэһит, удьуор спортсмен, талааннаах артыыс, гитарист. Уоллара Данил IX кылаас. Оскуола уонна «Түһүлгэ» норуот айымньытын иһинэн тэриллибит тыыннаах дорҕоон бөлөх кырыымпаһыта.

  Егор, Вера  Васильевтар үс оҕолоохтор. Хамаҕатта «Тускул» оҕо саадыгар иккиэн үлэлииллэр. Бу эдэр ыал, сиэттэспитинэн, сыанаҕа үҥкүүлүү тахсыылара – эдэр саас, таптал кэрэһиттэрэ буолан, дьолу түстүүр.

        Сандр, Вероника Находкиннар номнуо түөрт оҕолоох ыал.

Вероника музыка баспытаатала идэлээх. Сандр – элбэх талаан түмүллүбүт, айылҕа хатаҕалаан анаабыт уола: спортсмен, ырыаһыт, үҥкүүһүт, ВИА-ҕа тарбахха баттанар ударник, гитарист, кырыымпаһыт. Ырыа-үҥкүү аргыстаах Находкиннар «Сайдам ыал» улуус күрэҕин анал аат кыайыылаахтара.

Бу курдук, сырдыкка-кэрэҕэ талаһар, духуобунай баайдаах, айар-тутар баҕалаах дьиэ кэргэттэрдээх буоламмыт, Хамаҕаттаҕа дьон-сэргэ сөбүлээн олохсуйар, нэһилиэнньэ олоҕо сэргэх, бөһүөлэкпит сайдан иһэр саргылаах.

Татьяна Гаврильева,

Хамаҕатта, Нам

Добавить комментарий