Кини саха дьахтара сайдар саргытын түстээбитэ - Блоги Якутии

3 недели назад 955

Кини саха дьахтара сайдар саргытын түстээбитэ

Мин уолбалар ыытар тэрээһиннэрин наһаа сөбүлүүбүн – кинилэр киэнэ өрүү дириҥ ис хоһоонноох буолар. Аатыгар эрэ тэрийэр буолбакка, хайаан да суолтатын хас биирдии киһи өйдөөн барарын курдук былааннаан, сценарийдаан, бэлэмнээн ыытар уратылаахтар.  

Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн, Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин дьаһалтата, култуурата, оскуолата, этэргэ дылы, бүтүннүү көһөн киирэн, Дьокуускайга Арчы дьиэтигэр биир дойдулаахтара Мария Николаевна Петрова-Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылынан тэрээһини ыыттылар.

Аһыллыытыгар Мария Николаевналарын “Чахчы да, сүдү киһи эбит!” диир курдук, туох баар үтүөтүн-өҥөтүн бэлиэтээн, ситиһиитин чорботон туран, наһаа тиийимтиэтик билиһиннэрбиттэрин тиэрдэбин:

“М.Н. Андросова-Ионова саха тылын үчүгэйдик билэр буолан, Э.К. Пекарскай тылдьытыгар 565 ыстатыйаны, тылы быһаарыыны суруйан биэрбитэ.

 Этнограф Н.А. Виташевскай “Якутские материалы для разработки вопросов эмбриологии права” үлэтигэр кыттыспыта.

Л.Я. Штернберг ойууннааһын туһунан ыстатыйатыгар М.Н. Андросова-Ионова итэҕэлгэ, сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах суруйууларын  туһаммыта. 

Фольклорист В.Н. Васильевка “Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур”  олоҥхону чочуйан, көннөрөн, оҥорон биэрбитэ. Ону Э.К. Пекарскай “Образцы народной литературы якутов” кинигэтигэр киллэрбитэ .

“Күл-Күл Бөҕө оҕонньор икки Силирикээн эмээхсин”,  “Үүт аас бэйэлээх  Үрүҥ Аар Тойон ыччаттара” диэн 2 олоҥхону, итиэннэ “Орто дойдуну тупсарарга түспүт хара тыа иччитэ” олоҥхо саҕаланыытын суруйбута. Бу айымньылар саха уус-уран литературатын биир бастакы айымньыларынан буолаллар. 

Олоҥхолорун, ырыаларын, “Балыксыттар” айымньытын ааҕан баран, этнограф учуонай Г.В. Ксенофонтов: “Мария Николаевна саха бастакы поэтынан  билиниллиэх тустаах”, –  диэбитэ.

М.Н. Андросова-Ионова 1906 с. Наара Суох “Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн” олоҥхотунан турбут бастакы испэктээккэ Айыы Сабыйа оруолун, эһиилигэр 1907 с. Күлүмнүүр “Манчаары түөкүн” пьесатыгар Манчаары ийэтин уонна  Бэрт Маарыйаны оонньообута. Онон норуодунай артыыс буолбут Уолба кыргыттара Анна Егороваҕа, Дария Слепцоваҕа Саха тыйаатырыгар суолу тэлбитэ.

1925-1926 сылларга ССРС Наукаларын академиятын Саха сиригэр ыытыллыбыт кэлим эспэдииссийэтигэр Мария Николаевна “Киһи” диэн сиэксийэҕэ  кыттыбыта.

Медицинаҕа, этнографияҕа, фольклорга, историяҕа, сүөһүнү иитиигэ,  оҕуруот аһын үүннэриигэ сүүнэ элбэх үлэлээх.

Научнай үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанан, Нуучча географическай уопсастыбатын Кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Онон Мария Николаевна сахалартан биир бастакынан наукаҕа хардыыны оҥорбута.

Таатта чулуу олоҥхоһуттарын үтүөкэннээх үгэстэригэр иитиллибит М.Н. Андросова-Ионова олоҥхото саха дьахталларыттан бастакынан сурукка-бичиккэ киирбитэ”.

Аахтыгыт? Ити мин, көннөрү истээччи, долоҕойбор хатаабытым итиччэ. Аҥаардас кэлбит дьоҥҥо ити да билиһиннэриинэн сыалларын ситиэх эбиттэр эрээри, өссө кылгас кэмпириэнсийэлээхтэр.

Ол курдук, Тааттатааҕы Олоҥхо ассоциациятын кыттыылаахтара – учууталлар М.В. Сивцева, У.А. Хоютанова,  А.П. Боппосова, Р.С. Маркова, психологтар Т.Ю. Прокопьева, О.С. Дьяконова, эмчит М.П. Матвеева –  “Күл-Күл Бөҕө оҕонньор икки Силирикээн эмээхсин” олоҥхоҕо оҕо төрөөһүнүн олугун тыл, өҥү-дьүһүнү туттуу, итэҕэл, сиэр-туом, ахсаан, уйулҕа, медицина өттүттэн көрөн ырыттылар. Бэрт кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтилэр.

 Изабелла Александровна Сивцева, Олоҥхо ассоциациятын Тааттатааҕы салайааччыта:

-Биһиги ассоциациябыт бу курдук олоҥхону бары өттүттэн көрөн ырытар үлэни ыытар. Тоҕо диэтэххэ, олоҥхоҕо олоҕу хайдах сөпкө тэринэн олоруу сүбэтэ, өйө-санаата, оҥкула барыта баар. Олоҥхону ырыппыппытын “Сир түннүгэ” диэн кыраайы үөрэтээччилэр сурунаалларыгар түмэн бэчээттэппиппит.

2014 сыллаахха улууспутугар соҕотох биир олоҥхоһуттаах этибит – Алексей Николаев. Ол иһин 2015 сылтан нэһилиэктэринэн түөлбэ олоҥхотун толоруунү көҕүлээн барбыппыт. Билигин хас нэһилиэк аайы олоҥхоһуттар бөлөхтөрө баар буолла. Ону сэргэ олоҥхону соҕотоҕун толорор 12 киһилэннибит.  Аны улууспутугар Олоҥхо ыһыахтарын ыһан эрэбит.  Хомуур олоҥхону тэрийэбит. Оҕолорго олоҥхоҕо аналлаах “Көһөҥө көмүстэрэ” лааҕыр үлэлиир.

М.Н. Андросова-Ионова күрэҕин Тааттаҕа да ыытар кыахтаах этибит. Ол эрээри Мария Николаевна Таатта эрэ дьахтара буолбатах, кини саха дьахтарын, омук сайдарын туһугар олорбута. Хайдах тыыннаах хаалан, сайдар  суолу бары өттүнэн ыйбыта, ону сурукка тиспитэ, ону ааһан наукаҕа киллэрэн чиҥэппитэ.

Кырдьык, оннук киэҥ далааһыннаах киһи тэрээһинэ киин куоракка буолбута оруннаах эбит.

Манна “ОНДУРУОҺАП ЭМЭЭХСИН КУРДУК ОНОЛУЙА ТУОЙДАХПЫНА…” күрэххэ Бүлүүттэн, Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Дьааҥыттан, Сунтаартан, Кэбээйиттэн кэлэн, барыта холбоон 45 киһи кытынна.

Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, бөлөҕүнэн толорууга “Кылыһах”  (Тыараһа) бастаата, “Дьэ-буо” (Уолба) иккистээтэ.

“Түөлбэ олоҥхото” аат – “Удьурҕай-Таатта” (Ытык Күөл).

“Олоҥхону үйэтитии” – “Алаһа дьоҕура”  (Дьокуускай куорат).

Дьахталлар биирдиилээн толорууларыгар түмүк:

“Кылаан чыпчаал” – Елена Руфова (Бастакы Хомустаах, Нам).

I үрдэл – Людмила Цой (Ытык Күөл).

II үрдэл – Галина Полускина (Тыараһа).

  III үрдэл – Зинаида Слепцова (Уолба).

Анал ааттар:

“Кылыгырас куоластаах тойуктаах” – Татьяна Слепцова (Ытык Күөл).

“Кэскиллээх толорооччу” – Хаар Захарова (Хоро, Үөһээ Бүлүү).

 “Дорҕоонноох тойуктаах” – Изабелла  Макарова-Толоон Туорааҕа (Сунтаар).

 “Оһуор дьэрэкээн тыллаах толорооччу” – Аграфена Аржакова (Чөркөөх, Таатта).

“Түөлбэ ырыатын-тойугун тутааччы” – Прасковья Антонова (Дьааҥы улууһа).

Маны таһынан 81 саастаах ытык кыттааччы Валентина Петровна Харайдановаҕа (Дьохсоҕон, Таатта) Уолба нэһилиэгин дьаһалтата анал бирииһин туттарда.

Дьүүллүүр сүбэҕэ духуобунас академига Валентина Бочонина, Култуура уонна ускуустуба кэллиэһиттэн уһуйааччылар Александра Васильева, Сардаана Харитонова, итиэннэ олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэрин кыайыылаахтара Яна Нюргусова, Раиса Маркова, Марфа Аммосова үлэлээтилэр.

Бириистэри Олоҥхо ассоциацията (сал. Ф.Е. Шишигина), Таатта-Томпо быыбардыыр уокурук дьокутаата В.Н. Лебедев, Норуот айымньытын улуустааҕы киинэ (дир. Г.Г. Вырдылин), “Сарыал” КК ( дир. А.И. Тарасов), Дьахтар сэбиэтэ (сал. В.И. Будикина), Уолба нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык А.А. Винокуров), И.Слепцов аатынан Норуот айымньытын киинэ (дир. Л.А. Егоров), Ленин аатынан оскуола (дир. А.В. Аржаков), “Туймаада уолбалара” түмсүү (сал. А.И. Андреев), “Баай Ас” ТХПК (сал. С.Н. Андросов) олохтоотулар.

Бу күн М.Н. Андросова-Ионоваҕа анаммыт буруолуу сылдьар саҥа кинигэни илиилэригэр туппуттарын туһунан баһылык Александр Винокуров иһитиннэрдэ. Оттон быйыл “Наследие Ионовых” диэн кинигэни хомуйан таһаартарбыт Елизавета Ушницкая тэрээһиҥҥэ күндү ыалдьыт буолан сырытта.

Мария Николаевна хаан-уруу аймахтара Петровтартан  Ефросинья Васильевна Попова тыл эттэ. Ийэтэ Петрова Мария Ананьевна: “Ыллаама, эдьиийиҥ Маарыйа ырыаһыт этэ, ол иһин соҕуруу илдьэ барбыттара”, – диэн куттуурун өйдөөн хаалбытын аҕынна. Оччотооҕу дьоҥҥо атын сиргэ көһүү – төннүбэт кэриэтэ барыы буоллаҕа эбээт, ол иһин долгуйан, кыыһын харыстаан, бэйэтиттэн тэйитимээри, итинник диэн эрдэҕэ.

Таатта улууһугар Дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Варвара Ильинична Будикина оччотооҕу кэм дьахталларын дьылҕатын уонна билиҥҥи ийэлэр, кыргыттар аналларын тэҥнии тутан, ситим быстыбатыгар баҕаран туран, эҕэрдэтин тиэртэ.

Тэрээһини сырдатыыны ыытааччы Зоя Петровна Боппосова холобурдаан эппит тылларынан  түмүктүүбүн:

-М.Н. Андросова-Ионова “Биһиэхэ үөрэх олохтонон, өлүү-сүтүү уурайан, дьонум туора омуктарга ымсыырбакка, көҥүл олоххо олоруохтара дии санаан, сүрэҕим-быарым бөҕөхсүйэр” диэн суруйбутун суруналыыс Дмитрий Кустуров: “Аҥаардас ити ыратын да иһин биһиги биир уратылаах өбүгэбитин, уһулуччу талааннаах саха дьиктилээх дьахтарын умнар, ахтан-санаан ааспат бырааппыт суох”, – диэн.

Сырдатта Анисия Иевлева.  

Добавить комментарий