Тоҕо мин биэрбит кинигэм арыллыбатый? - Блоги Якутии

2 месяца назад 399

Тоҕо мин биэрбит кинигэм арыллыбатый?

“Бэйэм үппэр чааһынайдарга таһаартарбыт кинигэбиттэн 3 эксэмпилээрин Национальнай бибилэтиэкэҕэ илдьэн биэрбитим. Ол оннук хаалбыта, умнан да кэбиспитим.

Арай биир үтүө күн дьүөгэм миэхэ сигэ ыытта. “Бу мин кинигэм сыылката, ааҕаар”, – диэтэ. Арыйан көрөн баран: “Наһаа үчүгэй эбит дии, кинигэни маннык бүтүннүү куоппуйалаан угаллара”, – диэн биһирээтим.

“Национальнай бибилэтиэкэ электроннай бибилэтиэкэтин кинигэлэрин итинник онлайн ааҕыахха сөп ээ”, – диэн быһаарбыта. Ону мин: “Ээ, оччоҕо мин кинигэм эмиэ баара буолуо, кинилэргэ илдьэн биэрбитим”, – диэн эрэллээхтик хардарбытым.

Дьэ, ол иһин https://new.nlrs.ru/ саайкытыгар регистрацияланан, “Илим” диэн сирдьиккитинэн (поисковигынан) көрдөөн,  кинигэбин буллум эрээри, хомойуох иһин, кыайан арыллыбат. “Закрытый” диэн суруктаах. Тоҕо?”

 

Итинник курдук ыйытыылары үгүстүк истэбит. Судургутук быһаардахха, эн бибилэтиэкэҕэ биэрбит кинигэҕин Национальнай бибилэтиэкэ саалатыгар олорон эрэ ааҕыахтарын биитэр кэлэн уларсыахтарын сөп. Оттон сигэнэн киирэн, элбэх киһи онлайн ааҕыан баҕарар буоллаххына, бибилэтиэкэни кытта дуогабар түһэрсиэххин наада: мин кинигэбин оцифровкалаан, электроннай бибилэтиэкэҕитигэр киллэрэн, ким баҕар онлайн ааҕарын боппоппун диэн. Оччоҕо “открытый” диэн буолар уонна “читать” диэн кунуопка эбиллэр.

Сорохтор: “Оо, дьэ, тугун эмиэ сөбүлэҥэй арааһай? Ыллыгыт да, бэйэҕит уган иһиэххитин”, — диэччилэр.

Доҕоттоор, билигин барытын быраап быһаарар үйэтэ буолбаат? Оннук ыйыппакка эрэ, электроннай бибилэтиэкэҕэ киллэрбиппитин кэннэ, баҕар, ким эмэ кэлэн: “Тоҕо бар дьон ааҕарыгар таһаардыгыт? Мин маны өссө эбии бэчээттэтэн, тиксибэтэх дьоҥҥо атыылаары гыммытым ээ”, – диэн баайсан туруон сөп. Ол иһин ааптар эбэтэр хомуйан оҥорооччу тус көҥүлэ булгуччулаах.

Кинигэ, чахчыта да, дьон аахтын диэн суруллар. Ол иһин сыыппара эйгэтигэр хаачыстыбалаахтык сканердаан үйэтитэр босхо өҥөнү туһанан, электроннай бибилэтиэкэҕэ киллэртэрэргит, биллэн турар,  ааптарга бэйэтигэр олус абыраллаах уонна табыгастаах. Итиэннэ, бу диэн эттэххэ, куйаар ситимигэр үйэтитиллибит айымньы сүппэт-симэлийбэт дьылҕаланар.

Онон электроннай бибилэтиэкэҕэ киллэртэриэххитин баҕарар дьон бу 89142223579 нүөмэргэ бассааптаан билсиҥ.

Добавить комментарий