4 месяца назад 589
Национальнай бибилэтиэкэ ханан баарын билэҕин дуо?
Дьокуускай төрөөбүт күнүн көрсө, куорат биир улахан тэрилтэтэ – Национальнай бибилэтиэкэ – ханан баарын дьонтон ыйыталастым. 11 киһиттэн 3-һэ эрэ тута ыйан биэрдэ. Онтон атыттар, мунаахсыйа түһэн баран: “Пушкинканы этэҕин дуо?” – диэн чопчуластылар, сорохтор толкуйдуу да сатаабакка: “Билбэппин”, – диэт ааһа турдулар.
“Билбэппин” диэбиттэри баалаабаккын. Бастатан туран, билигин бибилэтиэкэҕэ бэйэтигэр кэлбэккэ даҕаны, электроннай өҥөлөрүнэн туһаныахха сөп. Уонна, уопсайынан да, Интэриниэттэн наадыйаргын барытын кэриэтэ булар кыахтааххын. Иккиһинэн, дьон билэригэр анаан, холобура, бу Грознайга курдук, аатын улаханнык суруйтаран ыйыахха баар эбит…
Оттон “Пушкинканан” билээччилэргэ этиэм этэ: бибилэтиэкэ 1990 сыллаахха, “национальнай” диэн статуһу ылыаҕыттан, Пушкин аатын сүгэн бүппүтэ.
Ити кэмтэн ыла 34 сыл ааста. Ол тухары үксүбүт “Пушкин аатынан бибилэтиэкэ” диэн суруйа сылдьара мэлдьэх буолбатах. Оптуобус тохтобулун эмиэ соннук биллэрэллэр.
Доҕоттоор, чуолаан иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ дьоно, нэһилиэнньэни чахчыга олоҕуран сырдатарга кыһаллыаххайыҥ, оруннаах информацияны тиэрдэргэ сорунуоххайыҥ. Ол биһиги, суруналыыстар, эбээһинэспит, дьон иннигэр эппиэтинэспит.