Тыыннаахап - Блоги Якутии

4 месяца назад 551

Тыыннаахап

Өрөспүүбүлүкэҕэ ат успуордун көҕүлээбит Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Томпо уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарын, итиэннэ I Мөҥүрүөн нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, аатырбыт ат баайааччы, байанайдаах булчут, 97 саастаах ытык кырдьаҕас, кэргэнин кытта үбүлүөйдээх 75-с сылларын бииргэ олорор саха саарына Иннокентий Саввич Свинобоев-Тыыннаахап туһунан кинигэ сүрэхтэниитэ от ыйын 20 күнүгэр Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин салаатыгар буолан ааспыта.

Кинигэни Томпо улууһун уонна Байаҕантай нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина Василий Габышев уонна “Эркээйи” хаһыат кэрэспэдьиэнэ Иннокентий Аммосов хомуйан оҥордулар. Тыыннаахап биир дойдулааҕа Борис Павлов-Кэм “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар 300 эксэмпилээринэн бэчээттэнэн таҕыста. Дьоро тэрээһини Ирина Харайданова-Сэгэлдьийэ Чээлэй иилээн-саҕалаан ыытта.

Куоракка баарым буоллар, хайаан да сылдьыа эбиппин. Кини төрөппүт кыыһа Татьяна Иннокентьевна Колодезникова наһаа талааннаах. Сылгы сиэлиттэн араас оҥоһуктары оҥорор, норуот маастара да буолуон сөптөөх. Презентация күн оҥоһуктарын быыстапкаҕа туруорбут.

Кэргэнэ Николай Тимофеевич Колодезников биһиги аҕабыт, норуодунай суруйааччы Егор Неймохов оҕо эрдэҕиттэн доҕоро этэ. Сыл эрэ курдук быысаһан, иккиэн утуу-субуу  олохтон туораабыттара…

Николай Тимофеевич үйэтин тухары Дьөгүөрдүүн бэйэ-бэйэлэригэр хардарыта көмөлөсүһэллэрэ. Куоракка киирдэҕинэ, биһиэхэ түһэрэ.

Биирдэ аҕа кыннын кытта биһиэхэ кэллилэр. Туох эрэ бырааһынньыкка Тыыннаахабы чиэстээһин буолар быһыылааҕа. Онно оҕонньор хаартыската, мэтириэтэ наада диэн буолла. Дьөгүөр: “Сахалыы таҥастаах түһэриэххэ”, – диэтэ. Оччолорго эр киһи сахалыы таҥаһа олох суоҕа. Толкуйдаан баран: “Виталий Андросовка баар буолуохтаах”, – дэстибит. Мелодист, ырыаһыт киһиэхэ, кырдьык, баар бөҕө буоллаҕа дии. Сырдык саһархай (сылгы мааһынан эттэххэ, хоҥор) өҥнөөх сукунаттан тигиллибит, күндү түүлээх кыбытыктаах, эмиэ да оҕуруо оһуордаах курдук, эр киһи сонун кэтэрдэн түһэрдибит. Оҕонньорбут сүрдээх сэргэх дьүһүннээх, нууччалыы чопчулаатахха, классическай профиллаах, уоһун үрдүгэр бытыктаах, тура сылдьар кылгас баттахтаах, дьоҕус уҥуохтаах. Ол иһин кыратык кырыыбалыы, ойоҕоһуттан көстөр гына түһэрбиппит.

Оҕонньор кэпсээннээх этэ. Олоҕун кэрэхсэбиллээх түгэннэрин сэһэргээбитэ. Мин урут Свинобоевы ат баайааччы диэн истэрим уонна дьиибэргиирим: “Аты ким баҕарар баайар ини?” диэн. Онтум туспа талаан эбит. Ол курдук, биирдэ Кавказтан сүүрүк аты атыылаһа барбыттар. Көньүүһүнэҕэ үлэлиир саастаах киһи сылгылары көрдөрбүт. Сылгы бөҕө баарыттан, Тыыннаахап кыраларын, хачаайыны, соччо үчүгэй көрүҥэ суох соноҕоһу ыйбыт. Онуоха хаһаайын хаһыыра түспүт. Саамай кэскиллээх, бастыҥ соноҕоһун талбыт эбит. Хайыай, кэпсэтии аата кэпсэтии, толорор буоллаҕа. Ол курдук икки биэни, биир соноҕоһу атыылаһан аҕалбыттар. Тыыннаахап сылгыны, кулунчугу арҕаһыттан имэрийэн көрөн сылыктыыр дьоҕурдаах эбит. Көрүҥүнэн буолбакка, илиитин иминэн билэр.

Итинэн даҕатан эттэххэ, бу күннэргэ биир дойдулаахпыт эдэр уол, аатырбыт ойуун Бадыл хос сиэнэ, мин оскуолаҕа биир кылааска үөрэммит уолум Васильев Гоша сиэнэ массажтаан дьону эмтиир буолбутун иһиттим. Киниэхэ эдьиийим эмтэнэн, бэл, харахтыын сырдаата. Кини илиитин иминэн билэн илбийэр эбит.

Өрдөөҕүтэ Амма Бөтүҥүгэр Кочаткина диэн хараҕа суох эмчит эмээхсин баара. Мин кыра уолум сколиоз буолан нүксүйбүтүн көннөрбүтэ. Кини эмиэ илиитин иминэн эмтиирэ. Ону ыйыттахха: «Оттон бу көстө (?) сылдьар дии», – диирэ. Тыыннаахап аттары ол курдук эмиэ “көрө” сырыттаҕа. 

Иннокентий Саввич аны байанайдаах булчут. Элбэх тыатааҕыны бултаабыта. Томпо Кириэс Халдьаайытыгар олорбута, сопхуос кадровай булчута. Биирдэ эһэҕэ түбэспит. Эһэтэ кум-хам тутан өлөрө сыыспыт. “Утарылаһан, туһа суох” диэн, өлбүтэ буолан кубулуммут. Эһэ өлбүтү тыыппат эбит. Ол да буоллар, барбакка кэтээн олорбут, хамсаата да үрдүгэр түһээри. Соннук өөр да өр манаабыт. Онтон кэмниэ-кэнэҕэс аа-дьуо туран барбыт. Свинобоев кэтэнэн өр сыппахтаабыт. Эһэ, чахчы, барбытын билэн, атын ыҥырбыт. Эһэ бүттэтэ суох гына убахтаабыт буолан, кыайан турар кыаҕа суох эбит. Ата кэлбитигэр, аргыый аҕай сибигинэйэн: «Сыт”, – диэбит. Ону өйдөөх ат тута өйдөөн, киһитигэр чугас илин атаҕынан тобуктаан төҥкөйбүт. Онуоха Тыыннаахап нэһиилэ атыгар туора сыппыт: олорор кыаҕа суох. Дьэ, уонна “дьиэлээ” диэбит.

Ата дьиэтигэр аҕалбыт. Ол кэннэ балыыһаҕа уһуннук сытан эмтэммит. Ол кэмҥэ уолаттара кырдьаҕаһы көрө, чуҥнуу тахсаллар. Онтулара өлө сытарын булаллар. Ол эһэтин өлүгүн көрөн уоскуйбут. Инньэ гымматаҕына, киһи уйулҕата хамсыыр үһү. Онон хайаан да өлөрүөхтээххин эбэтэр өлүгүн көрүөхтээххин, оччоҕо эрэ уоскуйаҕын.

Онно санаатым, Мэҥэ Алдаҥҥа бэйэтин олус кыанар Братан диэн булчукка үүтээнигэр эһэ көтөн түспүт. Сатахха, саатын ыраастаары ыһан баран олорор эбит. Онон хадьымахтаһыы буолбут. Эһэтэ үүтээнтэн тахсан барбыт. Пантелеймон Дарбасов ол түгэни хаһыакка сырдаппыта. Ол эһэни атын булчуттар өлөрбүттэр этэ. Оттон Братан уйулҕата хамсаатаҕа буолуо, өлбүтэ. Күөгэйэр күнүгэр сылдьар уол ол өбүгэ үгэһин тутуспакка, эһэтин өлүгүн көрбөккө, уоскуйбатах буоллаҕа…

Номоххо киирбит саха саарына Иннокентий Саввича Свинобоев-Тыыннаахап билигин да тыыннаах. Кэргэнэ, Герой ийэ Вера Константиновналыын Томпоҕо олороллор. Элбэх оҕолоохтор, сиэн, хос сиэн баһаам дьоно.

“Тыаттан кэллэхпинэ, ороҥҥо кэтэх тардыстан сытааччыбын. Аҕалбыт булпун кэргэним бэйэтэ астыыр, ыалларбытыгар өлүүлүүр. Ону тута-тута, оҕолорбут түҥэтэ сүүрэллэр”, – диэн кэпсии-кэпсии, Иннокентий Саввич бэркэ манньыйар. Өбүгэ үгэһин тутуһан, оннук дьаһанара сиэрдээх быһыы. Ол аайы ыаллара төһө эрэ үөрэллэр.

Биһиги улахан уолбут Николай Тимофеевичтааҕы кытта Беларусь тыраахтарынан куска барсыбыт этэ. Онно сөҕөн кэпсээбитэ. Ийэлэрэ Татьяна Иннокентьевна саанан таба ытарын. Кэргэнин олох куоһарар үһү. Хайыай, Тыыннаахап кыыһа буоллаҕа. Оттон мин оҕом ол бултаабытын “саамай куһаҕан дьарык” диэн сыана быспыта. Булчута суох дьон оҕото буоллаҕа, булка көҕө суох.

Биирдэ Николайдаах Татьяна уоллара Мичил биһиги кыра уолбутун Мишаны, бырааппытын Максимы куобахха илдьэ сылдьыбыта. Ону кэпсии-кэпсии күлэрэ. Биһиги дьоммут омун бөҕө буоллахтара, аан маҥнай бултуу баран иһэр дьон үөрүүлэрэ сүр. Ону хайдах ытары, бултаһары үөрэппит. Фаралаан да ылбыттар. Уолаттар билигин ону наһаа үчүгэйдик ахталлар, оҕо саастарын биир бэлиэ кэрэ түгэнэ буолбут. Ол кэннэ бултаан көрө иликтэр.

Саха тыйаатырыгар Егор Неймохов 60 сааһынан “Сайсары күөлгэ түбэлтэ” сэһэнин Зоя Багынанова Мария Николаевалыын пьеса оҥорон туруорбуттара. Ону оонньуу кэлбит артыыстары Алдан өрүскэ сыалыһарга илдьэ сырыттыбыт. Николайдаах Татьяна уоллара Кэнчээри, сүр сылбырҕатык туттан, улахан тиистэрдээх илии эрбиитинэн мууһу эрбиир. Түөрт муннуктаах ойбонунан илим уган, сыалыһар бөҕөнү таһаарбыппыт. Артыыстар үөрүү бөҕө. Бөдөҥүн ылан баран, бытархайын Дьөгүөр төттөрү ууга ыыппыта. Онно туох эрэ үчүгэй балык киирбит этэ. Ону биир эдэр артыыс: “Миэхэ биэриҥ”, – диэн көрдөспүтэ. Ол эрээри, өбүгэ үгэһинэн, сэрэбиэйдэһэн үллэстибиттэрэ. Артыыска Ирина Никифорова: ”Мин балыкка сылдьыстахпына, үчүгэй балык хабааччы”, – диэбитэ. Ол да курдук буолбута. Үчүгэй балык киниэхэ тиксибитэ. Арыалдьыттар Сайа, Варвара Окорокова, Валентина Семенова эмиэ сылдьыспыттара. Ып-ыраас күөх халлаан, мап-маҥан хаар, чаҕылхай күн – барыта олус кэрэ этэ. Соннук өйбөр хатанан хаалбыт.

 Үс Хатыҥ ипподромун Иннокентий Свинобоев-Тыыннахап аатынан ааттабыттара олох сөптөөх дии саныыбын. Кини курдук Дьөһөгөй оҕотун ымпыктаан-чымпыктаан билэр, элбэх сүүрүк аты бэлэмнээбит киһи аҕыйах буолуо. Кини кэпсээнин суруналыыстар, суруйааччылар суруйаллара буоллар, төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй?! Өбүгэ үйэлээх үгэһэ, кини иитэр-үөрэтэр суолтата, ону тэҥэ сорсуннаах булчут араас мүччүргэннээх сырыылара дьону, ыччаты кэрэхсэтиэ этэ дии саныыбын.

Иннокентий Саввичка, кини тапталлаах кэргэнигэр, 75 сыл устата олоҕун аргыһа Вера Константиновнаҕа, элбэх оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр или-эйэни, ситиһиини-табыллыыны, чэгиэн туругу, дьолу-соргуну баҕарабын!

Мария Неймохова

21.07.2024 с.

Амма Абаҕата.

Добавить комментарий