Сылгы тумнастар бырдаҕа... - Блоги Якутии

6 месяцев назад 545

Сылгы тумнастар бырдаҕа…

Орто Халыма улууһугар иккис сылын хараан бырдах түһэн, сүөһүгэ-сылгыга олус ыарахан сайыннар буоллулар.

Бу сайын эмиэ бэс ыйын саҕаланыытыттан бырдах кый курдук түһэн, сылгы, сүөһү иэдэйдэ. Ол курдук, бэл диэтэр, бөһүөлэк таһыгар сылдьан, наар бырдахтан тумнастан, биэлэр, кулуннар өллүлэр.

Сылгылаах дьон тиэтэл муҥунан түптэҕэ хараххалары оҥорон,  күнүстэри-түүннэри оттон, харабыллаан, сылбалара баранна.

Оттон ыраах учаастактарга баар сылгыһыттарга оскуола оҕолоро күүс-көмө буолаллар. Ол курдук,  XI кылаас буолбут Артур Созонов уонна Ваня Ефимов 176 сылгыны сайылатар Тоҥуулаах учаастагар үлэһитинэн бардылар. Кинилэр икки ый устата түптэлээн, сылгылары хаһааҕа сойутан, хаһааны ыраастаан, сылгыһыт А.С. Слепцов көмөлөөһөөччүтүнэн үлэлиэхтээхтэр.

Хара үлэттэн куттаммакка, ыарахантан чаҕыйбакка, уустук үлэҕэ ылсан, уолаттарбыт эр киһилии буһан-хатан уһаарыллан, эттиин-хаанныын, өйдүүн-санаалыын улаатан кэлиэхтэрэ. Сайыннарын туһалаахтык атаарыахтара.

Аны туран, абитура кэмэ саҕаланна, ону кытта барыы-кэлии айдаана…

Орто Халыма улууһуттан дьоллоох Дьокуускайга айанныырга 53.500 солк. харчылаах буоллахха эрэ кэлиэххэ сөп. Ити аҥаардас айаныҥ ороскуота. Итини таһынан аһыыр аһыҥ, таҥнар таҥаһыҥ, күннээҕи ороскуотуҥ баар буоллаҕа…

Онон выпускниктарбыт Кудрин Коля уонна Винокуров Ваня айанныылларыгар харчылаһаары, олохтоох сылгы собуотун кытта дуогабардастылар.

Бырдахтаах бэс ыйын, от ыйын устата сүөһү көрөөччү көмөлөһөөччүтүнэн киирдилэр. Кинилэр бөһүөлэктэн тэйиэс баар Чоҥкуйа учаастагар бараллар. Онно Винокуров Афанасий Иванович ынах сүөһүнү, сылгыны сайылатарыгар көмөлөһүөхтэрэ, түптэ оттон, сүөһүнү хаһааҕа сынньатан түбүгүрүөхтэрэ. Саамай бырдах түһэн күннүүр кэмигэр 90 төбө сүөһүгэ эппиэтинэстээх буолаллар.

Атырдьах ыйыгар хамнастарын аахсан, баҕалаах үөрэхтэригэр, талбыт идэлэригэр үөрэнэ айанныахтара. Уолаттарбытыгар туһалаах сайыны, ситиһиилээх айаны баҕарабыт.

Изабелла Ноговицына,

Орто Халыма, Өлөөкө Күөл бөһүөлэгэ.

Добавить комментарий