Өксөкүлээх 5 сылынан Дьохсоҕон оскуолатыгар үлэ араас хайысханан барар - Блоги Якутии

7 месяцев назад 713

Өксөкүлээх 5 сылынан Дьохсоҕон оскуолатыгар үлэ араас хайысханан барар

“Кулаковскай курдук улуу киһини төрөппүт омук кэхтэр кэскилэ суох. Саха норуота өссө сайдан, албан аатыран иһиэҕэ. Дьэ, ол туһугар үлэлиэҕиҥ, күндү доҕоттоор!” 

(М.Е. Николаев)

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев анал Ыйааҕынан А.Е. Кулаковскай төрөөбүтэ 115 сыллаах үбүлүөйэ киэҥник бэлиэтэммитэ. Ол биир пуунунан Таатта улууһун Дьохсоҕон орто оскуолатыгар кини аатын иҥэрии этэ.

Үбүлүөйдээх тэрээһин 1992 с. кулун тутар 14 күнүгэр оскуолаҕа ыытыллыбыта. СӨ суруйааччыларын сойууһун Бырабылыанньатын сэкирэтээрэ Савва Тарасов, суруйааччылар Суорун Омоллоон, Реас Кулаковскай, Август Муран, итиэннэ сыдьааннара Раиса, Рива, Людмила, Лариса, Алексей Кулаковскайдар, оройуон тэрилтэлэрин салайааччылара, нэһилиэктэр дэлэгээссийэлэрэ кэлбиттэрэ.  

Саха АССР Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин 1927 с. уурааҕар олоҕуран, орто оскуола бастакы дириэктэрэ А.П. Пинигин бачыымынан, 1992 сыллаахха оскуолабытыгар  А.Е. Кулаковскай аата иҥэриллибитэ, мусуой тэриллибитэ.

Ити сылтан Өксөкүлээх Өлөксөйгө аналлаах тэрээһиннэр ыытыллан саҕаламмыттара. Ол курдук, улуу киһибитин үйэтитэр туһуттан 1992 сыллаахха «Победа» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибэ (дириэктэр Е.В. Захаров) А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй  аатынан истипиэндьийэни олохтообута. Бастыҥ выпускникка туттарар ол үтүө үгэс күн бүгүнүгэр диэри тутуһуллар, туттарыллар. Бастакы бириэмийэни орто оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээллээх бүтэрбит Надежда Потапова ылбыта.

 Өксөкүлээх төрөөбүтэ 120 сылын 1997 сыл кулун тутар 20 күнүгэр бэлиэтээбиппит.  Алампа аатынан култуура дьиэтигэр оройуон үөрэнээччилэригэр “Өксөкүлээх ааҕыылара” аан бастаан ыытыллыбыта. Дьокуускайтан култуура министиэристибэтиттэн, суруйааччылар сойуустарыттан, атын тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, Кулаковскайдар аймах, оройуон салайааччылара, нэһилиэктэртэн дэлэгээссийэлэр кэлбиттэрэ.

А.Е. Кулаковскай 125 сыллаах үбүлүөйэ 2002 сыл бэс ыйын 24 күнүгэр бэлиэтэммитэ. Нэһилиэк ыһыаҕа ити үбүлүөйгэ ананан, элбэх ыалдьыттаах буолбута. Ыраах Сунтаар оһуохайдьыттара, ырыаһыттара, ол иһигэр Ваня Трофимов, Ангелина Файрушина уо.д.а. бааллара. Барыта 150-ча ыалдьыты көрсүбүппүт. Өксөкүлээх айымньыларынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куонкурустар оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо буолбуттара.

Бу сыл мусуой-дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ. Үөрэнээччилэргэ «Өлбөт-сүппэт үйэлээх Өксөкүлээх» диэн эрэгийиэннээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ уонна суруйааччы айымньыларынан уус-уран ааҕыылар ыытыллыбыттара. Онно кыттан миэстэлэспит оҕолор үлэлэрин түмэн, С.К. Архипова, Г.К. Давыдова, М.В. Сивцева  кинигэ  таһаарбыппыт.

Биһиги оскуолабытыттан  Петрова Катя «Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕо, айар үлэтэ. Хронологическай табылыысса» (сал. Г.К. Давыдова ),  Наумов Женя «Өксөкүлээх Өлөксөй уонна олох историята» (сал. Г.Е. Арылахова), Саввин Женя «Өксөкүлээх Өлөксөй сүөһү иитиитигэр сыһыаннаах итэҕэл сиэрэ-туома», Мочкин Гриша «Өксөкүлээх Өлөксөй – дуобатчыт» (сал. С.К. Архипова), Санникова Уля «Үрүйэ барахсан» (сал. С.П. Охлопкова), Карбаканова Аля «Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөҥҥө тиһэх сырыыта» (сал. М.В. Сивцева), Захарова Надя «Уот Хойостоон –  Өксөкүлээх доҕоро» (сал. С.К. Архипова, Г.К. Давыдова) дакылааттара киирбиттэрэ.

2002 с. «Чуораанчык», «Колокольчик» оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи сурунаалларын 3-с нүөмэрдэрин толору барытын улуу биир дойдулаахпытыгар анаан таһаартарбыппыт.  

Онно үөрэнээччилэрбит өйтөн суруйуулара, хоһоонноро, уруһуйдара бэчээттэммиттэрэ, оскуолабыт үлэтин, Өксөкүлээх бириэмийэтин лауреаттарын сырдаппыппыт.

«Өксөкүлээх уонна Өймөкөөн» документальнай  киинэбит  Таатта  уонна Өймөкөөн көрсүһүүлэригэр презентацията буолбута.  2003 с. А.Е. Кулаковскай аатынан литературнай түмэлбит өрөспүүбүлүкэ таһымнаах «Школьный музей» сибидиэтэлистибэни ылбыта.

Оскуолабыт Өксөкүлээх Өлөксөй аатын сүгэр буолан, эппиэтинэс улахан. Биир дойдулаах суруйааччыларбытын үйэтитиигэ саха тылын уонна литературатын методическай холбоһугун чилиэннэрэ Архипова Светлана Климентьевна, Давыдова Галина Константиновна, Сивцева Мария Владимировна былааннаахтык үлэлээбиппит. Хаһыаттарга, сурунаалларга суруйааччыларбытыгар аналлаах балаһалары бэлэмнээн таһаарарбыт.

Уруоктарга Өксөкүлээх матырыйаалларын туттуу, улуустааҕы ааҕыылар, кэмпириэнсийэлэр, төгүрүк остуоллар сыллата үрдүк тэрээһиннээхтик уонна сонуннук ыытыллыбыттара. Өксөкүлээх сыдьааннарын кытары ыкса сибээс олохтоммута. “Жизнь замечательных людей” сиэрийэҕэ Н. Коняев “Алексей Кулаковский” кинигэтин биһирэмин тэрийэн ыыппыппыт, онно күндү ыалдьыттарынан М.Е. Николаев,  Л.Р. Кулаковская уо.д.а буолбуттара. Людмила Реасовна биһиэхэ куруутун сылдьан, сүбэ-саргы биэрбитин, ааҕыыларга кыттыбытын олус күндүтүк саныыбыт.

Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылын төрөөбүт Дьохсоҕонун нэһилиэгэр, кини аатын сүгэр оскуолаҕа ньиргиэрдээхтик бэлиэтээтибиппит. Өксөкүлээхпит скверигэр тыыннаах сибэкки уурбуппут, нэһилиэкпит баһылыга Петр Егорович Захаров 2022 сылы Өксөкүлээх Өлөксөй сылынан биллэрбитэ.

Бу бэлиэ күн сарсыардатыттан улуу биир дойдулаахпытыгар аналлаах кылаас чаастарын ыыппыппыт. Оҕолорбут «Кулаковскай ыллыгынан», «Сайын кэлиитэ», «АГРО», «А.Е.Кулаковскай», «Айанньыт», «Култууралар кэпсэтиилэрэ», «Амыдай алаас», «Аҕам олоҕо», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ», «Ытык сирдэр» диэн дириҥ ис хоһоонноох хайысхаларынан «Өксөкүлээх үөрэҕэ» билии-көрүү аартыгынан айаннаабыттара. Маны сэргэ хабылык, хаамыска, өбүгэ оонньуулара көхтөөхтүк тэриллибиттэрэ. Оҕолор, учууталлар, нэһилиэк олохтоохторо илиилэрин сылааһын иҥэрбит араас сахалыы оҥоһуктарбыт, иһиттэрбит, харысхалларбыт, “Ытык сирдэринэн айан”, сүдү суруйааччы кинигэлэрин быыстапката спорт саалатын былаһын тухары тилэри тардыллыбыта. “Өксөкүлээх сардаҥата” өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кыттыһан, анал муннук тэрийбиппит, сүгүрүйүү туомугар кыттыбыппыт.

Амыдай алааһыгар күһүн педагогическай десаҥҥа бара сылдьан, “Хомус”, “Кыраһыабай кыыс” хоһооннорунан видеоролик устубуппут. Бу күн өрөспүүбүлүкэтээҕи “Өксөкүлээх ааҕыылара” научнай-практическай кэмпириэнсийэ түмүгүн иһитиннэрбиппит.

Тэрээһиммитигэр Дьокуускай, Орто Халыма, Абый, Уус Майа, Өймөкөөн, Сунтаар,  Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас, Нам, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта улуустарын араас нэһилиэктэриттэн барыта 126 оҕо, 21 учуутал көхтөөхтүк кытыбыттара. Дьүүллүүр сүбэҕэ Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Рива Реасовна Кулаковская, хос сиэнэ Варвара Атосовна Кулаковская, “Араҥас сулус”, “Уран тыл” литературнай түмсүү чилиэннэрэ, учууталлар уо.д.а үлэлэри сыаналаабыттара.

 Өссө биир улахан, үгүс киһини,  оҕону түмпүт, РФ Бэрэсидьиэнин Гранын ылбыт үлэбитинэн Өксөкүлээх “Сайын кэлиитэ” айымньытынан оҕо ыһыаҕын ыспыппыт буолар.

Аны 3 сылынан улуу киһибит төрөөбүтэ 150 сылын бэлиэтиэхпит. Онно бэлэмнэнии үлэтэ араас хайысханан бара турар.

Дьохсоҕон орто оскуолатын эдэр педагогтарыгар “Өксөкүлээх ааҕыылара” научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолла. Саха тылын, литературатын учуутала М.В. Сивцева Өксөкүлээххэ туох үлэ ыытыллыбытын устуоруйа быыһын сэгэтэн кэпсээтэ.

Хатыламмат, интэриэһинэй үлэлэри иһиттибит. Түмүккэ анал ааттарга тигистилэр:  айар тыл аҕатын олоҕун кэпсиир кылаас чааһын сырдаппыт Н.Е. Рожина (физика учуутала) – “Өксөкүлээҕи үйэтитээччи”, А.Кулаковскай уонна У.Блейк айымньыларын ырыппыт А.А. Афанасьева (омук тылын учуутала) – “Өксөкүлээх сүгүрүйээччитэ”, “Өксөкүлээх Өлөксөй сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ” диэн бэрт интэриэһинэй үлэнэн оҕо тэрилтэтин салайааччыта Е.Е. Попова уонна алын сүһүөх учуутала И.Л. Захарова  “Чаҕылхай чинчийээччи”.

Үһүс миэстэни “Самыыр” айымньытынан оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ С.М. Тихонова, А.И. Наумова ыллылар. Иккискэ – “Саха бухатыыра – математикаҕа” үлэлээх Л.И. Ефремова (ахсаан учуутала).  Нуучча тылын учууталлара Е.А. Аянитова, С.Е.Яковлева оҕолорго анаан, А.Кулаковскай олоҕун туһунан тиэкистэр сорудахтарын толкуйдаан, олус сонун үлэни оҥорон, муҥутуур кыайыылаах буоллулар. Оскуолабыт дириэктэрэ В.Д. Петрова үлэлэри олус сэҥээрбитин, биир идэлээхтэрбит элбэх матырыйаалы хаһыспыттарын, үгүһү иҥэриммиттэрин бэлиэтээн эттэ.

Михаил Ефимович Николаев: “…Өксөкүлээх баараҕай нэһилиэстибэтэ норуокка киэҥник тиэрдиллиэҕэ, ону үөрэтэр-чинчийэр үлэ өссө кэҥиэ. Оччоҕуна норуотугар өҥөтө өссө үрдээн көстүөх, өссө дириҥээн арыллыах этэ”, – диэбитэ.

Улуу Өксөкүлээх Өлөксөй – хайа да үйэҕэ өрүү инники угуйар-ыҥырар суолдьут сулуспут, өркөн өйбүт. Кини ийэ тылга, саха киһитигэр, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу, муҥура суох таптал, кэскили тэрийии бастыҥ холобура буоларын өйдүүбүт уонна ону олоххо киллэрэргэ дьулуһабыт. 

Мария Сивцева,

саха тылын, литературатын учуутала, Дьохсоҕон

19.04.2024

Добавить комментарий