9 месяцев назад 2380
Уонна хаһан күнү таптаары?..
Фрументий Сафронов «Уонна хаһан» кэнсиэригэр олох эрдэттэн билиэт ылбыппыт. Ол кэннэ олохпутугар уларыйыы бөҕө буолла. Ол да буоллар, бэҕэһээ күүтүүлээх кэнсиэрбитигэр сырыттыбыт. Киһи тобус-толору. Үксэ саастаах дьон.
Кэнсиэр оҕо ырыатыттан саҕаланна. Кини ырыатын биир уол гитаранан доҕуһуоллаата. Онтон Фрументий Петрович тахсан, күн күөнүгэр бэйэтин визитнэй карточката буолбут, Христофор Максимов суруйбут «Күнү таптыыбын» диэн ырыаны ыллаата. Муус маҥан уһун баттахтаах, сүрдээх үчүгэй көстүүмнээх саастаах артыыс «Күнү таптыыбын» дии турара истиэххэ кэрэ.
Сыана кэннигэр кини бэйэтин, дьиэ кэргэнин хаартыскалара элэҥнии турдулар. Ырыа Саарынныын, Константин Степановтыын, Дуолан Трофимовтыын, Сахаайалыын дуэттаата. Ол быыһыгар кэргэнэ Нина Ильиничнаны кытта көрдөөх ырыаны толордулар. Нина Ильинична Христофор Максимовтыын дуэттаан, өрөспүүбүлүкэҕэ ыллаабыттар эбит. Сүрдээх үчүгэй тембрдаах күүстээх куоластаах. Ньурба көһө сылдьар тыйаатырыгар биэлсэр кыыһы артыыһынан ыҥыраннар үлэлээбит. Онно Фрументийы кытта билсэн холбоспуттар.
“Массыынабыт айаннаа” диэн тыллардаах урукку ырыаҕа сыанаҕа үҥкүүлүүр оҕолор бэрт тэтимнээхтик, сороҕор көрүдьүөстүк хамсаналлара көрөөччүлэри сэргэхситтэ. Оҕо сылдьан массыынаҕа олордубут эрэ, ити ырыаны тардан кэбиһэр этибит. Ол сахха массыына аҕыйах буолан, биирдэ эмэ олорсон дьоллонон, үөрүүбүтүн үрдэтэрэ, иэйиибитин күөртүүрэ буолуо, сэрэйдэххэ.
Уопсайынан, кэнсиэр сүрдээх чэпчэкитик, тэтимнээхтик, биир тыынынан, нууччалыы эттэххэ, ”с огоньком” барда. Онуоха ыытааччы Георгий Белоусов барахсан үгүс үтүөлээх.
Дьиэ кэргэн сылыгар бүтүн дьиэ кэргэнинэн үс көлүөнэ тахсан ыллаан-туойан, дьону сэргэхситтилэр. Эчи таҥастара да үчүгэйэ, бэйэлэрэ ис киирбэхтэрэ, кыраһыабайдара сүрдээх! Бүтэһигин диэки бары дьиэнэн сыанаҕа тахсан олордулар. Кып-кыра сиэннэр көҥүллүк сүүрэн-көтөн, чахчы да, ыал кутун тута сылдьар оҕолор буоллулар. Ким да кинилэри буойбат, барыта көҥүл, таптал, истиҥ сыһыан былааһы ылла. Итинниги кэнсиэргэ өссө көрө иликпин. Мин эбитим буоллар, оҕолору буойуом, биир муостанан хаамтара сатыам эбитэ буолуо. Кыра оҕолор кэнсиэр уопсай тыынын тупсаран, чугаһатан, киһититэн биэрдилэр.
Бу дьиэ кэргэн бары ырыаһыттар: Фрументий Петрович, Нина Ильинична, кыыстара, күтүөттэрэ, сиэннэрэ.
Улахан экраҥҥа оҕо уруһуйа көстөр. Барыларын уруһуйдаан, ааттарын суруйбут. Оҕолор ааттара да сахалыы: Эрхан, Эрсан, Эркин диэбит курдук.
Улахан сиэн 14 саастаах уол, олох сиппит-хоппут ырыаһыт курдук тутта-хапта сылдьара көрөргө-истэргэ наһаа сэргэх. Эдэр киһи өссө сайдыа буоллаҕа, олоҕо иннигэр. Дьиэ кэргэнинэн мюзикл да туруоруохтарын сөп эбит дии санаатым.
Ырыа быыһыгар Фрументий Петрович бэйэтин олоҕуттан кэпсээн күллэртээн биэрдэ.
Фрументий Петровиһы мин аан маҥнай үөрэхтэрин, Щепкин училищетын, бүтэрэллэрин кытта Ньурбаҕа көрбүтүм. Ол туһунан урут хаста да ахтан суруйан турабын. Эдьиийим, кини бииргэ үөрэммит кыыһа Зоя Багынанова оҕотун, икки аҥаардаах бэдиги, Генаны, Далыртан Ньурбаҕа илдьэн биэрбитим. Бары үлэҕэ сылдьар буолан, оҕону миигинэн, уонун ааспыт киһинэн, арыаллаттаран эрдэхтэрэ. Айан да араас. Маҥнай Мэйиккэ тиийэҕин, онтон онно сөмөлүөт кэтэһэҕин. “Ан-2”-нан Үөһээ Бүлүүгэ тиийэҕин. Ол кэннэ борохуокка олорон, салгыы Ньурбалыыгын. Үрдүүк-үрдүк эмпэрэ кытылга кирилиэстээх. Бэрт ыраахтан Бүлүү эбэ кытылыгар күтүөппүн, уп-уһун уҥуохтаах Генаны көрдүм. Хата, этэҥҥэ уолбун булларбытым. Аны, уолум Москваҕа төрөөбүт буолан ”тоҥ”, сахалыы билбэт, оттон мин нууччалыы соччо билбэт ”ириэнэхпин”.
Саҥа үөрэхтэрин бүтэрбит оҕолор Ньурбаҕа саҥа тыйаатыры арыйа кэлбиттэр. Мас кулуупка репетициялыыллар. Учууталлара кэлсибиттэр. Репетициялара диэн саллыы, ыһыылаах- хаһыылаах буолар эбит. Онно мин сыана кэтэҕиттэн былтас гынаммын, нуучча оҕонньорун «уберите девочку» диэн хаһыытаппытым. В. Маяковскай «Баанньыгын» көрдөрбүттэрэ.
Артыыстар бары да наһаа сэргэх, кыраһыабай этилэр. Эдэрдэрэ да сыттаҕа. Москваттан кэлбит дьон таҥастара да мааныта, муодунайа.
Фрументий Петрович киһи хараҕа хатанар уола этэ. Баттаҕа бүтүннүү куудара, оччотооҕу муоданан сиэрэй өҥнөөх клеш бүрүүкэлээх. Джинсы кэлэ илик кэмэ. Бүрүүкэтэ икки хара сиигинэн хаймыылаах, аллара өттүгэр үс хара тимэх тигиллэригэр анаан, арыый халты баран, миэстэ таһаарбыт. Бэйэтэ хатыҥыр, уол да уол. Биһиги Далырбытыгар саамай муоданы батыһар уолбут бүрүүкэтин аллара өттүн көтүрэн, кыһыл сатыын киллэһик тикпитэ. Онто уулуссаны биир гына сиппийэр курдуга. Онуоха холоотоххо, Фрументий бүрүүкэтэ быдан дьаһамыр, үчүгэй көстүүлээх этэ. Арааһа, хотуобай буоллаҕа. Баттаҕын куударата оҥоһуу эбит, химка дуу, туох дуу.
”Утро долгого дня” киинэҕэ сүрүн оруолу оонньообута. Кинилэр куурустарыттан Мария Николаева эмиэ биир бэлиэ оруолу оонньообута. Ригаҕа баран уһуллубуттара.
Ол дьыл Саҥа дьылы каникулбар Ньурбаҕа эдьиийим аахха кэлэн бырааһынньыктаабытым. Бырааһынньыктаан диэн буолуо дуо, оҕолорун көрдөҕүм. Артыыстар бырааһынньыкка үлэлэрэ, дьэ, саҕаланар.
Ньурба тыйаатыра наар гастроллуу кэлэрэ. Оҕолоро Гена биһиэхэ баара, ол иһин хайаан да таарыйаллара. Испэктээк таһынан кэнсиэр көрдөрөллөрө. Икки клоун баара. ”Кыым” хаһыаты таҥнары тутан туран: ”Ээ, бу олохтоох ”Мыык” хаһыат дии”, – дииллэригэр күлсэрбит.
Кэлин устудьуоннуу сылдьан Дьокуускай аэропордугар Фрументийы көрбүтүм. Киһим көрүҥэ соччото суох, сирэйэ дэлби кытарбыт, дарбайбыт, ол да буоллар, уол оҕото мичээрдээх. Хара, оччотооҕу муоданан икки эрээт тимэхтээх көстүүмнээх этэ.
Дьокуускайга ньурбалар кэллэхтэринэ, испэктээктэригэр хайаан да сылдьарым. Башкир суруйааччыта А.Абдуллин ”13 бэрэссэдээтэл” пьесатын көрдөрбүттэрэ. Онно хаалыылаах холкуоһу өрө тардар сыалтан биир атыыр оҕустааҕын кэтэх хаһаайыстыбаларга харчыга уларсар. Пароходствоттан алдьаммыт быаларын ылан өһүлтэрэн, саҥа быа, өтүү оҥорторон атыылыыр. ”Эн дьонуҥ оҕурсуу кэнсиэрбэлиир этилэр дии”, – диэн, кэнсиэрбэ собуотун тэрийэр. Дьэ, ол собуот дириэктэрин Фрументий Сафронов оонньообута. ”Хаҥсыарба собуота” диэн хаҥсыйара билиҥҥэ диэри кулгаахпар иһиллэр.
Ити курдук хас биирдии оонньообут оруолун хатыламмат гына, эбии кырааска булан, уобараһын арыйара.
Кэлин кулуупка тахсан үлэлээбит эбит. Арааһа, ол кини үйэтин уһаттаҕа буолуо. Бииргэ үөрэммит, үлэлээбит үөлээннээхтэрэ, талааннаах артыыстар Анатолий Кривогорницын, Петр Николаев, Владимир Семенов олохтон туораабыттара ыраатта. Тыаҕа тахсан, өбүгэ дьарыгынан дьарыктанан, сүөһү ииттэн, ону көрөн, ону-маны саныы сатыыр солото суох сырыттаҕа, өйүн-санаатын аралдьыттаҕа. Айар тэтимин кулуупка үлэлээн, араас тэрээһиннэри, испэктээктэри туруоран ыһыктыбатах буоллаҕа. Аны дьиэ кэргэн өйөбүлэ, сылаас сыһыана, таптала муҥура суох.
Бу кэнсиэр таһыма олох үрдүк, барытын ымпыктаан-чымпыктаан оҥорбуттара көстөр. Аҥаардас сыанаҕа кэтэр көстүүмнэрин дизайна, тигиитэ сүрдээх үчүгэй. Хас эмэ көстүүмү уларытта, эчи, бэйэтигэр барара да бэрт, олох модель курдук. Дэлэҕэ Санаа Быраас диэн аатынан суруйар блогер Фрументий Сафроновы Кытай биллиилээх модела Ван Дешуҥҥа холуо дуо?!
Ити кэргэнин, кыыһын сыраларынан буолуо диэн сэрэйэбин. Эр дьон ырыаһыттар таҥастарыгар болҕомтолорун соччо уурааччылара суох. Урут Петербурга Анжелика Варум уонна Леонид Агутин кэнсиэртэригэр сылдьыбытым. Онно Варуммут биэстэ таҥаһын уларыттыбыта, оттон Агутин биир таҥаһынан туран ыллаабыта. Александр Малинин иккитэ уларыттыбыта. Оннооҕор ити Арассыыйа таһымнаах улахан идэтийбит эстрада артыыстара. Ама кинилэр харчылара суох аатырдаҕай?! Көрөөччүгэ сыһыан, болҕомто таһыма буоллаҕа. Ол чааһыгар Фрументий Петрович олох үрдүкү кэрдиискэ турар.
Билигин артыыс Фрументий Сафронов сулустаах чааһа үүннэ. Кини сааһыран, түспэтийэн, куолаһа өссө чөллөрүйэн иһэр курдук. 50 сааһыгар тэлэбиисэргэ көрдөрбүттэрэ. Онно соччо астымматаҕым, этэрэ соччо суох курдуга, ырыата биир «Саадьаҕай оҕус» диэн курдук өйдөбүл хаалбыт. Оттон билигин чыҥха атын киһи. «Күнү таптыыбын» диэн ырыаны кытта күөрэс гынна. Норуот сөбүлээтэ, астынна. Онтон ордук дьол артыыска суох.
Фрументий Петрович хараактара, оптимиһа туһалаатаҕа. Ол өрдөөҕүтэ аэропорка да көрбүппэр, төһө да саппаҕырбыт көрүҥнээх буоллар, мичээрдии сылдьара сөхтөрбүтэ. Кинилэр куурустара бары да наһаа үчүгэй, сэргэх этилэр. Кэлин санаатахха, кинилэр дойдуга ”ириэрии” (оттепель) кэмин, көҥүл олох сылаас тыынын хараҥаччылара эбит…
Мария Неймохова
07.04.2024 с.
Хаартыскалар Интэриниэт ситимиттэн туһаныллыннылар.