11 месяцев назад 673
Бииргэ – ситиһиилээх сарсыҥҥыга!
Олунньу 3 күнүгэр Бүлүү улууһун Баппаҕаайы М.А. Алексеев аатынан уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар Горнай, Бүлүү улуустарын оскуолалара кыттыылаах «Вместе в успешное завтра» диэн дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин буолан ааста.
Кэлбит ыалдьыттары сахалыы сиэринэн боҕуруускай отунан ыраастаан, арыылаах алаадьынан, кымыстаах чороонунан айах тутан, сахалыы тойугунан көрүстүбүт.
Дириэктэр Макаров Виталий Владиславович оскуола үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэр экскурсияны ыытта. Норуодунай учуутал М.А. Алексеев виртуальнай түмэлин Федорова Татьяна Васильевна олус кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтэ.
Алтыс күн… Ол аата нэдиэлэ 6-с күнэ. “6” сыыппара аан дойду култууратыгар – холбоһуу, тэҥнэһии, оттон Пифагор систиэмэтинэн – ситиһии, дьол бэлиэтэ. Оттон “3” – аан дойду тылыгар саамай дьоллоох сыыппара диэн этиллэр. Бу сыыппараларга сөп түбэһиннэрэн, нэдиэлэ 6 күнүгэр үс оскуола түмсэр, сомоҕолоһор, санаа атастаһар…
Кировскай, Халбаакы орто оскуолатын дириэктэрдэрэ И.Е. Алексеев, Г.Х. Васильев – Баппаҕаайы оскуолатын выпускниктара. Учуутал идэтин баһылаан, буһан-хатан, салайар үлэҕэ ылсан, икки улахан оскуола дэлэгээссийэтин аҕалан, үөрэммит оскуолаларын, учууталларын кытта тэҥҥэ уопут атастаһан үлэлэһэллэриттэн киэн туттабыт.
Бастакы блокка аһаҕас уруоктары бэрт интэриэһинэйдик ыыттылар: Кировскай орто оскуолатын учуутала С.К. Кузьмина, дьүөрэлэһиннэрэн үөрэтии технологиятын туһанан, иккистэргэ «Ким? Туох?»; математика учуутала Л.В. Дьяконова V-VI кылаастарга “Прямоугольный параллелепипед”; Баппаҕаайы орто оскуолатын нуучча тылын учууталлара С.Н. Николаева, Ю.Н. Макарова тохсустарга уонна онустарга “Браво зачет”; информатика учуутала П.А. Алексеев сэттистэргэ уонна ахсыстарга “Компьютерное 3D моделирование”; Халбаакы орто оскуолатын биологияҕа уонна химияҕа учуутала Л.П. Николаева тохсустарга уонна онустарга “Реакция ионного обмена и условии их осуществления”.
Иккис блокка уопуту тарҕатыы буолла. Кировскай орто оскуолатын физкультураҕа учуутала В.В. Ефремов “Северное многоборье”, алын кылаас учуутала Л.В. Платонова эдэр учууталлар “Туйгун” кулууптарын үлэтин, Халбаакы орто оскуолатын педагог-психолога А.П. Иванов V-VI кылаастарга кэлэктииби түмүү туһунан «Мы разные, но вместе мы едины» тренинг, Баппаҕаайы орто оскуолатын алын кылааһын учууталлара С.Д. Оленова, И.Н. Жиркова, А.Н. Шамаева төрөппүттэргэ анаан “Стимулирование ответственного отношения к учебе” диэн маастар-кылаастары ыыттылар.
Үһүс блок – методическай сэминээр. Кировскай орто оскуолатын дириэктэрэ И.Е. Алексеев “Опыт реализации грантовых проектов, как основы развития образовательного и воспитательного потенциала обучающихся”, дириэктэри научнай-методическай үлэҕэ солбуйааччы А.А. Слепцова «Технология смешанного обучения, как средство повышения качества образования» үлэлэрин кэпсээтилэр.
Методическай сэминээргэ, аһаҕас уруоктарга, маастар-кылаастарга кыттыбыт учууталларга эрэгийиэннээҕи суолталаах сэртипикээттэр туттарыллыннылар.
Төгүрүк остуол үлэтэ икки сүрүн хайысханан барда.
Оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ омук уйулҕатын учуоттааһын хайысхатыгар сүрүн санаалар этилиннилэр:
- икки тыллаах оҕолору иитии-үөрэтии уратытын төрөппүттэргэ киэҥник сырдатыахха;
- оҕону үөрэтии-иитии үлэтин сайдыытыгар грантовай бырайыактары оҥоруу, олоххо киллэрии туһунан дьүүллэһии.
Үс оскуола бииргэ үлэлээн, араас бырайыактары бииргэ оҥорон, оскуолабыт араас салааларынан сайдарын торумнуурга сүбэлэстилэр. Маннык хардарыта дьайсан уонна кыттыһан бииргэ үлэлиир хайысхалаах үөрэҕи сайыннарарга, ыччаты олоххо бэлэмнииргэ, үлэҕэ үөрэтэргэ, оҥорон таһаарыыны сайыннарарга, патриотическай иитиигэ, бырамыысыланнас эйгэтигэр туһаайарга ордук табыгастаах. Оҕону дьиҥнээх олоххо уонна үлэҕэ бэлэмниир, онуоха саҥа экэнэмиичэскэй сыһыаҥҥа көһүү ирдэбилин учуоттуур сорук турда.
Сэминээр кыттыылаахтара араас хайысхаларынан тус-туспа кэпсэтиилэри тэрийэр суолталааҕын бэлиэтээтилэр. Онуоха ФГОС киирэр кэмигэр национальнай оскуолалары салгыы сайыннарар тоҕоостооҕун ыйдылар.
Кэлэр кэскилбит – кэнчээри ыччаппыт – инникитин түстүүргэ, улуустарын ааттатар дьону иитэн таһаарарга күүспүтүн түмэн, бииргэ алтыһан, оскуолабыт үлэтигэр саҥа сүүрээни киллэрии олохтоохтук ыытылларыгар уонна күүһүгэр киирэригэр 3 оскуола Сөбүлэҥ түһэрсэн, дириэктэрдэр илии баттастылар.
Кыттааччылар музыкальнай нүөмэрдэринэн, “Көрдөөх старт” күрэхтэһиинэн тэрээһини түмүктээтилэр.
Методическай сэминээри тэрийбит кэллиэгэлэрбэр барыларыгар барҕа махтал, инники өттүгэр санаабыккыт сатанан, толкуйдаабыккыт туолан истин диэн алгыспын этэбин. Бу курдук үйэлээх туһалаах тэрээһиннэри тэрийэ сылдьыҥ.
У.Н. Никифорова,
Баппаҕаайы нэһилиэгин М.А.Алексеев аатынан оскуолатын учуутала,
Илбэҥэ, Бүлүү