11 месяцев назад 1427
Биһиэхэ бэртээхэй бал буолла!
Араас хааччахтарынан бал буолбатаҕа ырааппыт эбит. Быйылгы Бэчээт күнүгэр, дьэ, көрсөн, суруналыыстар дуоһуйа сынньанныбыт, үөрэ-көтө үҥкүүлээн, оҕо курдук оонньоон-көрүлээн сэргэхсийдибит, махтал-хайҕал тылларыттан эрчимирэн, өссө айымньылаахтык үлэлииргэ күүс-сэниэ ылынныбыт.
Тэрээһин үөрүүлээх-өрөгөйдөөх чааһын саха араадьыйатын көмүс куоластара, тыыннаах номохторо Альбина Тарабукина уонна Эдуард Рудых иилээн-саҕалаан ыыттылар,
оттон аралдьытар-сынньатар бырагырааматын ырыа куттаах биир идэлээхпит Иван Тарасов-Эрилик тамадалаан киэргэттэ.
Пресса уонна издательство үлэһиттэрин СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов, култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев, инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технология миниистирэ Василий Ефимов кэлэн эҕэрдэлээтилэр.
Бу киэһэ сүрүн түгэнинэн СӨ суруналыыстарын сойууһун бириэмийэтин туттарыы буолла:
«Кыһыл көмүс бөрүө» бэлиэни “Кэскил”, “Ил Түмэн” хаһыаттарга, “Үрдэл”, “Хатан”, “Үйэ” сурунаалларга эрэдээктэрдээбит, билигин Национальнай бибилэтиэкэ сырдатар-иһитиннэр, итиэннэ култуура үйэлээх баайын үйэтитиигэ үлэлэрин сүрүннэһэр Анисия Иевлева ылла.
«Кыһыл көмүс микрофон» – «Саха Сирэ» информационнай биэриини ыытар шеф-эрэдээктэр Алексей Семенов. Кини өссө идэтийбит ырыаһыт буоларын биллибит, Байбал Сэмэнэп “Таммаҕын” толоруутугар үҥкүүлээтибит.
«Сыл саҕалааччыта» (“Дебют года”) – күннэтэ сонуннары сэһэргиир СИА кэрэспэдьиэнэ Саина Титова.
«Сыл бастыҥ таҥан киэргэтиитэ» (“Дизайн года”) – СИА кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччы Виктория Сергеева.
«Сыл таһаарыыта» – Нам улууһун «Эҥсиэли» хаһыата;
«Сыл интэриниэт-таһаарыыта» – «Ulus.media» портал;
«Сыл уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ» – өрөспүүбүлүкэ таһаарыыларыгар тиһигин быспакка суруйар Маргарита Винокурова;
«Сыл хаартыската» – Андрей Сорокин, СИА фотокэрэспэдьиэнэ.
«Суруналыыс силиэстийэтэ» – Екатерина Чемезова, «Якутск вечерний» хаһыат кэрэспэдьиэнэ.
Байыаннай кэрэспэдьиэннэр Николай Борисов, Федор Григорьев, Олег Колесов-Талбан, Николай Бястинов, Владимир Степанов «Бэйэ дьонун бырахпаппыт» диэн анал ааттарынан бэлиэтэннилэр. Маны сэргэ СВО тиэмэтин сырдатыыга биллэриллибит күрэх түмүгэ билиннэ:
I м – Павел Никифоров, «Саха» НКИХ;
II м – Наталья Кычкина, «Кыым» хаһыат;
IIІ м – Семен Жендринскэй, Чурапчы улууһун «Саха олох» хаһыата.
Саха суруналыыстыкатыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит Леонид Левин аатынан бириэмийэни “Ил Түмэн” кэскиллээх кэрэспэдьиэнэ Лена Васильеваҕа, оттон Ирмавич бэйэтэ тыыннааҕар олохтообут
аһымал пуондатын көмөтө талааннаах суруналыыска, суруйааччыга, тылбаасчыкка, “Полярная звезда” сурунаал үлэһитэ Ираида Поповаҕа ананна.
Суруналыыс Макар Баишев аатынан бириэмийэни кыыһа Саргылаана Макаровна Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Эркээйи” хаһыатын эрэдээктэрэ Алена Доктороваҕа туттарда.
Бэчээт күнүгэр, биллэн турар, бу эйгэ бастыҥнарын чиэстээтилэр.
“Сахабэчээт” бастаан тэриллиитигэр улахан өҥөлөөх, оччолорго маркетинг салаатын салайбыт, билигин Саха Сиригэр туризмы туругурдар Дмитрий Громов, өрөспүүбүлүкэбитигэр оҥоһуллар табаардартартан таҥыллыбыт бэлэхтээх кэлэн, “Вкус Якутии” бэстибээли киэҥник сырдатыы иһин Виктория Тарабукинаны уонна Елена Потоцкаяны эҕэрдэлээтэ.
Дьэ, бу курдук олох устуоруйатын сурукка, куйаар ситимигэр тиэкиһинэн уонна видео, аудио матырыйаалларынан үйэтитэр айар дьон дьоро киэһэлэрин СӨ суруналыыстарын сойууһа (бэрэссэдээтэл Олег Марков, солбуйааччыта Галина Бочкарева) бэрт үчүгэйдик тэрийэн ыыппыттарыгар махтанабыт уонна бэртээхэй биэчэр түгэннэриттэн Михаил Соргу хаартыскаларын таһаарабыт.