Алгыстаах алтыстар айар аартыктара арылынна - Блоги Якутии

1 год назад 1040

Алгыстаах алтыстар айар аартыктара арылынна

М.С. Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училище алтыс устуудьуйатын 20 устудьуона үөрэхтэрин бүтэрэн кэлбиттэринэн, бэс ыйын 23-30 күннэригэр Саха академическай тыйаатырыгар “Учуутал, эн ааккар…” диэн нуучча театральнай оскуолатын күннэрэ cаҕаланнылар.

«Артист драматического театра и кино» диэн туоһулуур суруктаах дипломнарын тутаат, Саха Сирин култууратын саҥа таһымҥа таһаарыахтаах талааннаах ыччаппыт уһуйааччыларын кытта Дьокуускайга көтөн кэлбиттэр. Онон суруналыыстарга анаан тэрийбит пресс-кэмпириэнсийэлэригэр Маалай тыйаатыр сүрүн уонна РФ норуодунай артыыһа Людмила Титова, Башкортостан ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, бэрэпиэссэр Наталья Макарова, Моссовет тыйаатырын артыыһа Анна Гарнова, Пушкин аатынан Москубатааҕы драматическай тыйаатырга үлэлиир норуодунай артыыс, бэрэпиэссэр  Тамара Лякина кыттыыны ыллылар.

Түөрт сыллаах үөрэхтэриттэн 2 сыла хоруона хамсыгынан хааччахтаах, тэйиччиттэн үөрэниилээх, ураты укулааттаммыт устуудьуйаны тыйаатырга артыыс быһыытынан үлэлии сылдьар быраактык преподавателлэр уһуйбуттара кэрэхсэбиллээх. Ыраахтан ылбыт билиилэрин сыанаҕа хайдах туһанары, бэйэлэрин уопуттарыттан холобурдаан, дөбөҥнүк уонна чиҥник иҥэрдэхтэрэ.   

   

Устуудьуйа уус-уран салайааччыта Людмила Титова биһиги оҕолорбутун кытта үлэлиир судургутун, чэпчэкитин уонна умсугутуулааҕын хаста да тоһоҕолоон этэн ааста.

“Төһө да харантыыннаах уустук кэмҥэ үөрэхтэрэ түбэстэр, репертуардара балайда баай. Биэс испэктээги уонна биир кэнсиэри туруордубут. Тэҥнээн эттэххэ, сэргэ куурустара түөрт эрэ испэктээкиллээхтэр”, – диэн хайҕаата.

А.Н. Островскай “Гроза” пьесатын нууччалыы, У.Шекспир “Сайыҥҥы түүҥҥэ түүл” («Сон в летнюю ночь»), А.Вампилов “Улахан уол” (“Старший сын”), Б.Шоу “Сакалаат саллаат” (“Шоколадный солдатик”) айымньыларын сахалыы, оттон Ж.-Б. Мольер «Дон Жуан или каменный пир» кэмиэдьийэтин, М. Горькай “Тимир Васса” (“Васса Железнова”) трагедиятын сахалыы-нууччалыы туруорбуттар эбит. “Холобура, “Дон Жуаҥҥа” сүрүн дьоруойбут эрэ сахалыы саҥарар, онтон атыттар нууччалыы чупчаараллар”, – диэн интэриэһиргэттэ.

Суруналыыстар саамай чаҕылхай өйдөбүл ханнык түгэн буолбутун Людмила Владимировнаттан туоһуластылар. Онуоха кини: “А.Н. Островскай Щелыковоҕа баар мусуой-уһаайбатыгар үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ “Грозаны”  оонньообуттара буолар. Бэйэм гастролга этим эрээри, онно сылдьыбыт дьон харахтарын уута кэлиэр диэри долгуйбуттарын эппиттэрэ”, — диэтэ.

Итини тэҥэ бу устуудьуйа оҕолоро Москуба биир биллэр “На стростном” тыйаатыра тэрийэр “Твой шанс” диэн фестивальга училищеларын аатыттан ситиһиилээхтик кыттыбыттар эбит.

Людмила Владимировна саха оҕолоро иирэ талахтыы имигэстэрин, наһаа үчүгэйдик хамсаналларын ордук чорботон бэлиэтээтэ. “Оттон идэтийии өттүгэр ылар буоллахха, бэлэм артыыстары аҕаллыбыт. Бу бүтэһик А.Вампилов “Улахан уол” (“Старший сын”) испэктээгин барытын кэриэтэ бэйэлэрэ бэлэмнээтилэр. Маныаха кинилэр Москуба араас тыйаатырдарын кэрийэ сылдьан, аныгы, муодунай режиссердар туруорууларын көрбүттэрэ туһалаата. Сыанаттан кэлэр эниэргийэни иҥэринэн, саҥаны-сонуну айар-тутар баҕалаах дойдуларыгар эргилиннилэр”.

Анна Гарнова былырыын Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар кэлэ сылдьыбыт эбит. Сиэрбитин-туоммутун, алгыспытын, үҥкүүбүтүн-битиибитин көрөн, ырыабытын-тойукпутун, олоҥхобутун истэн, сөрү диэн сөхпүтүн билиннэ. “Фольклоргут маннык баай, дириҥ силистээх буолуо дии санаабат этим. Оҕолоргут эмиэ төрүт үгэстэрин, төрөөбүт тылларын ийэ үүтүн кытта иҥэринэ улааппыттар. Оннооҕор Шекспир “Сайыҥҥы түүҥҥэ түүлүн” этническэй хабааннаах гына туруорарга туһаайбыттара.  Хата, кинилэр сабыдыалларынан мин нууччам култууратын, дьэ, иҥэн-тоҥон билэргэ соруннум, сэргиир, сэҥээрэр буоллум. Итинник бэйэ-бэйэбитин хардарыта байытыстыбыт”, — диэн сэһэргээтэ.

 Норуодунай артыыс Тамара Лякина тыйаатырга үлэлээбитэ 63-с сыла эбит. Итинтэн 34 сылын тэҥинэн Щепкин училищетыгар преподавателлиир. “Наар национальнай устуудьуйалары кытта дьарыктанабын. Туох уратылаахтарын тэҥнээн көрөбүн. Сахаларга киһи кэрэхсиирэ элбэх”, — диир.

Бу куурус чаҕылхайын уһуйааччылар бары бэлиэтээтилэр. Судаарыстыбаннай эксээмэннэрин бэрэссэдээтэлэ, норуодунай артыыс Дубровскай: “Маалай тыйаатырбытыгар үлэлии хаалаллара эбитэ буоллар, труппабытын киэргэтиэ этилэр”, — диэн эмиэ үрдүктүк сыаналаабыт.

Тамара Лякина оҕолорго Фаина Раневская киниэхэ анаан суруйбут тылларын анаата: «Пожалуйста, будьте счастливы!».

         Саҥаларын чочуйбут Наталья Макарова Пушкин аатырбыт Болдинотыгар бу устуудьуйа 6 оҕотун илдьэ бара сылдьыбытын кэпсээтэ. “Евгений Онегин” хоһоонунан романы Дьуон Дьаҥалы тылбаастаабытын аахпыттар. Сахалыы өйдөөбөт  да дьон сэргээн истибиттэр үһү. Кини Саха Сириттэн тиийэн үлэлээбит Лена Васильевна Тимофееваҕа махтанна уонна бэс ыйын 29 күнүгэр “Сценическая речь” диэн  маастар-кылааһын кэлэн көрөргө ыҥырда.

         Түмүктүүр тылы Андрей Саввич Борисовка биэрдилэр. Кини бу көрсүһүү Саха Сирин историятыгар киирэр түгэн буоларын этэн туран, Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба ааттарыттан алтыс щепкиннэри эҕэрдэлээтэ.

Оттон уһуйааччылары уонна оҕолору Сикстинскай капеллаҕа Микеланджело уруһуйдаабыт фрескаларыгар тэҥнээтэ. Таҥара Адамы уонна Еваны айбытын курдук, учууталлара артыыс оҥорон таһаарбыттарын, ону чиэстээхтик сүгүөхтээхтэрин, нуучча театральнай оскуолатыгар уһуйуллар ураты суолталааҕын эттэ.

Норуодунай артыыстар алгыстарынан айар аартыктара арыллыбыт алтыс устуудьуйаны бүтэрбиттэри билиһиннэрэр буоллахха: Эверстов Сергей (Дьокуускай),  Саша Михайлова (Амма), Семен  Татаринов (Горнай), Аида Еремеева (Сунтаар), Ньургун Никитин (Мэҥэ Хаҥалас), Сандаара Федотова (Үөһээ Бүлүү), Айталыына Яковлева (Таатта), Григорий Иванов (Дьокуускай), Анастасия Иванова (Нерюнгри), Айаана Егорова (Кэбээйи), Евгений  Григорьев (Ньурба), Василий Романов (Мэҥэ Хаҥалас), Алена Пономарева (Дьокуускай), Юлия Санникова (Мэҥэ Хаҥалас),  Саша Захаров (Мэҥэ Хаҥалас), Петр Домотов (Уус Алдан), Мичил Хомподоев (Дьокуускай), Нарыйа  Колесова (Нам), Ваня Кузьмин (Сунтаар), Уйгу Семенов (Өлөөн).

Бу ааттары өйдөөн хаалыҥ. Сотору кинилэртэн аатырбыт артыыстар, норуокка биһирэнэр норуодунайдар, ураты көрүүлээх режиссердар, киинэ сулустара үүнэн тахсыахтара. Оттон билигин кими ханнык тыйаатырга аныыллара дипломнай үлэлэрин түмүгүнэн быһаарыллыахтаах.

Ускуустубаҕа уһуйбут учууталлара Туймаада ыһыаҕар ыалдьыттыахтара, оттон күндү көрөөччүлэри алтыс щепкиннэр испэктээктэригэр ыҥырабыт:

Сырдатта Анисия Иевлева

Комментарии 1

Олус үчүгэй сырдатыы. Оҕолорбут үүнэн-сайдан, ситэн-хотон кэлбиттэрэ олус диэн үөрүүлээх суол. Автор “НА СТРАСТНОМ” театр аатын сыыспытын көннөрөн ааҕыҥ.

Добавить комментарий