1 год назад 435
Бибилэтиэкэҕэ хараллара үйэлээх уонна эрэбил
Билигин ким баҕарар кинигэ таһаартарар кыахтаах. Харчы эрэ баар буоллаҕына. Ол эрээри өҥөтүн сыаната ыарахана бэрт буолан, туһааннаах дьонноругар тиксэр эрэ гына суоттаан, аҕыйах ахсаанынан бэчээттэтэллэрэ баар суол.
Итинтэн сылтаан бибилэтиэкэҕэ бэриллиэхтээх булгуччулаах эксэмпилээрдэрин тиэрдибэттэр. Ол төһө оруннааҕын, онуоха ханнык сокуон үлэлиирин туһунан СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин пуонданы кэмпилиэктиир салаатын сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Евгения Гапановичтыын кэпсэттим.
-Евгения Гаврильевна, мин көрөрбүнэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тахсар кинигэ үксэ сахалыы тылынан суруллубут буолар. Онон булгуччулаах эксэмпилээр туһунан саха ааҕааччыларыгар сиһилии быһааран сэһэргээ эрэ.
-Булгуччулаах эксэмпилээр диэн өссө ыраахтааҕылаах Арассыыйа кэмиттэн ыла баар буолбут өйдөбүл. 1783 сыллаахха Екатерина II ыйааҕынан олохтоммут. Оччолорго кинигэ оҥоруута олус уустуга. Ол да буоллар, биирдии эксэмпилээри типографиялар Петербург Императорскай академиятыгар уонна Императорскай публичнай бибилэтиэкэҕэ булгуччу тиксэрэллэрэ. Хата, оннук биэрбит буолан, билигин биһиги XVIII үйэ бүтүүтүттэн ыла тахсыбыт кинигэлэри, сурунааллары, хаһыаттары толору ааҕар кыахтаахпыт. Итинтэн да көрдөххө, бибилэтиэкэҕэ биэрии дьоһуннаах дьыала буолар.
Биһиги Национальнай бибилэтиэкэбит, Кинигэ Арассыыйатааҕы палаататын тэҥэ, устуоруйа кэрэһиттэрин уонна култуура баайын хараанньыта буолар. Ол эбэтэр манна киирбит докумуон үйэ-саас табыгастаах үчүгэй усулуобуйаҕа харайыллар. Судургутук өйдөтөн эттэххэ, дьоҥҥо түҥэппитиҥ сүтүөн-симэлийиэн сөп: ким эрэ атын сиргэ көһөн, ким эрэ уларсан баран төнүннэрбэккэ эҥин, оттон бибилэтиэкэ пуондатыттан ханна да халбаҥнаабат. Сүүһүнэн сыллар да кэннилэриттэн ылан ааҕыахха сөп.
-Оннук бөҕө буоллаҕа дии. Дьэ, оччотугар хас эксэмпилээр булгуччулаах буолуохтааҕый?
-Саха Сиригэр, уопсайынан, Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн, булгуччулаах эксэмпилээри мунньуу 50-с сыллартан тиһиктээхтик саҕаламмыт. Онтон былаас уларыйбытын кэннэ, Госдума 1994 сыл сэтинньи 24 күнүгэр “Об обязательном экземпляре документов” диэн саҥа сокуону ылыммыта. Итиннэ тирэҕирэн, 1999 сыл олунньу 18 күнүгэр Ил Түмэн өрөспүүбүлүкэ таһаарыыларыгар туһуламмыт “Об обязательном экземпляре документов” сокуону бигэргэппитэ. Биллэн турар, хаста да эрэдээксийэлээһини ааспыта.
Дьэ, онно олоҕурдахха, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр издатель (типографиялар, издательстволар, медиа-холдиннар, бэчээттиир өҥөлөрү оҥорор чааһынай тэрилтэлэр) булгуччу 3 эксэмпилээри аҕалыахтаахтар. Ити үстэн биирэ кэлэр көлүөнэлэргэ анаан бэлэмниир “Сандалы Бичик” диэн мемориальнай пуондабытыгар барар. Иккитэ тустаах отделларынан тарҕанар
–Ханнык кинигэ тахсыбытын хайдах хонтуруоллуугут?
-Саха Сиригэр кинигэ оҥоруутунан 40-тахса тэрилтэ дьарыктанар. Туох кистэлэ кэлиэй, олор бары тиксэрбэттэр. Биһигини кытта “Айар”, “Көмүөл”, “Сайдам”, “Дани-Алмас” үчүгэйдик үлэлэһэллэр. Кинилэр таһаарбыт кинигэлэриттэн 3-түүнү ааптартан тутан иһэллэр уонна биһиэхэ аҕалаллар.
–Аҕалаллар? Бэйэлэрэ? Биитэр эһиги баран ылаҕыт дуу?
-Өрөспүүбүлэкэбит “Об обязательном экземпляре” сокуонун 6-с ыстатыйатыгар ырылхайдык сурулла сылдьар – “доставку обязательного экземпляра всех видов изданий производитель документов осуществляет самостоятельно” диэн. Ол аата бэчээттээбит тэрилтэ бэйэтэ тиксэриэхтээх. Биһиги баран ылар бырааппыт да, эбээһинэспит да буолбатах.
Аны туран, онтукабыт болдьохтоох – “в течение семи дней со дня выхода в свет первой партии тиража”. Ол эрээри, хомойуох иһин, ким да ол 7 күнү тутуспат. Массыыналара суох буолан, биитэр атын биричиинэнэн, мунньа-мунньа аҕалаллар.
–Оттон төрүт аҕалбаттары ыстарааптыыгыт дуо?
-“Об обязательном экземпляре” сокуон баарын саҥа үлэлээн эрэр издателлэр билбэттэр. Ол иһин, бастатан туран, билиһиннэрэр-сырдатар үлэни ыытабыт. Ол кэнниттэн, ардыгар көтүтэн кэбиһэр да буоллахтарына, син аҕалар буолаллар.
РФ административнай бэрээдэккэ кодексын 13.23 ыстатыйатыгар ыстараап кээмэйэ бу курдук ыйыллар: “за непредставление, несвоевременную или неполную доставку обязательного экземпляра предусмотрена ответственность в виде штрафа: для граждан в размере от 200 до 500 рублей; для должностных лиц – от 1000 до 2000 рублей; для юридических лиц – от 10 000 до 20 000 рублей”.
Биһиги билиҥҥитэ кими да ыстарааптыы иликпит. Тоҕо диэтэххэ, издателлэри өйдүү сатыыбыт. Холобура, ааптардар 50 кинигэни сакаастаатахтарына, барытын ылан барары туруорсаллара чахчы. Ким ол аҕыйахтан 3-һүн босхо биэрэ сатыай? Оннук түгэҥҥэ кыра чааһынай тэрилтэлэр, килийиэннэрин сүтэримээри, сакаасчыттарын этиилэрин ылыналларыгар тиийэллэр. Ол иһин сокуон ирдиирин тутуһан, 3 эксэмпилээри учуоттаан бэчээттэтэр буолуҥ диэн ыҥырабын.
Аны туран, кимиэхэ да ыстараап түһэрэ иликпит сүрүн төрүөтэ – биир ситимҥэ үлэлиир дьоммутун кытта доҕордуу сыһыаны алдьатымаары. Син биир мэлдьи кинилэри кытта алтыһабыт, онон модьуйуу-сааныы киэбинэн буолбакка, көрдөһүү-ыҥырыы сиэринэн кэпсэтэбит.
Ардыгар таһаарааччылар умнан кэбиһэн эппэттэр эбит. Төттөрүтүн ааптар кэлин истэн, бэйэтэ аҕалан биэрээччи. Оччотугар бу булгуччулаах эксэмпилээр диэҥҥэ киирбэт, бибилэтиэкэҕэ бэлэх быһыытынан барар.
Улууска эмиэ типографиялар бааллар. Олор таһаарыыларын муниципальнай бибилэтиэкэлэр хонтуруоллуохтаахтар. Олохтоох ааптардартан бэйэлэригэр 2-ни, биһиэхэ 3 эксэмпилээри ирдэһэн ылыахтаахтар. Нерюнгри, Мииринэй, Алдан киин бибилэтиэкэлэрэ бу чааһыгар үчүгэйдэр, сотору-сотору мунньан ыыталлар.
-Оттон, арай, кумааҕыга бэчээттэммитин харыһыйар буоллахпына, электроннай барыйаанын эрэ биэрбэппин дуо?
-Кумааҕыта булгуччулаах. Сыыппараҕа түһэриллибитэ сотуллан, сүтэн хаалыан сөп. Ол иһин икки көрүҥэ баара ордук. Олох кыаллыбат буоллаҕына, ПДФ да ылабыт. Национальнай бибилэтиэкэ саайтыгар регистрацияланан баран, онно тус кэбиниэт нөҥүө ыытыахтарын сөп.
-Оттон биир эксэмпилээри ылан баран, бэйэҕит куоппуйалаан, элбэх киһи онлайн ааҕарын курдук оҥоруоххутун сөп буоллаҕа дии?
-Маныаха ааптары эбэтэр кинигэ быраабын бас билээччини кытта лицензионнай дуогабар диэн оҥоһуллар. Оннук көҥүлэ суох оцифровкалыыр уонна электроннай бибилэтиэкэҕэ киллэрэр бырааппыт суох.
-Арба, кинигэҕэ УДК, ББК эһиги биэрэҕит дии?
-Урут улуустар бэйэлэрэ эмиэ биэрэллэрэ. Билигин биһигиттэн уонна ХИФУ бибилэтиэкэтиттэн эрэ ылаллар. Маныаха өрөспүүбүлүкэ ханнык баҕарар муннугуттан, Анаабыртан дуу, Ньурба нэһилиэгиттэн дуу, сайаапка түһэрдэхтэринэ, тута ол күн даҕаны УДК уонна ББК нүөмэрин тутар кыахтаахтар. Кылаабынайа, Интэриниэт үчүгэй буолуон наада. Кинигэ дааннайдаах бастакы сирэйин, итиэннэ таһын бу аадырыска ыыталлар cip@nlrs.ru. Онно харчыны онлайн ханна төлүүллэрин эҥин быһаарыахпыт. УДК – 50 солк., ББК – 50 солк. Ол аата уопсайа биир мөһөөх буолар. Ааҕааччыларга тоһоҕолоон этиэм этэ, бу боппуруоһу кинигэни бэчээккэ ыыта иликкитинэ быһаараргытыгар. Сорохтор бэчээттэнэн тахсыбытын кэннэ, аны дьиҥнээх кинигэ курдук оҥороору, УДК, БКК көрдүү тиийэн кэлэллэр. Оннукка ымпыга-чымпыга элбэх буолар.
-Оттон арай соҕуруу, холобура, Новосибирскайга таһаартарбыт буоллахтарына, эмиэ булгуччулаах эксэмпилээри аҕалар эбээһинэстээхтэр дуо?
-Сокуоҥҥа булгуччулаах эксэмпилээр туһунан бу курдук суруллар: “Обязательный экземпляр Республики Саха (Якутия) – экземпляры изготовленных на территории Республики Саха (Якутия) и за пределами ее территории по заказу организаций, находяхщихся в ведении Республики Саха (Якутия)”. Ол аата Саха Сирин кинигэтин ханна да таһаартардаххына, баҕар, Кытайга бэчээттэт, син биир 3 эксэмпилээри биэриэхтээххин.
-Оттон хаһыаттары, сурунааллары кытта хайдах үлэлэһэҕит?
-Периодика салаата почтаны кыттас ыкса ситимнээх. Олортон ханнык саҥа таһаарыы баар буолбутун билэ олоробут. Судаарыстыбаннай хаһыаттар, сурунааллар, бэрээдэги кэспэккэ, кумааҕынан таһаарыыларын уонна ПДФ-тарын тиксэрэ олороллор. Оттон чааһынайдарга арыт көппүт нүөмэрдэрин ирдэһэр түгэннэр баар буолааччылар.
-Сылга хас кинигэнэн пуонда хаҥыахтааҕа чопчу былааннаах дуо?
-Хас кинигэ тахсарын биһиги билбэт буоллахпыт дии. Ол эрээри кэнники сылларга ортотунан 1000 иһинэн араас докумуон кэлэр. Ити докумуон диэҥҥэ хаһыаттар, сурунааллар, кинигэлэр, брошюралар, официальнай докумуоннар – быһата, туох бэчээттэнэн тахсар барыта киирэр. Ону таһынан ити аудио, видео матырыйааллары И.С. Жараев аатынан Национальнай аудиовизуальнай киин уонна көрөллөрө мөлтөхтөр бибилэтиэкэлэрэ хомуйсаллар. Маны таһынан издателлэр Кинигэ Арассыыйатааҕы палаататыгар (РКП) 16-лыы устууканы ыыталлар.
Онон этиэм этэ, кинигэҕитин бибилэтиэкэҕэ, тустаах харайар тэрилтэлэргэ биэрэн, эһиги сыралаах үлэҕитин үйэлээх баайга кубулутаҕыт, кэлэр көлүөнэлэргэ хаалар нэһилиэстибэ оҥороҕут. Саамай сүрүнэ, сыл бүтүүтүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ “Государственный библиографический указатель” диэн ыйынньыгы бэлэмнээн таһаарар. Онно бу сыллаахха туох тахсыбыта барыта киирэр. Архыып буолар. Кэлин онон сирдэтиннэрэн, наадалааххытын булан ылыаххытын сөп. Аны, эппитим курдук, Сандалы Бичикпитигэр, ол эбэтэр мемориальнай пуондаҕа, үйэ-саас хараллан хаалар. Итиэннэ ааптар көҥүл биэрдэҕинэ, электроннай бибилэтиэкэҕэ киллэрдэхпитинэ, ол аҕыйах ахсаанынан тахсыбыт кинигэҕитин төһө баҕарар киһи ааҕар буолар. Манна даҕатан эттэххэ, бу эрэ сылга буолбакка, урут да тахсыбыт кинигэлэргитин аҕалыаххытын сөп.
-Евгения Гаврильевна, 3 булгуччулаах эксэмпилээри бибилэтиэкэҕэ тиксэрии үйэлээх уонна кэскиллээх дьаһаныы буоларын ааҕааччы өйдүүрүн курдук сиһилии кэпсээбиккэр махтанабын.
Анисия Иевлева