Эдэр сааһы эргитэн... - Блоги Якутии

1 год назад 819

Эдэр сааһы эргитэн…

“Сегодня праздник у девчат,

Сегодня будут танцы…”

Бу урукку ырыа өйбөр-сүрэхпэр иҥэн хаалбыт. Үчүгэй да буолара, киэһэ кулуупка баян тыаһынан үҥкүү. Кэлин пластинканы проигрывательгэ оонньотон үҥкүүлүүрбүт. Ити биһиги оҕо, эдэр сааспытыгар. Билигин ол суох. Кулуупка үҥкүүлүүрү боппуттара дииллэр. Урут ол туһунан суруйан турабын. Аныгы ыччаты аһынабын, эдэр саастара соннук үҥкүү алыптаах киэһэтин билбэккэ ааһыа буоллаҕа...

Дьэ, ону сөргүтээри, биһиги музейбыт үбүлүөйдээх 45 сылын нэдиэлэтин чэрчитинэн Үҥкүү киэһэтин ыыттыбыт.

Суруйааччы скверин араас уоттаах гирляндаларынан киэргэтэн, ыскамыайкалары күрүө аттыгар олорорго анаан бэлэмнээн, Е.П. Неймохов бюһун иннигэр ырыаһыттарга анаан көбүөр тэлгээн, цветомузыканы холбоон, син балай эмэ сэргэх былаһаакка буолла.

Н.И. Колодезников аатынан кулууп дириэктэрэ Е.Г. Степанова куораттан баянист ыҥыран аҕалбыт. АГИКИ-га үлэлиир Мичил Петрович Березкин диэн преподаватель, идэтийбит музыкант. Биһиги олохтоох Прокопий Алексеевич Николаевы кэпсэппиппит. Музыкаттан тэйбитэ ырааппыт, мас ууһунан үлэлиир Прокопий, хата, улгумнук сөбүлэспитэ. Кини биһиги Егордуун сыбаайбабытыгар 50-ча сыллааҕыта баяннаабытын санаан ыҥырбытым.

Ол саҕана билиҥҥи курдук тамада иҥин диэн суоҕа. Кулууп өрөмүөҥҥэ турара быһыылааҕа, оскуоланы көҥүллээбэккэ, дьиэбит верандатыгар сыбаайбалаабыппыт. Тамаданан Егор Неймохов аҕата Петр Михайлович Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Афанасий Афанасьевич Томтосовы көрдөспүт. Киһибит: ”Мунньаҕы ыытааччыбын, сыбаайбаны суох”, – диэн баран, ытык кырдьаҕас тылын быһа гыммакка син сөбүлэспит. Дьэ, оннук ”колхоз мунньаҕын” курдук сыбаайбабытын музыканан киэргэппит өҥөлөөх бу Прокопий Николаев буолар. Дьолбутун, кэскилбитин түстээбит киһиэхэ оччолорго махтамматах буолан, бэйэм ааппыттан кыра сувенир,  махтал сурук туттардым. Син дьон тэҥэ ыал буолан, үйэбит тухары олордохпут. Баянист көрдөөн баран, кинини булбуттар этэ. Петр Михайлович кэргэнэ Балбаара быраата диэн буолла. Дьоҕус уҥуохтаах, хатыҥыр, хара бараан уолчаан кип-киэҥинэн көрөн киирэн кэлбитэ уонна баяҥҥа оонньоон, дьону ыллатан, ”мунньах” сыбаайбабытын бэркэ сэргэхсиппитэ. Мэҥэ алданнар барахсаттар бэйэлэрэ да олус көхтөөх этилэр, ырыаһыттара сүрдээх. Ыалбыт Мария Евсеевна, Саха театрын биир кэрэ артыыската Айта Лавернова хос эбэтэ, ”Сайылыгым барахсан…” диэн ыллаан чаҕаарыйар. Люция Ефимова нэһилиэккэ биллэр ырыаһыт репертуара киэҥ. В.З. Сыромятников-Захарович Володя ”Вижу чудное мгновение…” диэн нуучча ырыатын синньигэс тенор куолаһынан тардан кэбиһэр. Хомойуох иһин, бары билигин суохтар да, үтүө өйдөбүл сүрэхпитигэр хааллаҕа, иҥнэҕэ.

Куораттан улахан баянист кэлбитин да иһин, Прокопий Алексеевич үҥкүүбүт киэһэтигэр кэлэн ыллаата.

Үҥкүүбүт киэһэтэ кыргыттар бөлөхтөрө сайыҥҥы сиидэс ырбаахылаах чэпчэки-чэпчэкитик үктэнэн, вальс үҥкүүлэриттэн саҕаланна. Кыргыттар барахсаттар маанылара, чэпчэкилэрэ, нарыннара олох ”Стиляги” киинэттэн түспүт курдуктар. Ити үҥкүү бу киэһээҥҥи тэрээһини ураты лирическэй нарын тыыннаата, өрө көҕүллүү настарыанньатын биэрдэ.

Уопсайынан, бу киэһэ уратыта – үҥкүү олохтоохтор ырыаларынан доҕуһуолламмыта буолар, ”под живую песню”, өссө ханна оннук босхо кэнсиэри, үҥкүүнү истиэҥий, көрүөҥүй?!.

Оҕо искусствотын оскуолатын педагога Надежда Васильевна Захарова бэркэ кыһанан туран репетициялаан, 22 ырыаны бэлэмнээбит. Онно сахалыы эрэ буолбакка, биһиги бэркэ билэр, үҥкүүлүүр ырыаларбытын үөрэппит. Музыкаҕа, ыллыырга үөрэммэтэх борустуой оробуочай дьоҥҥо «Синий- синий иней…” уонна “Верасы” бөлөх ыллыыр «Малиновкатын» үөрэтэр манан дьыала буолбатах буолуохтаах. Ол эрэн ырыаһыттар барахсаттар, олох астынан туран, дууһаларын ууран ыллыыллара, онно дайдаран, дьон үҥкүүлүүллэрэ наһаа үчүгэй.

Сыана бэтэрээнэ Акулина Николаевна Тарасова ”Биригэдьиир  Миитэрэй билсиэн бэркэ баҕарар…”, Алдан эбэ, Мэҥэ Алдан туһунан хас да ырыалары ыллаата. Киһиҥ өссө, улахан ырыаһыттар курдук, таҥаһын иккитэ уларытта ээ. Маҥнай сахалыы, онтон мааны киэһээҥҥи былаачыйа кэтэн таҕыста, эдэрдэргэ сыанаҕа тахсыы култууратын үтүө холобурун көрдөрдө. Эппиккэ дылы, ”марку держим”. Репетиция кэннэ хайаан да музейга киирэн эҕэрдэлэһэн ааһааччы. Ыллыырыттан наһаа астынара көстөр.

Өссө биир сыана бэтэрээнэ Людмила Алексеевна – Кийиит Люда ыллаата. 50–ча сыл кинини билэбин да, репертуара уларыйбат. Соҕотох биир ”Нарьян Мар” ырыаны ыллыыр. ”Биир ырыаҕа бэриниилээҕин иһин” бириискэ сөптөөх ырыаһыт. Онтун баҕас олох кыайа тутан ыллыыр, ыстааһа да уһуна сыттаҕа.

Бу киэһэ ханнык-ханнык ырыа ылламмата?! Анна Бурнашева ”Билиниитэ”:

Үчүгэйдик даҕаны

Имэрийэ көрөҕүн,

Чахчы сырдык сулустуу

Мичилийэ кыыһаҕын.”

Ити ырыаны эдэр сылдьан ыллыырбыт, уҥа-таала үҥкүүлүүрбүт. Доҕорбут Виталий Андросов ”Индигииргэ”:

”Дойдубут тоҥ буорун уулларан…”,

В.Нанова тылларыгар ”Айан ырыата”

”Ыра санаам кыната –

Ырыам, ыраах эн дьиэрэй,

Халтарыйан, сырылаан,

Массыынабыт айаннаа!”

А.Шестаков тылларыгар уонна мелодиятыгар ”Доҕорбор” ырыа:

”Түүлэй түүнү сырдатан,

Сулустары санатар.

Мичилийэр мичээриҥ

Эймэнитэр сүрэхпин.

Күндү сэгэрим,

Таптыыр доҕорум,

Истиий тойукпун.”

Иннокентий Сивцев ”Тэтиҥнэрэ”:

”Көрбөтөҕүм өр да буолла

Эһигини, тэтиҥнэр,

Кэрэҕитин күөх дуолга

Бэлэхтээбит тэтиҥнэр.”

Аркадий Алексеев ”Устудьуон доҕорбор”, ”Чэмэлиинэ” ырыаларын Виталий Черепанов, өрүү буоларыныы, наһаа үчүгэйдик ыллаата, Виталий Власов ”Санаабын өйдөөрүүй” ырыатын Дмитрий Дмитриевич Захаров олус да бэркэ толордо.

”Доҕоруом, мин диэки көрөөрүүй,

Мин баҕа санаабын өйдөөрүүй,

Ньургуһун курдук Эн кэрэҕин,

Түүн аайы мин түүлбэр киирэҕин.”

Ити курдук ырыа бөҕө ылланна.

Мэҥэ Алдан терпсихората, үҥкүүһүт идэлээх Елена Пантелеймоновна Аммосова үҥкүүнү көҕүлээн ыытта. Былыргы умнуллубут үҥкүүлэри үөрэттэ, үҥкүүлэттэ. Ол курдук, летка-енка, тустеп, вальс үҥкүүнү олохтоохтор көҕүлүттэн туттулар. Кырдьык даҕаны, урукку үҥкүүлэр көрүөххэ кэрэлэрин, дьон биир коллективнай иэйиигэ куустараллар.

Ол быыһыгар Муслим Магомаев ”Королева красоты” ырыатынан твист,  Галина Шахурдина ”Балыктааҕынан” шейк.

Бииртэн биир хит буолбут ырыалары ыллаатылар, дьон тэҥҥэ ыллаһа-ыллаһа үҥкүүлээтилэр. Үҥкүү киэһэтин оскуола учуутала Татьяна Петровна Неймохова хас биирдии ырыаны, үҥкүүнү комментарийдаан, ди-джей буолла, биир да киһини олордубакка хамсатта, үҥкүүлэттэ. Оннук киһи баара эмиэ үчүгэй, тоҕо диэтэргин, маннык тэрээһин буолбатаҕа ырааппыт, дьон эдэр сааһын санаан ылбычча үҥкүүлээн тэйэрэ саарбах. Татьяна Петровна бэркэ салайда.

Үҥкүү түмүгүнэн ”Лучшая пара Ретро-дэнс” номинация кыайыылаахтарынан Готовцева Светлана Пантелеймоновна уонна Черепанов Виталий Владимирович  буоллулар, ”Леди Ретро-дэнс” номинацияҕа Колодезникова Анна Егоровна бастаата. Кыайыылаахтар Махтал суругунан уонна бирииһинэн бэлиэтэннилэр.

Маннык дьоро киэһэни тэрийэргэ көмөлөспүт дьоҥҥо музей Махтал суругун уонна үбүлүөйдээх чааскы сувенирын бэлэхтээтибит.

Үҥкүү киэһэтэ түмүктэннэ, дьон үөрэн, дуоһуйан тарҕаста.

Мария Неймохова.

25.05.2023 с.

Добавить комментарий