2 года назад 1085
Үйэлээх түһүлгэ
Бу муус устар ый 8-9 күнүгэр Сунтаарга буолбут “Тоҕус оһуордаах түһүлгэҕэ” Кириэс Халдьаайыттан (Томпо) 12 буолан кытынныбыт.
Олоҥхо дойдута Сунтаарга сүргэбит көтөҕүллэн, бары үөрэ-көтө айан суолугар туруммуппут. Ыраах айанныыр дьон, саха сиэринэн, Томпоттон тахсар бэлиэттэн саҕалаан, арыылаах алаадьыбытынан сирбитин-уоппутун аһата сырыттыбыт.
Сунтаарга олох киэһэ айаннаан кэлбиппит уонна толору хааччыллыылаах интэринээккэ түспүппүт. Сарсыныгар сарсыардаттан ааттаах-сурахтаах Олоҥхо ураһа-дыбарыаһыгар тэрээһиммит аһыллыытыгар, сахалыы таҥнан-симэнэн, долгуйа үөрэн тиийбиппит.
Таһырдьаттан Улуу Сибиэрэп-Кыыл Уолун ырыата уонна кустук өҥүнэн оонньуур салама тыалга тэлибирээн, саха эйгэтин ураты иэйиитинэн сүрэхпитин толорбута. “Ыһыахха кэлбит курдукпут”, – дэһэн, кэлбиппитин итэҕэйбэтэхтии бэйэ-бэйэбитин эҕэрдэлэһэбит.
Иһирдьэ сахалыы таҥастаах Далбар Хотуттар алаадьынан күндүлүү көрүстүлэр. Бу курдук, аар саарга аатырбыт олоҥхо ыһыаҕар күндү ыалдьыт буолан анаммыт күннэрбит дьикти кэрэ, сырдык түүл курдук ааһан хааллылар.
Биир бэйэм куоттарбыт олоҕум аҥаарын ситиспит кэриэтэ сананным. Биһиги дэлэгээссийэ норуот ырыатын, уус-уран ааҕыы, оһуокай, тойук түһүлгэлэригэр кытынныбыт. Атын түһүлгэлэри сэҥээрэ, сэргии, астына көрдүбүт-иһиттибит. Барыта тоҕус улуустан алта сүүстэн тахса кыттааччы икки күн устата бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн, оһуор үҥкүүтүн тэтиминэн арыалланан сырыттыбыт.
Улахан түһүлгэҕэ сэмэй ситиһиибит:
1. “Алдаана” ансаамбыл “Көмүс дорҕоон” анал аакка тигистэ.
2. Чабырҕах III миэстэ буолла.
3. “Сэргэх толорооччу” анал ааты Альбина Сергеевна Баланова ылла.
Таарыйа Тойбохойго кыраайы үөрэтэр комплекска сырыттыбыт.
Элгээйитээҕи Б.Н. Андреев аатынан Айылҕа түмэлин көрөн олус үөрдүбүт, сөҕүү-махтайыы долгунугар бигэннибит.
Элгээйи түмэлин экскурсовода, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ айылҕа харыстабылын туйгуна Татаринов Терентий Денисович-Тэрэнтэй киһи иһиттэр истиэн курдук умсугутуулаахтык кэпсиир, сорох түгэннэргэ биһиэхэ тургутуу да ыытан көрөр. Онон бары олус дуоһуйан, махтанан тарҕастыбыт.
Сунтаар дьоно-сэргэтэ ыалдьытымсаҕын, аһа-үөлэ минньигэһин, саха тылын, култууратын өрө туталлара үрдүгүн илэ харахпытынан көрөн, айылгылаах дьон ырыаларын-тойуктарын эт кулгаахпытынан истэн, алгыһынан арыалланныбыт.
Сунтаардар барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйдаан, олус сонуннук тэрийэр эбиттэр. “Баһылык Анатолий Григорьев норуотун кытта биир тыынынан тыынар, норуотун итэҕэлин ылыан ылар эбит”, – диэн дьонум сөҕөллөрүн истэн, дойдубунан киэн туттарым ордук күүһүрэр, дойдубар тапталым дьикти сүүрээнэ түөспүн толорор.
“Бартыһаан” кулуубун дириэктэрэ Очосов Юрий Дмитрьевич биһигини сүрдээх үчүгэй кафеҕа сырытыннаран, инники үлэҕэ сүбэтин-соргутун үллэһиннэ.
Сунтаарга С.А. Зверев-Кыыл Уола ыллаабыт ырыаларын-тойуктарын, айбыт айымньыларын, туруорбут үҥкүүлэрин оҕо аймах, ыччат сүрэҕинэн ылынарын уу харахпытынан көрөн итэҕэйдибит. “Оһуор үҥкүүтүн” матыыба иһилиннэр эрэ, көрөөччү кырачаан оҕолор тэҥҥэ үҥкүүлэһэн баралларын киһи эрэ манньыйа көрөр. Эдэр Айсен Фёдоров айар кэнсиэриттэн сахалыы тыын, саха хаанын устун айылҕа айыыта сүүрэрин, уус-уран айымньы утума күүһүн уйулҕабыт нөҥүө аһардыбыт. Мэктиэтигэр, Улуу Сибиэрэп куолаһа иһиллэн ааһар, айыылартан анаммыт ыччаппыт иннэ алгыстаах, олоҕо харысхаллаах буоллун.
Биһиги төннөн иһэммит, Бүлүү Тааһаҕарыгар сырыттыбыт. Нэһилиэк баһылыга Каратаев Семён Самуилович, кини солбуйааччыта, фольклорнай бөлөҕү салайар энтузиаст Григорьева Ульяна Николаевна, кулууп дириэктэрэ Петрова Клавдия Васильевна уонна уопсастыбанньыктар олус сэргэхтик көрүстүлэр.
Балаҕаҥҥа эбээлэр түмсүүлэрин быыстапкатын көрдүбүт, салайааччы Поскачина Акулина Кирилловна.
Элбэҕи биллибит-көрдүбүт. Ырыа да ылланна, хоһоон да ааҕылынна. Тааһаҕардар кулууптара соҕуруу дойду тыйаатырдарын курдуга – тутуу бу эргин сайдыытын көрдөрөр.
Бу маннык кэрэ эйгэтигэр ыалдьыттыыр, кыттар көмүс түгэни бэлэхтээбит салайааччыбытыгар Альбина Сергеевнаҕа уонна сымнаҕас олбохтоох массыына көлөбүт суоппарыгар Руслан Колесовка махтанабыт.
Сылдьыбыт сирбитигэр бары ким туох идэлээҕинэн кэпсэтэн, үлэ уопутун атастаһан, биһиги бэйэбит Кириэс Халдьаайыбытын сырдатан кэллибит.
Мин, суруйааччы быһыытынан, эмиэ санаа атастаһан, дьон санаатын истэн, сүргэм өрө көтөҕүллэн кэллим.
Биһиги, олохтоохтор, нэһилиэкпитигэр саҥа култуура уонна сынньалаҥ киинэ тутуллан дьэндэйэн тахсыан олуһун да күүтэбит. Нэһилиэк олоҕун сырдатар, дьону түмэр биир бастыҥ тэрилтэбит кулууппут буоллаҕа.
Икки улууһунан ыалдьытымсах дьон күндүлээн көрсүбүттэрэ сылаас өйдөбүл буолан санаабытын угуттуу сылдьыа.
Көрсүөххэ диэри, Сунтаар түһүлгэтэ!
Сэгэлдьийэ Чээлэй,
Кириэс Халдьаайы, Томпо