2 года назад 472
Саха норуота барҕарар суолун ыйбыта
Софрон Данилов 1992 сыл ахсынньы 15 күнүгэр Саха норуотун бастакы кэнгириэһигэр оҥорбут дакылаатын тутан олоробун. Дакылаатын “Саха норуота барҕарыы суолунан” диэн ааттаабыт. Ити кэмтэн орулуур отут сыл ааста, туох уларыйыы таҕыста?
Софрон Петрович Данилов дакылаатыгар маннык тылларынан киирбит: “Бу дакылаат ыйыы-кэрдии да биэрэр, дьаһайан-дьарыйан да этэр анала суох. Итиэннэ кылгас дакылаакка билигин биһиги норуоппут иннигэр турар соруктары, төһө да боччумнаахтарын иһин, барыларын таарыйар кыаллыбата биллэр”.
Кини төһө да инньэ диэтэр, ол кэмнээҕи олох-дьаһах “тыын” боппуруостарын тугу да тумнубакка, барытын таарыйбыта, итиннэ санаатын олоччу эппитэ көстө сылдьар. Саха хантан төрүттээҕин этэр, төһө да араас арахсар мөккүөрдээх түөрүйэлэр баалларын үрдүнэн, учуонайдар үлэлэригэр олоҕуран, саха омуга аан дойду үрдүнэн саамай кырдьаҕас түүрдэртэн төрүттээҕин бэлиэтиир. Уонна саха бу хаар-муус дойдуну булбут олохтоох омук буоларын ыйар. “Саха Сирэ – сахалар төрүт Ийэ дойдубут” диир.
Уларыта тутуу кэмигэр
“Саха Российскай Федерация иһигэр бэйэтин бэйэтэ дьаһанар сувереннай, демократическай государство буолуутун ситиһиигэ үс сүҥкэн кэскиллээх хардыыны оҥордо” диэн үөрэн бэлиэтиир Софрон Петрович. Ол – суверенитет туһунан Декларация, саҥа Төрүт сокуона, Арассыыйаҕа тэҥ бырааптаах буолууну мэктиэлиир Федеративнай дуогабар. Ол саҕана бары да биһирии көрүстэхпит. Ол да буоллар, Софрон Петрович ол отут сыллаахха Саха Сирин балаһыанньатын хайдах баарынан малтаччы этэртэн толлубатах. Кини: “… үлэ-хамнас туһугар дьиҥнээхтик кыһаллар чинчи улаханнык мөлтүү быһыытыйда. Бэл, бэчээппит “үчүгэйдик үлэлээҥ” диэн сэниэлээхтик ыҥырбат буолла. Инфляция киһи үөйбэтэҕин курдук улаатта. Сыана сымыйалаабыт кэриэтэ үрдээтэ. Кырдьык да, олох-дьаһах, үлэ-хамнас бары эйгэтэ сатарыйда, майгы-сигили алдьанна” диир.
Тыа сирин социальнай сайдыыта
Софрон Петрович маны саха омугун инники кэскилин быһаарар тутаах боппуруоһунан ааҕар уонна дакылаатыгар боччумнаах миэстэни аныыр. Кини оччотооҕу статистика матырыйаалларыгар олоҕуран аҕалбыта бу баар: ынах сүөһү 1917 с. – 491,3 тыһ., 1931 с. – 559 тыһ., 1941 с. – 315 тыһ., 1988 с.– 383,2 тыһ., 1991 с.– 409,2 тыһ. эбит; сылгы 1917 с. – 135,5 тыһ., 1930 с. – 192,7 тыһ., 1940 с. – 194,4 тыһ. уонна 1991 сылга – 199,5 тыһ. баар эбит.
Кини киһи сиир бурдугун ыһары уураппыппыт алҕаһын ыйар. Тыа сирин олохтооҕун балаһыанньата тупсубата, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан сылы туоруура, бастыҥ тиэхиньикэнэн сэбилэнэр эрээри, илии хотуурунан, мас кыраабылынан оттонор көрдөрүүлэр кыайан ситиллэ иликтэрэ дакылаатчыт дууһатын долгутар. “Аан дойду балысханнык сайда олордоҕуна, тоҕо тыа сирэ кур бэйэтэ кубулуйбата?” диэн мунчаарар кини. Саамай сүрүн иэдээнинэн, бастатан туран, киһини сиртэн тэйитии дии саныыр эбит. “Элбэх гаастаахпыт диибит, онтубутун омуктарга атыылыах буолабыт, бастаан бэйэбит тыабыт сирин гаастыырбыт тоҕо кыаллыбатый?” диэн этэр. Дакылаатчыт итини таһынан сопхуос, биирдиилээн, кэлэктиибинэй хаһаайыстыбалар, сири түҥэтии, атыылааһын эҥин тустарынан үгүһү таарыйар уонна “Балар тустарынан Кэнгириэскэ санаабытын атастастахпытына сатанар” диэн тоһоҕолоон этэр, дьүүллэһэргэ ыҥырар.
Бырамыысыланнас
Дакылаатчыт сиртэн хостонор барҕа баайынан аан дойдуга сураҕырарбытын этэр. Урукку өттүгэр ити балысхан баай төрүт олохтоохторго туһалыахтааҕар алдьархайы эрэ аҕаларын уонна сырье быһыытынан атын уобаластарга, туспа дойдуларга тиэллэн суккулла турбутун, дьиҥэр, итинник баайдаахпытын сураҕын эрэ истэрбитин бэлиэтиир. Кини: “Туох-ханнык иннинэ мин этиэх тустаахпын: ити күндү баай хостонор сирэ бүтүннүүтэ – биһиги сирбит, Саха Республикатын норуоттарын, бастатан туран, төрүт олохтоох омуктар сирбит. Ити баай бүтүннүүтэ – биһиги баайбыт. Билиҥҥи тылынан-өһүнэн эттэххэ, Айыы тойон таҥара биһиэхэ анаан, өлүүлээн айбыт быйаҥа. Киһилии сиэринэн салайтарар буоллахха, онтубутуттан кимиэхэ төһөнү, тоҕо бэрсэрбитин биһиги бэйэбит быһаарыах тустаах этибит”. Софрон Петрович бу тылларын хайаан да аҕаллахпына табыллар: “Мин санаабар, кэнники отучча сыл устатыгар сиртэн хостонор баайбытын наһаа куорҕаллааһын таҕыста. Ордук алта, сэттэ уонус уонна аҕыс уонус сылларга, төһөтүн-хаччатын ситэ үчүгэйдик аахпакка-суоттаабакка эрэ, төһө өргө тиийиэҕин тургута санаабакка эрэ, кыах тиийэринэн, түргэнник сомсон ылан, утаара охсорго тиэтэйэллэрэ.
Биһиги республикабыт аһаҕас ампаарга кубулуйбута. Дьөрү күн сарсын кураанахтаннын даҕаны, этэргэ дылы, кэннэ кэтинчэ да буоллун – онуоха кыһаллыбат этилэр. Көмүс да, алмаас да хаһан да бүтүө суох элбэҕин курдук этэллэрэ. Туос сымыйалара! Бу күн анныгар туох барыта бүтэр уһуктаах. Сиртэн хостонор баай, бурдук курдук, иккиһин, үсүһүн үүммэт. Нерюнгри таас чоҕун муҥура суох элбэх курдук кэпсээбиттэрэ, ол иһин улахан куораты туппуттара. Онтулара сотору бүтэр диэн буолла. Ол курдук көмүспүтүттэн, алмааспытыттан ытыспытын соттор күммүт эмиэ чугаһыаҕа диэн куттанабын. Маннык, инники кэскили кэрдинэр, быһыыны букатыннаахтык ууратыахха наада. Бу баай – биһиги эрэ көлүөнэҕэ анаан айыллыбыт баай буолбатах. Ону бас-баттах матайдыыр, ыскайдыыр ханнык да бырааппыт суох. Сайдыылаах баай омуктар, бэл, саҥа сир баайын арыйан баран, кэнники көлүөнэлэр туһаныахтара диэн сабан иһэллэр дии. Онон сирбит баайын бары көрүҥнэрин кытаанахтык ааҕан-суоттаан, бастатан туран, государствобыт кыһалҕатыгар төһө-хачча наада буоларынан салайтаран, кэмчилээн туһаныахха наада ”.
Дакылаакка итини таһынан ахтыллар: тыһыынчанан инженери үөрэтэрбититтэн бэрт аҕыйах киһи бырамыысыланнаска иҥнэн үлэлии сылдьара, ол кыһалҕаны быһаарыы; алмааһы кырыылыыр собуоттар үлэлэрин саҕалааһыннарын үтүөтэ; Арабскай Эмираттар туһалаах баайдарыттан туһана олороллоро, чэчирии сайдаллара; суолу оҥоруу, тимир суолу тутуу, о.д.а. Бу боппуруостары дьүүллэһэргэ ыҥырар.
Айылҕа харыстабыла
Норуот суруйааччыта, тыл маастара Софрон Даниловтан ордук суруйа сатаабакка, кини дакылаатыгар айылҕа харыстабылыгар анаан эппититтэн, хайдах баарынан, аҕалабын. Ол бу баар:
“Былыр-былыргыттан сахалар бэйэлэрин айыы тыыннаах айылҕа оҕолорунан ааҕыналлара. Онон кинини күн-күбэй ийэлэрин кэриэтэ харыстыыллара. Сахалар, айылҕа суруллубатах сокуоннарыгар бас бэринэн, кинилиин иллээхтик алтыһан, силбэһэн, кинини күн таҥара оҥостон, тыыннаах ордон, күн бүгүҥҥүгэ тиийэн кэлбиттэрэ. Саха итэҕэлэ айылҕаҕа ытык сыһыантан, сир-дойду, от-мас, уу, уот, булт иччилэригэр сүгүрүйүүттэн үөскээбитэ. Айылҕа биһигини иитэр-аһатар эрэ буолбатах. Кини – уйулҕабыт уйата, куппут-сүрбүт тыына. Айылҕаҕа таптал Ийэ сиргэ, төрөөбүт норуокка таптал үөскүүр төрдө. Айылҕаны таптыыр, харыстыыр киһи өйдүүн-санаалыын, майгылыын-сигилилиин сырдык, ыраас, көнө буолар. Быһата, бу биһиги туспутугар аҥаардас үтүөнү эрэ оҥоро сылдьар айыы тыыннаах хотугу айылҕабыт – саха омугун үөскэппит-үүннэрбит, күн санаалаабыт, үтүө сүрэхтээбит биһигэ”. э
Софрон Петрович салгыы бу биһиктээтэр биһикпит туругун ырытар. Кини чуолаан Бүлүүнү бырамыысыланнас буомурдуута долгутарын биллэрэр. Саха омук уутуйан үөскээбит өрүһэ экологическай иэдээн үлүгэригэр түбэспитин курутуйан ахтар. “Баараҕай өрүс сүһүрдэ, дьон доруобуйата айгыраата, дьаһалла ылыахха” диир кини. Эбиитин 12 ядернай дэлби тэптэриилэри ахтар, олор содулларыттан куттанар. Бүлүү иэдээнэ хоту Индигиркаҕа, Халымаҕа, Саха Сирин соҕуруу өттүгэр хатыланан эрэрэ ордук кутталлааҕын этэр. Тулалыыр эйгэҕэ улахан хоромньуну оҥорбокко да, туһалаах баайы хостуохха сөбүн сайдыылаах дойдулар үөрүйэхтэрэ кэрэһэлиирин ахтар. Кэлин кэмҥэ айылҕа харыстабылыгар үрдүкү салалта болҕомто уурарыттан, аналлаах сокуоннар тахсан эрэллэриттэн дакылаатчыт үөрэрин биллэрэр.” Ол эрээри билигин даҕаны бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ үлэни ыыталларыгар сири наһаа дөбөҥнүк ылаллар, экологтары, олохтоохтору кытта сүбэлэһэн эрэ баран сири биэриэххэ. Хаалбыт бүччүм, тыытылла илик сирдэр билигин да бааллар, олору харыстыахха, заповедниктары, айылҕа музейдарын, тыытыллыбатах муннуктары тэрийэргэ турунуоххайыҥ” диир.
Каадыр боппуруоһа
Софрон Петрович дакылаатыгар каадыр боппуруоһун таарыйар. Каадыры үөрэтэн бэлэмнээһин, ону сөптөөхтүк аттаран туһаныы, саҥа экэнэмиичэскэй сыһыаннарга, ырыынак эйгэтигэр киириигэ улахан оруоллааҕын ыйар. Кэнники кэмҥэ түргэнник сайдыбыт Соҕуруу Корея, Сингапур, Тайвань курдук урукку хаалыылаах, дьадаҥы дойдулар омуктара сайдан, инники түспүттэрин өйбүтүгэр хатыахтаахпытын этэр. Онуоха науканы уонна тиэхиньикэни баһылааһын кинилэргэ төрүөт, көмө буолбутун, оннугу биһиги эмиэ туһаныахтаахпытын, үрдүк үөрэххэ болҕомто ууруохтаахпытын ыйар.
Саха Сирин инники кэскилин тэрийсэр, наука уонна тиэхиньикэ үрдүк ситиһиилэрин иҥэриммит, дэгиттэр идэлээх дьону түргэнник бэлэмнээтэхпитинэ эрэ сатанар буолбутун дакылаатчыт тоһоҕолоон бэлиэтиир. Ол инниттэн каадыры бэлэмнээһин урукку систиэмэтэ тосту уларыйыахтаах, оҥорон таһаарар бырамыысыланнас араас исписэлиистэрин, банкирдары, экэнэмиистэри, финансистары, үрдүк кылаастаах наука үлэһиттэрин элбэтэр наадатын этэр. Ити дьоһуннаах соругу олоххо киллэриини оскуолаттан саҕалыыр ордугун, маныаха национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ үлэлээн эрэрин хайгыыр.
Интеллектуальнай күүс
Дакылаатчыт култуура сайдыытын, интеллектуальнай күүс диэннэри эмиэ умнубатах. Итини дакылаакка хайдах суруллубутунан биэрэбин.
“Бу интеллектуальнай күүс – норуот саамай күндүттэн күндү баайа. Литература, искусство, наука үлэһиттэрин үрдүк аналларынан саха омук ис күүһүн үһүгуннарыы, кинини ол-бу тастыҥ түктэри сабыдыаллартан араҥаччылааһын, нация кэрэ кэскилин иһин охсуһар биир санааҕа түмэн, кини сомоҕолоһуутун ситиһии буолар. Бу туһугар туох да суолтата суох ол-бу быстах иирсээни, хайдыһыыны, хойохтоһууну, ордугурҕаһыыны, бэрт былдьаһыыны, алаастарынан, оройуоннарынан арахсыыны букатыннаахтык киэр кыйдаатахпытына эрэ сатанар. Итинэн дьарыктанар дьон норуот бүтүннүүтүн кэлэйиитигэр, сиргэниитигэр түбэһиэхтээхтэр. Ону биһигиттэн ытык сыал, нация интэриэһэ модьуйар”. Дьэ, Софрон Петрович бу этиитэ хайдах курдугуй?!
Демография
Дакылаатчыт бу тыын боппуруоһу таарыйбытын дьоҥҥо тиэрдибэт, кистии сатыыр адьынат баарын билэбин. Бастакы бэрэсидьиэн М.Е. Николаев бу проблеманы куруутун туруорар буолара, ахсаан өттүнэн эбиллиэхтээхпитин этэрэ. Демография чахчытын кистии сатааһын, онуоха суолта биэрбэт буолуу – кини кэнниттэн кэлбит салалта өттүттэн тахсар эбит диэн түмүккэ кэлэҕин.
“Ханнык да омук, бастатан туран, дьоно-сэргэтэ ахсаан өттүнэн биллэрдик эбиллэр буоллаҕына эрэ өрөйүөн-чөрөйүөн, бэйэтин кыаҕыгар бөҕө эрэллэниэн, күүстээх санааланыан, кэлэр кэмин туһунан кэскиллээх ыраланыан сөп. Аҕыйаан, симэлийэн иһэр омук санаата самнар, муҥурданар, иннин диэки дьулуһар күүһэ мөлтүүр, бүдүрүйэн умса хоруйар түгэнэ элбиир, устунан сүтэн-эстэн барар”, – диир дакылаатчыт.
Софрон Петрович дакылаатыгар нация ахсаана эбиллиитигэр киһи үөрбэт, дьаарханар сыыппараларын хайдах баарынан аҕалтаабыта хорсун быһыыга тэҥнээх. Анаан-минээн хасыһан, кыһаллан булбут сыыппаралара киһини үөрдүбэттэр. Аан бастакы перепись 1897 сыллаахха оҥоһуллубутугар, 227 384 саха киһитэ баара бэлиэтэммит. Онтон 1926 сыллаахха, 29 сыл буолан баран, саха омук 8542 киһинэн улаатан, 235 926 ахсааннаммыта биллибит. Сылга ортотунан 294 эрэ киһи эбиллэр эбит. 1939 сыллаахха ыытыллыбыт перепись түмүгэ кистэммит, дьоҥҥо кэпсэммэтэх. 1959 сыллаахха ыытыллыбыт перепись түмүгэ 1926 сыллаах көрдөрүүттэн элбиэхтээҕэр 9873 киһинэн аҕыйаабыт, 33 сыл устата төрөөһүн аҕыйаабыт, репрессия, гражданскай, немец фашистарын утары сэриилэр, тыылга ыалдьан, хоргуйан өлүү сиэртибэлэрэ буоллахпыт. Арай 1989 сыллаах перепись көрдөрүүтүнэн ахсааммыт 382 000 киһиэхэ тиийбититтэн үөрүөххэ сөп эбит да, дакылаатчыт син биир дьаарханарын кистээбэт. Ол курдук: «Былыр-былыргыттан саха ыалын дьиэтэ элбэх оҕолоох, үөрүү-көтүү уйата буолар үгэстээх этэ. Билигин ити үтүө үгэс кэһилиннэ. Ол туохтан көстөрүй? Маҥнайгытынан, билиҥҥи олох долгунугар оҕустаран, саха ыала элбэх оҕоломмот буолла. 1992 сыл тоҕус ыйын көрдөрүүтүнэн, оҕо төрөөһүнүн ахсаана ааспыт 1991 сыл тоҕус ыйынааҕар Чурапчы оройуонугар 21 бырыһыан, Намҥа, Кэбээйигэ, Аммаҕа – 10-18 бырыһыан аччаабыт. Республика үрдүнэн 1991 сыллаахха 1988 сыллааҕар 5646-нан аҕыйах оҕо төрөөбүт. Иккиһинэн, эр-ойох буолсуу боппуруоһа өссө мөлтөх туруктаах. Тыа сиригэр 20-35 саастаах саха эр дьонуттан 53 бырыһыана эрэ, дьахталлартан 59 бырыһыана эрэ кэргэннээхтэр (куоракка – 49% уонна 52%), эбэтэр хас икки саха эдэр уолаттара уонна кыргыттара кэргэнэ суохтар, аҥаардас сылдьаллар. Киһи дьиксинэр эрэ буолбакка, санаата санньыйар суола”.
Софрон Петрович салгыы эр-ойох арахсыытын, оҕо өлүүтүн курдук саллыылаах боппуруостары хайдах баарынан ахтар, манна биһиги Башкортостаны, Татарияны, Бурятияны, Туваны ырааҕынан бырахпыппытын этэр. “Саха омук демографическай туруга сатарыйан эрэр, туохтан маннык буоллубут, кэхтэн эрэрбит бэлиэтэ дуу, тугуй?” диэн ис-иһиттэн хараастар.
Дакылаатчыт итиннэ барытыгар даҕатан өссө биир олус наадалаах суолу бэлиэтиир. Кыра омук буолар кыһалҕатын, атаҕастабыллааҕын биһиги, сахалар, этэр курдук, эппитинэн-хааммытынан билбит дьоммут. “Өрөспүүбүлүкэбитигэр биһигиттэн өссө аҕыйах ахсааннаах омуктар – эбээннэр, эбэҥкилэр, дьүкээгирдэр, чукчалар, долганнар бааллар. Кинилэр олохторо тупсарыгар бары өттүнэн көмөлөһүөххэйиҥ” диэн сиэрдээхтик ыҥырар.
Норуот суруйааччыта, биһиги кэммит биир сүдү киһитэ Софрон Петрович Данилов дакылаата дириҥ ис хоһоонноох. Маны кини тиһэх уонна чыпчаал публицистиката диэбиттэрэ эмиэ баара. Өксөкүлээх “Саха интеллигенциятыгар суругун” билэбит. Софрон Петрович бу дакылаатын “Саха норуотугар сурук” диэн ааттыыр наада.
Иван Бурцев
(Иван Бурцев бу матырыйаалын сайын Саха кэнгириэһин көрсө суруйан ыыппыта, онтон ыллым – А.Иевлева)
Софрон Данилов суруйбут уонна кини туһунан кинигэлэри СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин саайтыттан босхо онлайн ааҕыҥ:
Софрон Данилов https://new.nlrs.ru/open/46974
Софрон Данилов туһунан ахтыылар https://new.nlrs.ru/open/1413
Софрон Данилов: биобиблиографический указатель https://new.nlrs.ru/open/54885
Мин эйиэхэ кэпсиим https://new.nlrs.ru/open/24206
Дьоллоох буолуҥ, бар дьонум https://new.nlrs.ru/open/24189
Сэттэ томнаах айымньылар. https://new.nlrs.ru/open/2391
Күн сырдыга https://new.nlrs.ru/open/24188
Киһи биирдэ олорор https://new.nlrs.ru/open/24191
Суруйааччылар уонна кинигэлэр: литература туһунан ыстатыйалар уонна бэлиэтээһиннэр https://new.nlrs.ru/open/1503
Дьону үөрдэ сырыттарбын https://new.nlrs.ru/open/24207
Барымаҥ даа, кубалар: роман https://new.nlrs.ru/open/24203
Сүрэх тэбэрин тухары https://new.nlrs.ru/open/8894
Киһи биирдэ олорор https://new.nlrs.ru/open/59964