Үтүөнү түстүүр “Алгыстаах айан” - Блоги Якутии

2 года назад 2042

Үтүөнү түстүүр “Алгыстаах айан”

Кулун тутар 27, 31 күннэригэр Мэҥэ Алдаҥҥа “Уйгулаана” уонна “Ника” автотурдар “Алгыстаах айан” диэн маршруттарын ыалдьыттара тохтоон, өрөспүүбүлүкэҕэ ханна да суох Эйфель башнятыгар хаартыскаҕа түстүлэр, норуодунай суруйааччы Е.Неймохов аатынан литератураны уонна кыраайы үөрэтэр музейга сырыттылар.

 Бу Эйфель башнятын кыра куоппуйатын худуоһунньук Роман Романович Ефимов көҕүлээн, архитектор Максим Петрович Неймохов бырайыагынан тутуллубута –  билигин Мэҥэ Алдан визитнэй карточката буолла.

Ыалдьыттар музей үлэһиттэрэ ГУЛАГ, нэһилиэк историятын туһунан кэпсээннэрин кэрэхсээтилэр. Үксүлэрэ Егор Неймохов “Хара Мааска”, “Ильмень үрдүнэн туруйалар”, “Мой убийца” диэн толору метражтаах уус-уран киинэлэр ааптардара буоларын саҥа биллилэр. Өссө ”Хапсыһыы” сэһэнинэн уус-уран киинэ уһулла сылдьарын, күһүн улахан экраҥҥа тахсыахтааҕын сэргии иһиттилэр.

Маннык тэрээһиннэр хайа да өттүгэр туһалаахтар, хардарыта байытыһаллар. Саамай үчүгэйэ, биһиги музейбыт “Алгыстаах айан” бырагырааматыгар бигэтик киирэр кыахтанна. Оччотугар өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан сылдьар дьон Томпо сиригэр Мэҥэ Алдан диэн баай историялаах, эйэҕэс, талааннаах дьонноох дьоҕус дэриэбинэ баар эбит ээ диэн билэр буолуоҕа.

 Бу күннэргэ музейбытыгар Мэҥэ Алдан талба талааннаах маастардарын быыстапкатын тэрийэн үлэлэттибит. Ону наһаа кэрэхсээн көрдүлэр. Манна Мэҥэ Алдан олохтооҕо Айталина Михайловна Хоноехова, кини үөрэтэр оҕолорун, Розаина Кимична Тырахинова, Вера Иннокентьевна Павлова, Мария Валерьевна Чирикова, Александра Пантелеймоновна Захарова куукулалара, Анна Юрьевна Захарова маллаах иһиттэрэ, Илья Ильич Колодезников талахтан оҥорбут корзиналара дьон болҕомтотун тардар. Быыстапка сүмэтинэн Татьяна Иннокентьевна Колодезникова сылгы сиэлиттэн оҥорбут “Олоҥхо  –  саха омук мындыр өйүн кылаан чыпчаала”, “Алгыстаах буоллун олоххут”, “Ыһыах. Күнү көрсүү” дьүһүйүүлэрэ буолла.

Бу автотур туристара үлэлэри олус сөбүлээн: “Маастардар Дьокуускай куоракка муус устар 8-9 күннэригэр Кружалоҕа буолар ыһыахха аналлаах быыстапкаҕа кытынныннар”, — диэн санааларын эттилэр, итиэннэ салайааччылара Уйгулаана уонна Ника туристарын кытта кыттыһан, 7000 солк. уу харчынан спонсорскай көмө оҥордулар.

Дьэ, ити! “Волшебная сила искусства” диэн этиини толору итэҕэйдим. Билиҥҥи ырыынак сыһыаннаһыыларыгар киирбит үйэбитигэр предпринимателлэр, туристар үтүө санаа аахсыйатын оҥордулар.

Уйгулаана, Ника диэн эдэр саха кыргыттара көмө оҥорбуттарыттан бэйэлэрэ да наһаа астыннылар, үөрдүлэр. Маастардар Татьяна Иннокентьевна, Айталина Михайловна итиччэ өйөбүл ыланнар уйадыйа үөрдүлэр, быыстапкаҕа баран кыттар баҕалара күүһүрдэ. Ый анараа өттүгэр ”Якутия мастеровая” кыайан кыттыбатахтара ээ. Оннук сэмэй дьон. Кэмигэр күүс-уох эбэр көмө-тирэх наада.

Онон бу “Алгыстаах айан” автотур үтүө санаанан салайтаран, дьоҥҥо көмөлөһөллөрө улуу дьыала!

“Талантам надо помогать, бездари пробьются сами” диэн этиинэн салайтаран, уран тарбахтаах дьоммутун итинник дьон-норуот билиитигэр- көрүүтүгэр таһаарар ытык иэстээхпит дии саныыбын.

Оттон Томпо оройуонун Култуураҕа управлениета биһиги маастардарбыт быыстапкаҕа туруохтаах миэстэлэрин төлөһөллөрүгэр матырыйаалынай көмө оҥорор буоллулар.

Бу маннык талааннаах дьоммутун өйдүүр, өйүүр дьонноохпут тухары төрөөбүт-үөскээбит Сахабыт Сирэ инникитэ ыраас, кэскиллээх диир толору кыахтаахпыт!

Мария Неймохова.

04.04.2023 с.

Добавить комментарий