Хаартыскалар тыыннаахтар - саҥата суох тыллаахтар - Блоги Якутии

2 года назад 2163

Хаартыскалар тыыннаахтар – саҥата суох тыллаахтар

Иннибэр бэртээхэй хаартыскалар сыталлар. Олору сканердаан ылан, көмпүүтэргэ киллэрэбин…

Суруйааччы Егор Неймохов 1988 сыл балаҕан ыйыгар суруйааччы Николай Якутскайы, 80 сааһынан сибээстээн, Бүлүү оройуоннарынан арыаллаабыта. Бу хаартыскалары онно Иван Деевич Архипов түһэрбит.

         Иван Деевич мин пионер эрдэҕинээҕи баһаатайым. Кини Далырга баһаатайынан үлэлиир эрдэҕинэ, пионерскай олох күөстүү оргуйара. Пионертан тахсар сааспыт кэлбитигэр, пионерскай хаалтыспытыгар көмүһүнэн кэс тыл суруйан бэлэхтээбитэ: “Юный пионер, не забудь свою организацию…”. Уонна инники олохпутугар үтүө баҕарыы суруга баара. Онно пионер сааспыт ааһан эрэр дьон: “Хайаан юный пионер буолуохпутуй?” – диэн күлсүбүппүтүн өйдүүбүн.

Николай Якутскай үбүлүөйүн бэлиэтээри, Молдавияттан кэлэ сылдьара. Үгэс быһыытынан, улахан киһи кэллэҕинэ, баартыйа обкомун эппиэттээх үлэһитин анаан арыаллаталлара. Ол кэмҥэ Егор Неймохов обкомҥа үлэлиирэ, ол иһин арыаллаатаҕа.

 Дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ икки балтытыгар түспүттэр этэ. Кыра уҥуохтаах балтылара олох убайдарын тула көтө сылдьаллара үһү. Соҕуруу олорор киһи сэдэхтик кэлэн барара буолуо. Оскуолаларга, кулуупка көрсүһүү бөҕө оҥорбуттар. Николай Гаврилович Золотарев-Якутскай диэн суон аата сураҕырбыт, “Көмүстээх үрүйэ”, “Төлкө” диэн өлбөт-сүппэт айымньыларынан аар-саарга аатырбыт классик суруйааччы буоллаҕа.

Өссө 1972 с. “Көмүстээх үрүйэ” романынан  “Таджикфильм” уус-уран киинэ уһулан турар – “Тайна предков” диэн. Эдэр режиссер Марат Арипов устубута. Сценарийын Лев Габышев суруйбута. Ити, арааһа, саха суруйааччытын айымньыта аан маҥнай улахан экраҥҥа таҕыстаҕа буолуо. Ол иннинэ саха киһитэ уус-уран киинэҕэ эпизод курдук быстахтык көстөн эрэ ааһара. Онно да наһаа үөрэрбит. Ити киинэҕэ Үөһээ Бүлүү Хоротуттан төрүттээх артыыс Анатолий Васильев Уйбаанчаны, ССРС норуодунай артыыһа Дмитрий Ходулов Сэдьүк оҕонньору, Наталья Шестакова-Кирюшкина Арапааһы оонньообуттара.

Урут киинэҕэ саханы көрдөхпүнэ, хайдах эрэ, атыҥырыырым. Көстөр дьүһүннэрэ улахан экраҥҥа соччо барсыбат курдуктара. Арай, бу киинэни көрөн баран, “саха да уус уран киинэҕэ сэргэхтик көстөр эбит”  дии санаабытым. Кинокамера саха сирэйин сөбүлээтэ диэн. Ол курдук, Анатолий Васильев Наталья Шестаковалыын наһаа да кэрэлэрэ. Дмитрий Ходулов харизматичнайын этэ да барбаккын, оннук курдук сүдү киһи этэ Сөдьүк оҕонньор.

Ол киинэни Уралга устубуттар, үксэ кыһын. Кыһын аата кыһын – тымныы. Ходулов көмүстээх үрүйэни сабаары, хайыр тааһы сыгынньах илиитинэн таһар. Хас эмэ дубль оҥоһуллар. Сыгынньах илиинэн тымныы тааһы таһар айыкка ээ. Онно киинэ устааччылар аһынан, үтүлүк кэтэрдэ сатаабыттарын буолумматах. Улахан артыыс киинэҕэ барыта дьиҥнээх курдук буолуохтаах диэн санаанан салайтарар. Искусство туһугар артыыс тугу оҥорботоҕо баарай?! Ол кэннэ тарбахтарын үлүтэ сыспыт, ол тымныппыта өр баҕайы дьарҕа буолан ыалдьан эрэйдээбитэ үһү. Ити киинэҕэ аатырбыт нуучча артыыската Татьяна Конюхова уо.д.а. оонньообуттара. Биһиги да дьоммут улуу артыыскаттан төрүт хаалсыбаттар этэ.

“Саха Сирин култууратыгар улахан суолталаах суруйааччы, тылбаасчыт, драматург Лев Габышев өссө саха маҥнайгы киносценариһын быһыытынан ааттанар. 60‑с сылларга кини хаһыат ыстатыйаларыгар, араас мунньахтар түрүбүүнэлэриттэн: “Тоҕо Саха Сирэ курдук баай устуоруйалаах, хатыламмат дьикти айылҕалаах дойду туһунан биир даҕаны уус-уран киинэ уһулла илигий?” — диэн ыйытыыны хаста да төхтүрүйэн, дьон-сэргэ ырытыытыгар таһаарбыта» диэн суруйаллар. Онон саха суруйааччыта Лев Габышев саха киинэтэ сайдарыгар сүдү кылааты киллэрбитэ, олук охсубута диирбит оруннаах уонна мэлдьэҕэ суох.

Урут «Төлкө» роман төлкөтө» диэн ыстатыйаны суруйан турардаахпын. Онтон Н.Якутскайга сыһыаннааҕын ахтан аһарарбар көҥүллээҥ:

“Николай Якутскай кэпсээбиттээх. Бу айымньыны өйбүттэн оҥорон суруйбутум. Ону Бүлүүгэ “Харатаайап кулуба сыдьааннарабыт”, “Бүлүү өрүс үрдүгэр турар маһы манна Маайа ыйаммыта” диэх курдук этэллэр диэн. Чахчы, норуот сүрэҕэр чугас буолан, уус-уран айымньыны баар чахчыга чугаһатан эрдэхтэрэ. Персонажтары да субу хаама сылдьар дьонтон сүһэн ылбатар, олоххо баар дьонтон бастыҥнарын хомуйан, уобарас оҥорбут буолуохтаах. “Маайабын өлөрөн баран, үс күнү быһа ытаабытым” диэбитэ. Хайдах да тыыннаах хаалларар кыаҕым суоҕа, үрүҥнэргэ түбэһэр, ол дьон кыраһыабай дьахтары харыстаабаттара чуолкай. Оччоҕо Маайам сырдык уобараһа киртийэр. Ол иһин Сүөдэркэ бэстилиэтинэн оонньуу сылдьан, алҕас ытан өлөрөрүн курдук оҥорбут. Айымньы структурата оннугу ирдээн эрдэҕэ, суруйааччы санаатыттан тутулуга суох.

Уопсайынан, Николай Якутскай бэйэтэ билинэринэн, айымньыларыгар сүрүн санаа, өтө көрүү сурулларын өйдөөбөккө да хаалар эбит. Холобура, “Көмүстээх үрүйэҕэ” Сэдьүк оҕонньор этиитэ, көмүс баар сирин кистиирэ – “Көмүһү буллахтарына, дьон бөҕө кэлиэ, айылҕаны алдьатыахтара, кыыл-сүөл сүтүө,  оччоҕо тугу аһаан олоруохпутуй? диэн. Кэлин олохпут ону толору дакаастаата. Сир баайын хостооһуна олохтоохторго абырыырынааҕар алдьатыыта элбэх курдук… Аны “Сир” диэн айымньытыгар бөдөҥсүтүүнү,  баартыйа бэлиитикэтин утарбыт курдук буолан тахсар. Оччолорго колхозтар, совхозтар, оройуоннар кытта бөдөҥсүйүүлэрэ буола сылдьыбыта. Кэлин сыыһа диэтэхтэрэ буолуо, төттөрү чөлүгэр түһэрбиттэрэ.

Егор Неймоховы обкомҥа ыҥыран үлэлэтэллэригэр, Обком I сэкирэтээрэ Ю.Н. Прокопьев ыҥыран кэпсэппитэ. Юрий Николаевич бэйэтэ филолог, литературовед идэлээх, наука кандидата буолан, саха литературатын билэрэ, ол иһин: “Николай Якутскай ”Сир” айымньыта мөлтөх”, – диэбит. Онуоха Егор Петрович эппит: “Николай Якутскай: “Айымньым аата ”Сир” диэн дии, ”Хайҕаа” диэн буолбатах, онон сирэн эрдэххит”, – диэбитэ үһү”, — диэн кэпсээбитигэр, Юрий Николаевич улахан баҕайытык саҥа таһааран күлбүт этэ. Улахан суруйааччы кириитикэлэнэ да сыттар юмордыыра киһини сөхтөрөр.

Николай Якутскай бэйэтэ да сахаҕа үчүгэй, астык көрүҥнээх киһи этэ. Соҕуруу олорор буолан, таҥаһа да мааныта, көрүөхтэн үчүгэй оҥоһуулаах торуоскалааҕа, ону биһиги уолаттарбыт бэркэ кэрэхсээн көрөллөрө. Аны куолаһа сөҥ, хамандыырдыы этэ, кадровай офицер диэх курдук.

Төрөөбүт дойдутугар Харбалаахха “80 Николай Якутскай Харбалаах” диэн төбөлөөх улахан мас сэргэни туруоран, үөрүүлээхтик аспыттар этэ.

Дойдутун дьоно, поэт Бүөтүр Тобуруокап арыаллаабыттара. Онно Н.Якутскай өтөҕөр бара сылдьыбыттара, куобахтаппыттара. Куобах олох суох үһү.

Арай, киһи уҥуоҕун эмэҕирбит маһын анныгар биир ньоохой кирийэн олорорун Н.Якутскай ытан өлөрбүт уонна наһаа үөрбүт: “Дойдум бэлэх уунна”, – диэн. Төһөтүн да иһин саха киһитэ маҥнай  саха, булчут, онтон эрэ суруйааччы, поэт ээ. Улахан суруйааччы сорсуннаах булчут буоллаҕа.

Сунтаарга суруйааччы Эдуард Соколов көрсүбүт этэ уонна уопсай түспүт хаартысканы “Неймохову Е.П. 1988 с. балаҕан ыйа, Сунтаар оройуона, Тойбохой сэлиэнньэтэ” диэн суруктаан бэлэхтээбит. Егор Неймоховка кини: “Биһиги көлүөнэ бөдөҥ суруйааччытаҕын, инникилээн иһэр лиидэргин”, – диэн этэн соһуппут этэ. Кини ол сахха саҥардыы литератураҕа киирэн эрэр кэмэ.

Николай Якутскайы оҕо эрдэхпинэ этэллэрэ: “Иван Строд ”В якутской тайге” айымньытын уорбут үһү”, – диэн. Ону өйбөр оҥорон көрөрүм. Кинигэни уоран, дьиэттэн тахсан иһэрин. Оччотооҕу өйдөбүлбэр онтон атын хартыына киирбэтэ, атын уоруу баарын билбэтим. Плагиат диэни оройдообот да бэдик буоллаҕым. Историческай айымньыны суруйар дьоҥҥо ити элбэхтик көстөр буруйдааһын эбит. Биир чахчы буоллаҕа, ону араас суруйааччы суруйар. Ол хайдах плагиат дэниэй?! Биир үһүйээни дуу, олоҥхону дуу араас суруйааччы сурукка тиһэрин курдук. “Дьулуруйар Ньургун Боотуру” П.А.Ойуунускай, Суорун Омоллоон суруйбуттарын, Көстөкүүн Оросин бастаан толорбутун билэбин, өссө да баара буолуо. Чахчыны чахчы курдук айымньыларыгар киллэрдэхтэрэ.

Кэлин ону өйдүүбүн. Оттон буруйдааччылар да ону өйдүүр бөҕө буоллахтара, күлүк эрэ түһэриэххэ, самнарыахха эрэ диэн итинник гынан эрдэхтэрэ. Ол да буруйдааһыны биир дойдулаах буолан иһиттэҕим. Дьөгүөр олох истибэтэх, билбэт этэ. Кини олох оҕо эрдэҕиттэн миигиннээҕэр литератураҕа сыһыаннаах этэ буоллаҕа.

Кэлин суруйааччы Иван Федосеев-Доосону хайа эрэ политсыылынай туһунан айымньытын плагиатствоҕа күтүрээн үҥсэ сылдьыбыттара. Ону Иван Егорович историческай айымньыга 30% баар чахчыны суруйбуттарын туһанар көҥүллэнэр диэн курдук сокуону дуу, быраабыланы дуу булан, ыраас тахсыбыта.

Николай Якутскайы наһаа омуннаах дииллэр этэ. Уутугар-хаарыгар киирэн кэпсээтэҕинэ, суруйдаҕына, омунугар суоҕу баар гыныан сөптөөҕө.

Сэбиэскэй былаас саҕана биир биллэр кириитик: “Н.Якутскай айымньылара мультик курдук, көрөргө кэрэхсэбиллээх, киһи тартарар, ол эрээри дириҥэ суох, кураанах куолу. Кини – сюжет маастара, ис хоһооно мөлтөх, чычаас”, – диэн турар. Учуонай, профессиональнай литературовед биллэҕэ, оннук да буолуо ээ. Ол эрээри, биһиэхэ, көннөрү дьоҥҥо, тиийимтиэ, уйулҕабытын хамсатар, үөрдэр-хомотор.

Үрдүк материя туһунан толкуйдаабаппыт, субу билигин эрэ аахпыппытын, көрбүппүтүн саныыбыт, иэйиигэ куустарабыт. Дьиҥинэн, уус- уран айымньы норуокка, көннөрү дьоҥҥо анаан суруллар ээ, норуоту үтүөҕэ, кэрэҕэ уһуйар, угуйар аналлаах.

Манна даҕатан эттэххэ, куоракка “Төлкө” испэктээккэ биир дойдулаахпыт, учууталбыт Марфа Герасимовна кыыһа сылдьыбыт. Далырга ыаллыы олорбут Зоя Багынановаҕа сибэкки дьөрбөтүн биэрээри, анаан тэринэн аҕалан баран: “Наһаа куһаҕан эмээхсини, Дьаакыбылап кулуба ойоҕун Огдооччуйаны оонньоото”, – диэн буруйдаан, сибэккитин биэрбэккэ, дьиэтигэр илдьэ барбыт этэ. Дьэ ити, Зоя Петровна көрөөччүгэ тиийэр гына уобараһын айдаҕа эрэ диибит буоллаҕа.

Саха норуодунай суруйааччыта, бөдөҥ прозаик Николай Гаврилович Якутскай айымньылара инникитин да дьону аймата, кэрэхсэтэ, сэргэтэ туралларыгар олох эрэллээхпин.

Мария Неймохова,

22. 03. 2023 с.

Комментарии 1

Николай Якутскай Төлкөнү барытын өйүттэн айбыта диир сыыһа буолуо, Бүлүү Тааһаҕарыгар хонон-өрөөн сытан маннааҕы номоҕу дьонтон хомуйан барбыта чуолкай, ол хомуйбут кэпсээнэ диэххэ, дьиҥ баар олоххо буолбут түбэлтэтэ, Маайа уобараһа буолар.

Добавить комментарий