2 года назад 241
Саха баарын тухары умнуллуо суоҕа
Кулун тутар 16 күнүгэр, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнүгэр, Мэҥэ Алданнааҕы Е.Неймохов аатынан литератураны, кыраайы үөрэтэр музей “Өксөкүлээх сардаҥата” өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кыттыһан, Улуу Киһибит мэтириэтин иннигэр чүмэчи уматтылар, ахтан-анаан аастылар.
А.Е.Кулаковскай кинигэлэрин көрдөрүүгэ уурдулар, айымньыларыттан быһа тардан аахтылар.
Манна даҕатан эттэххэ, 2010 сыллаахха СӨ вице-президенэ Е.И. Михайлова Егор Неймохов 60 сааһын П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар үөрүүлээхтик бэлиэтиир дьоро киэһэҕэ: “Егор Неймохов оччолорго баартыйа обкомун иһинэн тахсар “Аргыс”, “Айсберг” сурунааллар кылаабынай редактора буолаат, литератураҕа хааччахтары суох оҥорорго, саҥалыы сыһыаны олохтуурга дьулуспута. Ол курдук, А.Е.Кулаковскай уһулуччулаах үлэтин – “Саха интеллигенциятыгар” суругун – аан маҥнай бу сурунаалыгар бэчээттэппитэ. Ол туһунан профессор Георгий Прокопьевич Башарин “Сурук” наука, архыып өттүнэн сөптөөхтүк ситэриллэн, көрүллэн, бу сурунаалга бастакынан тахсыбытын ахтан турардаах”, – диэн дакылаатыгар бигэргэтэн эппитэ.
Онон биһиги музей Өксөкүлээх Өлөксөй өлбөт-сүппэт айымньыларын норуокка таһаарыыга эмиэ кыттыгастаах курдукпут.
Өксөкүлээх “Ойуун түүлэ” поэматын В.Н. Протодьяконов “Бичик” кинигэ кыһатыгар 1994 с. таһаартарбыта, ”Өксөкүлээх Өлөксөй уонна “Ойуун түүлэ” поэма кэм-кэрдии дьүүлүгэр” диэн ыстатыйатын киллэрэн туран. Ол кинигэни Егор Петровичка анабыл суруктаан бэлэхтээбитэ:
“Күндүтүк көрөр, истэр, ааҕар киһибэр – суруйааччы Дьөгүөр Ньоймоохопко!
Өбүгэ үгэһэ өрүү минньигэс, Өксөкүлээх түүлэ өлбөт үйэлээх айымньы. Бары үчүгэйи, элбэх үөрүүнү, үрдүк ситиһиини баҕарабын.
В.Вrqag.
21.10.94.”
Аны Өксөкүлээх сиэнэ Реас Кулаковскай “Өксөкүлээх уола” диэн ахтыы кинигэни маннык суруйан бэлэхтээбит:
“Убаастабыллаах Егор Петрович!
Аҕам олорон ааспыт олоҕун дьоно, үөлээннээхтэрэ, аймахтара ахтыы оҥорон таһаарбыт кинигэбитин бэлэх уунабын. Эйиэхэ дьолу-соргуну, таһаарыылаах үлэни баҕарабын.
Атос Кулаковскай.
9.06.2009 с.”
Итинник курдук суруйааччы Егор Неймохов Өксөкүлээх сыдьааннарын кытта алтыһара. Реастыын Уус Маайаҕа суруйааччы Д.Апросимов үбүлүөйдээх күнүн бэлиэтии бара сылдьыбыттара. Онно Реас бэлэхтээбит кинигэтэ баара да булбатым. Наһаа бэркэ тапсан сылдьыбыттара, астынан аҕай кэлбиттэрэ. Өксөкүлээх уолун аатын да оригинальнайдык толкуйдаабыт “эрэйи аас” диэнтэн Реас диэн харысхал аат тахсыбыт. Д.Апросимов оҕолоро аҕаларын үтүө аатын үйэтитэллэрин сүрдээҕин сөбүлээбиттэрэ, үтүөкэн оҕолордоох эбит диэбиттэрэ.
Бу “Өксөкүлээх сардаҥата” бэртээхэй аахсыйа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тилийэ көттө, хас музей аайы чүмэчи уота сырдаата.
“Өксөкүлээх сардаҥата” саха баарын тухары умнуллуо суоҕа, өрүү сыдьаайа-сырдыы, саха норуотун инникигэ сирдии, ыйдаҥарда туруоҕа!
Мария Неймохова.
Мэҥэ-Алдан, Томпо