Көрөөччү: “Мин дьоллоох эбиппин”, - диэн этиэҕэ - Блоги Якутии

2 года назад 526

Көрөөччү: “Мин дьоллоох эбиппин”, – диэн этиэҕэ

Бу саас саамай кэтэһиилээх “Почти как все” киинэтэ кулун тутар 16 күнүттэн улахан экраҥҥа тахсыаҕа.

Режиссер быһыытынан 2016 сыллаахтан үлэлиибин. Араас музыкальнай килииптэри, рекламалары, роликтары, тэттик киинэлэри, бэл, сериаллары кытта устубутум. Сериалы устар киинэни уһулардааҕар уустук. Былырыын «Таксист» киинэм норуоттар икки ардыларынааҕы BAIQONYR VII бэстибээлгэ «Бастыҥ киинэ» диэн анал аакка тиксибитэ. Куонкуруска 200 сайаапка киирбититтэн, 17 киинэ талыллыбыт этэ, — диэн кэпсиир “Почти как все” режиссера Илларион Яковлев.

  • Көрөөччүлэргэр бу прокакка тахсаары турар киинэҥ туһунан сырдата түһүөҥ дуо?

-Киинэ идиэйэтин устудьуоннуу сылдьан табаарыспын кытта толкуйдаабытым. Хайысхата “Монти Пайтон” көрдөөх скетчэрин курдук. Ол эрээри биһиги бу көрбүт-күлүүбүт бэйэтэ туспа драмалаах. Киһиэхэ саамай күүстээх өрүтэ – амарах үтүө санаата. Ону дьоҥҥо өйдөтөөрү, олоҕу сыаналыырга үөрэтээри, бу кэмиэдьийэни уһуллубут. Үлэбитин 2021 сыллаахха саҕалаабыппыт. Иннокентий Хандыга, Дмитрий Потаповка, Виктор Ли-Фуга, Анатолий Сергеевкэ, Өркөҥҥө, Дмитрий Шадриҥҥа махтанабын, кинилэр бу киинэ тахсыытыгар сүҥкэн оруоллаахтар.

Сүрүн оруолга – Владимир Дормидонтов

-Владимир, эн Саха Сиригэр биллэр блогер, талааннаах хомусчут буолаҕын. Киинэҕэ бу бастакы уһуллууҥ дуо?

-Блогер быһыытынан элбэх роликка уһуллубутум, оттон толору кээмэйдээх киинэҕэ бу бастакы холонуум буолар. Тута сүрүн оруол буолан, олус долгутуулаах этэ. Улахан уопуту ыллым. Түүннэри-күнүстэри үлэлээбиппит. Оруолум майгыбын-сигилибин уларытта да диэххэ сөп.

Киинэ туох туһунан?

– Күннээҕи түбүк, үлэ үөһүгэр, үп-харчы сырсыытыгар сылдьан, олоххо баар дьиктини, кэрэни бэлиэтии көрбөккө, дьон истиҥ сыһыанын аахайбакка хааларбыт үгүс. Оттон мин дьоруойум Дима барытын өйдөөн көрөр оҕолуу кыраҕы харахтаах, уйан дууһалаах,  сырдык санаалаах. Көрөөччү бу киинэни көрөн баран: “Мин дьоллоох эбиппин”, – диэн этиэҕэ.

-Киинэ сүрүн дьоруойун уобараһа дьиҥнээх олохтон ылыллыбыта дуо?

-Дьоруойум прототиба – Дима Потапов, ырыаны толорооччу уонна айааччы. Оруолбун көрөөччүгэ итэҕэтиилээхтик тиэрдэр, толору арыйар сыалтан Дималыын хас да күн алтыспытым. Ол эрээри, кини олоҕун ойуулуур киинэ буолбатах. Уобараһа эрэ ылылыннаҕа дии.

Олохпутугар баар түгэннэри ойуулуубут. Сценариспыт психологическай күрүчүөктэри араас сирдэринэн олуйталаабыт эбит, онон киинэ араас турукка киллэрэн ылыа: үөрдүө, долгутуо, кыһыйыаҥ, ыгылыйыаҥ… Көрөөччү дьоруойдары эмиэ да аһыныан, эмиэ да кинилэргэ абарыан сөп. Ким хайдах ылынарынан.

Дьиҥнээх доҕор диэн кимэ мүччүргэнээх сырыыларга көстөр аналлаах. Манна эмиэ оннук. Тус бэйэбэр доҕордоһуу тиэмэтэ чугас. Миэхэ эмиэ тарбахха баттанар аҕыйах ахсааннаах доҕоттордоохпун. Төһө да сытыым-хотуум иһин, бэйэм наһаа аһаҕас, дьону түргэнник ылына охсор киһи буолбатахпын.

– Айар бөлөххүт туһунан сэгэтэн кэпсиэҥ дуо?

-Айыына Дьячковская, Айаал Винокуров, Ульяна Егорова, Айаал Лазарев, Дмитрий Юрченко наһаа үчүгэйдик оонньоотулар. Биири бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын: бу киинэҕэ курдук, улахан операторскай хамаандалаах бырайыагы өссө көрө илик этим. Оператордар кэрэни табаары, хас биирдии дьайыыны ымпыгар-чымпыгар тиийэ уһулбуттара. Эдэр хамаанда буолан, сонун көрүү, ураты көстүү. Сайыҥҥы Дьокуускай наһаа да кыраһыабайдык уһуллубут диэн көрбүтүм. Ол эрээри, киинэни толору көрө иликпин.

Онон бары кэтэһэбит –  “Почти как все” киинэ премьератын.  Үс хонук хаалла, оттон бүгүн, кулун тутар 13 күнүгэр, “Barmeister” барга киинэ айар бөлөҕүн кытта “Movie party” буолар. Киириитэ БОСХО. Ырыаһыттар Дима Потапов, Катя Черкашина, Өркөн, Евгений Оленов, Аман Анхаров, Эрхаан Попов, Siel Golden, Сардаана Трофимова, Катя Потапова, Какитока, Dj Nikita Supra кыттыыны ылыахтара.

Суруйда Эльдар Садовников

Добавить комментарий