Хаҥаластан хааннаахтар, Тигиилээхтэн төрүттээхтэр - Блоги Якутии

2 года назад 968

Хаҥаластан хааннаахтар, Тигиилээхтэн төрүттээхтэр

Ааҕааччыны бэйэтигэр тардар айымньылардаах Василий Иннокентьевич Гоголев-Уйулҕан саҥа кинигэтин долгуйа аахпытым. Кини айымньытын саха ааҕааччыта биһириир, мэлдьи кэтэһэр. «Хаҥаластан хааннаахтар, Тигиилээхтэн төрүттээхтэр. УҺун Дьуона» историческай арамаан аахпыт эрэ киһиэхэ саҥа көрүүнү, саҥа санааны киллэрэр дии саныыбын.

Уйулҕан устар ууну сомоҕолуур, тыһы кылы тыыра этэр уус тыллаах, тыл эгэлгэ баайын баһылаабыт, талаана таһынан таһымныыр чаҕылхай суруйааччы буоларын аҥаардас бу да арамаана кэрэһилиир. Уу сахалыы суруйуутун, урукку классик суруйааччылары санатарын сөхтүм. Сөхтүм өссө кини үлэһитин, ылсыбыт санаатын туһугар сүрэҕэ сөҕүрүйбэт уотунан умайарын!

Арамаан «Быыра оҕум» хоһоонунан саҕаланар. Бу хоһоону ааҕааччыга илдьит курдук ылынным. Уйулҕан ол аата ааҕааччытын бэлэмниир. Мантан ыла ааҕааччы суруйааччыны кытта урукку дьыллар уорҕаларыгар кистэммит дьикти сэһэн таайыллыбатах таабырынын арыйар суолга аттанар…

Бастакы «Сар куорсуна» түһүмэххэ икки биллэхтиилэр – Тыгын Дархан күтүөттэрэ Түүлээх Дүҥүрдээх Түлүөн Ойуун уонна Кулгумар Боотур – сар куорсунуттан сылтаан өс-саас өһүөннээх суолугар үктэнэллэр. Арамаан хара маҥнайгыттан өбүгэлэрбит оччотооҕу олох кыһалҕатыттан кыргыс боотурун үөрэҕин иҥэриммит олохторугар биһигини киллэрэр. Айымньы саҕаланыаҕыттан саха түүлүнэн биттэниитэ, инники олоҕун анаарыыта, ону таһынан ханнык да түгэҥҥэ Аҕа тылыттан тахсыбат буолуута, Аҕаны өрө тутуута итэҕэтиилээхтик суруллар.

Сар куорсун – символ уобарас. Бэйэтин кыаҕын билинэн, эрдэ туораан биэрбэтэҕин, итинтэн улахан өскө тиийиэхтээҕин суруйааччы Кулгумар Боотур этиитинэн тиэрдэр: «Охторум куорсуннара эргэрэн, сыыһа туттар буолаары гынным!». Эбиитин Түлүөн Ойууҥҥа сутуругунан түһүүтэ оччоттон билиҥҥэ диэри мөлтөх киһи суос бэриниитэ буолар. Түүлээх Дүҥүрдээх Түлүөн Ойуун оччотугар тоҕо куотта? Аҕа сүрэҕэ уолаттара төһө да боотур үөрэҕэр уһуйуллубуттарын иһин, эттэрэ-хааннара билигин да ситэ илик, өс-саас эбии дириҥээн, алдьархай аана арыллыан сөбүн биллэҕэ. Суор Бас Боллой уонна Хантаҕар Быгый ситэн-хотон, өс-саас ситиһэ кэлбиттэригэр, сар куорсун Кулгумар Боотур атаҕын анныгар уонна түөһүн тылыгар тэлээрэн кэлэн түһүүтэ – кини бүтэр, кэхтэр кэмин туоһута. Ону Уйулҕан бу киинэни көрө олорорбут курдук ойуулуур. Оччотооҕу кэм суруллубатах сокуонун Тыгын Дархан биһиэхэ санатар: «Олох одурууннаах өксүөнүгэр ким дьолуолаах – ол тыыннаах хаалар үйэтэ».

Арамааны ааҕа олордоххо, «Тигиилээх сирэйдэр харахтарын уун-утары көрүө суохтааххын, кинилэр уоттаах харахтарын көрдүҥ да, дьикти күүс илиигин-атаххын кыаһылаан кэбиһэр…» диэн урааҥхайдар санааларыгар утары санаа үөскүүр. Кинилэри аһынар, кыахтарыгар сүгүрүйэр иэйии баһыйар. Онуоха сэттэ саастаах Күтэмэй ийэтин суорума суоллаабыт үрүҥ эһэттэн аҕатын быыһааһына төрүөт буолар. Кыһыл оҕотугар ийэ көрдөөн, Сиэллээх Өһүргү кыыһын уоран ылар. Манна даҕаны бугуһуйбут Сиэллээх Өһүргү уолаттарын тохтоторо – Тыгын Дархан үөрэҕин хатылыыр: «Баҕар, ийэ ууһун төрдө буолуо». Суруйааччы бу икки уус бодоруһууларын олус дьиктитик, уйаннык да суруйбута, аахпыт эрэ киһи Һык гына түһүөр диэри итэҕэтиилээх.
Урааҥхай сахалар Дьөһөгөй айыылаахтарын Уйулҕан бу да айымньытыгар бастакы түһүмэхтэн биллэрэр. Ол курдук, Сиэллээх Өһүргү сиэнэ Хатыы Боотур таайынаан Күтэмэйдиин Ньүүйэ курдук тойук дойдуттан, бөдөҥ-садаҥ, бэртээхэй биэни үөрүттэн арааран, күрэтэн аҕалыылара буолар. Бу – Сиэллээх Өһүргү ытык санаата. Оттон ити албаһын кинигэни аахтаххытына улаҕалаах өй, аттарыылаах албас диэни сүрэххитинэн-быаргытынан ылыныаххыт. Бу түһүмэх түмүгэр Хомуһун Ойуун өлбүтүн кэнниттэн Тэрээппэ Күөгэлэп Туймаада хочотуттан Мэҥэдьэккэ төннөн иһэн, cаҥа төрөөбүт сиэнигэр чымаан быһыытын киһи харах уута суох аахпат, оҕо кута күүстээх буолан, айыыларын этитиитинэн Тэрээппэ дьаһалын уларытара ыйаах, билгэ күүһүн итэҕэтэр.

Иккис «Дайыла Күөгэлэп олоҕо» түһүмэххэ эмиэ Дьөһөгөйгө төннөбүт. Күүстээх куттаах оҕо Лабыкы Омтоонтон төрөөбүт Дайыла Күөгэлэп хос эһэтиттэн Хатыы Боотуртан хаалбыт үөрүн хаанын тупсарар санаалаах. Мэҥэдьэк сылгытын боруодата тупса үөскүүрүгэр Дайыла кинээстээн олорон, кэскиллээх олугу уурара кэпсэнэр. Бу манна ааты-суолу хараардыбат быһыы-майгы өбүгэ саҕаттан киһилии сиэр бастакы күөнүгэр сылдьарын билэбит. Маннык түгэни Уйулҕан Манчаарыга Тигиилээх Дьөгүөссэ уонна Хабытта оонньоон көрдөрүүлэригэр олус табыгастаахтык киллэрэр: «Тигиилээх Дьөгүөссэ бу сүүрэн иһэн, уһуну-киэҥи анаара испитэ. Кини Хабытта Манчаарыга оонньоон көрдөрбүт соргулаах күнүн хараардыан баҕарбатаҕа. Бу ыһыах кынаттаах кылыыһытын кытары биэтэккэ тэҥҥэ тахсарга быһаарынан, кэнниттэн битигириир атах тыаһын күүтэн бытааран биэрбитэ. Инньэ гынан, биэтэккэ тоҥолох-тоҥолохторунан даҕайсан, тэҥҥэ тахсыбыттара. Хабытта ыйытардыы Тигиилээх Дьөгүөссэ сирэйин көрөн аһарбыта уонна тута өйдөөбүтэ».

Бу түһүмэххэ Манчаары туһунан кэпсээннэр дьон иннигэр иккистээн ыраас Тыын-Ааты төннөрүү курдук суруллубут. Сорох бэчээккэ Манчаарыны атыннык суруйуулар, кэпсэтиилэр биирдэ эмэ көстөн, иһиллэн ааһаллар. Оттон Уйулҕан айымньытыгар Кэм Дьоруойун ыраастыыра – суруйааччы чыпчаал ситиһиитэ. Манчаарыны ити түгэҥҥэ өрө тардыбыт маҥан ата айымньы биир сүрүн символ уобараһа. Манчаары Мэҥэдьэк ыһыаҕар Тигиилээх Дьөгүөссэни сүүһүттэн сыллаан ылар уонна кэс тылын этэр: «Дьэ, эр бэрдэ, кэнэҕэһин да бар дьоҥҥун хараанныыр үтүө ыччаттаныаҥ! Мин эппиппин долоҕойгор үчүгэйдик хатаан кэбис». Тигиилээх Дьөгүөссэ ойоҕо бэһис оҕолорун төрөтөр түүн түүлүгэр Манчаары маҥан аттаах кэлэн, ити тылларын хатылыыр. Дьэ, ити курдук Манчаары түстээбит уола күн сирин көрөр.

Үһүс «Туҥуй саас тургутуулара» түһүмэххэ Өрүүчэ эдьиийэ Даарыйа оҕонньорунаан Сэмэнниин кэлэн, өлбүгэ сир уол эрэ оҕолоохторго бэриллэр буолан, сыҥаһалыы сылдьар оҕону иитэ ылаллар. Бу түһүмэххэ уол оҕо төрөөбүтүгэр үөрбүт суор уолчааны сайыһыыта бу баардыы суруллар. Бу – Уһун Дьуона. Түһүмэххэ Манчаары маҥан ата түүлгэ эмиэ тиийэн кэлэр. Дьуона аҕата Сэмэн уолун быыһаары, бэйэтэ мас анныгар киирэн биэрэр. Ийэтэ Даарыйа түһээтэҕинэ, үрүмэччи маҥан аттаах Манчаары кэлэн: «Уолгут борбуйун көтөхпүт, онон кинини хантан ылбыт сиргитигэр ыытар кэмҥит кэлбит. Кини кэнэҕэһин бар дьонун иннигэр улахан хараан халҕана буолан, ыар кэмнэригэр өллөйдүүр, өрөһүлтэ буолар үөһэттэн ыйаахтаммыт аналлаах», – диир. Онон Даарыйа Дьуонаны Улгуктакаан диэн алааһы ыйан дьонугар ыытар.

Төрдүс «Саҥа олох саҕахтара» түһүмэххэ Уһун Дьуона сэбиэскэй былаас тэриллиитигэр үлэтэ, холкуоһу тэрийии, Өлөксөөһөтүнээн дьоллоох олохторо барыта уу нуурал буолуоҕун, ыарыы быһа түһэрэ ырылыччы суруллар. Кырачаан Татыйыкчаанатын ааҕааччы тэҥҥэ таптыыр, ааптары кытта тэҥҥэ ытаһар.

Бу түһүмэххэ мин саамай сөхпүтүм буолар: көмүстээх Алдаҥҥа таһаҕас, эт-арыы тиэйэн баралларын. Ньурба курдук ыраах сиртэн хас биирдии сыарҕаҕа 25-тии бууту тиэнэн, барыта холбоон 400 киилэ эти, бурдугу, арыыны Алдаҥҥа аҕалбыттара. Биэс өрүһү туорааһын, сис хайалары дабайыы, тааҥы туоруур күчүмэҕэйдэр, ону таһынан Өлүөхүмэ өтүйэлээхтэригэр түбэһии, кинилэр ытыктабылларын ылыы – бу барыта олохтон ылыллыбыт буолан, ааҕааччы айанньыттары кытта биир кыһалҕанан олорор. Ол курдук, үрдүк уус-уран маастарыстыбалаахтык уран тылынан чочуллубут арамаан.

Бэһис «Сэрии, уот кураан ыар, уорааннаах сыллара» түһүмэххэ аата да этэринии аччыктааһын, хоргуйуу кэмигэр Уһун Дьуона дьонун-сэргэтин быыһыыр соруктаах үрэх бастарыгар оттотор, хотон туттарар, кэриэйи көһөрөн аҕалан, дьиэ биэрэн, сир сыһыаран, оҕуруот аһын арааһын үүннэттэрэр, о. д. а. сатабыллаах дьаһалынан холкуоһун дьонуттан кими да хоргуппатаҕын олус өйдөнөр дьиҥ холобурдары сыһыары тутан кэпсиирэ кэрэхсэллээх. Оччотооҕу бэрэссэдээтэллэр, салайааччылар Уһун Дьуона курдук дьон итэҕэлин бары ылбыттара буоллар диэн киһи ымсыыра, баҕара саныыр. Бу түһүмэххэ ыһыы боломуочунайа Өкүлүүнэ диэн хотун үлэни көрө кэлиитигэр учуоттамматах икки бааһыналарыттан хомуйуллубут бурдук ордугун түүн Уһун Дьуона тиэргэнигэр ампаарга биир да саҥата суох таһан кэбиһэллэрин киһи ыгылыйа да, сөҕө да ааҕар. Оттон ити кэмҥэ боломуочунай Өкүлүүнэ Уйбаанабына Уһун Дьуона дьиэтигэр утуйа сытара. Бу манна өссө икки дьикти түгэн ааҕааччыны долгутар. Түүн суолга хоргуйан охтубут ийэ аттыгар тыыннаах оҕону Уһун Дьуона булан иитэрэ, бу кини ис кутугар оҕотун сырдык тыынын биэбэйдии сылдьарын ааҕааччы саарбахтаабат. Кини эрэ курдук Айыыһыт имнэниитин билэр киһи итинник суолга болҕомтолоох, ураты уйаҕас сыһыанын суруйааччы таба тайанан, тоҕоостоох кэмигэр киллэрбит. Оттон таптал дьикти таайыллыбат биир таабырына соһуччу арыллар. Ону дьахтарыттан да, эр киһититтэн да тутулуга суох ааҕааччы сүүс бырыһыан эмиэ да аһына, эмиэ да ытыктыы толору ылынар дии саныыбын. Өлөксөөһө бу сиртэн күрэнэригэр, дьүөгэтигэр Аанчыкка “Дьуонаҕа кэргэн тахсаар” диэн кэриэһин этиитэ туолбутуттан үөрэбит.

Таптал дьону туохха-туохха тиэрдибэтэҕэй? Уһун Дьуона донуос диэни билэрэ – таптал хараҥа суолуттан тахсар.
Уһун Дьуонаны оллурдаах-боллурдаах олоҕун суолугар мэлдьи араҥаччылыы сылдьыбыт, Хаҥаластан хааннааҕын, тигиилээхтэртэн тирэхтээҕин билэр тойон кыыла тиһэх суолугар атаарыыга кэлэн, таҥалайын таҥсыйан ыла-ыла, үрдүлэринэн эргийэ көтөн бырастыылаһар.
Уйулҕан суруйарын устатын тухары айылҕа куолаһын, саҥатын суруллар түгэни, кэми кытта тэҥҥэ тутан ааҕааччы кутун-сүрүн долгутар, үөрдэр, аймыыр. Кинигэ кэннигэр сыһыарыылаах буолан ааҕааччы түмүк оҥосторугар быдан итэҕэтиилээх, ордук көмөлөөх.
Уйулҕан саҥа кинигэтин ылан ааҕыҥ. Аан күдэрик быыһынан туус маҥан атынан Манчаары уонна Уһун Дьуона бурҕачытан иһэллэрэ көстөргө дылы, эбээт. Ханнык да кэмҥэ көмүскэл, таптал, киһилии сыһыан олох тургутуутун ааһаргар эйигин хараанныы сылдьарын билиэххит, уран тыл муҥура биллибэт күүһүттэн аһыныгас айыы санаа алгыһын ылыныаххыт!

 Ааҕааччы Сэгэлдьийэ Чээлэй

Добавить комментарий