"Ийэбит өрүү сүрэхпитигэр" кинигэ биһирэмэ - Блоги Якутии

2 года назад 905

“Ийэбит өрүү сүрэхпитигэр” кинигэ биһирэмэ

Олунньу 21 күнүгэр Балыктаах култууратын дьиэтигэр Мария Ивановна Сотникова сырдык кэриэһигэр “Ийэбит өрүү сүрэхпитигэр” диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста.

Мария Ивановна Сотникова 9 оҕо тапталлаах ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ, улахан дьиэ кэргэн Далбар Хотуна этэ. Бу кинигэни кэргэнэ, оҕолоро хомуйан-таҥан таһаардылар.

Сүүһүнэн уот лаампалаах, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуйуллубут Мэҥэ нэһилиэгин Балыктаах бөһүөлэгэр ыраахтан-чугастан мустаннар, Мария Ивановна туһунан истиҥник-иһирэхтик ахтан-санаан, дьоһун кинигэ күн сирин көрбүтүнэн санааларын үллэстэн, дуоһуйа кэпсэттилэр.

Мария Ивановна олорон ааспыт олоҕун туһунан кыыһа Александра Егоровна Мохначевская сэһэргээтэ. Олоҕун устатын тухары уопсастыбаннай үлэни​ өрө тутан, олохтоох култуура дьиэтин кытта мэлдьи ыкса ситимнээхтик үлэлээбитин култуура дьиэтин дириэктэрэ Кычкина Любовь Васильевна сырдатта.

​ Күн сирин сабыс-саҥа көрбүт “Ийэбит өрүү сүрэхпитигэр” кинигэ туһунан ырытыыны Ю.А. Гагарин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи типография литературнай редактора Александра Алексеевна Яковлева оҥордо.

Фольклорист, СӨ култууратын туйгуна, сыана бэтэрээнэ, Мария Ивановнаны фольклорга уһуйбут Протодьяконов Афанасий Никифорович, Уус Алдантан кэлбит эдьиийэ Данилова Анна Семеновна, Дьокуускай куораттан эдьиийдэрэ Татьяна Семеновна Кычкина, бииргэ үөрэммит доҕотторо Бочкарева Анна Романовна, Захарова Валентина Егоровна, Кычкина Ангелина Федотовна, Мохначевская Анастасия Егоровна, Мария Ивановна бииргэ үөрэммит доҕорун кэргэнэ Бурцева Зинаида Михайловна, бииргэ алтыһан үлэлээбит дьүөгэтэ Мохначевская Федора Аполлоновна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Ноговицына Марфа Иннокентьевна, “Доруобуйа” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта, Мария Ивановна бииргэ төрөөбүт соҕотох балта Скрябина Маргарита Ивановна, Мария Ивановна Уус Алдантан кэлбит балта Варламова Анастасия, үлэ бэтэрээнэ, СӨ ОДьКХ-тын бочуоттаах бэтэрээнэ Чалкин Семен Семенович, үлэ бэтэрээнэ, ыкса ыаллара Андросова Татьяна Михайловна, “Арчы” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Рожина Надежда Федоровна, Аартык” түөлбэ салайааччыта Стручкова Сардаана Степановна М.И. Сотниковалыын чугастык алтыспыт түгэннэрин иһирэхтик аҕыннылар.

Бу тэрээһини “Үрүйэ”, “Сир симэхтэрэ” бөлөхтөр үҥкүүлэринэн, “Ай-Тыас” фольклорнай нүөмэрдэринэн, хомусчуттар Айсен Аммосов репертуарыттан “Дьөһөгөй” дьүһүйүүнэн, “Сайдыына” вокальнай ансаамбыл, Анастасия Варламова, Христина Варламова ырыаларынан киэргэттилэр. Нэһилиэк эдэр ыччата Евгений Дьяконов уонна ытык мааны бэтэрээн этээччи Протодьяконов Афанасий Никифорович оһуохайдатан ыллылар. Онон бу сонун тэрээһин долгутуулаах буолла,  бэрт сэргэхтик ааста.

Мария Захарова,

 Балыктаах, Мэҥэ Хаҥалас.

Добавить комментарий