2 года назад 280
Төрдүстэри түмэн, бастыҥы быһаардылар
Томороон тымныылар ааһаннар, сааһы санатар чаҕылхай күн тыган, киһи эрэ сүргэтэ өрө көтөҕүллэр күнэ үүннэ. Маннык үтүө күҥҥэ биһиги оскуолабытыгар “Сыл бастыҥ үөрэнээччитэ” улуустааҕы күрэх ыытылынна.
Бу күрэх номнуо 8-с сылын улуус IV кылаастарын бастыҥ үөрэнээччилэрин түмэр. Быйылгы тэрээһин өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ, улууска Төрөөбүт тыл, оскуолабыт бастакы учуутала Парфений Никитич Самсонов төрөөбүтэ 125, бастакы дириэктэрбит Анатолий Константинович Акимов төрөөбүтэ 70 сылларыгар ананна.
Күрэххэ кэтэхтэн 32 үөрэнээччи ситиһиитин түмүгүнэн 15 уһулуччу үчүгэй ситиһиилээхтэр талыллан, Күүкэй оскуолатын Самсоновтар педагогическай династияларын Духуобунас уонна үөрэхтээһин киинигэр муһуннулар.
Куонкурус түөрт түһүмэҕинэн барда. Кыттааччылар бэйэни билиһиннэрэр, ситиһиилэрин сырдатар киэҥ ис хоһоонноох альбомнара тиһилиннэ.
Онтон билиини, өркөн өйү тургутар түһүмэҕи аастылар. Бырайыак көмүскээһинэ олус сэргэхтик ааста. Кыттыбыт эрэ барыта талбыт тиэмэтин кыайа-хото, лоп-бааччы кэпсээн сөхтөрдө. Ордук Никитин Никита “Уникальные песни и голоса птиц”, Никифорова Камилла “Якутские серьги”, Чойнова Злата “Влияние газированных напитков” диэн дакылааттара чорбойдулар.
Оскуола музейыгар Сунтаар В.Г. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын IV “в” кылааһын үөрэнээччитэ Емельянов Саша (кылаас салайааччыта Т.И. Герасимова) “Сунтаарга Үлэ Дьоруойдара” дакылаатын бэлэх уунна. Сунтаар улууһугар үлэлээн, Дьоруой аатын ылбыт үлэһит дьоннорбут тустарынан толору билиэхпит турдаҕа.
Маны сэргэ кыттааччылар оҥоһуктарынан быыстапка туруорулунна, ол барыта бэлэх быһыытынан музейга хаалла.
“Ийэ тылым – мин киэн туттуум” диэн уус-уран ааҕыы түһүмэҕэр ылбаҕайдык, өрө көтөҕүллүүлээхтик, киэн туттуулаахтык хоһоону ааҕан, истээччилэр дохсун ытыстарын тыаһынан биһирэннилэр.
Сынньалаҥҥа нэһилиэк историятын, Самсоновтар педагогическай династияларын кэпсиир музей хостору көрдүлэр, биктэриинэлэргэ көхтөөхтүк кытыннылар. Олохтоох библиотека тэрийбит Новгородов алпаабытынан суруллубут кинигэни ааҕыы аахсыйатыгар кытыннылар. Маны таһынан сахалыы тыыны өрө көтөҕөн оһуокайдаатылар.
Никитин Никита Элгээйи орто оскуолатын үөрэнээччитэ олус дьикти дьарыктаах эбит. Ол курдук, араас көтөрдөр саҥаларын үтүктэн саҥарар. Бэйэтэ этэринэн, көтөрдөрү кытта өйдөһөр үһү. Никита бастаан суор саҥатын үтүктэ үөрэммит. Кини маннык диэн санаатын үллэстэр: “Улаханнык долгуйбаппын, маннык күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ сылдьа үөрүйэхпин. Араас чыычаахтар куоластарын, саҥарар саҥаларын, ылыылларын сэргээн үөрэтэбин. “Уникальные голоса птиц” диэн дакылааппын кэпсээтим».
Маны таһынан Никита олус үчүгэйдик уруһуйдуур, көтөрдөр чуучалаларын бэркэ маарыннатан оҥорор. Онуоха эбэлээх эһэтэ күүс-көмө, сүбэ-ама буолаллар. Быйыл Ытык Күөлгэ сүтэн эрэр көтөрдөрү үөрэтэр экспедицияҕа Е.В. Шмякин диэн учуонайы кытта бараары бэлэмнэнэр. Улааттаҕына орнитолог буолар былааннаах. Никитаҕа инникитин үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Оскуола ”Кустук” пресс-киинэ тута анал хаһыаттары таһааран түҥэтэлээтэ, хас биирдии кыттааччы сойбот сонуннаах хаһыат кэһиилээх барда.
Үрдүк таһымнаах куонкурус түмүгүнэн «Лучший ученик нового поколения-2023 года» диэн ГРАН-ПРИ Никитин Никита буолла.
ЛАУРЕАТТАР
1. Саввинова Алима, Күүкэй
2. Емельянов Саша, СНОШ
3. Рожин Даниил, ССОШ №2
ДИПЛОМАННАР
1. Чойнова Злата, Хадаҥ
2. Петров Максим, СНОШ
3. Петров Ариан, Бордоҥ
Онтон атын ситиһиилээхтэргэ анал ааттар бэрилиннилэр. Үөрэҕирии салалтатын методиһа Попова Маргарита Иннокентьевна тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын, кыттааччылар бэлэмнэрэ үчүгэйин бэлиэтээтэ. Инники сылларга кылаан кыайыы аатын ылбыт үөрэнээччилэр билигин да ситиһиилээхтэр кэккэлэриттэн түспэккэ сылдьалларын киэн тутта билиһиннэрдэ.
Бу күрэх хас биирдии оҕоҕо аартыгын аһан, ситиһиилээх суолу кэҥэтэр. Маннык саҥа саҕахтар арылла турдуннар.
Вадим Прокопьев, Виолетта Григорьева
“Кустук” пресс-киин,
Күүкэй, Сунтаар.