Тоҕо манныгый? - Блоги Якутии

2 года назад 262

Тоҕо манныгый?

Уһук хотугу Аартыка улууһун олохтоохторо салгынынан эрэ сылдьар айан суоллаах буоламмыт, көтөр аал сырыыта биһиэхэ тыын боппуруоспут буолар.

Сайынныры-кыһыннары билиэт сырсыһыыта, көрдөнүүтэ. Бу кэнники сотору-сотору субсидияламмыт билиэттэр атыыланаллара олус үчүгэй.

 “Ол эрээри” дииргэ тиийэбит, «Якутия» авиахампаанньа көтөөччүлэри олус эрэйдиир.  Ол курдук, этиллибит кэмигэр кэлбэт, күнү быһа көтүүнү уһатан-уһатан баран, атын күҥҥэ көһөрөн кэбиһэр.

Холобурун ыллахха, Орто Халыматтан Дьокуускайга көтөр тохсунньу 18  күнүнээҕи рейс пассажирдара күн бүгүн хаайтаран олороллор. Тоҕо диэтэххэ, тохсунньу 14 күнүгэр былааннаммыт сырыы буолбатаҕа. Ол иһин икки  рейс пассажирдарын холбоон кэбиспиттэрэ. Ити түмүгэр пассажирдар баппакка хаалан хаалбыттара. Тохсунньу 21 күнүгэр кэлиэхтээх рейс эмиэ кэлбэтэҕэ, “тохсунньу 25-гэр диэри күүтүҥ” диэбиттэрэ.

 Бу хампаанньа  көтүүнү уһатар, көһөрөр “ыарыыта” биһиэхэ, көтөөччүлэргэ, олох өйдөммөт. Атын хампаанньа ааллара көтө турдахтарына, биллибэт биричиинэнэн, көтүүнү уһаталлара, көһөрөллөрө наһаа кыһыылаах, абалаах.

Бу саҥа маннык буолбут көстүү буолбатах, хатылана турар хартыына. Айан-сырыы атахтанар. Билигин, холобура, Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥнарыгар кэлбит устудьуоннар кыайан барбакка, үөрэх бөҕөтүн көтүттүлэр. Билигин да “чопчу баччаҕа көтүөхтэрэ” диир саарбах. Онон бүтэйдии наар кэтэһии, эрэнии эрэ.

Маны ким быһаарарын, көннөрөрүн билиэхпитин баҕарабыт.

 Орто Халыма улууһун Өлөөкө Күөлүн олохтооҕо Изабелла Ноговицына.

Добавить комментарий