2 года назад 645
Биир тыынынан ааҕыллар бэртээхэй кинигэ буолбут
“Исиидэр Бараахап туһунан кинигэни суруйарбар миэхэ өй укпут киһинэн Виктор Данилович Михайлов буолар. “Бастатан туран, эн матырыйаалы тиэрдэр сатабылгын, суруйар истиилгин, этиилэриҥ тутулун сөбүлүүбүн. Иккиһинэн, икки тыллааххын – нууччалыы уонна сахалыы суруйаҕын. Талааннаах тылбаасчыккын. Үсүһүнэн, Бараахап биир дойдулааҕа буолбатаххын, онон объективнай көрүүлээх буолуоҥ”, — диэн быһаарбыта. Учууталым, улахан учуонай, философия наукатын дуоктара, профессор киһи миэхэ эрэммитэ уонна итэҕэйбитэ икки бүк эппиэтинэстээҕэ. Ол иһин бэһис биографическай кинигэбин бу иннинээҕилэртэн уратытык суруйарга соруммутум. “Быһыылаах”, “бука”, “арааһа”, “баҕар” диэх курдук сабаҕалыыр, сэрэйэр, таайар сылык-сынык санааларым суруйааччы уобараһын нөҥүө бэрилиннилэр. Онон докумуоҥҥа олоҕурбут чахчыны уус-уран роман курдук ааҕыаххыт дии саныыбын”, — ааптар Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду кинигэ суруллубут төрүөтүн кэпсээтэ.
“Молодая гвардия” издательство «Кэрэхсэбиллээх дьон олоҕо» (ЖЗЛ) сиэрийэтинэн тахсыбыт “Исидор Барахов” диэн кинигэни билиһиннэрэр биһирэм тохсунньу 19 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэҕэ буолан ааста.
Бу күн оруобуна 100 сыл анараа өттүгэр Сэбиэттэр бүтүн Саха Сиринээҕи бастакы сийиэстэрэ түмүктэммитэ. Ол сугулааны Исидор Никифорович Барахов тэрийсибитэ.
Оттон бу презентацияны Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин салайан ыытта.
Кини Барахов туһунан бастакынан сырдаппыт, 1961 сыллаахха “Славный путь большевика” диэн кинигэни таһаартарбыт В.С. Петрову, олоҕун уонна үлэтин туһунан уочарканы (1998) суруйбут Е.Е. Алексеевы, ону тэҥэ В.Д. Михайловы, Н.В. Михалева-Сайаны, Д.Ф. Наумовы, Уйбаан Ороһуунускайы, А.Кривошапкин-Айыҥаны, В.Н. Степановы уонна да атыттары сурукка киллэрэн үйэтитиигэ үлэлэспиттэрин иһин махтал тылларынан ахтан ааста.
Бу кинигэ нууччалыы буолан, Арассыыйа олохтоохторо бары ааҕар кыахтаннылар. Киирии тылын Ил Дархан Айсен Николаев суруйбут. Үрдүкү салалта аатыттан СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов тыл эттэ.
Кини Исиидэр Бараахап төрөөбүтэ 125 сыллаах үбүлүөйүн тэрийэр бырабыыталыстыбаннай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн анаммыт. “Былааҥҥа элбэх тэрээһин баар. Олортон сүрүннэрин бэлиэтээтэххэ, олунньуга Москубаҕа, кулун тутарга Дьокуускайга уонна Үөһээ Бүлүүгэ улахан мунньахтар буолуохтара, итиэннэ сайын дойдутугар уонна Москубаҕа ыһыахтары ыһыахпыт”, — диэн билиһиннэрдэ. Түгэнинэн туһанан, үөрүүлээх быһыыга-майгыга үлэ бэтэрээнэ Леонид Ионович Бараховка “Гражданскай килбиэн” бэлиэни туттарда.
Ил Түмэн үөрэххэ, култуураҕа, маассабай иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева:
-Киэҥ эйгэҕэ Исиидэр Бараахап аата ахтыллара аҕыйаабыт 60-80-с сылларга да Үөһээ Бүлүүгэ кини аата умнуллубатаҕа. Онуоха дириэктэрбит Д. Спиридонов өҥөлөөх. Бастакы нүөмэрдээх оскуолаҕа аата иҥэриллэрин ситиспитэ. Үөрэххэ, спорка, култуураҕа ситиһиилэммит оҕолору хайҕаан: “Бараховецтар буоллаххыт дии”, — диэн этэрэ. Ол тыыныгар мин көлүөнэм улааппыта. 2013 с. И.Н. Барахов төрөөбүтэ 115 сылыгар Ил Дархан Е.А. Борисов дьаһалынан, Галина Данчикова салайааччылаах бырабыыталыстыбаннай хамыыһыйа тэриллибитэ. Онно миэхэ сүрүн үлэтин сүктэрбиттэрэ. Музей тутуутун, кинигэ тахсыытын, сөргүтүү тэрээһиннэрин сүрүннээбитим. Национальнай архыып Исиидэр Бараахап докумуоннарынан 2008, 2013 сылларга икки кинигэни таһаарбыта. Өссө да ырытылла, үөрэтиллэ илик үлэтэ элбэх. Аҥаардас сурукка киирбитэ 500-тэн тахса үлэлээх. Өссө да баар бөҕө буолуохтаах. Онон чинчийэр үлэ салгыы күүскэ барыан наада. Бу кинигэни суруйбут Алексей Амбросьевка уонна кини кэргэнэ Надежда Дмитриевнаҕа махталым улахан. Бу энтузиаст дьон лингвист учуонай Сэмэн Ноҕуруодап туох баар архыыбын көһөрөн аҕалан, бэрийэн үйэтиппит үтүөлээхтэр. Бараахап эмиэ төрөөбүт тыл сайдыытыгар сүҥкэн кылааттааҕын билэҕит.
Андрей Саввинов, ХИФУ философияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ:
– Саха инникитин саныыр дьоҥҥо дьоһуннаах кинигэ тахсыбыт. Нууччалыы буолан, киэҥ араҥа ааҕыа. Сиэн Мунду бу кинигэҕэ Бараахап 7 сааһыгар диэри атын ыалга иитиллибитин чопчу быһаарбыта хайҕаллаах. Ыал улахан оҕотун атын ыалга ииттэрэ биэрии саха аймахха тарҕаммыт көстүү. Гавриил Ксенофонтов, Алампа эмиэ атын ыалга иитиллибиттэрэ. Бу маннык дьаһаныы туспа ис хоһоонноох. Саамай улахан үөрэх – олох үөрэҕэ. Атын ыалга олох бастакы оскуолатын ааһаллара. “Биһиги үөрэҕэ суох норуот этибит”, — диир үгэстээхпит. Ити сыыһа. Түҥ былыргыттан үөрэх диэн өйдөбүл баара. Саха үөрэҕэ – бит-билгэ, таҥха, дьылҕа үөрэҕэ. Бараахап итини билэр буолан, толкуйдуур ньыманы үөскэппит. Ол иһин оскуолаҕа да, Бүлүү педучилищетыгар да ситиһиилээхтик үөрэммит. Ол эрээри Расторгуевка илии-атах буолан, онно кини экэнэмиичэскэй билиитин практикаҕа олоҕуран ылар.
Иккиһинэн, ийэтигэр, аҕатыгар ытыктабыллаах сыһыанын Сиэн Мунду чуолкайдык дакаастаабыт. Урукку кэмҥэ хомуньуус киһи баай аҕатыгар сыһыана оччотооҕу сиэринэн буоллаҕа дии. Ону ааптар атын хараҕынан көрөн ойуулаабыта кэрэхсэбиллээх.
Сахаларга ааттааһын диэн кэскиллээх дьыала баара. Бараахабы тоҕо Оҕонньор диэбиттэрин ситэ-хото арыйыахха баара. Сааһыгар сөбө суох мындыр өйүн сөҕөн ааттаабыт буолуохтаахтар. Өссө кинигэ суруллар буоллаҕына, ити өттүн кэҥэтэн сырдатарга, Бараахап хайдах Бараахап буолбутун, онно туох сабыдыаллаабытын сиһилии ырытарга – ол саха омук сайдар кэскилигэр туһалаах буолуо этэ.
ФСБ бэтэрээнэ Афанасий Кириллин:
– Исидор Никифорович 1922 с. кулун тутар 10-11 күннэригэр хаан тохтуута суох “переворот” оҥорор. Ону ыытарыгар кини баһылыыр-көһүлүүр туох да улахан дуоһунаһа суоҕа. Уонна Широких-Полянскайдааҕы, Строду тылыгар киллэрэн, былааһы уларыттарбыта. Кыһыл террору тохтотор, бастаанньаһыттары (повстанецтары) ааһынарга (амнистиялыырга), дьадаҥыларга көмөлөһөргө, бааһынайдары өйүүргэ, кыахтаахтары былааска тардарга, баартыйата суох интеллигенцияны союзник оҥосторго этиилэри киллэрбитэ. Бу 24 саастаах уол. Билэрбит курдук, 1925 сыллаахха Саха Сиригэр Арассыыйа наукаларын академиятын комплекснай экспедицията үлэтин саҕалаабыта. М.К. Аммосов сурук суруйан. Ол эрээри ити кэмҥэ Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлинэн Исиидэр Бараахап үлэлиирэ. Онон итиннэ кини оруола улахана чахчы. Бу өттүн чинчийиэххэ баара.
Култуура миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев:
-1922 с. ахсынньы 18 күнүгэр Саха АССР ревкома «Об архивном фонде и управления им» диэн уурааҕа тахсыбыта. Исиидэр Бараахап илии баттааһыннаах. Онон архыыппыт тэриллибитэ 100 сылын бу Саҥа дьыл иннинэ бэлиэтээбиппит. Судаарыстыба, оннооҕор хас биирдии киһи архыыба суох сатаммат. Онон Бараахап өссө биир үйэлээх, сүҥкэннээх дьыаланы тэрийсибитин бүгүн бэлиэтиир оруннаах.
РФ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун дириэктэрэ Гаврил Торотоев:
-Бүгүн сахалыы чып-чап диир буоллахпытына, ол төрдүн түстэспит киһинэн Исиидэр Бараахап буолар. Ноҕуруодап алпаабытын олоххо киллэриини, сахалыы учуобунньуктар бэчээттэнэн тахсыыларын өйөөбүтэ. Баку куоракка Бүтүн Сойуустааҕы тюркологическай I сийиэскэ дэлэгээссийэни салайан илдьэ бара сылдьыбыта. Президиумҥа бэһис киһинэн ыҥырыллан олордубуттара. Нуучча улуу учуонайдарын кэнниттэн тыл эппитэ. Ол түмүгэр “сахалар уопуттарын тарҕатыахха, ыытар үлэлэрин холобур оҥостуохха” диэн этиллибитэ. Ол иһин Бараховы аны түүр тыллаахтарга сабыдыаллаах салайааччы быһыытынан чинчийии ирдэнэр. Ол мунньахха 132 киһи сылдьыбыта биллэр. Олор Бараахап туһунан ханна эрэ ахтыбыт буолуохтаахтар, ону көрдөөн булуохха.
“Ситим-медиа” генеральнай дириэктэрэ Владимир Степанов:
– 2008 сыллаахха тэлэбиидэнньэҕэ “Революционер Исидор Барахов төрөөбүтэ 110 сылынан…” диэн этэллэрин истэн кыһыйа санаабытым – өрөспүүбүлүкэни төрүттээбит киһини маннык намтаталларыттан. Ол иһин “Кыым” хаһыакка ыстатыйа суруйдум. Ол кэнниттэн биир дойдулаахтара Дьаргыстай, Сэмэн Руфов, Василий Сивцев уо.д.а кэлэн: “Чахчы, бэйэбит сыаналаабаппыт”, — диэн эппиттэрэ. Онтон ыла 15 сыл устата бу тиэмэнэн дьарыктанным. Саханы быыһаабыт үлэтин үчүгэйдик үөрэтиэхпитин наада. Холобура, 1925-1926 сс. М.К. Аммосовтыын Саха Сирин кыраныыссатын турууласпыттара. Алданы былдьаан, Сунтаартан эҥин быһан ылаары гыммыттарын тохтоппуттара. Былырыын Национальнай архыыптан Широких-Полянскай дневнигин булан аахтым. Онно суруйар: “1922 с. кулун тутар 10 күнүгэр кэллим. Быһыыны-майгыны (клоака диир ону) билсэн баран, Агеевы, Лебедевы, Козлову хаайдым” диэн. Ол аата кэлээт, аҕыйах хонук иһигэр дьону кытта кэпсэтэн, Исиидэр Бараахабы көрсөн, итинник быһаарыыны ылыммыт. Бараахап, этэргит курдук, ити кэмҥэ улахан сабыдыаллыыр дуоһунаһа суоҕа. Өйүн күүһүнэн хаһан да харахтаабатах нууччатын тылыгар киллэрэн, былааһы уларыттарбыт. Онтон кинини өрөспүүбүлүкэни салайарга аныыллар.
СӨ Национальнай архыыбын дириэктэрин солбуйааччы Наталия Малышева:
-Соратнига Муся Потапова Исиидэр Бараахап сэмэйин, саҥата суох олорон эрэ толкуйдаабыта эрэ баар буоларын бэлиэтиир. Ол майгыта-сигилитэ кини докумуоннарыгар эмиэ биллэр. Бастакы том кинигэбит 10 сыл сытан баран, 2008 с. тахсыбыта. Иккис тахсыытыгар Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В.С. Поскачин улаханнык өйөөбүтэ. Онон өссө үһүс томун таһаарыахха диэн этии киллэрэбин.
Дмитрий Наумов, норуодунай суруйааччы:
-Биһиэхэ, сахаларга, оройуоннаһыы баар. Бэйэҥ улууһуҥ киһитин өрө туттуҥ да, атын киһини намтата саныыр дьиибэ баҕайы өйдөбүл. Ол эрээри Бараахап саха норуотугар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҥорбута сүҥкэн буоллаҕа дии. Биһиги урукку дьоммутун ытыктаабат буоллахпытына, норуот буолбаппыт.
АГУТУ проректора Аян Нюкканов:
-Исидор Барахов тыа хаһаайыстыбата хайдах сайдыахтаах тосхолун, торумун научнай үлэлэригэр ойуулаабыта. Ону билигин туһаныахтаахпыт. Ил Дархан уонна Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын өйөбүллэринэн биһиги Аартыкатааҕы агротехнологическай судаарыстыбаннай университеппытыгар соторунан Исидор Барахов аата иҥэриллиэ диэн эрэнэ күүтэбит.
Майя Софронова, Нам бибилэтиэкэтин үлэһитэ:
– “Намский улус в летописях” бырайыагынан 11 -с сылбытын үлэлиибит. XVII үйэттэн хараллан хаалбыт докумуоннары архыыптан ылан үөрэтэбит. Онно элбэх мунньах боротокуола баар. Түмүк тыллары Исиидэр Бараахап этэр эбит. Ол докумуоннар куоппуйаларын Бараахап дойдутун дьонугар – үөһээ бүлүүлэргэ – туттарабын.
Суруналыыс Уйбаан Чыычаахап:
-Дьокуускайга Новопортовской оройуонугар биэрэстэ аҥаардаах уулуссаҕа Исиидэр Бараахап аатын иҥэрбиттэрэ. Оттон дьону сиэбит Поярков аатын киин уулуссабыт сүгэр. Оннооҕор улахан куораттар ааттара уларыйар. Бараахап аатын киин уулуссаҕа биэрэри туруорсабыт.
Аймахтар ааттарыттан Людмила Барахова:
-Бу кинигэ суруллар кэмигэр Надежда Дмитриевна элбэхтэ эрийэн чуолкайдаһара. Кинигэ бэйэтэ научнай үлэ кэриэтэ. Ол эрээри аҥаардас архыып чахчыларыгар эрэ олоҕурбут буолбатах, ааптар чинчийиитинэн, анаалыһынан, ырытыытынан ситэриллибит, уус-уран айымньы тылынан суруллубут, умсугутар сюжеттаах, философскай ис хоһоонноох. Бэртээхэй кинигэни норуотугар бэлэх ууммутун иһин Алексей Алексеевичка махтанабын.
Анисия Иевлева.
Комментарии 1