2 года назад 390
Оҕону сахалыы саҥардарга саҥа ньымалары тобулуохха
Ахсынньы 9 күнүгэр Сунтаар улууһун Күүкэй оскуолатын кэлэктиибин тэрийиитинэн, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталларыгар «Төрөөбүт тылы сайыннарыыга куолаан ньыманы туттуу” диэн сэминээр буолла.
Сэминээр сыала: үөрэнээччигэ төрөөбүт тылын иҥэриигэ, үөрэтиигэ оскуоланан саҥа ньымалар уопуттарын туттуу, тарҕатыы, атастаһыы. Манна Сунтаар улууһун 11 оскуолатыттан 33 учуутал кэлэн кыттыыны ылла.
Күүкэй оскуолатын учууталлара төрөөбүт тылы сайыннарыыга оскуолаҕа туох үлэ барарын кэпсээтилэр.
Саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Евсеева Ангелина Петровна дьоҕурдаах оҕолору кытта хайдах үлэлэһэрин билиһиннэрдэ, араас таһымнаах олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттыы, ыраахтан олорон үөрэнии кэмигэр оҕону төрөөбүт тыл умсулҕаныгар уһуйууга куйаар ситимин туһаныы, оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар, суруйар дьоҕурун сайыннарар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Саха этигэн тыла” сайт тустарынан бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтэ.
Оскуола соцпедагога Сардаана Львовна Львова төрөөбүт тылы иҥэриигэ оҕоҕо кыра сааһыттан төрөппүт улахан оруоллааҕын эттэ. Хас биирдии оҕо ситиһиитэ учуутал төрөппүтү кытта ыкса сибээһигэр кистэнэ сытарын быһаарда.
XI кылаас үөрэнээччитэ Егорова Анжелика бэртээхэй маастар-кылаас биэрдэ. Ырытыы араастарын, олимпиадаларга хайдах бэлэмнэнэр үчүгэйин, бэйэтэ оҥостубут табылыыссаларын көрдөрбүтүн учууталлар астыннылар.
Оскуола иһинэн үлэлиир «Кустук» пресс-киин үлэтин салайааччы Федорова Олимпиада Андреевна кэпсээтэ. Ыйга иккитэ хаһыат таһаараллар. Хаһыат сүрүн сыала: оскуола үлэтин-хамнаһын киэҥ эйгэҕэ (нэһилиэнньэҕэ, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ) сырдатыы, үөрэнээччилэр айар дьоҕурдарын сайыннарыы, ааҕыыга интэриэһи үөскэтии. Пресс-киин үлэтэ оҕоҕо төрөөбүт тылы иҥэриигэ улахан суолталааҕа бэлиэтэннэ.
Оскуола бибилэтиэкэрэ Саввинова Ксения Егоровна бибилэтиэкэ оҕо тылын саппааһын байытыыга оруола улаханын, ол туһугар үлүгэрдээх үлэ барарын көрдөрдө.
Герасимова Ираида Михайловна Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын II сийиэһин туһунан кэпсээтэ.
Алын кылаас учууталларын холбоһуга “Арылы кустук” диэн тохтобулларынан айан-оонньууну презентациялаата.
Ильина Сааскылаана Альбертовна «Олонхо кэскилэ – ыччакка» тиэмэнэн «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» сайыҥҥы лааҕыр үлэтин-хамнаһын сырдатта. Бу лааҕыр тэриллибитэ номнуо 17 сыл буолбут эбит.
Төгүрүк остуолга учууталлар санаа атастаһан, инникитин төрөөбүт тылы сайыннарыыга күргүөмнээхтик үлэлииргэ сыал-сорук туруоруннулар.
Бордоҥ оскуолатын учуутала Сусанна Николаевна Павлова “Ситиһии суолун тобулан..” диэн осуолаларын 90 сылыгар таһаарбыт кинигэтин бэлэх уунна. Оттон Элгээйи оскуолатын учуутала Людмила Николаевна Павлова анал байыаннай дьайыыларга сылдьар дьоммут оҕолоругар “Кэскил” хаһыаты сурутан биэрэргэ тыл көтөҕөн, ону биир санааны ылынан, Ааҕыы сылыгар бэртээхэй бэлэх буолла.
Манна даҕатан эттэххэ, Сунтаар улууһун аҕа баһылыга А.В. Григорьев 2023 сылы Төрөөбүт тыл сылынан биллэрдэ.
Сэминээр кыттыылаахтарыгар билигин сытыытык турар маннык боппуруоһу ыйыттыбыт: «Билигин тыа сирин оҕолоро аһара нууччалыы саҥарар буоллулар, эһиги оскуолаҕытыгар ити кыһалҕаны туоратарга туох үлэни ыытылларый?»
Анна Анатольевна Алексеева, Сунтаар 3-с нүөмэрдээх оскуолатын учуутала:
– Саха култууратын билиһиннэрэбит, саха үгэһин толоробут уонна сахалыы тыл баайын иҥэрэбит. Сыл аайы төрөөбүт тылбытыгар аналлаах араас оонньуулар, бэсиэдэлэр ыытыллаллар. Холобур, Олоҥхо уонна Хомус күннэригэр.
Варвара Николаевна Егорова, Илимниир ситэтэ суох орто оскуолатын алын кылааһын учуутала:
– Тэрээһиннэри үксүн сахалыы тылынан ыыта сатыыбыт уонна оҕолору элбэхтик сахалыы кинигэлэри ааҕарга ыҥырабыт. Мин кылааспар 4 оҕо үөрэнэриттэн 2 оҕо нууччалыы тыллаах. Нууччалыы кылааска үөрэммит буоланнар, ааҕары ыарырҕаталлар, ол иһин эбии дьарыктары ыытабын уонна, кыахтарынан көрөн, саха тылын олимпиадаларыгар кытыннарабын.
Елена Евгеньевна Архангельская, Кутана орто оскуолатын учуутала:
– Биһиги үксүн 3 хайысханан үлэлиибит. Бэйэбит оскуолабытыгар «Тыл холбоһуга» диэн ааҕыы бырайыагын ылынаммыт, онно грант олохтообуппут. Саха классик суруйааччыларын айымньыларын саас испииһэктээн, оҕолорго биэрбиппит. Ол айымньыларынан эксээмэн курдук зачет тутабыт. Элбэх сөптөөх эппиэти суруйбут оҕо кыайыылаах буолар. Ону таһынан Мария Павловна Афанасьева салайыытынан кылааһынан олоҥхо толоруута буолар. Уонна араас хайысхалаах тэрээһиннэр, биктэриинэлэр, олимпиадалар ыытыллаллар.
Сусанна Николаевна Павлова, Бордоҥ орто оскуолатын учуутала:
– Билигин дьыссааттан саҕалаан, барыта нууччалыы тылынан барда. Ол иһин биһиги оскуолабытыгар араас тэрээһиннэри төһө кыалларынан сахалыы тылынан ыыта сатыыбыт. Түмэлгэ оҕолору гид быһыытынан үлэлэтэн, сахалыы саҥарарга-иҥэрэргэ үөрэтэбит. Оччоҕо кинилэр кэпсиир дьоҕурдара, тыллара-өстөрө сайдар. Ону таһынан өбүгэ оонньууларынан дьарыктаныы оҕолор өйдөрүн-санааларын сааһылыыр.
Мария Васильевна Кондратьева, СПТЛИ учуутала:
– Кырдьык, билигин оҕолор нууччалыы саҥараллара элбээтэ. Биллэн турар, онно төрөппүтү кытта өйдөтөр үлэ барыахтаах, оччоҕуна оҕо ханнык тылы таларын билэр буолар. Билиҥҥи сокуону ылан көрдөххө, төрөппүт оҕото ханнык тылы таларын быһаарар диэн. Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылын иҥэринэ улаатарыгар оскуола улахан оруолу оонньуур. Холобур, төрүт култуураны үөрэтии, ыйдарынан туомнары толорон ыытыы – оҕо бэйэтин омугун билэригэр көмөлөһөр. Ону таһынан оҕо улаатар эйгэтэ сахалыы тыыннаах буолуохтаах.
Любовь Сергеевна Титова, Түбэй-Дьаархан орто оскуолатын учуутала:
– Элбэхтик ааҕыҥ, сахалыы сурунааллары, биэриилэри көрүҥ дии сатыыбыт. Олунньуга Төрөөбт тыл күнүгэр араас тэрээһиннэри, оонньуулары ыытабыт уонна уруоктарга, оҕолор интэриэстэрин көҕүтээри, туһалаах матырыйааллары кыбыта сатыыбыт.
Анжелика Егорова, Ньургуйаана Сидорова
“Кустук” пресс-киин,
Күүкэй, Сунтаар